Новости
18.11.2024
Биһиги улууспутугар маннык ааттаах республикатааҕы оҕо-ыччат искусствотын фестивалын сүүмэрдиир түһүмэҕэ, бу ый 16 күнүгэр Төлөйгө ыытылынна. Тэрээһини культура, үөрэх министерстволара, Аксения, Наталья Посельскаялар ааттарынан Дьокуускайдааҕы балет оскуолата, "Юные якутяне" республикатааҕы ресурснай киин, оҕо театральнай искусствота, улуустааҕы "Движение первых" салаата тэрийэн ыыттылар. Конкурска улууспут оскуолаларыттан үҥкүү, ырыа, уруһуй, театр, фольклор көрүҥнэригэр бөлөҕүнэн, биирдиилээн кыттааччылар кэлэн талааннарын көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр Сүбэҕэ председателинэн "Движение первых" улуустааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ Тимур Смирников, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Екатерина Лыткина, "Дьиэрэҥкэй" оҕо народнай үҥкүү бөлөҕүн салайааччыта Аси-Куо Ашеина, улуустааҕы Олоҥхо Дьиэтин специалиһа Игнатий Каженкин, уруһуйга А.П.Гоголев аатынан улуустааҕы оҕо искусствотын преподавателлэрэ: директоры иитэр- үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Мария Борисова, үрдүкү категориялаах учуутал, СӨ культуратын туйгуна Прокопий Екечьямов, Татьяна Сокольникова үлэлээтилэр.
Конкурс программатыгар сарсыардаттан 6-11 диэри саастаах оҕолор кытыннылар. Эбиэттэн киэһэ 12-17 диэри саастаах оҕолорго буолла.
Биһиги оскуолаттан бу конкурса уруһуйга Борисова Сайаана, Захарова Айыына Куо салайааччы А.Г.Борисова, Коркина Айыына салайааччы Е.Т.Миронова, ырыаҕа "Түһүлгэ" НАДь иһинэн үлэлиир ырыа куруһуогун иитиллээччилэрэ Неустроева Алина, Сидоров Сандал салайааччы Л.Н.Монгуш кытыннылар. Түмүккэ уруһуйга Айыына Куо 3 лауреат(сал А.Г.Борисова), ырыаҕа Сандал Сидоров 1 лауреат(сал П.Б.Собакина, Л.Н.Монгуш)) буоллулар.
Конкурс олус тэрээһиннээхтик, тэтимнээхтик барда. Төлөй оскуолатын үөрэнээччилэрэ, А.Бродников аатынан норуот айымньытын Дьиэтин үлэһиттэрэ, "Движение первых" тэрийээччилэр наһаа истиҥник , сылаастык көрсөн, тахсыылаахтык үлэлээтилэр. Кинилэргэ махталбытын тиэрдэбит. Биһигини конкурска кыттарбытыгар транспорынан хааччыйбыт, төрөппүт Е.Неустроевка, оскуола салалтатыгар директор И.И.Коркиҥҥа, М.В.Мироноваҕа истиҥник махтанабыт. Конкурс түмүктүүр чааһа ахсынньы 2-6 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыллар, манна ырыаҕа, улууспут аатын көмүскүөхтэрэ:
Гран при Алгыстаана Максимова (Төлөй)
1 лауреат Сандал Сидоров (Кытаанах)
2 лауреат Олеся Анисимова (Соловьев)
3 лауреат Айдын Хоютанов (Төлөй)
Оҕолорбутугар ситиһиилэри баҕарабыт!
14.11.2024
Бэҕэһээ, о.э. сэтинньи 14 күнүгэр улуустааҕы Ыччат десана Кытаанахха кэлэн үлэлээтэ. Хоту нэһилиэктэр ыччаттара Сылаҥтан, Арыылаахтан, Кытаанахтан түмсэн, тустаах проблемаларга тохтоотулар: Хас нэһилиэк аайы ыччаттары биир өйгө - санааҕа түмэр ыччат хамсааһына суоҕун, лидер суоҕун ыйан туран, кэлэр сылга бюджет өссө аҕыйыырын, онно ыччат лидеригэр хамнас да кыайан көрүллүө суоҕун, бастаан общественнай ноҕорууска быһыытынан үлэлээн көрдөрүөхтэрин кэпсэттилэр. Квест оонньууга кытыннылар, оһуохайынан , гитаранан ырыанан түмүктээтилэр. Бу түмсүүгэ Арыылаахтан баһылыктара бэйэтинэн кэлэн ыччаттарын көҕүлээн аҕалбыта, кэпсэтиигэ, оонньууга кыттыбыта, атын нэһилиэк салайааччыларыгар бастыҥ холобур эрэ буолуоҕар саарбахтаабаппыт. Баһылык ыччаттарын өйүүр, өйдүүр буоллаҕына - нэһилиэк эдэрдии эрчимнээх, түмсүүлээх буолара кимиэхэ баҕарар биллэр суол.
Күүс - Түмсүүгэ!
11.11.2024
Комсомол күнүн көрсө алтынньы 29 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри "Албан ааттаах Комсомол" улуустааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо Комсомол туһунан биирдиилээн, бөлөҕүнэн хоһоон ааҕыытыгар куйаар ситимин нөҥүө күрэх ыытылынна. Одьулуунтан, Хатылыттан, Улахан Күөлтэн, Кытаанахтан көхтөөхтүк кыттыбыт комсомолларбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Хоһоон түмүгүн билсиҥ.
Биирдиилээн ааҕыыга
Биһирэбил Аат - Алексеева Парасковья Николаевна -Эн комсомол мин дьолум (Одьулуун)
Иккис степеннээх Диплом Марфа Владимировна Чичигинарова - Өрүөл кэриэһэ (Хатылы)
Бастакы степеннээх Диплом Трофимова Любовь Петровна -Эдэр сааһым Комсомол (Улахан Күөл, ааптар толоруутугар)
Лауреат Филиппов Александр Васильевич - Комсомол билиэтэ (Хатылы)
Бөлөҕүнэн ааҕыыга
БИҺИРЭБИЛ ААТ "Сыккыс" түмсүү - Былааһы- Совекка! (Кытаанах)
ЛАУРЕАТ Екатерина Яковлевна Барашкова, Валентина Константиновна Рязанская, Александра Николаевна Седалищева - Хохочой (Одьулуун)
ГРАН ПРИ Марфа Владимировна Чичигинарова Комсомольский билет (Хатылы)
Бары кыттыбыттарга, кыайыылаахтарга Туоһу сурук, дипломнар куйаар ситиминэн ватсапкытыгар ыытыахпыт. ВК ситимигэр хоһооннору көрүҥ. Ссылкатын кыттааччылар ватсаптарыгар ыытыахпыт.
9.11.2024
Бу рубрикабытыгар культура сонуннара:
Ааспыт ый бүтэһик өрөбүлүгэр "Тыый" диэн ааттаах чабырҕаҕы биирдиилээн толорооччулар республикатааҕы күрэхтэрин "Саха" НВК тэрийэн ыытта. Биһиги улууспутуттан 3 чабырҕаҕы толорооччулар кытыннылар: Анна Макарова (Чакыр) Александра Максимова (Болтоҥо) уонна биһиги нэһилиэктэн Айталина Пономарева. Бүтэһик олус тыҥааһыннаах түһүмэххэ көрөөччүлэр смс куоластааһыннарыгар 1325 куолаһы ылан "Көрөөччү биһирэбилэ" аат Айталинаҕа иҥэрилиннэ, 100 тыһ солк сертификатынан наҕараадаланна. Бары куоластаабыт бар дьоммутугар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
х х х х
Сэтинньи 1 күнүгэр "Чурапчыына" диэн ааттаах ийэ кыыһынаан күрэҕэ аан бастакытын тэрилллэн "Айылгы" НАДь ыытылынна. Тэрийээччилэринэн улуустааҕы дьахтар Сэбиэтэ. Барыта 11 нэһилиэктэн Сылаҥтан, Чурапчыттан, Хоптоҕоттон, Мырылаттан, Хайахсыттан, Төлөйтөн, Мугудайтан, Мындаҕаайыттан, Бахсыттан, Болтоҥоттон кытыннылар. Биһиги нэһилиэктэн Саргылана Михайловна кыыһа Евалыын Бабиченколар кытыннылар. 5 түһүмэхтээх күрэххэ олус таһаарыылаахтык кыттан, нэһилиэкпит аатын ааттатан, ситиһиилэнэн кэллилэр. Бу күрэххэ нэһилиэкпит Дьахтарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ксения Гоголева салайааччылаах комиссия тэриллэн түһүмэхтэринэн тус туспа арахсан үлэлээтилэр. Ол курдук авангард мода күрэҕэр Бэйбэрикээн остуоруйаттан Сардаана уобараһын Анастасия Винокурова, "Сүрэх сылааһа" акцияны Лена Пономарева, бэйэни билиһиннэрии "Түһүлгэ" НАДь коллектива, киэһэҥҥи былааччыйаны Надежда Ахматова, Туяра Борисова, бэйэни билиһиннэрии былааччыйатын Мария Николаевна Федорова, антураж "Саһарҕа" квартет халыҥ хамаанда буолан үлэлээтилэр. Түмүккэ Саргылаана, Ева Бабиченколар "Сүрэх сылааһа" акция кыайыылаахтарынан буоллулар, ону таһынан "Күндүүнэ" диэн анал аатынан наҕараадаланнылар. Кыргыттарбытыгар, бары үлэлээбит хамаандаҕа махталбытын тиэрдэбит.
х х х х
Сэтинньи 2 күнүгэр "Сомоҕолоһуу" күнүн чэрчитинэн "Норуот күүһэ - Сомоҕолоһууга!" диэн ааттаах оскуола оҕолоругар үгэскэ кубулуйбут тэрээһин ыытылынна. Биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ уонна Арыылаах оскуолатын оҕолоро иккис сылларын көрүстүлэр. Дьоро киэһэни "Түһүлгэ" НАДь уонна Кытаанахтааҕытыа сирин модельнай библиотеката тэрийэн ыыттыбыт.
Биэчэр бастакы чааһыгар "Сэтинньи - Байанай ыйа" сиэр- туом, алгыс түһэриитэ буолла, оҕолору арыылаах алаадьынан айах туттубут,сомоҕолоһуу оһуохайа тэрилиннэ.
Иккис чааһыгар библиотекарь Лена Александровна Сомоҕолоһуу квест оонньуу ыытан, сэргэхсийдилэр. Оҕолорбут бэйэ- бэйэлэрин кытта билсиһэн, сомоҕолоһон, оонньоон тарҕастылар.
х х х х
Поэт Семен Данилов төрөөбүтэ 107 сылыгар аналлаах "Ырыа - эн дойдуҥ симэҕэ", поэт ырыа буолбут хоһоонноругар IV республиканскай интерактивнай ырыа конкурса буолан ааста. Конкурсу Горнай улууһун Мытаах музей-галереята тэрийэн ыытта. Манна уһуйаан саастаах оҕолортон саҕалаан, ыччакка тиийэ кытыннылар. Биһиги нэһилиэктэн 11 кылаас үөрэнээччитэ Виталий Гоголев "Дьол" диэн ырыанан кыттан, бэйэтин бөлөҕөр 1 лауреат аатын ылла. Бу бөлөххө Гран при аатын Уус- Алдантан "Кэнчээри" оҕо образцовай ансамблын ырыаһыта Далаан Черкашин ылла. Онон улахан түһүлгэҕэ үрдүк ааты ылбытынан Виталийбытын эҕэрдэлиибит. Музыкатын таҥан оҥорбут Сылаҥнааҕы А.Сивцев аатынан сынньалаҥ киин операторыгар Николай Трофимовка барҕа махталбытын тиэрдэбит.
х х х х
Сэтинньи 9 күнүгэр "Айылгы" НАДь "Дьүөгэ" иистэнэр сыах тэриллибитэ 20 сылын бэлиэтиир дьоро күнэ буолан ааста. Үбүлүөйдээх күҥҥэ Чурапчыбыт улууһун нэһилиэктэриттэн "Дьүөгэлэргэ" эҥинэ бэйэлээх сахалыы таҥастары тиктэрбит Хоптоҕоттон, Мындаҕаайыттан, Мугудайтан, Чурапчыттан ырыа, үҥкүү бөлөхтөрө кытыннылар. Биһиги нэһилиэктэн Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь иһинэн үлэлиир "Алаас" дьахталлар вокальнай ансамбллара ыҥырыллан, эҕэрдэлээн кэллибит. Дьоро киэһэҕэ улуус баһылыга С.Саргыдаев, улуус мунньаҕын председателэ Я.Оконешников, Чурапчы селотун баһылыгын соц боппуруостарга солбуйааччы В.Макарова, улуус культураҕа салайааччыта П.Гуляев эҕэрдэ тыллары этэн, наҕараадалары туттардылар. "Дьүөгэлэр" уран тарбахтарынан тикпит таҥастарын кэтэн "Дархаана", "Великолепная четверка", быйылгы саҥа моделлары көрдөрүү ураты көстүү буолла. Түмүккэ үбүлүөйдээх торт, фуршет барыта биэчэр кыттыылаахтарыгар ананна. Татьяна Николаевна Карсанаева салайааччылаах "Дьүөгэ" иистэнэр сыах коллективын эҕэрдэлиибит!
18.10.2024
Сахабыт сирин Ийэлэрин күнүн чэрчитинэн улууспутугар Ийэ күнүгэр аналлаах тэрээһин ыытылынна. Е.А.Борисов архыып библиотекатыгар, кини кэргэнэ Прасковья Петровна Борисова "Россия Ийэлэрэ" Саха сиринээҕи салаатын председателэ общественнай тэрилтэ ааспыт сыллааҕы үлэтин билиһиннэрдэ. Ол курдук бу түмсүү сүрдээх кэскиллээх, элбэх бырайыактары үлэлэтэр эбит. "Школа юной леди" 5-11 кылаас кыргыттарыгар Дьокуускайдааҕы саха гимназиятыгар тэрийбиттэр. Манна араас этикеттары үөрэтэн, билиһиннэрэн кэпсииллэр эбит. Уопсастыбаннай миэстэ, транспорт, остолобуойга сылдьыы, бэйэ - бэйэҕэ сыһыан, бэлэхтэһии этикеттарын кэпсииллэр эбит. Аны маннык оскуола уолаттарга эмиэ тэриллиэн наадын эттэ, уолаттар кыыска сыһыаннарын этикетын хайаан даҕаны билиэхтээхтэр диэн.
2016 сыллаахха Дьахталлар съезтэригэр Герой Ийэ аатын туруорсарга этии киллэрбиттэр. Онон, 2017 сылтан Ил Дархан ыйааҕынан республикабытыгар Герой Ийэ аата иҥэриллэр буолбут. Билиҥҥи туругунан республикабытыгар 31 Герой Ийэ баар буолбут. Бу ийэлэргэ биир кэмнээх көмө 1 мөлүйүөн харчынан ананар эбит. Кыайыы күнүгэр "Бессмертный материнский подвиг" диэн бырайыакка сэриигэ барбыт оҕолордоох ийэлэри чиэстээһин, Кыайыы парадыгар бу оҕолор хаартыскаларын тутан парадка кыттыы. Ол курдук Амма, Үөһэ -Бүлүү, Ньурба, Хаҥалас улуустарыттан 1151 оҕо дойдубут туһугар сэриигэ сылдьалларын эттэ. "Дети герои" бырайыакка эмискэ буолар түгэннэргэ холобур баһаарга, ууга былдьаммыттары быыһаабыт оҕолору наҕараадалыырга, кинилэри өрө тутар бырайыак баарын кэпсээтэ. Ол курдук үрдүкү правительство наҕараадата 18 оҕоҕо анаммытын эттэ. Бу оҕолор патриотическэй өйдөрө- санаалара күүстээҕин, киһи быһыытынан эр санаалаахтарын тоһоҕолоон эттэ.
Россия Ийэлэрэ Саха сиринээҕи салаатын уопсастыбаннай түмсүүтэ биир биэс харчыта суох үлэлиирин, манна дьиҥ ис сүрэхтэриттэн дойдуларын, дьоннорун туһугар кыһаллар дьахталлар араас тэрээһиннэри, дьаһаллары ыыталларын кэпсээтэ.
У.Н.Атласова сүрдээх актуальнай, билиҥҥи кэмҥэ сытыытык турар боппруоһу таарыйда. Ол курдук улууспут демографическэй политиката хайдах балаһыанньалааҕый, хас оҕо төрөөтө, хас ыал буолла уонна бэйэтин санааларын эттэ. Хас нэһилиэк аайы ветераннар, ийэлэр, ыччаттар түмсүүлэрэ баарын этэн туран, эдэр ыал түмсүүтэ суоҕун ыйда. Нэһилиэктэргэ баар Дьахталлар Сүбэлэрэ уонна Россия Ийэлэрэ түмсүү биир былааннаахтык үлэлиэхтээхтэрин , оччоҕо үлэ таһаарыылаах, ситиһиилээх буолуоҕун эттэ. Ол курдук кини ЗАГСаҕа үлэлии сылдьан Дворец Бракосочетания туттаран хас субуота, өрөбүл ахсын хастыы эмэ эдэр ыал кэлэн ЗАГСаланан, Чурапчыбыт кэрэ - бэлиэ сирдэринэн хаартыскаҕа түһэн баралларын тоһоҕолоон туран, билигин оннук аналлаах дьиэ суоҕун, ол иһин ыччаттар куоракка ыал буолалларын эттэ. Онон улуус салалтата маны учуоттаан ЗАГСа, ыччат, дьиэ кэргэн бары биир дьиэ иһигэр олорон үлэлииллэрэр буоллар, үлэ ордук таһаарыылааҕын, табыгастааҕын эттэ.
Кини ыйытыгар улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы М. Д. Кронникова эппиэттээтэ: Ол курдук 2023 сылга ыал буолуу 47, арахсыы 78, оҕо төрөөһүнэ 219, онтон бу ааһан эрэр 2024 сылга ыал буолуу 21, арахсыы 30, оҕо төрөөһүнэ 97 буолбут. Бу сыыппаралары истэ олорон бары да долгуйан суугунаһан ыллыбыт. Истэргэ олус дьулаан сыыппаралар. Бу бүтүн улуус үрдүнэн.
Дьэ демографическэй политика күүскэ үлэлиирэ наада буолбутун өссө төгүл бигэргэтэр сыыппаралар.
Түмсүү түмүгэр улууспутугар "Россия ийэлэрэ" улуустааҕы түмсүүтүн саҥа састаабын таллыллар. 12 киһиттэн турар түмсүү председателинэн Надежда Николаевна Аммосова ананна. Саҥа састаапка таһаарыылаах үлэни баҕарабыт.
24.09.2024
Үтүө күнүнэн күндү нэһилиэкпит дьоно! "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ саҥа үлэ сезонун саҕалаата. Бары үлэбитигэр киирэн дьаһаллары ыытан эрэбит.
"Кэпсээ, туох сонун?" рубрикабытыгар бүгүн ыалдьыттыыр ССРС культуратын туйгуна, биһиги тэрилтэбит ветеран үлэһитэ, хайыһарга, чэпчэки атлетикаҕа спорт маастара Николай Васильевич Захаров.
Кини быйыл сайын Москваҕа ветераннарга чэпчэки атлетикаҕа ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ баран кыттыбытын туһунан сиһилии кэпсээтэ, бу туһунан ааҕыҥ, сэргээҥ!
Саха сириттэн 25 ветеран спортсменнар бара сырыттыбыт. Уопсайа бу күрэхтэһиигэ 600-чэкэ киһи кытынна, ону 13 группаҕа саастарынан араараллар. Москваҕа "Олимпийский центр имени братьев Знаменских" буолла. 100м, 200 м сүүрүүгэ бэйэм сааспар 2 миэстэ буоллум, онтон 400м Бастаатым. Бу дистанцияҕа дьигинэн эккирэтэн испитим уонна финишкэ кэлэн инники киирэн бастаатым. Манна 80-84 саастаахтарга 12 группаҕа сүүрдүм. Үксэ нууччалар, атын омуктартан биирдии- иккилии бааллар. Урут сүүрбүт дьонум көрөн "Николай" диэн билэллэр.
Чэпчэки атлетикалар хайыһардьыттар курдук буолбатахтар эбит диэн анализтаатым, түмсүүлэрэ суохтар. Бэйэҥ бэйэҕэр сылдьаҕын, барытын бэйэн дьаһанаҕын- спонсор көрдөөһүнүттэн саҕалаан, билет ылыытыгар, гостиница булуутугар тиийэ барытын бэйэн сүүрэҕин. Биһиги биэс буоламмыт түмсэн сырыттыбыт. Түспүт сирбититтэн метронан 2 чаас устата айанныыбыт Олимпийскай центрга дылы, онон барытын расчеттаан сылдьабыт: разминка, айан.
Быйыл сайын Уус- Алдаҥҥа Бороҕоҥҥо Саха сирин чемпионата буолбута чэпчэки атлетикаҕа, онно абсолютнай чемпион буолан хааламмын, күүстэринэн диэххэ, ыыппыттара.
Бастакы стартан барыта биллэр буолар. Барарым саҕана манна Дмитрий Макаровтан сүрүн өттүн үөрэттэрбитим, онно стартка сыыстын да уһуллаҕын. 3 күн устата күрэхтэстибит. 400 м 7 буолан сүүрдүбүт. Онно бастаатым.
Бириэмэ уларыйыытын ыарырҕаппаккын дуо?
Сырыы аайы сылдьабын да, олох ыарырҕаппаппын. Сорохтор уубут кэллэ игин дэһэллэр.
Аны кыһын, олунньу саҥатыгар Ижевскайга ветераннарга хайыһардыы барарга бэлэмнэнии барда, онно дьэ аны үп-ас наада буолар, уопсайынан умнаһыт буолар эбиккин спонсор көрдөөһүнүгэр.
Хайдах дьарыктанаҕын, күн аайы сүүрэҕин дуо?
Мин эргэ графигынан сылдьабын. 3 цикллаах- 3 эрчиллэбин 1 күн сынньанабын, сорохтор 4-5 цикллаах буолаллар. Киһи бэйэтин билинэн дьарыктаныахтаах, биһиги кырдьаҕас дьон олох сэниэбит эстиэр диэри эрчиллибэппит буоллаҕа дии.
Куоракка ханнык спортивнай кулуупка дьарыктанаҕын?
Хайыһарга дьарыктанарга наһаа эрэйдээх буолла. Сайсары күөлгэ ким да суол да оҥорбот, дьарыктыыр киһи да суох, бэйэн бэйэҕэр сылдьаҕын. Атын куораттарга хайыһар манеһа элбэх ээ, биһиэхэ Дьокуускайга оннук манеж биир да суоҕа наһаа хомолтолоох. Биир суол оҥорор уолбут Уус- Алдан Дьячковскайдар уоллара, маннааҕы Матвеевтар аймахтара уол, наһаа үчүгэй тренер өлөн хаалаахтаата, ДТП га түбэһэн.
Доруобуйаҕытын көрүнэргит саамай кылаабынай боппуруос буоллаҕа дии, эһиги сааскытыгар, айаҥҥа, күрэхтэһиигэ?
Оннук, ким да биһигини эппиэтинэскэ ыларга илии баттаабат. Арааһынай буолан хааллахпытына эппиэтиэхтэрин баҕарбаттар буоллаҕа дии. Бары сүрэхпит мөлтөх. Аны манна улууска Чурапчыга 70 -тан үөһэ күрэхтэһиннэрбэт гына оҥороннор, былырыын инньэ гынан биһигини зачетка киллэрбэтэхтэрэ. Уопсайынан аан дойдуга даҕаны, Россияҕа даҕаны 13 группа көҥүллэнэр ээ.
13 группа диэн тугуй?
Ол аата 85 -95 дылы өссө онтон үөһэ 100 тахса саастаах эмээхситтэр, оҕонньоттор сүүрэллэр. Холобур Москваҕа оннук сүүүрбүттэрэ.
Ити курдук Николай Васильевич 83 сааһыгар сылдьан сүрдээх сэргэх кэпсээннээх буолан биэрдэ.
Николай Васильевичка чэгиэн чэбдик доруобуйаны, өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
23.09.2024
Балаҕан ыйын 21 күнэ - Россияҕа коллекционер күнэ.
Аан бастаан 1957 сыллаахха Улуу Өктөөп 40 сылыгар анаммыт филателистар быыстапкаларыгар - дьэ бу кырдьык дьон - сэргэ наһаа умсугуйар дьарыга эбит диэн болҕомто уурбуттар. 1966 сылга диэри бу бырааһынньыгы - коллекционер күнүн ыам ыйын 25 күнүгэр бэлиэтилллэр эбит. Онтон 2016 сылтан араас малы - салы мунньар, коллекциялыыр дьону чиэстиир күнү хаттаан тилиннэрбиттэрэ. Онтон ыла, балаҕан ыйын 21 күнүгэр сыл аайы коллекциянан дьарыктанар дьон быыстапкатын, араас атын дьаһаллары ыытар буолбуттар.
Бу күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, Чурапчы Интэринээт - оскуолатын томторугар турар Ааҕар балаҕаҥҥа биһиги улууспут уонна Мэҥэ- Хаҥалас коллекционердарын түмсүүтэ буолла. Тэрийээччилэринэн Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Иэйии" коллекционердар түмсүүлэрэ, салайааччы Екатерина Андреева.
Түмсүү үөрүүлээх аһыллыытыгар Екатерина Андреева, Мэҥэ- Хаҥалас улууһун Төҥүлүтүттэн кэлбит "Абылаҥ" коллекционердар түмсүүлэрин салайааччыта Екатерина Михайлова, Чурапчытааҕы "Маарыкчаан" коллекционердар түмсүүлэрин салайааччыта Надежда Захарова эҕэрдэ тылы эттилэр, түмсүүлэрин чилиэттэрин билиһиннэрдилэр. Төҥүлүттэн, Балыктаахтан, Чурапчы улууһуттан Кытаанахтан, Бахсыттан, Хатылыттан биир интэриэстээхтэр мустан коллекцияны көрүү, атыылаһыы- атастаһыы, билсиһии, санаа атастаһыы, кэпсэтиһии буолла.
Күн иккис аҥарыгар "Сэдэх экспонат, "Бастыҥ креатив", викторина, Хомуур оонньуу, ыаҕыйаҕа түү мээчик быраҕыы күрэхтэһиилэр, конкурстар ыытылыннылар.
"Сэдэх экспонат" конкурска 145 сыллаах былаат, Римскай Папа лавкатыттан ыллыбыт кинигэ, Японияттан аҕалыллыбыт Экспресс поезд ручка, 1960 сыллаах Арыы бэчээтэ, 1906 сыллаах заем, лего ручка, Сталин саҥата пластинка комплега курдук экспонаттар болҕомтону тартылар. Түмүккэ Төҥүлүттэн "Речь Сталина" пластинка кыайыылааҕынан буолла. Хаһаайката кэпсииринэн бу пластинканы 10-ча мөлүйүөҥҥэ атыылаһаары гыммыттарын, олох харыһыйан биэрбэтэх.
"Бастыҥ креатив" конкурсугар кыттааччылар аан бастаан муспут коллекцияларын 1 мүн иһигэр рекламалаатылар.
Хомуур оонньууга 7 киһи, ыаҕыйаҕа түү мээчик быраҕыытыгар 11 киһи кыттан икки көрүҥҥэ Кытаанахтан Парасковья Новгородова кыайыылааҕынан тахсан харчынан бириэмийэлэннэ.
Викторинаны улуус бастыҥ коллекционера Иван Николаевич Попов ыытта, коллекционердар олус көхтөөхтүк кытыннылар. Түмүккэ Биһирэбил - Төҥүлүттэн Ульяна Баишева, 3 м - Надежда Монастырева, 2м- Надежда Захарова, 1м - Анастасия Дьячковская үһүөн чурапчылар. Мэтээлинэн, грамотанан наҕараадаланнылар.
Коллекционердар түмсүүлэриттэн олус дуоһуйа сынньанан, кэпсэтэн, санаа атастаһан тарҕастылар. Улахан махталбытын тиэрдэбит Ааҕар балаҕан хаһаайкатыгар библиотекарь Октябрина Михайловна Окороковаҕа, минньигэс сылаас аһынан эбиэт бэлэмнээбит Ульяна Заровняеваҕа, бары сымнаҕас айаннаах суоппардарга.
19.09.2024
Бүгүн, Кытаанах нэһилиэгэр "Көһөрүллүү" скверигэр Хоту күүс өртүнэн көһөрүллүү 82 сылыгар аналлаах миитин ыытылынна.
1942 сыллаахха 213№-дээх уурааҕынан Чурапчы 41 колхозтарын "Барыта фронт туһугар!" диэн балык булдугар көһөрбүттэрэ. Кытаанах нэһилиэгиттэн 5 "Ярославскай", "Чкалов", "Күүһү түмүү", "Кыһыл сэрииһит", "Кыһыл иитиэх", Танда - Бахсыттан "Каганович", "Кыһыл Танда" колхозтар барбыттара.
Балаҕан ыйын 19 күнэ - Чурапчы улууһугар Кэриэстэбил, Кутурҕан күнэ. Көһөрүллүүгэ барбыт дьоммут хаартыскаларын тутан, биһиги нэһилиэкпитигэр олорор 3 хоту көһөрүллүү кыттыылаахтарыгар "Ярославскай" колхозтан Николай Васильевич Захаровка, "Чкалов" колхозтан Иннокентий Иванович Игнатьевка, Мугудайтан көһөрүллүбүт Мария Федоровна Поповаҕа, үгэскэ кубулуйбут тэрилтэлэр бэлэмнээбит паектарын, Дьахтар Сэбиэтэ отон туттардылар. Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Екатерина Скрябина, Дьахтар Сэбиэтин аатыттан Лена Пономарева, "Бастакылар" оҕо хамсааһынын салайааччыта Людмила Монастырева тыл этэн, "Белый журавль" акцияҕа кыттыһан ветераннарга, кырдьаҕастарга значоктары туттардылар. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ Виталий Гоголев, Тимур Пономарев, Айсен Терютин көһөрүллүү туһунан хоһоон ааҕан, Тимур Смирников "Эргиллиэм эйиэхэ Чурапчым чараҥа" ырыаны толорон миитини ситэрэн биэрдилэр. Түмүккэ тыыннаах сибэккилэри уурдубут. Күнүс уһуйааммыт оҕолоро, бэйэлэрэ оҥорбут гвоздикаларын, хос эбэлэрин, эһэлэрин ааттарыгар уурбуттарын көрөн сүрэхпит долгуйда.
Библиотекарь Лена Александровна тэрийиитинэн үрдүкү кылаастарга "Чурапчы алдьархайа" тургутук ыытылынна. Түмүккэ 3 м-8кыл, 2м-10 кыл, 1м- 11 кыл буолан грамотанан наҕараадаланнылар.
Махтанабыт нэһилиэкпит дьонугар - сэргэтигэр, бу күн бары бииргэ буолан дьоммутун Кэриэстээбиккитигэр!
Ыытааччылар Туяра Борисоваҕа, Ольга Собакинаҕа туспа махталбытын тиэрдэбит.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
17.09.2024
Үтүө күнүнэн нэһилиэкпит олохтоохторо!
Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ саҥа сезоҥҥа үлэтин саҕалаата. Күһүҥҥү үлэлэр: хомунуу, сууйуу- ыраастаныы буола тураллар, ол кэнниттэн куруһуоктар, түмсүүлэр үлэлэрин саҕалыахтара.
Биһиги норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир куруһуоктар, түмсүүлэр 2007 сылтан паспордаах, анал былааннаах үлэлэрин саҕалаабыттара. Куруһуоктар, түмсүүлэр салайааччылара бэйэлэрин тустаах үлэлэрин таһынан кулуупка кэлэн, биир интэриэстээх дьону түмэн биир сыаллаахтык үлэлээн кэллилэр.
Бүгүн киэн туттан ааттыыбыт нэһилиэкпит уран тарбахтаахтарын "Уран" түмсүүнү. (Сал Е.Т. Миронова - СР уус-уран, декоративнай оҥоһуктарга маастара) "Ураннар" быйылгы саамай улахан ситиһиилэринэн Олоҥхо фестивалыгар сөрүө оҥорон дьүүллүүр Сүбэ үрдүк сыанабылын ылбыттара. Улуустааҕы ыһыахха дьиэ- кэргэн уус -уран оҥоһуктарыгар Чурапчы улууһун норуотун маастара Пономарева Прасковья Алексеевна оҕолоро, сиэттэрэ, Барашкова Ирина Тихоновна оҕолоро, сиэттэрэ кылынан, туоһунан, мас оҥоһуктарынан кыттан Дьүүллүүр Сүбэ биһирэбилин ылбыттара.
"Сыккыс" (сал П, В.Новгородова) доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүлэрэ көхтөөхтүк, биир сыаллаах үлэлииллэр. Ол курдук улууска аан бастаан "Үҥкүүлээ" диэн бырайыагы оҥорон (ааптар Н.И.Суздалов) элбэх дьону түмтэ. ВИА "Тэтим" олус айымньылаахтык үлэлээтэ. (сал Г.А-К.Монгуш) Улууска ыытыллыбыт ВИА лар түмсүүлэригэр Одьулууҥҥа, Сылаҥҥа, Дьокуускайга кытыннылар. Олоҥхо фестивалыгар Абааһы кыыһын ырыатыгар доҕуһуоллаан Гала - кэнсиэргэ лауреат аатын ыллылар.
"Кытаанах кыайардара" улахан дьоҥҥо чабырҕахсыттар бөлөхтөрө (сал Л.Н.Монгуш) Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар 2 үрдэл аатын ыллылар.
Бильярдистар түмсүүлэрэр (сал А.С.Собакин) нэһилиэкпит эр дьонун түмэн сүрдээх таһаарыылаахтык, былааннаахтык үлэлээтэ. Бильярдка улуустааҕы күрэхтэһиилэри тэрийэн, элбэх кыттааччыны муста.
"Алаас" дьахталлар вокальнай ансмамбллара, "Саһарҕа" ыччат квинтета, үҥкүү бөлөхтөрө, оҕолорго "Тииҥ мэйии", ырыа, улахан дьоҥҥо үҥкүү, хомус куруһуоктара үлэлииллэр.
Улууспутугар куруһуоктар, түмсүүлэр күннэрэ сэтинньи 4 күнүгэр сылын аайы ыытыллар. Бу күн биһиги кулууппут иһинэн үлэлиир куруһуоктар, түмсүүлэр салайааччыларын, бастыҥ чилиэннэри эҕэрдэлээн, отчуоттаан бырааһынньык тэрийэбит.
Быйылгы тэриллэр куруһуоктарга, түмсүүлэргэ нэһилиэкпит дьонун- сэргэтин күүтэбит, кэлиҥ,сылдьыҥ, сайдыҥ, иллэҥ бириэмэҕитин туһалаахтык атаарыҥ диэн ыҥырабыт!
24.06.2024
Бэс ыйын 19-21 күннэригэр кыыс Амма кытылыгар турар Алгыстаах Амма сиригэр ХVII Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэн, республикабыт араас муннуктарыттан дьон - сэргэ тоҕуоруһа мустан 3 күннээх ыһыаҕы ыстылар.
Чурапчы улууһуттан барыта 248 киһи кыттан улууспут чиэһин араас көрүҥнэргэ көмүскээтилэр. Биһиги нэһилиэкпититтэн 7 киһи бараммыт бэйэбит кыахпытынан кыттан кэллибит. Ол курдук Сусанна Васильевна Лазарева "Дуулаҕа Баатыр" олоҥхону ааҕан финалга киирэн Ойуунускай "Ньургун Боотурун" олоҥхолоото уонна 48 олоҥхону толорооччу улахан дьонтон 1 үрдэл үрдүк аатын ылла. "Кытаанах кыайардара" чабырҕахсыттар бөлөхтөрө 26 бөлөх кыттыбытыттан 2 үрдэли ылан үөрүү өрөгөйүн биллилэр. Уопсайа чабырҕах күрэҕэр 16 улуустан 169 киһи 22 биирдиилээн толороооччу, 26 бөлөх кытынна. Биһиги нэһилиэкпититтэн Любовь Монгуш бэйэтин суруйбут "Сокуон хараҕынан" чабырҕаҕын ааҕан уопсай түмүккэ Кылаан Кыайыылаах буолла. Ангела Харитонова олоҥхо персонажтарын толорууга холонон "Дыллыа маҥан аттаах Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр" тойугун толордо. Олоҥхону уобарастаан ааҕыыны Амматааҕы библиотека тэрийбитигэр Давид Андреев кыттан илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолла.
Биһигини Аммаҕа илдьэн, аҕалан наһаа үчүгэйдик айанаппыт Егор Барашковка, малбытын тиэйэн таһан көмөлөспүт Илья Нестеревка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Айаммыт устата күлэ -үөрэн, дьээбэлэһэн, аара суолга чэй оргутунан аһаан, үссэнэн бэрткэ айаннаан сырыттыбыт. Элбэх культурнай дьаһаллары көрдүбүт. Ол курдук тиийбит күммүтүгэр киэһэ 20 ч Аммалар Спартак Федотов аатынан сынньалаҥ киинэригэр Олоҥхо спектакль көрдүбүт, онно олус интэриэһинэй хартыына быыстапкатын сөҕө - махтайа көрдүбүт, киэһэ тыыннаах музыка кэнсиэригэр сылдьан үҥкүүлээн да ыллыбыт, төннөрбүтүгэр Амма эбэҕэ киирэн сөтүөлээн аастыбыт. Ыһыах кэмигэр 2 күн Амма нэһилиэгэ Чурапчы улууһун ыалдьыттарын аһатта. Манна биир дойдулаахпыт Мария Павловна Гаврильева (Решетникова) үөрэ- көтө көрүстэ. Быыһыгар биир дойдулаахпытын Петр Бабиченконы көрсүбүппүт, кини кылгатык ситиһиитин кэпсээн ааспыта. Сүүрүүгэ 12 киһиттэн 4 буолан хааллым диэн кыһыйан кэпсээбитэ. Кыл түгэнэ көрсүһүү буолбута.
"Түһүлгэ" коллективын аатыттан туспа махталбытын тиэрдэбит Николай Суздаловка, кини биһиги көрдөһүүбүтүн ылынан анаан - минээн Дьокуускайтан кэлэн ыһыахпытыгар кыттан, Аммаҕа бөлөҕүнэн чабырҕахпытын толорсон 2 үрдэли ыллахпыт. Онон Николай Ивановичка дириҥник махтанабыт, айар үлэҕэр ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт!
Бары ситиһиилээх дьоммутун Үрдүк Кыайыыларынан эҕэрдэлиибит, инникитин өссө айымньылаах үлэни баҕарабыт!