Новости

IMG-20221111-WA0038.jpg

10.11.2022

10 ноября в районном Доме народного творчества "Айылгы" проводился семинар работников культуры улуса на тему "Гранты в области культуры и искусства". Организаторы семинара: управления культуры улуса и координационный Совет по проектной деятельности   Были приглашены в качестве  экспертов Куприянов Дмитрий Михайлович- специалист отдела по взаимодействию с институтами гражданского общества министерства по делам молодежи и социальным коммуникациям РС (Я), Охлопков Геннадий Иванович заместитель директора АУ РС (Я) "Саха академический театр им П.А.Ойунского".На открытие семинара начальник управления культуры Чурапчинского улуса  Петр Егорович Гуляев приветствовал участников и пожелал творческих идей. На первой части семинара эксперты выступили с докладами о новых возможностях  по работе над проектами, ознакомили о  грантах в области культуры и искусства, о создании некоммерческих организациях. А вторая часть семинара  была практической. Вопрос-ответ.  Участники  получали подробные ответы на свои вопросы. На днях при управлении культуры создан координационный совет по проектной деятельности председателем Совета является Дьяконов Спартак Анатольевич - специалист по ОТ и ПБ, заместитель председателя - Никонова Сахая Романовна- научный сотрудник Чурапчинского музея истории и этнографии им А.А.Саввина, члены Совета Павлова Диана Александровна - заведующая Болтогинского филиала №5 МКУК "Чурапчинская МЦБС", Дьячковская Елена Дмитриевна - заведующая отделом по жанрам народного творчества АУ РДНТ "Айылгы", Борисова Мария Егоровна- специалист методотдела, Дьячковская Сардана Александровна-библиотекарь нестационарного обслуживания МКУК "Чурапчинская МЦБС"

 

 

IMG-20221109-WA0143.jpg

9.11.2022

Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Сыккыс" доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтэ, быйыл үгэскэ кубулуйбут муҥхаларын тэрийдилэр. Нэһилиэкпит баһылыга Егор Николаевич "Сыккыстарга" Аччыгый Эбэни  муҥхалыылларыгар анаабыта, онон кинилэр хаһыс да сылларын муҥхалыыллар. Быйылгы муҥха буоларын курдук, аал уоту аһатан, Күөх Боллоххо сүгүрүйүүттэн саҕаланна. Муҥхалаах Петр Федотович Максимов, Петр Дмитриевич Барашков, Алексей Николаевич Терютин, Николай Дмитриевич Барашков салайыыларынан бэрткэ табыллан, күн да олус үчүгэйдик туран биэрэн, бэртээхэй сырыы буолла. "Сыккыстарга" Баай Байанай  мичик гынан, көмүс хатырыктааҕыттан куду анньан биэрдэ. Сыккыстар дьиэҕэ олорор биир түмсүүлээхтэригэр үстүү биэдэрэни, маны таһынан байыаннай операцияҕа сылдьар уолаттарбыт дьонноругар биирдии куул балыгы, итиэннэ быйылгы муҥхаҕа кыайан сылдьыбатах, эбэтэр сылдьан баран мэлийбит далбардарга, бары биир киһи курдук сүбэлэһэн, нэһилиэк дьонугар аҕалан күндүлээн, бар дьон үөрбүт харахтарын көрөн, махтал тылларын истэн үөрүүлэрэ үс төгүл үрдээтэ. Бу күн, түгэнинэн туһанан, Алексей Николаевич Терютин төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээн бэлэхтэрин туттардылар.

Сыккыстар, нэһилиэк баһылыгар, күөл анаабыт уонна транспорынан хааччыйбыт, Егор Николаевичка, салайааччыларыгар Ксения Николаевнаҕа, түмсүү тутаах киһитигэр  Алексей Николаевичка, муҥхалаах Петр Федотовичка, сылын ахсын өйүүр Петр Дмитриевичка барҕа махталларын тиэрдэллэр. Онтон нэһилиэк дьоно- сэргэтэ сыккыстарга чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕаран, үөрүү кынаттанан сип-сибиэһэй балыгы тута күөстүү охсорго түһүннүлэр. 

Сыккыстарга - сырдык дьоҥҥо түмсүүнү, кытаанах доруобуйаны, эйэлээх халлааны баҕарабыт. 

20221104_144803.jpg

5.11.2022

Сэтинньи 4 кунугэр, биьиги нэьилиэкпитигэр Кытаанахха, улуустаа5ы хайыьар курэхтэьиитэ буолла. Бу курэхтэьии 2022-2023 хайыьар сезонун аьар сыаллаах ыытылынна. Чурапчыбыт улууьуттан Чакыртан, Хайахсыттан, Мурун Тыымпыйаттан, Чурапчыттан, Кытаанахтан, Мында5аайыттан, маны таьынан Мэнэ-Ханалас Тиэлигититтэн, Павловскайыттан, Амма Алтаныттан барыта 53 о5о, 26 ветеран хайыьардьыттар суурэр трасса5а та5ыстылар. 

Хайыьар сезонун  уеруулээх аьыллыытыгар кыттыыны ыллылар:

Чурапчы улууьун физическэй культура5а уонна спортка салаатын салайааччыта Дьулустан Васильевич Егоров, кини солбуйааччыта Альберт Петрович Собакин, улуустаа5ы уерэх салаатын о5ону иитиигэ уонна эбии уерэхтээьин салаатын кылаабынай специалиьа Евгений Николаевич Давыдов.Кинилэр хайыьардьыттары э5эрдэлээн, кыайыыны ба5ардылар. Нэьилиэк баьылыга  Егор Николаевич Потапов кэлбит спотсменнарга махтанна уонна нэьилиэкпит бастын спортсменыгар, тренеринэн урдук таьаарыылаахтык улэлээбит, быйыл куьун 65 сааьын томточчу туолбут Алексей Николаевич Терютинна "Кытаанах нэьилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о" удостоверениены, туескэ анньыллар бэлиэни туттарда. Тугэнинэн туьанан Алексей Николаевиьы "Туьулгэ" норуот айымньытын Дьиэтин коллективын аатыттан э5эрдэлиибит. 

Алексей Николаевич курэхтэьии кылаабынай судьуйата буолан кэлбит спортсменнарга курэхтэьии балаьыанньатын, старт билиьиннэрдэ. 

Бу кун Россия норуоттарын  Сомо5олоьуутун кунэ. Онон хайыьар - барыбытын сомо5олоон, элбэх киьини тумтэ. Хайыьары таьынан чел оло5у пропагандалыыр хаалыктаах хаамыы тэрилиннэ. Манна нэьилиэкпитигэр хас сарсыарда аайы хаалыктаах хаамар Сусанна Лазарева, Зоя Захарова, ону таьынан эдэр ийэлэр, тэрилтэ улэьиттэрэ, пенсионердар кехтеехтук кытыннылар. 

Хайыьар суолугар бастакынан начальнай кылаас кыргыттара, уолаттара стартаатылар, онтон 5-8 кылаас о5олоро, 9-11 кылаастар, 18 уеьэ саастаах дьахталлар, эр дьоннор дистанциянан  арахсан суурдулэр. Курэхтэьиини Саха республикатын атах оонньууларыгар спордун маастара Дмитрий Николаевич Макаров, буоларын курдук, астыктык комментарийдаан ыытта. 

Тумуккэ кыайыылаахтар мэтээлинэн, бириистэринэн, анал бириистэринэн на5араадаланнылар. Ол курдук хаалыктаах хаамыыга саамай а5а саастаах Чурапчыттан Сивцев Анатолий, Кытаанахтан бастын ветеран спортсменка Парасковья Новгородова , Матвей Лыткин анал бирииьинэн Хаалыгынан на5араадаланна. Хайахсыттан кэлбит Николай Оконешниковка, Кытаанах нэьилиэгин  олохтоо5о Алексей Николаевич Пономарев биир куул собо анал бирииьин анаата. Хайахсыттан кэлбит хайыьардьыттар хамаандаларыгар, баьылык Тарас Лукич Тарасов, чел оло5у, спорду пропагандалыыр спортсменнарыгар, хас биирдиилэригэр анал бирииьин ыыппытын туттулар. 

Биьиги нэьилиэктэн о5олорбут, ветераннарбыт суурдулэр. Курэхтэьии арыйыытынан Афанасий Захаров буолла диэтэхпитинэ наьаа сыыспаппыт буолуо. Ол курдук Афанасий Васильевиьы дьон-сэргэ  Советскай Союз кенул тустууга спордун маастарынан, элбэх Союзтаа5ы тустууга курэхтэьиилэр чемпионнарынан, призердарынан  билэр буоллахтарына, кини былырыыннаттан анаан дьарыктанан, быйыл 70 сааьын керсе, хайыьар курэхтэьиитигэр аан бастаан кыттыбытын куускэ бэлиэтээн этэбит. Афанасий Васильевич бу сурэхтэниитинэн итиитик - истинник э5эрдэлиибит, курэхтэьиигэ кини сиэнэ Ванесса Борисова эмиэ аан бастаан кытынна. Биьиги нэьилиэк кынаттаах хайыьардьыттара Зинаида Семеновна Андреева, Иван Петрович Игнатьев бэйэлэрин дистанцияларыгар эрэллээхтик бастаан, уунэр келуенэ ыччакка учугэй холобуру кердердулэр. Нэьилиэкпит баьылыга Егор Николаевич Потапов, улуус мунньа5ын депутата Дмитрий Иванович Попов курэхтэьиигэ кыттан, нэьилиэнньэ5э учугэй холобуру кердердулэр. Курэхтэьээччилэргэ минньигэс астары астаан а5албыт нэьилиэкпит олохтоохторугар Николай Максимовка, Анна Лыткина5а, Саина Иванова5а, Валентина Дьяконова5а, Анисия Дьяконова5а дирин махталбытын тиэрдэбит.

Курэхтэьии Сомо5олоьуу оьуохайынан тумуктэннэ. Старт бэрилиннэ. Мантан кыьын кынаттаах хайыьардьыттарбытыгар ситиьиилээх улэни, куустээх санааны, эдэрдии эрчими,онтон  ыччат дьоммутугар ылыммыт санаа5ытын ыьыктыбакка иннигит диэки эрэллээхтик керергутугэр ба5арабыт!

-5397847170729755664_121.jpg

1.11.2022

Тапталлаах дойдубутугар  Сэбилэниилээх куустэри ейуур араас хабааннаах дьаьаллар, тэрээьиннэр ыытылла тураллар. Биьиги нэьилиэкпитигэр, алтынньы 28 кунугэр, тыа сирин модельнай библиотеката, орто оскуола коллектива, норуот айымньытын Дьиэтэ "Ийэ алгыьа" диэн дьуьуйууну туруорда. Дьуьуйуу А5а дойду сэриитигэр 5 уолун сутэрбит Феврония Малгина5а ананна. Сценарийы библиотекарь Лена Александровна суруйда, туруоруутун саха тылын уонна литературатын  учуутала Ольга Романовна, орто оскуола эдэр ыччатын коллектива оонньоотулар. Ол курдук эдэр ийэ оруолун эдэр кэскиллээх учуутал Варвара Турнина оонньоото, уолаттарын сэриигэ атаарар Февронияны - Ксения Гоголева олус итэ5этиилээхтик оонньоон кердерде. Уолаттар оруолларын Виссарион Трофимов, Марк Суздалов, Петр Акимов, Петр Бабиченко, Василий Лазарев холонон оонньоотулар. Дьуьуйуу "Ийэ5э сугуруйуу" диэн ырыанан тумуктэннэ. Ырыаны олохтоох дьаьалта землеустроителэ Степан Прохоров олус долгутуулаахтык толордо. 

О5олорбут - кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт эйэлээх, дьоллоох  олоххо олороллоругар бары ейбутун - санаабытын ууран, кинилэр тереебут дойдуларыгар бэриниилээх, мунура суох таптыыр буолалларыгар иитэн таьаарар биьиги эбээьинэспит. Онон бары биир сомо5о буолан улэлиэ5ин, айыа5ын- тутуо5ун!

 

Олоҥхо.jpg

31.10.2022

Сэтинньи ый 22 күнүттэн өрөспүүбүлүкэбитигэр Олонхо декадата саҕаланар. Биһиги нэһилиэкпит олохтооҕо, 2018 сыллаахха Ил Дархан Гранынан наҕараадаламмыт, республика олоҥхоһуттарын ассоциациятын чилиэнэ, Олоҥхо ыһыахтарыгар Чурапчы улууһун олоҥхоҕо, тойукка, чабырҕахха, норуот ырыатыгар үгүс сылларга көмүскээбит, олоҥхону толорооччу Сусанна Васильевна Лазарева , бу сыл сэтинньигэ 70 сааһын туолар үбүлүөйүгэр анаан, нэһилиэкпит дьонугар, биир дойдулаахтарбытыгар "Олоҥхо киэһэтин"  тэрийэбит. 

Олоҥхо киэһэтэ хас бээтинскэ аайы биһиги сайтпытыгар ыытыллыаҕа. Сусанна Васильевна, Николай Михайлович Тарасов  "Дуулаҕа Баатыр" олоҥхотун толоруоҕа. 

Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт!

Олоҥхону болҕомтолоохтук истэргитигэр көрдөһөбүт. Түмүккэ бу олоҥхонон биирдиилээн бастааһыҥҥа күөн- күрэс тэриллэр. "Дуулаҕа Баатыр" олоҥхонон ыйытыктар бэриллиэхтэрэ, онно ким сөпкө хоруйдаабыт, Сусанна Васильевна аймахтарыттан, оҕолоруттан  бириистэри тутуохтара.  

Олоҥхобут бастакы чааһа, алтынньы 3 күнүгэр "Аҕам саастаах дьоммутугар ананар" диэн ааттанан  сайтка тахсыбыта, ону көрүҥ, болҕомтолоохтук истиҥ.

Иккис чааһа бу бээтинсэҕэ, о.э. сэтинньи 4 күнүгэр, киэһэ 19ч00м тахсыаҕа. 

Бар дьоммут, саха омук үйэлэртэн илдьэ кэлбит эпоһын Олоҥхону сэргээҥ, күөн - күрэскэ кыттарга бэлэмэниҥ!

20221028_210608.jpg

29.10.2022

Бэҕэһээ, о.э. алтынньы 28 күнүгэр "Түһүлгэ"- битигэр өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ, нэһилиэкпитигэр Утум сылларынан,  Комсомол күнүнэн"Ийэ алгыһа - ыччат эркээйитэ" диэн ааттаах тэрээһин ыытылынна.  Тэрээһини Кытаанахтааҕы тыа сирин модельнай библиотеката толкуйдаан тэрийдэ. Бу дьаһалы Николай Федорович Смирников ааспыт үйэ историятын, уоттаах - күөстээх үлэлээх комсомоллары, Саха автономиятын төрүттээбит дьоммутун, билиҥҥи балаһыанньаны билиһиннэрэн кэпсээтэ, түмүгэр Чурапчыбыт биир бастыҥ бэйиэтэ Роман Данилов Ийэтигэр анаабыт хоһоонун ааҕан, бары ийэлэри эҕэрдэлээтэ. 

Биэчэр иккис чааһынан Аҕа дойду сэриитигэр 5 уолун сүтэрбит  Феврония Малгина туһунан "Ийэ алгыһа" диэн дьүһүйүүнү орто оскуолабыт эдэр ыччата, саха тылын уонна литературатын учуутала Ольга Романовна Аржакова салайааччылаах  көрдөрдө. Ийэ  уобараһын олус долгутуулаахтык Ксения Гоголева оонньоото. Дьүһүйүү "Ийэҕэ сүгүрүйүү" диэн ырыанан Степан Прохоров толоруутунан түмүктэннэ.

Дьэ уонна биэчэрбит үһүс чааһыгар "ЫТЫК" (ырыт, толкуйдаа, ыйыт, кыай) диэн ааттаах көлүөнэлэринэн  коммерческэй оонньуу ыытылынна. Барыта биэстии  киһилээх 4 хамаанда кытынна. Ол курдук оскуола үөрэнээччилэрэ Айтал Монастырев хамандыырдаах "Орлята", ыччаттар Варвара Турнина хамаандата "Искра", орто көлүөнэ Ирина Макарова хамандыырдаах  "Пионеры" уонна аҕа көлүөнэ Валентина Анемподистова хамандыырдаах "Бойобуой" хамаандалар күөн көрүстүлэр. Хамаандалар тус туһунан формалаах, атрибуттаах кэлбиттэрэ оонньууну ордук сытыырҕатта. 5 түһүмэхтээх, хас түһүмэх аайы 5 ыйытыктаах оонньуу түмүгүнэн кыайыылааҕынан таҕыста орто көлүөнэ "Пионеры" хамаандата. 

Бары көхтөөхтүк кыттыбыт, оонньообут хамаандаларга, көлүөнэлэргэ, ыалдьааччыларга  тэрийээччилэр ааттарыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит. 

Олоххо бары биир сомоҕо буоллахпытына - барытын кыайыахпыт!

IMG-20221025-WA0055.jpg

26.10.2022

Бэҕэһээ, о.э. алтынньы 25 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтигэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах "Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы - чыыбы чабырҕах" өрөспүүбүлүкэтээҕи чабырҕаҕы толорооччулар күөн - күрэстэрэ ыытылынна. Тэрийээччилэринэн тас сибээскэ уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын дьыалаларын министерствота, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтэ. 

Барыта 14 фольклорнай бөлөх, 6 улуустан 92 кыттааччы кэлэн күөн көрүстүлэр. Дьүүлүүр Сүбэ бэрэссэдээтэлинэн:

Кардашевская Анастасия Афанасьевна - Күбэйэ, иккис нүөмэрдээх оҕо ускуустубатын иһинэн үлэлиир "Эйээрик" норуодунай фольклорнай бөлөх салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

Сысолятина Зоя Григорьевна - научнай - методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр специалиһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ

Флегонтова Ульяна Михайловна - научнай-методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо Киинин сүрүннүүр специалиһа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна

Васильева Александра Васильевна - Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин фольклорга салаатын сүрүннүүр специалиһа, СӨ култууратын туйгуна.

Бу күөн - күрэс толорооччулар маастарыстыбаларын үрдэтэр, саҥа ааттары таһаарар сыаллаах тэрилиннэ. 

Чабырҕах тэтимэ, тылын чуолкайа, ырыата, дэгэрэҥэ, ис хоһоонун тиэрдиитэ, тылын - өһүн баайа, хомоҕойо, үөрэ -дьүөрэ түһэриитэ, туттуута- хаптыыта, уустаан - ураннаан толоруута сыаналанна. 

 

Түмүк эбиэт кэнниттэн таҕыста. Манна Дьүүллүүр Сүбэ бэрэссэдээтэлэ Анастасия Афанасьевна - Күбэйэ бэйэтин уопутуттан сүрдээх туһалаах маастар - кылаас, толорооччуларга сүбэ - ама биэрдэ. 

Бөлөҕүнэн толорууга анал ааттар:

"Чобуо чабырҕахсыт" - "Алаас оҕолоро" фольклорнай бөлөх. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһа. сал. Жиркова Е.Б., Теплоухова Н.С.

"Сэҥээрилээх чабырҕахсыт" - Егорова Валерия Арктикатааҕы культура института. сал Егорова Л.М. Дьокуускай куорат

"Дьүөрэ тыллаах чабырҕахсыт" Капитонова Мичийэ А.Д.Макарова аатынан култуура уонна искусство колледжа. Дьокуускай куорат

"Баай тыллаах чабырҕахсыт" -"Кылыһах" фольклорнай бөлөх. Таатта улууһа Кыйы нэһилиэгэ. сал. Говорова М.Ф., Сабарайкина А., Огонерова Г. С.

"Ходьоҥ- идьэҥ хоһоонноох" Акимов Саша. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһа. Сал. Жиркова Е.Б, Теплоухова Н. С.

"Сытыы бөрүөлээх чабырҕахсыт" - "Холумтан" фольклорнай бөлөх. сал Дьяконова С.М., Килижекова М.П. Кэбээйи улууһа Тыайа нэһилиэгэ

"Былыргылыы тыллаах чабырҕахсыттар" Таатта улууһа Уус- Таатта нэһилиэгин фольклорнай бөлөҕө. Сал. Максимова М.К.

"Хоһуйсуулаах чабырҕахсыттар" - "Оторой - моторой" фольклорнай бөлөх. Чурапчы улууһа Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь  сал Монгуш Л.Н.

"Хомоҕой тыллаах чабырҕахсыттар" - "Чобуо" фольклорнай бөлөх. Уус- Алдан улууһа Бэйдиҥэ нэһилиэгэ сал Аржакова М.И, Александрова М.Ф.Татаринова П.Н.

"Чаҥый чаҕаан чабырҕахсыттар" Арктикатааҕы култура институтун 1 курсун студеннара. сал Егорова Л.М. Дьокуускай куорат

"Сытыы тыллаах чабырҕахсыттар" - "Көмүс дорҕоон" фольклорнай бөлөх. сал Захарова А.Е. "Мичээр" уһуйаан. Дьокуускай

"Кэскиллээх чабырҕахсыт" "Бриллианты Якутии" ансамбль. сал Соловьева З.М. Дьокуускай

"Таайтарыылаах чабырҕахсыттар" "Кэскилээнэ" уһуйаан коллектива. Уус- Алдан улууһа Дүпсүн нэһилиэгэ сал. Шергина С.М. 

Бөлөҕүнэн кыайыылаахтар

Бастакы үрдэл - "Иэхэй- чуохай" фольклорнай бөлөх. Кэбээйи улууһа Мастаах нэһилиэгэ. сал Жакипова С.К.Степан Васильев аатынан норуот айымньытын Дьиэтэ

Иккис үрдэл - "Оргуй - чоргуй" фольклорнай бөлөх.Дьокуускайдааҕы А.Д.Макарова аатынан култуура уонна искусство колледжа. 

Үһүс үрдэл - "Эйээрик" фольклорнай бөлөх. Иккис нүөмэрдээх оҕо искусствотын дьиэтэ. сал. Кардашевская А.А.

Биирдиилээн толорооччуларга:

Бастакы үрдэл - Любовь Николаевна Монгуш. Чурапчы улууһа Кытаанах нэһилиэгэ

Иккис үрдэл - Любовь Иннокентьевна Платонова, Дьокуускай куорат

Үһүс үрдэл - Диана Тимофеевна Петухова, Арктикатааҕы култуура институтун 1 курсун студентката. сал Егорова Л.М, Лугинова З.П. Дьокуускай куорат

Бу күөн - күрэскэ барарбытыгар өйөөбүт- көмөлөспүт төрөппүттэрбитигэр, кылаас салайааччытыгар Туяра Васильевна Борисоваҕа, сылаастык - сымнаҕас айаннаах суоппарбытыгар Василий Васильевич Андреевка 9 кылаас үөрэнээччилэрин "Оторой - моторой" бөлөх уонна салайааччы Любовь Николаевна аатыттан махталбытын тиэрдэбит.

 

 

IMG-20221021-WA0082.jpg

22.10.2022

Бэҕэһээ, "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтигэр, "Араҥаччылыыр аанньалларбыт" диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ийэлэрин күнүгэр аналлаах дьоро киэһэ ыытылынна. Бу киэһэ нэһилиэкпит ийэлэрэ тоҕуоруһа мустан, кинилэргэ анаммыт дьаһалларга көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук "Үйэн" дьахтар Сүбэтин тэрийиитинэн Анисия Дьяконова суши, Марфа Парфенова үтүлүк, кээнчэ киэптэрин быһыыга, Елена Новгородова бэрэски, Ольга Аржакова урукку кэми санатан саахар кэмпиэт оҥоруутун туһунан кэпсээтилэр, оҥорон көрдөрдүлэр. Библиотекарь Лена Пономарева "Ийэ уобараһа литератураҕа" диэн кинигэ быыстапкатын туруоран, кэпсээтэ. 

Олохтоох дьаһалта дьиэ- кэргэҥҥэ специалиһа Луиза Барашкова  нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттар ийэлэри  махтал суругунан эҕэрдэлээтэ. Ийэлэрбитигэр аналлаах  эҕэрдэ кэнсиэри аҕалар, кыргыттарынаан үҥкүүлэрэ аста. Кэнсиэргэ нэһилиэкпит уус- уран самодеятельноһын, норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир куруһуоктарга дьарыктанар бөлөхтөр кытыннылар. Кэнсиэри иилээн - саҕалаан ыыттылар Ирина Гаврильева, Николай Суздалов.

Ийэ күнүнэн, саҥа анаммыт  директор Айталина Владимировна Пономарева салайааччылаах "Түһүлгэ" НАДь коллектива ийэлэри минньигэс тордунан, утаҕынан айах тутта. 

Бары көхтөөхтүк кыттыбыт, тэрээһиммитигэр кэлбит ийэлэрбитигэр махтанабыт, чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕарабыт!

IMG-20221014-WA0058.jpg

14.10.2022

Биһиги нэһилиэкпитигэр олохтоох көҕүлээһини өйүүр программа мунньаҕа буолан ааста. Ааспыт сылларга бу программанан оҕо спортивнай былаһаакката, сайыҥҥы уу ситимин өрөмүөнэ, уулусса уота, хаарбах дьиэни көтүрүү, чааһынай ыалга ититэр система магистралын тардыы курдук бырайыактарынан кыттан олоххо киллэрбиппит. Баһылыкпыт Егор Николаевич билиһиннэрбитинэн быйылгы 2022 сылга ититэр система магистралын материала уопсайа  2 мөл 100 солкуобайга атыылаһыллан кэллэ. Арҕаа ыалларга 4 ыалга киин котельнайтан уу баран сылааһа холбонно, ол кэнниттэн илин, хоту сытар ыалларга магистрал тардыллар.  Быйыл уопсайа 14 ыал киирэрэ былааҥҥа турар, онтон 12 ыал сылааска холбонуохтаах. 2023 сылга программаҕа кыттар бырыайактарынан:

- Салгыы сылаас ситимин тардыыга магистрал материалын атыылаһыы

- Сайыҥҥы уу ситимигэр ууну хаһаанар, оботторор  сирбитин уларытыы

- Ыһыахтыыр сири өрөмүөннээһин

-Кулуубу өрөмүөннээһин

- Хайыһар манеһын бырайыагын оҥоруу, үлэтин саҕалааһын

Олохтоох дьаһалта экономиһа Аина Николаевна иһитиннэриитэ:

Быйыл минфин субсидияҕа  балтараа мөлүйүөнү көрбүт буоллаҕына эһиилгэттэн биир бырайыакка саамай улааппыта икки мөлүйүөнү көрөр буолла. Онон үрдүкү балл ыларга софинансированиета эмиэ үрдүүр. Ол курдук эһиилги бырайыакка холобура олохтоох дьаһалта 300 тыһ, спонсор юридическэй сирэй 300 тыһ, онтон олохтоох нэһилиэнньэ кыччаабыта 60 тыһ угуохтаах. Ол аата кыттар бырайыакпыт уопсай сууммата 2 мөл 660 тыһ буоллаҕына 100 балл ылабыт. Ити этиллибит суумматтан  кыраны уктахпытына  граҥҥа тиксимиэхпитин сөп. Ол курдук 2021 сыллаахха кыра софинансирование көрөммүт тиксибэтэхпит. 

Мунньах түмүгэр бастакы  бырайыак куоластааһыҥҥа кыайда. Онон 2023 сылга олохтоох көҕүлээһини өйүүр программаҕа сылаас ситимин магистралын тардыыга материал атыылаһыытыгар нэһилиэнньэ куоластаата. 

Тыа сирин ыаллара олорор усулуобуйалара тупсара, киинтэн ититиллэр дьиэлээх буоллахтарына, олохторо, үлэлэрэ, доруобуйалара туруктаах буолара саарбахтаммат. Онон олохтоох көҕүлээһини өйүүр программатыгар чуолаан бу этии кыайбыта, дьон олоҕо тупсарыгар улахан төһүү күүс, тирэх буолуо диэн бигэ эрэллээхпит. 

 

 

 

 

IMG-20221012-WA0023.jpg

12.10.2022

Бэҕэһээ, алтынньы 12 күнүгэр нэһилиэкпитигэр улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын начальнигын солбуйааччы Старостин Прокопий Иннокентьевич уонна специалист Макарова Мария Нюргустановна кэлэн улуус, нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын, кэлээри турар кыстык туһунан кэпсэтиһэн бардылар. 

Прокопий Иннокентьевич билиһиннэрбитинэн быйылгы былаан улуус үрдүнэн от 30906 т, 190т сиилэс, 800 сенаж бэлэмнэниэхтээх эбит, прогноз 95%,  мобильнай биригээдэлэр 1015 т от. Миэстэтигэр туолла 20800т ол 79% тэҥнэстэ. Бу аҕыйах хонуктааҕыта от хампаанньата бүппүт. Улууска ордук үчүгэйдик Мырыла 106%, Хатылы 210%, Болтоҥо 101%, Мугудай 230% оттообуттар. Орто баайыылаахтар Кытаанах 76%, Арыылаах 70%, намыһах көрдөрүүлээхтэр Төлөй 64%, Одьулуун 64%, Сылаҥ 65%, Хопто5о 64%. Мобильнай биригээдэлэр Хатылы,Мырыла, Амма уҥуор, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ- Хаҥалас сирдэригэр оттообуттар. 10963 т бэлэмнээбиттэр. От 1 тонната 1000 солк буолар, 35 хаһааыстыбаҕа 5мөл998тыһ солк түҥэтиллибит, иккис отбор эмиэ төлөнүө. Бэс ыйыгар ардах түспэккэ зондированиҕа сакаас түһэрбиттэр да сиирэ халты ытыалаан сөҥүү түспэтэ, онон от, бурдук үүммэтэ. Мырылаҕа 25 т, Мындаҕаайыга 100 т күөх ыһыы 1600 гектарга ыһыллан 1900т сиилэс, 800 сенаж бэлэмнэниллэн 100% туолла. Мында5аайыга Д.Д.Павлов 31 гектартан 180т хортуоска хостоото. Эбии аһылыкка Якутопторг АО кытта сөбүлэҥ түһэрсэн 8 улууска, о.и. Чурапчыга 1331 т 45% чэпэтиилээх эбии аһылык  кэлэрэ күүтүллэр. 

Комбикорма -500т, эбиэс 400т уо.д.а. эбии аһылыктар кэлиэхтэрэ.

Мария Нюргустановна:

Быйылгы кыстыкка тохсунньу 1 күнүгэр 2023 сылга 18755 сүөһү, 86тыһ сылгы улуус үрдүнэн баар буолуохтаах. , о.и. Кытаанахха 864 сүөһү о.и. 320 ыанар ынах, 943 сылгы  инвентарынан баар буолуохтаах. Ынах, сылгы ахсаана сыллата кыччыыр. ол курдук улууска  кулун деловой тахсыыта 41% тэҥнэстэ. 

Сир үлэтигэр бэйэ сиэмэтин оҥорон таһаарыы бырайыагар Мындаҕаайыга 4 учуонай үлэлээтэ. 2023-2026 сылларга кылгас пилотнай проект көмүскүүргэ 300 мөл суумалаах проект оҥордулар. Проегы Правительство сэҥээрдэ. Бу бырайыакка аһыҥканы эмтээһин, дулҕа, талах быһыыта, күрүө тутуута, араас комбайннар, техникалар атыылаһыылара киирдилэр. 

Үүтү ыаһыҥҥа быйыл 10 хаһаайыстыба 20 солк, чааһынайдар 1000 тахса хаһаайыстыба туттардылар. 

Быйыл күһүн эти туттарыыга СХПК-ны кытта  кэпсэтэн,бойняҕа услугаҕа сүөһү өлөртөрүөххүтүн сөп. Оччоҕо эккит бэчээттэнэр, рынокка, дьоҥҥо атыылыырга табыгастаах буолар. Эт сыанатын СХПК правленията быһаарар, билигин мунньахтыы иликтэр. 

Кытаанахха 90 сүөһү, о.и. 20 ыанньык ынах, 100 сылгы быйыл көҕүрүүр диэн прогноз баар. 

Быйылгы кыстыкка  субсидиялаах 400т эбиэс, 500т комбикорма, аан бастаан быйыл 431 т гранулированнай от түҥэтиллиэхтээх. Бу гранулированнай оту 1 кг окко 3 кг ууну куттахха үллэр, күп-күөх дьүһүннээх, араас элбэх туһалаах битэмииннэрдээх, олус үчүгэй хаачыстыбалаах буолар эбит. Эһиэхэ 23 т эбиэс, 22 т комбикорма, 24 т гранулированнай от кэлэрэ былааннанар. Комбикорма 1 куула -965,60 харчы, субсидията 45% ,о.э. 465 субсидия, эһиги 531 солк төлүүгүт. Специалисткыт ким төһө сүөһү, сылгы иитэрин хас биирдии ыалынан ааҕыаҕа, онон түҥэтиллиэҕэ. 

Быйыл кытаанахтар үүт ыаһыныгар мөлтөх көрдөрүүлээххит былырыын 178 т ыабыт буоллаххытына, бу сайын 128 т 9 ыйынан ыатыгыт. Ол 50 т итэҕэс. 

Отторо тиийбэт ыаллар хас окко наадыйаргытын специалискытыгар биллэрэҕит, быйыл от 1 т 8000 солк буолар. 

Боппуруостарга эппиэт.

-Быйыл ыанар ынахха 35 т ылбыттар тохсунньу 1 күнүгэр 2023 сылга отчуоттуугут. Отчуокка ГСМ о.э. сэлээркэ (бензин киирбэт), от, комбикорма атыыласпыт чектэргит, ветуслуга киирэллэр. Техника, запчаас атыыласпыккыт аахсыллыбат, отчуоттаммат. Маны таһынан хас ыанар ынаххыт ахсаанынан баар буолуохтаах.

- Хатылы, Одьулуун сүөһүлэрэ вакцинация бардылар уонна бу күһүн бэстилиэнэй сүөһү, бу нэһилиэктэргэ хотоҥҥо киирэн турдахтарына эрэ карантин сабыллар. Эти атыылааһын булгуччу бобуллар, бу нэһилиэктэргэ. 

Дьон санаатын эттэ.

Ветеринар хайаан да кэлиэн наада, 35 тыһ отчуоттуурга бензини, техниканы атыылаһыыны киллэриэххэ, бу туһунан Правительство отчуотугар этиэхпит дэстилэр. 

 Ити курдук сүрдээх киһиэхэ тиийимтиэтик улуус тыаҕа хаһаайыстыбатын үлэтин билиһннэрдилэр, араас боппуруостарга эппиэттээтилэр.  

 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ