Новости

20231005_211738.jpg

5.10.2023

Бүтүн дойдубут үрдүнэн - Учуутал күнэ. Бу күн  ааҕарга, суруйарга үөрэммит киһи, убаастабыллаах Учууталларбытыгар сүгүрүйэр, махтал тылларын этэр үтүө күнэ.

Биһиги нэһилиэкпитигэр Учуутал күнүн быйыл 20 -ис төгүлүн бэлиэтиибит. Киэһэ "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ оҕо көрдөөх саҥатынан, үөрбүт - көппүт учууталларбытынан туола түстэ.  Хаартыскаҕа түһэр зоналарга, библиотека бэлэмнээбит кинигэ быыстапкатын уонна   учууталларбытыгар  эҕэрдэлэрбитин  анаатыбыт. 

Быйыл 2023 сыл Россияҕа Педагог уонна наставник сыллара. Бу сыл биһиги учууталларбыт, иитээччилэрбит республикатааҕы, улуустааҕы конкурстарга кыттан, үрдүк ситиһиилэммиттэрин үөрэ - көтө нэһилиэнньэҕэ билиһиннэрдибит, оҕолорбут эҕэрдэлэрэ, ырыалара- тойуктара дьоро киэһэбитин ситэрэн- хоторон биэрдилэр.  Дьоро киэһэбитигэр ветеран учууталларбытыгар Мотрена Семеновна Леонтьеваҕа, Мария Прокопьевна Захароваҕа, Николай Федорович, Раиса Семеновна Смирниковтарга, Татьяна Егоровна Пономареваҕа, Ольга Матвеевна Яковлеваҕа, Христина Николаевна Поповаҕа олохтоох дьаһалта тыыннаах сибэкки бэлэхтээтэ. Аныгы технологияны туһанан ыраах сылдьар оскуолабыт выпускниктара Анаабыртан, Дьокуускайтан, Казахстантан , Чурапчыттан эҕэрдэлээтилэр. Бары учууталларбытыгар баһылыкпыт Егор Николаевич Потапов Сочиттан эҕэрдэтин тиэртэ. Бырааһынньыктааҕы "Конкурс экспромт Педагог и Наставник"  конкурска эдэр педагогтар наставниктарын кытта биир хамаанда буолан кытыннылар. 4 түһүмэхтээх күрэхпитигэр Петр Бабиченко уонна Дмитрий Макаров, Варвара Турнина уонна Туяра Борисова, Людмила Монастырева уонна Мария Миронова, Саргылана Бабиченко уонна Екатерина Андреева олус көхтөөхтүк кытыннылар, түмүккэ барыларыгар "Кытаанах нэһилиэгэ" олохтоох дьаһалта анаабыт бэлэхтэрин туттардыбыт. 

Түмүккэ, "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин быйылгы сыллааҕы үлэтин сезонун аһар улахан бырааһынньыктааҕы тордун салайааччыбыт Айталина Пономарева киллэрэн, күндү ыалдьыттарбытын күндүлээтибит. 

Бары сырдыгы, билиини биэрэр, тарҕатар күндү учууталларбытыгар айымньылаах үлэни, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт!

 

IMG-20231004-WA0025.jpg

4.10.2023

Бүгүн, алтынньы 4 күнүгэр, нэһилиэкпитигэр олорор аҕам саастаахтарга аналлаах "Кырдьар эмиэ кэрэлээх..." дойду үрдүнэн ыытыллар Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн дьоро күн ыытылынна. 

"Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтигэр Кытаанах нэһилиэгин аҕам саастаахтара: Чурапчы улууһун уонна Кытаанах, Хайахсыт нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэкпит саамай аҕам саастаах олохтооҕо, ытыктанар, убаастанар киһибит Мотрена Семеновна Леонтьева, хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, Кытаанах нэһилиэгин бочуотттаах олохтооҕо Мария Федоровна Попова, ону сэргэ нэһилиэкпит олохтоохторо мустан, ааспыты ахтыһан, быыһыгар көрдөөх оонньуулары оонньоон, кинилэргэ ананан оҥоһуллубут хаартыска зонатыгар хаартыскаҕа түһэн, минньигэс астаах остуол тула олорон ирэ - хоро сэһэргэстилэр. 

Биэчэргэ Кытаанах нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Екатерина Скрябина, нэһилиэкпит ветераннарын пенсионердарын Сэбиэтин председателэ Марфа Парфенова,"Үйэн" дьахталлар Сүбэлэрин председателэ Ксения Гоголева   эҕэрдэ тыллары  этэн, нэһилиэкпит ийэлэрин "Күһүҥҥү быйаҥ" оҕуруот, сир астарыттан оҥорбут бэлэхтэрин туттардылар. Степан Прохоров, ырыа куттаах оҕолорбут ылбаҕай ырыаларынан музыкальнай эҕэрдэлэрин тиэртилэр. 

Бырааһынньык саҕаланыытыгар, директор Айталина Пономарева  кэлбит ыалдьыттары  хаартыскаҕа түһэрэн, дьоро күн түмүгэр барыларыгар  хаартыскаларын таһаартаран бэлэх уунна, аҕам саастаах дьоммут махталларын анаатылар. Бу дьоро киэһэни библиотекарь Лена Пономарева олус истиҥник- иһирэхтик, сатабыллаахтык салайан ыытта.    

Бары нэһилиэкпит олохтоохторугар кырдьартан куттаммакка, чэгиэн - чэбдик сылдьан чугас дьоҥҥут үөрүүлэринэн кынаттанан уһун үйэлэниҥ диэн алҕаатахпыт буоллун.

IMG-20230927-WA0084.jpg

27.09.2023

Бүгүн, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн бары нэһилиэкпит олохтоохторун, биир дойдулаахтарбытын итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибит!

Бу күн чэрчитинэн нэһилиэкпит тэрилтэлэрин хамаандаларын  икки ардыларыгар "Мин Сахам сирэ" диэн ааттаах өй оонньуута ыытылынна. 

Киирии тылга Сахабыт сирин Судаарыстыбаннаһын, символикаларын билиһиннэрэн, бу күн Бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллар оскуолаҕа киирэн иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрин  иитээччилэрин, бары үлэһиттэрин идэлээх күннэринэн эҕэрдэлээн, "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ, оҕолорбутун саха фольклоругар уһуйа туруҥ диэн "Чурапчы фольклора" кинигэни бэлэхтээтэ. 

Хамаанданан күрэххэ пенсионердар (капитан А.Скрябина), оскуола (капитан В. Трофимов), уһуйаан (капитан А.Винокурова), олохтоох дьаһалта (капитан Е.Скрябина) 3 киһилээх хамаандалара илин- кэлин түһүстүлэр. Дьүүллүүр Сүбэҕэ үлэлээтилэр Ксения Гоголева, Альбина Лугинова, оонньууну тэрийэн ыытта библиотекарь Лена Пономарева. 

Түмүккэ "Кыайыыга дьулуурун иһин" оскуола, III  миэстэҕэ пенсионердар, II миэстэ уһуйаан уонна эрэлээхтик Бастаата олохтоох дьаһалта  хамаандата.

Бары көхтөөхтүк кыттыбыт хамаандаларбытыгар ситиһиилэри, таһаарыылаах үлэни, көхтөөх кыттыыны баҕарабыт!

20230922_152854.jpg

22.09.2023

Бүгүн балаҕан ыйын 22 күнүгэр, биһиги нэһилиэкпитигэр Кросс наций ыытылынна. Спортивнай площадкабытыгар оҕо- аймах, нэһилиэкпит олохтоохторо, сүүрүүнү таптааччылар мустан күрэхтэстилэр. Ол курдук оскуола оҕолоругар биирдиилээн бастааһыҥҥа   алын сүһүөх кылаастарга кыргыттарга Элла Бабиченко, Сахая Потапова - 1 миэстэ, Алина Неустроева, Лиза Винокурова -2 миэстэ, Алисса Борисова - 3 миэстэ, уолаттарга Виталий Яковлев, Тимомир Лыткин - 1 миэстэ, Алик Афанасьев, Харыс Пономарев - 2  миэстэ, Эрхаан Пономарев - 3 миэстэ, орто, улахан бөлөхтөргө Ванесса Борисова, Күннэй Собакина - 1 миэстэ, Наина Владимирова, Айыына Куо - 2 миэстэ, Валерия Владимирова - 3 миэстэ, уолаттарга  Саян Дьяконов, Ньургун Собакин-  1 миэстэ, Витя Гоголев, Сандал Сидоров- 2 миэстэ, Тимур Пономарев - 3 миэстэ. 

Дьэ ол кэнниттэн тэрилтэлэринэн ыһыылаах - хаһыылаах эстафета саҕаланна. Барыта 7 хамаанда кытынна. Түмүккэ 3 миэстэ - оскуола үлэһиттэрэ (Ольга Собакина, Туяра Борисова, Петр Акимов, Михаил Анемподистов) 2 миэстэ - олохтоох дьаһалта (Луиза Барашкова, Аина Колодезникова, Альберт Собакин, Степан Прохоров), уонна олох эрэллээхтик оскуола үөрэнээччилэрэ (Күннэй Собакина, Наина Владимирова, Ньургун Собакин, Арылхан Пономарев). Маны таһынан олус көхтөөхтүк кыттыбыт хамаандалар: ветераннар (Прасковья Новгородова, Парасковья Собакина, Иван Игнатьев, Алексей Терютин), кулууп, жкх холбоһуктаах хамаандата (Альбина Лугинова, Айталина Пономарева, Вячеслав Потапов, Виктор Дьяконов), балыыһа холбоһуктаах хамаандата (Пантелеймон Сидоров, Василий Потапов, Арсения Винокурова,Карина Колодезникова), Арыылаах холбоһуктаах хамаандата (Антон Янцен, Валерия Владимирова, 

Бары кыайыылаах хамаандалар грамотанан, мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Хас биирдии кэлбит киһиэхэ олохтоох дьаһалтабыт "Кытаанах 100 сыла" магниткалары бэлэх туттарда. 

Күрэхтэһиини оскуолабыт физруктара Петр Бабиченко, Дмитрий Макаров иилээн - саҕалаан ыыттылар, күрэхтэһии кэмигэр баһылыкпыт, бүгүн Чурапчыга ыытыллыбыт улуустааҕы Ох саанан ытыы күрэхтэһиитигэр Чурапчы хамаандатын кэнниттэн Кытаанах охчуттара 2 миэстэ буолбуттарын биллэрдэ, бары дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээтибит. 

Бүгүҥҥү күрэхтэһиибитигэр ыаллыы сытар Арыылаах,Сылаҥ оскуолаларын үөрэнээччилэрэ кэлэн күрэхтэһэн дьаһалбытын өссө сытыырҕаттылар. Билигин футбол буола турар, түмүгэ киэһэ биллиэҕэ. 

Бары кыттыбыт спортсменнарга,Арыылаах, Сылаҥ футболистарыгар, Арыылаахха саҥа талыллыбыт баһылык Антон Янцеҥҥа, тренердэргэ махталбытын тиэрдэбит. 

Бары спордунан дьарыктаныҥ, чөл олоҕу өрө тутуҥ диэн ыҥырабыт!

4фото.jpg

19.09.2023

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнэ - биһиги Чурапчы улууһун дьонугар хаһан да умнуллубат күн.

   81 сыл аннараа өртүгэр, 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи 213 №-дээх Саха Обкомун уонна Совнаркомун уураахтарынан, Чурапчы оройуонун 41 колхозтарын хоту оройуоннарга Булуҥҥа, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ балык булдугар үлэлэтэр, күүс өртүнэн көһөрөр туһунан ынырыктаах ыйааҕа тахсыбыта. Бу олус соһумар дьаһалы толорорго 3 күнү биэрбиттэрэ. Саха чуумпу алааһыгар олорбут дьоммут - сэргэбит  харах уулаах, кыра эһээхий оҕолуун, тайахха тэптэрэ сылдьар аарыма кырдьаҕастыын бу иэдээннээх ыйааҕы толоро көһөргө күһэллибиттэрэ... 

Биһиги, Сэбиэскэй кэм оҕолоро, бу туһунан  тугу да билбэт этибит. Биһигини төрөппүт, ииппит - үөрэппит дьоммут барахсаттар хаһан да бу алдьархай туһунан  кэпсээбэт, муҥатыйбат этилэрэ. Бириэмэтэ оннук  буоллаҕа...

Бу туһунан бастакы кэпсэтиилэр 1987 сыллаахха саас нэһилиэк кырдьаҕастарын Сэбиэтин председателлэрин мунньаҕар уураахха "Көһөрүү историятын үөрэтиэххэ, ыччакка тиэрдиэххэ" диэн этии киллэрбиппит диэн  "Чурапчы алдьархайа"  кинигэҕэ ахтар, оччотооҕу кэмҥэ Чурапчытааҕы партия райкомун секретарынан үлэлээбит Агафия Птицына.

Дьэ бу кэмтэн ыла хоту күүс өртүнэн көһөрүллүү туһунан үгүс элбэх үлэлэр ыытыллан, күн бүгүнүгэр диэри өссө да саҥаттан саҥа матырыйааллар көстө тураллар.

Нэһилиэкпит олохтооҕо, историяны үөрэтээччи, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Кытаанах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Екатерина Прокопьевна, кыыһынаан Екатерина Иннокентьевналыын, сиэннэринээн Дмитрий, Иннокентий Скрябиннар биһиги нэһилиэкпит Аҕа дойду сэриитин, хоту көһөрүллүү сылларын тустарынан үгүс чинчийиилэри оҥорон, кинигэлэри таһаартаран биир дойдулаахтарбытын үйэтитэллэр. 

Биһиги нэһилиэкпитигэр  олохтоох автор Николай Федорович Смирников - Николай Төлөөйүскэй - "Эргиллиэм эйиэхэ Чурапчым чараҥа" ырыа автора олорор, айар, тутар. Кини хоһоонугар Федор Гоголев мелодия айан, бу ырыа Хоту күүс өртүнэн көһөрүллүү гимнэ буолан , хас күһүн аайы Чурапчыбыт алааһын үрдүнэн дуорайа ылланар.  

Нэһилиэкпититтэн 5 - Күүһү түмүү, Ярославскай, Чкалов,  Кыһыл иитиэх, Кыһыл сэрииһит, Танда - Бахсы нэһилиэгиттэн - Каганович, Кыһыл Танда колхозтар Булуҥҥа көһөрүллүбүттэрэ. 

Онтон ыла 81 сыл ааста... Билигин Кытаанах нэһилиэгэр 3 хоту көһөрүллүү кыттыылаахтара олороллор:

Чурапчы улууһун уонна Кытаанах нэһилиэгн бочуоттаах олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ Николай Васильевч Захаров,

Кытаанах нэһилиэгин бочуотаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Мария Федоровна Попова 

Иннокентий Иванович Игнатьев. 

2017 сыллаахха, Хоту көһөрүллүү кыттыылаахтарыгар анаан, кинилэри үйэтитэр, үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрэр сыаллаах, нэһилиэкпит баһылыга Егор Николаевич Потапов көҕүлээһининэн, Сквер тутуллубута. Сааһын оҕолор, төрөппүттэр күргүөмүнэн кэлэн сибэккилэри олордоллор, сайынын  сквербит  оскуолабыт үөрэнээччилэрин сылаас илиилэринэн бүөбэйдээбит кэрэчээн сибэккилэринэн симэнэллэр, онтон күһүн балаҕан ыйын 19 күнүгэр бары нэһилиэгинэн мустан көһөрүллүү кыттыылаахтарын ахтабыт - саныыбыт, кэриэстиибит. Кыһынын Сквербит маҥан хаарынан бүрүллэн, чуумпуга ылларан аны саас оҕо- аймах кэлэрин кэтэһэр буоллаҕа. Ити курдук күн - дьыл эргийэ турар, онтон бу Чурапчы алдьархайа, биһиги чурапчылар баарбыт тухары хаһан да умнуллуо суоҕа. 

                             Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

 

 

 

 

Screenshot_20230612-221703_WhatsApp.jpg

20.06.2023

Сайыҥҥы ардах түһэн сирбитин угуттуур, сотору окко киирэр сүпсүлгэн саҕаланыа.

Нэһилиэкпит, улууспут ыһыахтара бүттүлэр да сорох нэһилиэктэр ыһыахтара буола иликтэр, бэс ыйын 23 күнүгэр көһөрдүлэр. Онон биһиги ыһыахпыт эрдэ буолбута эмиэ да үчүгэйдээх буолла. Күнэ да туран биэрдэ. 

Ыһыахпытыгар араас күрэхтэһиилэр, күөн- күрэстэр ыытыллан, кыайыылаахтарга кэмэ суох бириистэр туттарылыннылар. Онтон бу бириистэри кимнээх спонсордаан, ыһыахпытыгар көмөлөспүттэрин эһиэхэ билиһиннэрэбит.

"Кытаанах Баллы оонньуулара"

Бастакы миэстэ - Саа (спонсор Владимиров Гаврил Гаврильевич)

Иккис миэстэ- Телевизор (нэһилиэк олохтоох дьаһалтата)

Үһүс миэстэ- Владимировтар аймах (DNS маҕаһыынтан сертификат 11000 солк)

 

"Үрүҥ Үйэн оонньуулара" -Телевизор, 20000 уу харчынан ("У Аси" маҕаһыын. Салайааччы Саина Васильевна Алексеева)

Иккис- 15000 уу харчынан

Үһүс миэстэ -10000  уу харчынан 

Төрдүс миэстэ - 3000 уу харчынан

Бэһис миэстэ- 2000 уу харчынан 

Спонсордар нэһилиэкпититтэн төрүттээх бастыҥ спортсменкалар -сүүрүк Прасковья Владимировна Новгородова, хайыһардьыт Зинаида Семеновна Андреева, теннисчит, волейболистка Софья Николаевна Сорокоумова, мас тардыһыы Седалищева Саина Васильевна, атах оонньуулара Сардана Григорьевна Федорова (Борисова), буулдьалаах саанан ытыы Айталина Лукина, атах оонньуулара Третьякова Софья Ивановна (Сорокоумова), буулдьалаах саанан ытыы Мария Николаевна Скрябина, хайыһардьыт            Гаврильева  Мария Павловна (Решетникова), хайыһардьыт Матвеева Сардана Николаевна (Захарова), хайыһардьыт Захарова Ольга Афанасьевна, ИП эдьиийдии балыстыы Андреева Люция Константиновна,Капылова  Акулина Васильевна, нэһилиэкпитигэр 2018-2023 сс үлэлээбит "Үйэн" дьахтар Сэбиэтин түмсүүтэ (бэрэссэдээтэл Лена Александровна Пономарева), 2023 сылтан саҥа састаап (бэрэссэдээтэл Гоголева Ксения Николаевна)

Хапсаҕайга 70 кг дылы ыччаттарга 

Бастакы миэстэ - Планетарнай миксер (олохтоох дьаһалта)

Иккис, үһүс  миэстэлэргэ - олохтоох дьаһалта

70 кг үөһэ хапсаҕайга - ыччаттарга

Бастакы миэстэ - Аныгы таҥас сууйар массыына (олохтоох дьаһалта)

Иккис миэстэ - шуруповерт (Владимиров Николай Гаврильевич)

Үһүс миэстэ - шуруповерт (олохтоох дьаһалта)

Мас тардыһыы 70  кг дылы ыччаттарга

Бастакы миэстэ - 10000 уу харчынан (Коркин Александр Иннокенттьевич)

Иккис, үһүс миэстэ - шуруповерт (олохтоох дьаһалта)

Мас тардыһыытыгар 70 кг үөһэ 

Бастакы миэстэ - Телевизор (Яковлевтар, Терютиннар аймах)

Иккис миэстэ- пылесос (олохтоох дьаһалта)

Үһүс миэстэ - Казан (Анисия, Александр Дьяконовтар)

Мас тардыһыытыгар оскуола оҕолоругар 

Бастакы миэстэ - Иһит набора (Ирина Павловна Любимова)

Иккис, үһүс миэстэлэргэ - нэһилиэк олохтоох дьаһалтата

Хапсаҕайга оҕолорго

Бастакы миэстэ - Велосипед (Люция Константиновна, Акулина Васильевна Андреевалар аймахтар)

Иккис, үһүс миэстэлэргэ - нэһилиэк олохтоох дьаһалтата

Оһуохайга

 Чорооннор (Ирина Павловна Любимова)

Руслан, Күн тэгил  маҕаһыыннартан сертификаттар  (Олоҥхо ассоциацията)

Олоҥхо -

Руслан, Күн тэгил маҕһыыннартан сертификаттар (Олоҥхо ассоциацията)

Анал бириис: Попов Дмитрий Иванович.

Күндү биир дойдулаахтарбытыгар, Олоҥхобут ыһыаҕар көмөлөспүккүтүгэр  истиҥник махтанабыт! Эһиэхэ таһаарыылаах үлэни, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт. Этэҥҥэ сылдьан биһиги үөрүүбүтүн үллэстэн, дойдугут дьонун үөрдэ тураргытыгар!

Туспа махталбытын тиэрдэбит өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятыгар. Эһиги өйөөһүҥҥүтүнэн, көмөҕүтүнэн нэһилиэкпитигэр Олоҥхо ыһыаҕа аан бастаан тэриллэн сахабыт төрүт ырыатын, тойугун, үҥкүүтүн нэһилиэкпит дьоно истэн, кэрэни кэрэхсииллэрэ күүһүрэригэр эрэлбит улахан!

 

 

 

 

IMG-20230618-WA0103.jpg

18.06.2023

Бэс ыйын 17-18 күннэригэр Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылыгар аналлаах "Чурапчы ыһыаҕа - Тоҕус томтор тойуга" өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахха"Уран уус түһүлгэтэ" быыстапка күөн - күрэһигэр "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Уран" түмсүү чилиэттэрэ кыттыыны ыллылар. Прасковья Монастырева туос, Сусанна Лазарева кыбытык, Евдокия Миронова сөрүө, Екатерина Борисова оҕуруо, Михаил Пономарев мас оҥоһуктара быыстапкаҕа турдулар. Аан бастаан кыттар эдэр киһи Екатерина Борисова оҕуруонан бастыҥаларын, илин кэбиһэрдэрин көрөөччүлэр  сэҥээрэн, атыылаһыахтарын  олус баҕарбыттара, Дьүүллүүр Сүбэ эдэр маастар үлэтин биһирээн дизайна уратытын бэлиэтээтилэр,  инникитин төрүт үгэскэ олоҕурбут ньыманан үлэлэһэригэр санааларын эттилэр, "Кытаанах нэһилиэгин маастара" Прасковья Монастырева туоһунан үлэлэрин олус биһирээтилэр, көрөөччүлэр эмиэ атыылаһыахтарын баҕардылар аҕай, ордук ыаҕыйа  элбэх көрөөччү сэҥээриитин ылла, Сусанна Лазарева кыбытыктарын көрөн олус соһуйдулар, бу олоҥхоһут, аны иистэнэр эбит дуу диэн , хас биирдии үлэни сыныйан көрдүлэр, сөхтүлэр, аан бастаан холонон быыстапкаҕа кыттыбыт Михаил Пономарев мас оҥоһуктарын: чорооннору, кыра, улахан кытыйалары элбэх киһи көрдө, ымсыырда, Дьүүллүүр Сүбэ болҕомтотун уурда. Маастардар сүбэ - ама биэрдилэр, быыһыгар бэйэлэрэ маастар кылаас ыллылар. Онтон Евдокия Миронова кылынан, кулуһунунан сөрүөлэрэ сыаналааччылар даҕаны, көрөөччүлэр даҕаны биһирэбиллэрин ылла. Түмүккэ Прасковья Монастырева туос оҥоһуктара Үһүс Үрдэл аатын ылла, Евдокия Миронова кыл- сиэл хайысхатыгар Үһүс Үрдэл, Михаил Пономарев мас оҥоһуктарга Үһүс Үрдэл аатын ылан үөрүүбүт үрдээтэ. Маны таһынан барыларыгар харчынан бириэмийэ туттарылынна. 

Саха биллиилээх бэйиэтэ, үгэһит Степан Афанасьевич Саввин - Күн Дьирибинэ 120 сааһыгар анаммыт  "Чоргуй чобуо чабырҕах!" чабырҕаҕы толорооччулар күөн күрэстэригэр "Кытаанах кыайардара" бөлөх уонна Любовь Монгуш биирдиилээн толорооччуларга кытыннылар. Түмүккэ "Биһирэбил аат" иҥэрилиннэ "Кытаанах кыайардара" бөлөххө, кинилэр Любовь Монгуш суруйбут "Аһаҕастык этэбит" чабырҕаҕын толордулар, өссө Биһирэбил ааты Чакыртан эдэр, ол гынан баран уопуттаах толороооччу Аня Макарова ылла, Үһүс Үрдэл ааты ылла Олоҥхо театрын артыыската, Чакыртан Анастасия Алексеева, Иккис Үрдэл буолла Болтоҥоттон Александра Максимова, Бастакы Үрдэл аат иҥэрилиннэ Кытаанахтан Любовь Монгушка уонна Кылаан бириис аатын ыллылар Болтоҥоттон "Утум" чабырҕаҕы толорооччулар бөлөхтөрө. Барыларыгар диплом, харчынан бириэмийэ туттарылынна. 

Бу ыһыахха барабытыгар, быыстапкаҕа кыттар үлэлэри илдьэрбитигэр, аҕаларбытыгар нэһилиэкпит олохтоох дьаһалтата күүс - көмө буолбутугар дьаһалтабыт үлэһиттэригэр  Екатерина Скрябинаҕа, Василий Потаповка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары кыттыбыт дьоммутугар айар үлэҕитигэр таһаарыылаах, ситиһиилээх буоларгытыгар баҕарабыт!

Ыһыахтар күннэринэн!

20230611_223145.jpg

11.06.2023

Самаан сайыммыт тиийэн кэлэн кэҕэтин этитэн, сыһыы, алаас сир симэхтэринэн симэнэн турар кэмигэр, саха дьоно барахсаттар уһун кыстыгы этэҥҥэ туораабыт үөрүүлэригэр, сайылыкка тахсан  сайыны уруйдуу-айхаллыы ыһыах ыһаллара. 

Сахабыт сирин үрдүнэн ыһыахтар саҕаланнылар. Бэс ыйын 11 күнүгэр Кытаанах нэһилиэгэ сурукка киирбитэ 100, үс тумус туттар дьоммут улуу тренер Дмитрий Коркин, суруйааччы Далан, худуоһунньук Сабаакын төрөөбүттэрэ 95, нэһилиэкпитигэр "Кэскил" сылларынан улуустааҕы Олоҥхо ыһыаҕа тэрилиннэ. 

Бу күн сарсыардаттан Далан аатынан орто оскуолабытыгар, нэһилиэкпит баһылыга Егор Николаевич бииргэ төрөөбүт убайынаан Владимир Николаевичтыын  "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхо сюжетынан худуоһунньук Иннокентий Пестряков ойуулаабыт 25 хартыыналаах кэмпилиэгин оскуолаҕа бэлэхтээтилэр. Хартыыналар саха тылы кабинетын биир эркинин толору ыйаннылар. Манна даҕатан эттэххэ Потаповтар эһэлэрэ Василий Потапов - Маайа Баһылайа уран тыллаах олоҥхоһут. Кини 30 олоҥхону билэрэ кэпсээҥҥэ сылдьар. "Биллиилээх олоҥхоһуттар, кинилэр ортолоругар Табаахырап биһиэхэ кэлэн олоҥхолоон, хонон- өрөөн ааһаллар эбит",- диэн Егор Николаевич ахтан- санаан ааста. 

Биһиги үөрүүбүтүн үллэстэ улууспут салайааччылара,  элбэх ыалдьыт, биир дойдулаахтарбыт кэлэн ыһыахпыт таһымын үрдэттилэр.  Ол курдук улууспут баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Филипповна Кронникова, Дьокуускайтан Олоҥхо ассоциациятын вице-президенэ Протодьяконова Елена Николаевна, өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин кылаабынай методиһа Васильева Любовь Ивановна, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин фольклорга сүрүннүүр специалиһа Шишигина Любовь Егоровна, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик Слепцов Анатолий Игнатьевич, суруйааччы Иван Иванович Осипов - Ойуур, уус- уран тыл маастара Альбина Андриановна Борисова, суруйааччы, Далан үөрэнээччитэ Павел Петрович Федоров - Сомоҕо,  улуустааҕы Олоҥхо кииниттэн салайааччы Дмитрий Дмитриевич Попов, уус-уран салайааччы Валерий Петрович Герасимов, специалист Оксана Егоровна Монастырева, Өндөрүүскэ Саабын аатынан улуустааҕы түмэл салайааччыта Юрий Семенович Толстоухов уо.д.а. 

"Аана алааһа" ыһыахтыыр түһүлгэбит  ыалдьыттарынан,  дьонунан ситэри симэннэ, түптэ сытынан, оҕо- аймах күлүүтүнэн туолан, киһи сүргэтэ көтөҕүллэн,бу барыта ыһыах тэрээһинигэр күүс - көмө буолла. 

Ыһыахпыт аһыллыыта баһылык Моҕол ураһаттан  ыалдьыттарынаан түһүлгэҕэ киириититтэн саҕаланна. Маҥан халадаайдаах Далбар хотуттар ыалдьыттары утары көрсөн, ыалдьыттар салама баайдылар. 

Ыһыах сиэрин- туомун Аан Алахчын эҕэрдэтэ аста, түһүлгэ арчылааһын, холумтаны  ыраастааһын,алгыска бэлэмнэнэн аас тэллэҕи тэлгээн, ол үрдүгэр арыылаах алаадьы, кымыс , саламаат ууран,  Алгысчыт 9 уол, 7 кыыс арыалдьыттанан аал уоту оттон, айах тутан, үөһэ дойду кыргыттара 7 кыталыктар киирэн үҥкүүлээн аастылар, кымыс үрдүн охторуу туспа сиэринэн- туомунан ыытылынна. Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтин Ытык Дуоҕаны, Чакыртан олоҥхону толорооччу, Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын Кылаан Чыпчаал кыайыылааҕа Николай Григорьев, нэһилиэкпит баһылыгар туттарда.

Бу кэнниттэн нэһилиэкпит үбүлүөйдээх сылыгар "Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх Кытаанахтарбытый?"  төрүттэрбит тустарынан дьүһүйүүнү ыһыах дьоно биир тыынынан көрдүлэр. Олоҥхоһут киирэн кимтэн кииннээхпитин билиһиннэрэн олоҥхолоото, бу кэмҥэ өбүгэбит Батас Мөндүкээн таптыыр кыыһынаан, Тыгын Дархан аччыгый кыыһынан хатыҥ чараҥҥа көрсөн харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттарын туһунан үҥкүүнэн көрдөрдүлэр, кинилэр 9 сыл тухары ыал буолан олорбуттарын устатыгар биир оҕо төрөөбөтөх, дьэ ол иһин Тыгын Дархан күтүөтүн Батас Мөндукээни өлөрөргө санаммытын билэн ойоҕо эригэр этэн биэрэр, онтон куттанан Батас Мөндүкээн ойоҕун бэйэтигэр мииннэрэн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэни харбаан туораан, дьаҕа баһыгар Кытаанах сиригэр Мааллаҕа олохсуйар. Кэлин кинилэр үс уол оҕолонон, аҕалара уолаттарыгар сирдэрин анаталаан биэрбититтэн, биһиги төрүппүтүгэр Кытаанах Баллыга үс үрэх Наммара, Баайаҕа, Танда төрдүлэрин аныыр, кыра уолаттар улаатан, сүүнэ бухатыыр дьон буолан, үс үрэхтэр устуларынан хааман дойдуларын- сирдэрин араҥаччылыы туралларын, 95 сыл аннараа өттүгэр нэһилиэкпититтэн төрөөн -үөскээн тахсыбыт үс тумус туттар дьоммут  кынаттаах тылларын эппиттэрэ дьон - сэргэ өйүгэр - санаатыгар хаалла. Дьүһүйүү "Килэҥки сайда тур, туругур!" нэһилиэкпит Өрөгөй ырыатынан түмүктэннэ. 

Ыһыах эҕэрдэлээх чааһыгар нэһилиэкпит 100 сыллаах бэлиэлэрин нэһилиэкпит баһылыга  М.С.Леонтьева, Н.В.Захаров, А.В.Захаров, П.Ф.Максимов, Е.П.Скрябина, кэлбит ыалдьыттарга туттарда. 

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы М.Ф.Кронникова улуус социальнай- экэнэмиическэй сайдыытыгар кылааттарын иһин  Улуус Бочуотунай Грамотатын Кытаанахтааҕы дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын маастарыгар Иван Винокуровка, сылгы иитиитинэн дьарыктанар Николай Владимировка, сибээс почта начальнигар Надежда Барашковаҕа, Пантелеймон Сидоровка, спорт салаатын аатыттан Софья Сорокоумоваҕа туттарда. Маны таһынан Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтигэр өр сылларга үлэлээбит Геннадий Монгушка  "Чурапчы улууһун культуратын бэтэрээнэ" түөскэ анньыллар бэлиэни туттарда.

Ыһыах биир сүрүн көрүҥүнэн буолбут  түһүлгэлээн аһылыкка аймахтарынан, ийэ, аҕа ууһунан түһүлгэ тэрийэн, ыраах тэйэ сылдьар биир дойдулаахтарбыт кэлэн дьоннорун көрсөн,  ыһыах дьоно сыллааҕы сонуннарын үллэстэллэрэ  туспа көстүү буолла. 

Күн иккис аҥарыгар ыһыах көрө- нара, сымсалар, быһыйдар күөн- күрэстэрэ тэрилиннэ. 

Улуустааҕы олоҥхобут ыһыаҕын сүрүн күөн-күрэстэринэн  буоллулар Олоҥхо, Оһуохай түһүлгэлэрэ. 

Оһуохайга 5 киһи кытынна. Чакыртан, Болтоҥоттон, Төлөйтөн, Тааттаттан, Чурапчыттан. Дьүүллүүр Сүбэ председателинэн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин    фольклорга салаатын сүрүннүүр  специалиһа Любовь Шишигина. 

Төлөйтөн саамай эдэр кыттааччы  Каролина Спиридонова "Биһирэбил" бириис хаһаайкатынан буолла, анал аат - Болтоҥоттон Валентина Дьячковская, Үһүс Үрдэл - Тааттаттан  Николаев , Иккис Үрдэл Чакыртан Николай Григорьев уонна Бастакы Үрдэл Чурапчыттан Семен Морфунов, бары миэстэлэспиттэргэ сертификаттар туттарылыннылар. 

"Нохтолоох сүрэхтэн долгуйан "Ноо" дэтэн чоргуйан" бөлөҕүнэн ыччат, улахан дьон олоҥхону толорууларыгар 3 бөлөҕүнэн 23 киһи кытынна, онтон икки бөлөҕө Таатта улууһуттан кэлэн кыттан ыһыахпытын киэргэттилэр. Түмүккэ Үһүс үрдэл - "Дьолуо" бөлөх, салайааччы Цой Л.К.  "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхо 2-с ырыатын толорудулар.

Иккис үрдэл - "Удьурхай" бөлөх - Таатта, салайааччы Тарабукина М.В. Кинилэр "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхону толордулар, Бастакы Үрдэл  Чурапчытааҕы "Айылгы" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн  үлэлиир олоҥхо бөлөҕө. Салайааччы Оконешникова В.И. Ырыа Ымыычаан"Уһук туйгун" олоҥхотун толордулар. Дьүүллүүр Сүбэ салайааччытынан үлэлээтэ Протодьяконова Елена Николаевна - Олоҥхо ассоциациятын вице-президенэ. 

Биирдиилээн олоҥхону толорууга 10 киһи кытынна. Григорьев Н. Н. - Чакыр, Слепцов И.И.- Таатта Харбалаах, Докторова Р. - Таатта Ытык -Күөл, Баҕардынов А.Н.-Таатта, Уус-Таатта, Слепцова Т.Е.- Таатта, Ытык - Күөл,  Читаева К.И.- Таатта Ытык - Күөл, Лазарева С. В. - Чурапчы Кытаанах, Христофоров А.Н. - Чурапчы Мырыла, Шестаков А.В- Таатта, Дьүлэй, Дьячковскай Н.Р.- Чурапчы.

Дьүүллүүр Сүбэни салайда Парфенова Варвара Алексеевна - фольклор уһуйааччыта, алгысчыт. 

Түмүккэ "Саамай эдэр олоҥхону толорооччу" анал аат- Шестаков А.В, анал аат - Григорьев Н.Н., Үһүс үрдэл - Слепцов И.И., Иккис Үрдэл- Христофоров А.Н, Бастакы Үрдэл- Докторрова Р.П , Кылаан - Чыпчаал ааты эрэллээхтик Лазарва Сусанна Васильевна ылла. Кыайыылаахтар сертификаттарынан наҕараадаланнылар. Бары кыттааччыларга Кытаанах нэһилиэгин 100 сыллаах үбүлүөйдээх сувенирдара, туоһу суруктар ананнылар. Нэһилиэк баһылыга Егор Потапов анал бирииһин эдэр толорооччу Шестаков Альбертка уонна нэһилиэкпитигэр фольклору тарҕатааччы, олоҥхону толорооччу Сусанна Лазареваҕа туттарда. 

Онтон илии - атах күрэхтэһиилэрэ ыһыылаах - хаһыылаах, буоларын курдук элбэх көрөөччүлээх буолла. Ол курдук улууска бастакы, нэһилиэкпитигэр үһүс төгүлүн ыытыллар "Үрүҥ Үйэн оонньуулара" 18-тан 35 -гэр диэри саастаах кэрэ аҥардарга 5 кыыс кытынна. Халадаайдаах сүүрүү, моһоллору туорааһын, далла мэндэйии, уҥуох быраҕыы, көтөх ынаҕы туруоруу түһүмэхтэригэр илин- кэлин түһүстүлэр. Хас түһүмэх аайы кыайыылаахтар мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Түмүккэ 5 миэстэ Ольга Захарова - 2 тыһ солк, 4 миэстэ Мария Пономарева - 3 тыһ солк, 3 миэстэ- Сара Дьячковская 10 тыһ солк, 2 миэстэ - Луиза Барашкова - 15 тыһ солк уонна Бастакы миэстэ - Сардана Федорова - ЖК телевизор, 20 тыһ солк уу харчынан наҕараадаланнылар. 

Оскуола уолаттарыгар 70 диэри 70 үөһэ ыйааһыннаахтарга хапсаҕайга Кытаанахтан Слава Сивцев бастаата, иккис миэстэ Арыылаахтан Миша Ван Чу Лин таҕыста. Мас тардыһыытыгар оскуола уолаттарыгар Дьулус Барашков Арыылаахтан  эрэллээхтик бастаата. 

Хапсаҕайга 70 кг эр дьоҥҥо бастакы миэстэ - Андрей Пугачев Арыылаах, иккис Влад Беляев Түөйэ, Вася Саввинов Арыылаах буоллулар, 70 үөһэ ыйааһыннаахтарга бастакы миэстэни эрэллээхтик ылла Иван Оконешников -Кытаанах,  автомат стиральнай массыына хаһаайынынан буолла.  

Нэһилиэкпит дьоно - сэргэтэ кэтэһэр, сымсалар, күүстээхтэр бэлэмнэнэр күрэхтэһиилэринэн "Кытаанах Баллы оонньуулара" манна атын нэһилиэктэртэн уратыбыт диэн ким баҕалаах барыта күрэхтэһэр, ол иһин ыалдьыт уолаттар эмиэ кэтэһэр көрүҥнэрэ буолла. Мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, сүүрүүгэ, ыараханы көтөҕүүгэ, тутум эргииргэ, үс төгүл үс, өһөс торбос көрүҥнэригэр күрэхтэһэн Арыылаахтан Андрей Пугачев Бастакы, Мырылаттан Конон Федоров иккис, Сылаҥтан Юрий Семенов үһүс миэстэ буоллулар. 

"Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ тэрийбит "Ыһыах бэлэҕэ" тэҥнэбиллээх оонньуу киин түһүлгэҕэ ыытылынна.Супер бирииһи Ларь, холодильник 2 в 1  сүүйдэ Чурапчыттан Сергей Заровняев. Дьэ уонна киэһэ 21 чаастан  саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Кэскил Баишев айар бөлөҕүн кэнсиэрэ элбэх киһини муста. 

Нэһилиэкпит 100 сыллаах үбүлүөйдээх улуустааҕы  Олоҥхо ыһыахпыт  этэҥҥэ ааста. Күммүт да туран биэрэн күөх халлааммытыгар чаҕылыччы күн тыган, эмиэ да сөрүүн тыал илгийэн дьон санаатын хоту күн туран биэрэн, ыһыахпыт өрө көтөҕүллэн ааста. 

Ыһыахпыт түһүлгэтигэр,  нэһилиэкпит ыччат уолаттара Иван, Альберт Собакиннар, Ньургун Новгородов, кылгас кэмҥэ Олоҥхо балаҕанын, Иван Винокуров Ытык Дуоҕа олорор олоҕун хаачыстыбалаахтык  тутан, түһүлгэбит көстүүтүн киэргэттилэр. 

Ыһыах аһыллыытын сиэригэр - туомугар, дьүһүйүүгэ 70 тахса киһи кытынна, биир дойдулаахтарбыт, оскуолабыт оҕолоро олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, кыттан, эдэр ийэлэрбит түмсүүлэрэ, "Алаас" дьахталлар, хомусчуттар бөлөхтөрө, ыччат дьоммут, аҕам саастаахтарбыт бары бииргэ түмсэн ыыттыбыт. Бары кыттыбыт дьоммутугар "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин коллективын аатыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Ыһыахпытын сырдаппыт "Саҥа олох", Саха НВК үлэһиттэригэр барҕа махтал буолуохтун. 

Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, мантан сайын этэҥҥэ оттоон кэлэр кыстыгы бэлэм көрсөргө күүскэ үлэлээн- хамсаан бирэиэҕиҥ!

IMG-20230527-WA0078.jpg

27.05.2023

Бүгүн ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтүн Россия үрдүнэн 12-с сылын Библионочь ыытыллар. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыһан биһиги Кытаанахтааҕы тыа сирин модельнай библиотеката "Бииргэ ааҕабыт" диэн ааттаах Библионочь тэрийдэ. Сарсыарда 10 чаастан күнү быһа эдэр ийэлэр Диана Местникова күрүчүөгүнэн баайыыга, Екатерина Борисова оҕуруонан анньыыга, Марфа Акимова чокер оҥоруутугар маастар кылаас ыыттылар. Маны таһынан Сылаҥтан эрдэттэн  сакаас быһыытынан рассада атыыта уонна Сэбиэскэй кэми санатан Борохуолка таҥас сап атыыта, атастаһыыта ыытылынна. Күнүс 14 чаастан эбэлэрбит, эһэлэрбит көрбүт мультиктара диэн ааттаах мультик көрүүтэ буолла. Манна А.Пушкин "Өлбүт сарыабына уонна сэттэ бухатыыр" диэн   остуоруйатын оҕолор, эбэлэрин кытта кэлэн көрдүлэр, остуоруйа бүтэһигэр  викторинаҕа эппиэттээтилэр. Ол кэнниттэн библиотекаҕа оҕолор тутатына "Курочка Ряба", "Терем теремок" остуоруйалары оруолларынан оонньоон көрдөрдүлэр уонна таһырдьа тахсан веловикторина, көрдөөх оонньууларга  хамаанданан күрэхтэстилэр. Киэһэ 19ч30 Библионочь үөрүүлээх чааһыгар библиотекарь Лена Александровна сыл устата бастыҥ ааҕааччыларга анал ааттары туттарда. Ол курдук саамай кыракый ааҕааччыларынан уһуйаан иитиллээччилэрэ Милана Данилова, Сайаана  Прохорова, 1 кылаас үөрэнээччитэ Айаал Монастырев, улахан дьоннортон Алексей Терютин, Анна Макарова, "Бастыҥ спонсор" анал аатынан  Мотрена Дьячковская, "Библиотека доҕоро" анал аатынан  Илья Нестерев буоллулар.

  Библиотека күнүнэн Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин коллектива Лена Александровнаҕа, Диана Дмитриевнаҕа, оскуола библиотекарыгар Ирина Николаевнаҕа эҕэрдэ суруктары, бэлэхтэри туттарда. 

Саамай түмүктүүр дьаһалынан уһуйаан оҕолоро төрөппүттэриинээн "Бииргэ ааҕабыт" диэн хоһоон ааҕыытыгар күөн - күрэс ыытылынна. Барыта 7 дьиэ кэргэн кытыннылар. Түмүккэ "Бастыҥ оҕо хоһооно" Айыллаана ийэтинээн Мария Алексеевна Пономаревалар, "Бастыҥ патриотическай хоһоон" -"Ол мин дойдум Чурапчы" диэн хоһооннорунан Эрхаан, Степан Михайлович Прохоровтар, "Бастыҥ остуоруйа" "Аптаах тыл" остуоруйанан Эрсаан, Эльвира, Ксения Николаевна Борисовтар, III миэстэни ыллылар "Үс үрэх кирбиитигэр" хоһоонунан Айысхаан, Тамара Николаевна Неустроевтар, II миэстэҕэ таҕыстылар "Заяц и мама Зайчик" хоһооннорунан Элла, Саргылана Михайловна Бабиченколар,  I миэстэни "Куоскалар уонна Саһыл" үгэни ааҕан Руслан Данилов эбэтинээн Акулина Николаевналыын ыллылар уонна Муҥутуур Кыайыылааҕынан  "Муха Цокотуха" хоһооннорунан Сардаана, Туяра Егорровна  Потаповалар, кинилэр күөн күрэс кылаабынай спонсора, биһиги уһуйааммытыгар элбэх көлүөнэ ыччаты иитиигэ үлэлээбит Варвара Илларионовна Харайбатова оҕолоро туруорбут бириистэрин туттулар. 

Бу күөн - күрэс спонсордарынан буоллулар уһуйааммытыгар үлэлээн ааспыт ветераннар, салайааччылар. Ол курдук сэбиэдиссэйинэн  үлэлээбит, Аҕа дойду сэриитин ветерана Никита Гаврильевич Скрябин аатынан бирииһи туруорда сиэнэ Екатерина Скрябина, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Мария Андреевна Федорова, иитээччилэр Сусанна Гаврильевна Парфенова, Октябрина Николаевна Пестрякова, иитээччи көмөлөһөөччүлэринэн үлэлээбит Марфа Петровна Парфенова, Мотрена Петровна Андреева, Мотрена Ивановна Новгородова аатынан бирииһи кыыһа Мотрена Дьячковская туруорда. Күөн күрэс Дьүүллүүр Сүбэтигэр үлэлээтилэр Ольга Романовна Аржакова, Татьяна Егоровна Пономарева, Галина Михайловна Аммосова. Тэрээһин хамаандалар икки ардыларыгар интеллектуальнай күрэхтэһиинэн түмүктэннэ. 

Бары кыттыбыт, спонсордаабыт дьоммутугар, оҕолорбутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. 

 

20230522_211457.jpg

22.05.2023

Бүгүн нэһилиэкпитигэр оскуолабыт выпускниктара, төрөппүттэрэ "Быраһаай оскуолам" диэн ааттаах кэнсиэр көрдөрдүлэр. Олус сэргэх, долгутуулаах, сонун нүөмэрдэри элбэх көрөөччү дуоһуйан. дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр. Кэнсиэр быыһыгар төрөппүттэр күүстэринэн тэриллибит лотерея оонньонно, манна  сордоҥ балык, кус арааһа, барыанньалар уо.д.а сибиэһэй бородуукталар  оонньоннулар. Аны оҕолорбут иннилэригэр биир кэлим экзаменнар. Оҕолорбутугар ситиһиилэри баҕарабыт!


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ