Уважаемые посетители! У посещаемого Вами сайта с 2024-12-16 заканчивается лицензия на ПО «ЕСГМС» (№2312 в Реестре российского ПО, по приказу Минкомсвязи России от 14.12.2016 №653). Программное обеспечение сайта перестанет обновляться. Посещение сайтов после 2024-12-16 может быть небезопасным!
Новости
8.02.2023
10.02.- Ийэ тыл" сурук-бичик күнүгэр аналлаах түөлбэлэринэн "Дьиктилээх хонуу" өркөн өй күрэҕэ. "Түһүлгэ"НАДь. Киэһэ 19 чаастан
11.02.- "Дойдум сылаас тыына" үтүө санаа кэнсиэригэр кыттыы. "Айылгы" НАДь, киэһэ 17 чаастан.
13.02 - "Мин өбүгэм оонньуулара" оскуола алын сүһүөх кылаас оҕолоругар сахалыы остуол, өбүгэ оонньуулара. Кылаас чааһа. Оскуола. Сарсыарда 9ч.
15.02 - Нэһилиэкпит Кытаанах диэн ааттанан сурукка киирбитэ 100, үс тумус туттар дьоммут Куоркун, Далан, Сабаакын төрөөбүттэрэ 95, Россияҕа Педагог уонна Наставник, республикаҕа Үлэ, улууспутугар Ытыктабыл, нэһилиэкпитигэр Кэскил сылларын аһыллыыта. "Түһүлгэ" НАДь. киэһэ 19 чаастан
23.02- Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах "Бары- бииргэ!" үтүө санаа кэнсиэрэ. "Түһүлгэ" НАДь 19чаастан.
23.02- Үөрэнээччилэргэ "Биһиги- Аҕа дойдубутун араҥаччылыыбыт!" плакат күрэҕэ. "Түһүлгэ" НАДь
25.02- "Я-патриот России" алын сүһүөх оскуола уолаттарыгар военизированнай күрэхтэһии. "Түһүлгэ" НАДь
25.02- Эр дьоҥҥо биирдиилээн бастааһыҥҥа салгын саатынан ытыыга күрэхтэһии. Тир.
6.02.2023
Бу дьыл олунньу 3 күнүгэр улууспут культуратын үлэһиттэригэр үгэскэ кубулуйбут "Чолбон" бириэмийэни туттарыы сиэрэ- туома ыытылынна.
Бу күн сарсыардаттан норуот айымньытын Дьиэлэрин салайааччылара, СР культураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин I-кы солбуйааччы А.И.Ноев, Амма, Таатта, Уус- Алдан, Хаҥалас, Томпо культура салаатын салайааччылара кыттыылаах көрсүһүү, аһаҕас кэпсэтии тэрилиннэ. Быйыл улууспутугар 9 норуот айымньытын Дьиэлэрин салайааччылара уларыйан, саҥа эдэр эрчимнээх директордар ананан үлэлэрин саҕалаатылар. Бу директордарга кэлбит улуустар, улууспут тэрилтэлэрэ эҕэрдэ суруктарын, бэлэхтэрин туттардылар. Биһиги Айталина Владимировнабытыгар Таатта улууһун культуратын начальнига туттарда.
"Чолбон" бириэмийэ, улууспут культураларын үлэһиттэрин, сыл түмүгүнэн саамай үрдүкү наҕараадалара буолар. Манна сыл устата үчүгэй үлэлээх, ситиһиилээх үлэһиттэр, бастыҥтан бастыҥнар ааттаналлар. Ол курдук:
Культура Аата - Турантаев Г.Г.
Чурапчы улууһугар культура сайдыытыгар кылаатын иһин - Чурапчы сэлиэнньэтин баһылыга Сивцев В.Д.
Бастыҥ культура үлэһитэ - Федосеева Е.С. Хоптоҕотооҕу НАДь хореограф
Бастыҥ культура Дьиэтин салайааччыта - Новгородов А.П. Дириҥнээҕи Посельская аатынан оҕо искусствотын оскуолатын директора
Бастыҥ уус- уран салайааччы - Бродников аатынан Төлөйдөөҕү НАДь уус-уран салайааччыта Аржакова Е.Е.
Билинии - анал аат - Макарова Г.Г.
Бастыҥ краевед - анал аат - Скрябина Е.П. (Кытаанах нэһилиэгэ)
Бастыҥ библиотека үлэһитэ - Төлөйдөөҕү библиотека кылаабынай библиотекара Кузьмина И.С.
Бастыҥ преподаватель- Чурапчытааҕы оҕо искусствотын оскуолатын вокалга преподавателэ Петрова Т.А.
Талаан норуокка - Болтоҥотооҕу НАДь иһинэн үлэлиир "Утум" фольклорнай бөлөх. Салайааччы Максимова А.
Бастыҥ айар бырайыак - "Кыһыл көмүс пуонда" автор Пономарева Л.А. (Кытаанах нэһилиэгэ)
Бастыҥ түмсүү- "Силик" Чурапчытааҕы "Арчы Дьиэтин" иһинэн үлэлиир уран тарбахтаахтар түмсүүлэрэ. Салайааччы Ахматова Н.П.
Профсоюзнай хамсааһын лидерэ - "Айылгы" НАДь профкомун бэрэссэдээтэлэ Дьячковская С.Д.
Бу үөрүүлээх дьаһалга улууспут нэһилиэктэрин баһылыктара культура үлэһиттэрин эҕэрдэлээн, норуот айымньыларын Дьиэлэрэ материальнай - техническэй базалара сайдарыгар араас сууммалаах сертификаттары, биирдиилээн үлэһиттэргэ наҕараадалары туттардылар. Ол курдук биһиги нэһилиэкпит депутаттара уус-уран салайааччыбытыгар Любовь Николаевнаҕа "Кытаанах нэһилиэгин бочуоттаах гражданина" ааты иҥэрбит дастабырыанньаны, түөскэ анньыллар Бэлиэни үөрүүлээх - быһыыга майгыга, баһылык солбуйааччыта Екатерина Иннокенттьевна Скрябина туттарда.
Биһиги, "Түһүлгэ" НАДь коллективын аатыттан "Чолбон" номинация ылбыт дьоммутун Екатерина Прокопьевнаны, Лена Александровнаны итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибит. Өссө да айа- тута, дьоммутун үйэтитэ, көлүөнэттэн- көлүөнэҕэ ааттарын ааттата тураргытыгар баҕарабыт.
15.01.2023
Саха итэҕэлинэн Дьөһөгөй Айыы уонна Түмэл Тойон (Сэргэ иччитэ) дьаһайыахтаах 2023 сылыгар үктэннибит.
Дьөһөгөй Айыы киһиэхэ күүһү, үлэлиир дьоҕуру, хаһаайын буолууну биэрэр. Хаһаайын диэн бэйэ бас билэр күрүөлэниитэ-хаһааланыыта, дьиэлэниитэ - уоттаныыта, сүөһүлэнии, сылгыланыы.
Саха киһитигэр сылгы барахсан айыы таһымыгар сүдү суолталаах.
-Үрүҥ сылгы сиэлэ куһаҕан тыыны кыйдыыр, ол иһин ыраастаныыга, алгыска туттуллар.
-Биэ үүтүттэн көйөрүллүбүт кырылыы кыынньар уохтаах кымыс үгүс ыарыыны эмтиир, сэллиги утары охсуһар.
-Кыһыг тоҥорон баран сиикэйдии сиэниллэр сылгы этэ хайа баҕарар саха ыалыгар күндү ас күүһү - уоҕу эбэр, доруобуйаны бөҕөргөтөр
-Сылгы хартата, хаана ханнык баҕарар сандалы саамай маанылаах аһа буолар.
Сыспай сиэллээх барахсан былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри миинэр миҥэ, эрэллээх доҕор, минньигэс ас, үҥэр таҥара.
Эргэ саҥа дьылы көрсө, нэһилиэкпитигэр "Дьөһөгөй сылын аһыллыытын" сиэрин - туомун ыытан, боҕуруоскай, кытыан отторунан кулууппутун ыраастаан, бэчэрииҥкэҕэ кэлбит дьоммутун арыылаах алаадьынан, тоҥ убаһа этинэн айах тутан көрүстүбүт. "Алаас" дьахталлар вокальнай ансамбллара ырыанан эҕэрдэлээтэ, хомуска доҕуһуоллаата Варвара Турнина.
Дьөһөгөй сылынан нэһилиэкпит тэрилтэлэрин эр дьоннорун хамаандаларын икки ардыларыгар "Кырыа кыһын оонньуулара" күрэхтэһии сүрдээх хатыһыылаахтык буолла.
Тэрилтэттэн 3 киһилээх 4 хамаанда илин- кэлин түсүһэн күрэхтэстилэр
Петр Бабиченко хапытааннаах оскуола, Василий Потапов салайааччылаах олохтоох дьаһалта, ыччат хамаандата хапытаан Айтал Монастырев уонна нэһилиэкпит чааһынай, бааһынай хаһаайыстыбаларыттан Гаврил Захаров хапытааннаах хамаандалар 6 түһүмэҕинэн күрэхтэстилэр.
Бастакы түһүмэх маамыкта быраҕыы, манна таба муоһугар кольцолары бырахтылар, иккис түһүмэххэ чууркаҕа тоһоҕо саайан көрдөрдүлэр, бу этэргэ дөбөҥ, син сүрдээҕин сыралаһан киллэрдилэр тоһоҕолорун, үһүс түһүмэххэ сылгы сааһын, дьүһүнүн билиигэ тургутууну аастылар, тыа хаһаайыстыбатын хамаандата олус билиилээҕин көрдөрдө, "ойбонтон уулааһын" аныгылыы версията күрэхтэһии төрдүс түһүмэҕинэн буолла, сыал быраҕыыта бэһис уонна түһүмүктүүр түһүмэх "саха киһитэ оҕуһун мииннэ да ырыаһыт" диэн теманан караоке. Талан ылбыт ырыаларын толордулар.
Күрэхтэһии судьуйатынан көрдөһүүбүтүн ылынан Дмитрий Макаров ыытта уонна секретарынан ветеран спортсменка Зинаида Семеновна Андреева үлэлээтилэр.
Олус тыҥааһыннаах күрэхтэһии түмүгүнэн 4 миэстэ- Ыччат, 3 - олохтоох дьаһалта, 2- оскуола уонна эрэллээхтик бастаата тыа хаһаайыстыбатын хамаандата капитан Гаврил Захаров уонна 5 тыһыынча уу харчынан наҕараадаланна. Бары миэстэлэспит, көхтөөхтүк кыттыбыт хамаандалар минньигэс бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Бу күн олус тымныы буолан көрөөччү аҕыйах да буоллар, түмсүүлээх дьоҥҥо ичигэс киэһэ буолан ааста.
Нэһилиэкпит олохтоохторун кэлбит Дьөһөгөй сылынан эҕэрдэлиибит. үүммүт сыл барыбытыгар үчүгэйи эрэ аҕаллын. Дом!
4.01.2023
Дойдубутугар өссө биир сылы аһаран, саҥа 2023 сылга үктэннибит.
Бу ааспыт сыл туох үчүгэйи, туох ыарахаттары аҕалла диэн хас биирдии киһи кэннин хайыһан көрөн, кэлэр сылга итэҕэстэрин көннөрүнэргэ, үчүгэйин сомсон ыларга дьулуһуохтаах.
Биһиги нэһилиэкпитигэр 2022 сылга ситиһиилэрбит:
- Алта мөлүйүөн алта сүүс сууммалаах нэһилиэкпит ис суола оҥоһулунна
-6 ыал киин ититиигэ холбонно
- свалка ыраастанна
- Көһөрүллүү 80 сылынан нэһилиэк кинигэтэ бэчээттэнэн таҕыста.
- ППМИ 2800=(Икки мөлүйүөн аҕыс сүүс) солк сууммалаах эбии ититиигэ аналлаах матырыйаал ыларга грант ыллыбыт
- Улууска баһылыкпыт "Бастыҥ" буолла.
Онтон кыаллыбатах өрүтэ айылҕаттан эмиэ улахан тутулуктанар ол курдук курааннаан от үүммэккэ үүт туттарыы былаанын сиппэтибит, аһыҥка туран оппут былаана туолбата, ыты бэрээдэктээһин хас биирдии хаһаайынтан тутулуктааҕын умна быһыытыйабыт... Ити итэҕэстэри бу үүммүт сылга суох оҥорорго кыһаллыахтаахпыт буоллаҕа.
Ааспыт сыл бүтэһик күнүгэр, ахсынньы 31 киэһэтигэр, "Түһүлгэ" НАДь, саҥа 2023 сылы көрсөр дьоро киэһэҕэ, нэһилиэкпит дьоно хото муһунна. Фойеҕа Сэбиэскэй кэми санатан уонна билиҥҥи 3D фотозоналар, кэлбит дьону аралдьытан тэттик конкурстар тэрилиннилэр.
Бырааһынньыктыы киэргэммит сыанаҕа "Старые песни о главном" саҥа дьыллааҕы представление, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Е.И.Скрябина эҕэрдэтэ, нэһилиэкпит талба талааннаахтарын, эдэр ыччатын ырыалара- үҥкүүлэрэ буолла.
2022 сыл бастыҥнара чиэстэнниллэр. Ол курдук
Сыл бастыҥ ЖКХ үлэһитэ Дьяконов Виктор Викторович
Сыл бастыҥ тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ Боякинов Владимир Федорович
Сыл бастыҥ доруобуйа харыстабылын үлэһитэ Макарова Анна Ивановна
Сыл бастыҥ бэтэрээнэ Андреева Зинаида Семеновна
Сыл бастыҥ спортсмена Аржаков Михаил Михайлович
Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ Винокурова Сайаана Ивановна
Сыл бастыҥ культура үлэһитэ Монгуш Любовь Николаевна
Сыл бастыҥ активиһа Новгородова Прасковья Владимировна
Сыл бастыҥ иитээччитэ Собакина Ольга Сергеевна
Сыл бастыҥ үөрэхтээһин үлэһитэ Пономарева Светлана Николаевна
Хас саҥа дьыл аайы, түмүк тахсар кэмигэр Кытаанах нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Прокопий Прокопьевич Захаров оҕолоро, аҕаларын аатынан бириэмийэ олохтууллар. Быйыл бу бириэмийэни Трофим Борисовка анаатылар. Түгэнинэн туһанан Анна, Алексей, Прокопий, Гаврил Захаровтарга, кинилэр дьиэ-кэргэттэригэр махталбытын тиэрдэбит. Дойдугут дьонун өйөөн күүс-көмө буоларгытыгар.
Биирдиилээн бастааһыҥҥа маскараат күрэҕэ биллэриллибитэ. Бастакы миэстэни "Алладин на ковре" маскараатынан таҕыста Валентина Анемподистова уонна экшн-видеокамеранан наҕараадаланна. Иккис миэстэ Гринч, Куоска, үһүс миэстэ Тигр, Бөтүүк буоллулар.
Саҥа дьыл саамай күүтүүлээх дьонноро Тымныы Мооруос оҕонньор, Хаарчаана, Саҥа Дьыл кэлэннэр эҕэрдэлээн, ыллаан, хоһоон ааҕан, оонньуу ыытан бардылар.
Онтон киэһэ "Түһүлгэ" НАДь ыыппыт тэҥнэбиллээх оонньуутугар сүрүн бирииһи Смарт телевизоры Туяра, Григорий Борисовтар сүүйэн үөрүү-дьол буоллулар.
Григорий үөрүүтүн үллэстэр: 10 билиэти ылбыппыт, бу үһүс телевизорбытын сүүйдүбүт. Инники сылларга эмиэ сүүйэр этибит.
Мини-холодильник Е.Скрябинаҕа, робот пылесос Н.Захароваҕа тигистилэр.
Саҥа дьылбытын көрсөр бырааһынньыкпытыгар нэһилиэкпит ыччаттара- студеннар кэлэн представлениеҕа кыттан, ыытааччы оруолун толорон күүс- көмө буолбуккутугар дириҥнник махтанабыт. Үөрэххитигэр ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.
Саҥа дьыл бырааһынньыктара салҕаналлар...
14.12.2022
Ахсынньы аам- даам тымныылара түстүлэр,таһырдьа оргуйа турар туман, аны тымныыны кытта ОРВИ, ковид ыарыылара тэҥҥэ кэлэн нэһилиэкпитигэр тымныйан ыалдьыбыт киһи ахсаана бүгүҥҥү күҥҥэ 13.
Онон убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо сылаастык таҥнан, улахан наадата суох ыраах айаҥҥа сылдьыбаккытыгар өссө биирдэ санатабыт.
Нэһилиэкпит баһылыгын дьаһалынан ахсынньы 12 күнүттэн 19 күнүгэр диэри былааннаммыт культурнай, спортивнай, элбэх киһи мустуулаах дьаһаллар тохтотулуннулар. Маны таһынан "Түһүлгэ" НАДь салайааччытын бирикээһинэн куруһуоктар, түмсүүлэр үлэлэрэ эмиэ тохтотулунна.
Күндү бар дьоммут, санааны түһэрбэккэ, бэйэ-бэйэбитигэр харыстабыллаах сыһыаннаах буолуоҕуҥ.
12.12.2022
Бу ый 6 күнүттэн дойду үрдүнэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадалара ыытылла турар. Биһиги, норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Сыккыс" доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтэ биир саамай көхтөөх, элбэх идеялаах, ыытыллар араас күрэхтэһиилэргэ, конкурстарга ситиһиилээхтик кыттар түмсүүбүт буолар.Түмсүү салайааччытынан Ксения Николаевна Гоголева олус таһаарыылаахтык дьонун түмэн үлэлиир. Түгэнинэн туһанан бары сыккыстарга, салайааччы Ксения Николаевнаҕа көхтөөх үлэҕитигэр махтанабыт.
Сыккыстар, бу ааһан эрэр сылга былааннаммыт үлэлэринэн араас тэрээһиннэри, акциялары ыыттылар:
-Саҥа дьылга түмсүү оҕолоругар бэлэхтэри туттардылар
-"Куйуур 2022" республикатааҕы күрэххэ кыттан Бастакы миэстэни ыллылар
-Мобилизацияҕа барбыт уолаттар дьонноругар, аҥардас дьахталларга, түмсүү чилиэттэригэр муҥхалаан балык бэристилэр
-"Вместе - мы сила" улуустааҕы соц десант ыытар дьаһалларыгар кытыннылар
-Республикаҕа, улууска ыытыллыбыт дьаһалларга көхтөөхтүк кытыннылар. Бу туһунан "Талба талааннар" куруһуоктар, түмсүүлэр күннэригэр тахсыбыт анал биэриигэ көрбүккүт.
Онтон бүгүн "Сыккыс" түмсүү уонна нэһилиэкпит ыччаттарын күүһүнэн туруоруллубут Алампа "Куоратчыт" пьесатынан театрализованнай дьүһүйүүнү көрөргүтүгэр ыҥырабыт. Бу дьүһүйүү былырыын баччаларга "Айылгы" оройуоннааҕы норуот айымньытын Дьиэтэ ыыппыт драмколлективтары көрүү улуустааҕы фестивалыгар "Бастыҥ монтаж" номинация кыайыылааҕынан буолбута. Онон "Куоратчыт" театрализованнай дьүһүйүүнү бүгүн киэһэ 20ч00м биһиги анал сайтпытыгар көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
5.12.2022
Алтынньы ыйтан саҕалаан, олоҥхо декадатын чэрчитинэн хас бээтинсэ аайы анал сайтпытыгар онлайн "Олоҥхо киэьэтигэр" Николай Тарасов "Дуулаҕа Баатыр" олоҥхотун иһитиннэрдибит. Онтон бу олоҥхону толордо СР Ил Дарханын гранын хаһаайката, олоҥхону толорооччу, тойуксут, чабырҕахсыт, биир дойдулаахпыт Сусанна Васильевна Лазарева.
Бу олоҥхонон нэһилиэкпитигэр күөн күрэс тэрийдибит. Барыта 17 ыйытыкка хоруйдары туттубут.
Күөн күрэс кыайыылаахтарынан буоллулар:
Кыайыылаах - "Ньургуйаана" уһуйааммыт иитээччитэТуяра Егоровна Потапова. Кини "Чурапчы фольклора" быйыл сайын бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэнэн наҕараадаланна. Спонсордаата Любовь Монгуш. Инники этиллибитин курдук бу кинигэҕэ Чурапчыбыт урукку, билиҥҥи фольклору тарҕатааччылара киирбиттэрэ. Биһиги нэһилиэкпититтэн Сусанна Лазарева, Любовь Монгуш айымньылара эмиэ бааллар.
Иккис Үрдэл - Далан аатынан оскуолабыт алын сүһүөх оскуолатын учуутала Ирина Петровна Макарова. Спонсор Сусанна Васильевна аймахтара.
Үһүс Үрдэл - Сергей Валерьевич Скрябин. Үөрбүппүт диэн эдэр киһи олоҥхону истэн күөн күрэскэ кыттыбытыттан. Бу буолар буоллаҕа биһиги сыалбыт ситиитэ. Онтон спонсорынан Сусанна Васильевна оҕолоро буоллулар.
Инникитин көхтөөх, бэйэбит сахабыт фольклорун сэҥээрэ, истэ сылдьаргытыгар баҕарабыт. Бары кыттааччыларбытыгар махталбытын, кыайыылаахтарга эҕэрдэбитин тиэрдэбит.
5.12.2022
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, ахсынньы 2 күнүгэр, "Айылгы" оройуоннааҕы норуот айымньытын Дьиэтин кыра саалатыгар, чабырҕаҕы толорооччу, айааччы, Чурапчы улууһун культуратын туһунан элбэх кинигэни таһаарбыт Мария Андреевна Герасимова- Сэҥээрэ "Чурапчы фольклора" диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Кинигэҕэ биһиги улууспут олоҥхоһуттара, тойуксуттара, оһуохайдьыттара, чабырҕахсыттара, хомусчуттара, норуот ырыатын толорооччулара, суруйааччылара салааларынан арахсан киллэриллибиттэр. Кинигэ барыта 200 тахса страницалаах, халыҥ хахтаах, барыларын хаартыскалара, ону таһынан айымньылара киирбиттэр.
Бу күн, билигин Чурапчы улууһугар олорор, айымньылаахтык үлэлии сылдьар фольклору тарҕатааччылар, уһуйааччылар мустан ааптар Мария Андреевнаны эҕэрдэлээн, махтанан, үтүө тыллары эттилэр.
Ол курдук Чурапчы улууһун баһылыгын аатыттан улуустааҕы ветераннар Сэбиэттэрин председателэ Мотрена Николаевна Матвеева , улуустааҕы культура салаатын салайааччытын солбуйааччы Айталина Михайловна Смирникова, Чурапчы сэлиэнньэтин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Варвара Васильевна Макарова, улуустааҕы Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Дмитриевич Попов, биирдиилээн дьон эҕэрдэлээтилэр. Биһиги нэһилиэкпититтэн бу кинигэҕэ киирдилэр олоҥхону толорооччу, тойуксут, чабырҕахсыт Сусанна Васильевна Лазарева уонна чабырҕаҕы толороооччу, айааччы Любовь Николаевна Монгуш. Кинилэр бу үөрүүлээх чааска Мария Андреевнаны эҕэрдэлээтилэр, чабырҕаҕы толордулар.
Кинигэ сүрэхтэниитин улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситим директора Вера Апполоновна Платонова олус сиһилии билиһиннэрдэ.
Түмүккэ Мария Андреевна бу кинигэ тахсыытыгар матырыйаалынан көмөлөспүт дьоннорго, улуус салалтатыгар, биирдиилээн спонсордаабыт улуус олохтоохторугар махталын биллэрдэ. Аны Чурапчы улууһун баянистарын, ВИА лар тустарынан кинигэ бэлэмнэнэ сылдьарын билиһиннэрдэ.
1.12.2022
Сэтинньи 25 күнүттэн Олоҥхо декадата саҕаланна. Бу дьаһал чэрчитинэн бэҕэһээ, о.э. сэтинньи 30 күнүгэр биһиги коллективпыт нэһилиэкпит кырачааннарыгар "Ньургуйаана" уһуйаан улахан бөлөҕөр олоҥхо дьүһүйүүтүнэн ыалдьыттаата. Оҕолор сахалыы таҥнан, олоҥхо туһунан кэпсэтиһэн, дьүһүйүүнү көрдүлэр. Кырачааннар ордук абааһы кыыһа Айталы Куону былдьаабытын наһаа соһуйа, куттана көрдүлэр. Онтон хардатын Элла Бабиченко олоҥхолоон иһитиннэрдэ. Олоҥхо киэһэтэ уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. Кырачааннар өссө кэлээрин диэн ыҥыран, дохсун ытыс тыаһынан атаардылар.
Аны ахсынньы 5 күнүгэр оскуолабыт алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр Сусанна Лазарева олоҥхо толоруоҕа, олоҥхо дойдутун оонньууларын оҕолорго ыытыахпыт, онон бу күн оҕолорбутун "Түһүлгэ" НАДь күүтэбит.
29.11.2022
Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо!
Сэтинньи ый 25 күнүттэн Өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо декадата ыытылла турар. Бу дьаһал чэрчитинэн биһиги "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ, хас бээтинсэ аайы анал сайтпытыгар "Олоҥхо киэһэтэ" тэрийдибит. Манна биир дойдулаахпыт, СР олоҥхотун ассоциациятын чилиэнэ, 2018 сылга Ил Дархан бириэмийэтин хаһаайката, үгүс олоҥхо ыһыахтарын лауреаттара, саха фольклорун тарҕатааччы олоҥхоһут, тойуксут, чабырҕахсыт Сусанна Васильевна Лазарева толорбут "Дуулаҕа Баатыр" олоҥхотун эһиэхэ иһитиннэрдибит. Бу олоҥхонон күөн- күрэс тэрийэбит диэн эрдэттэн биллэрбиппит. Олоҥхобут түмүктүүр алтыс чааһын бүгүн киэһэ көрүөххүт, ону сэргэ күөн - күрэс ыйытыктарын таһаарабыт. Олоҥхону болҕойон истиҥ, күөн - күрэскэ кыттыҥ. Үс кыайыылаах Сусанна Васильевна оҕолоро, аймахтара туруорбут бириистэринэн наҕараадаланаллар. Наҕараадалары туттарыы ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ 16ч00м "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтигэр буолуоҕа.
Ыйытыктар хоруйдарын олоҥхоҕо этиллэринэн суруйаҕыт. Хоруйгутун ахсынньы 5 күнүгэр күнүс 14ч00м дылы "Түһүлгэ" НАДь аҕалаҕыт.
1. Олоҥхо ааптара?
2. Орто дойду оҥоһуута хайдах этиллэрий?
3. Орто дойду көтөрдөрө?
4. Уу иччитэ, тыа иччитэ?
5.Аал Луук Мас үүммүт сирэ?
6. Аал Луук Мас иччитэ?
7.Орто дойду дьоно ааннарын бүрүйбүт тириилэрэ?
8. Оһохторун тугунан оттубуттарый?
9. Балаҕаҥҥа туох иһиттэр баалларый?
10. Уол ханан куоппутуй?
11. Удаҕан аата?
12. Удаҕан дүҥүрүн өҥө?
13. Уолу кимнээх тэрийэн орто дойдуга түһэрэллэрий?
14. Айыы бухатыырын атын дьүһүнэ?
15. Айталы Куо сытар хайатын аата?
16. Айталы Куоҕа ким өлбөт мэҥэ уутун биэрэрий?
17. Дуулаҕа Баатыр, Айталы Куо, Эрчимэн Бэргэн ханнык көтөр кыыллар буоллуларый?
Күөн күрэскэ көхтөөхтүк кыттыҥ, ким баҕалаах оҕотуттан оҕонньоругар, эдэриттэн эмэнигэр тиийэ кыттар.
Олоҥхону болҕойон истэн күөн - күрэскэ кыттыҥ! Хоруйдаргытын долгуйа күүтэбит!