Новости

IMG-20230404-WA0117.jpg

4.04.2023

Быйыл нэһилиэкпит Кытаанах диэн сурукка киирэн ааттанар буолбута 100, тумус туттар дьоммут ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин, саха народнай суруйааччыта Далан, художник, Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ А.П.Собакин төрөөбүттэрэ 95 сылларын көрсө нэһилиэкпитигэр араас тэрээһиннэр былааннаахтык ыытылла тураллар. Бүгүн, муус устар 4 күнүгэр "Сааскы оонньуулар" диэн ааттаах 3 нэһилиэк ветераннарын, пенсионердарын  спортивнай күрэхтэһиитэ 7 көрүҥҥэ буолан ааста. 

Сарсыарда "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтигэр Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгин спортсменнара, ыаллыы сытар Арыылаах ветераннара уонна биһиги нэһилиэкпит спортсменнара  муһуннулар, кинилэр сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан, сылаас чэйинэн айах тутуу кэнниттэн, күрэхтэһии үөрүүлээх парада саҕаланна. Эҕэрдэ тылы "Кытаанах нэһилиэгэ" МТ баһылыгын солбуйааччы Е.И.Скрябина, нэһилиэкпит ветераннарын Сэбиэтин председателэ М.П.Парфенова, Игидэй нэһилиэгин баһылыга  Е.А.Марков, Арыылаах нэһилиэгин ветераннарын Сэбиэтин председателэ В.Попова эттилэр.  Бары мустубут спорт ветераннарыгар, спортсменнарыгар анаан нэһилиэктэр музыкальнай эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Ол курдук Кытаанахтан Алексей Окоемов солота, Игидэйтэн баһылык Егор Марков кулууп директора Родион Эргичилин дуэттара, Арыылаахтан Валентина Попова солота дохсун ытыс тыаһынан арыалланнылар. 

Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Дмитрий Николаевич Макаров  күрэхтэһии балаһыанньатын билиһиннэрдэ, дьэ ол кэнниттэн 7 көрүҥүнэн күрэхтэһии ыытылынна. 

Волейболга, баскетбол мээчигини быраҕыыга  биһиги нэһилиэкпит спортсменнара инники күөҥҥэ таҕыстылар, салгын саатынан ытыыга Арыылаах 3, Кытаанах 2, Игидэй 1, теннискэ Кытаанах 3, Арыылаах 2, Игидэй 1, дуобакка Арыылаах 3, Кытаанах 2, Игидэй 1, саахымакка Арыылаах 3, Кытаанах 2, Игидэй 1, хайыһарга Кытаанах 1, Игидэй 2 миэстэ буоллулар. Онон уопсай түмүккэ 3 м Арыылаах, 2 м Кытаанах уонна кыайыы Кубогын илдьэ бардылар   Игидэй нэһилиэгин спортсменнара. 

Бүгүҥҥү күн кыайыылаахтарын наҕарадалааһыҥҥа Степан Прохоров  ырыатынан ветеран спортсменнары эҕэрдэлээтэ, Марфа Петровна бары спотсменнарга махтанан анал сувениры итиэннэ хамаандалар бэйэлэрэ олохтообут бириистэрин туттарда. 

Бу күрэхтэһиигэ кыттыбыт, нэһилиэкпит чиэһин көмүскээбит бары ветеран спортсменнарбытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит, күрэхтэһии тэрийээччилэригэр Марфа Петровнаҕа, Иван Петровичка, Алексей Николаевичка, оскуолабыт физруктарыгар Дмитрий Николаевичка, Петр Алексеевичка, оскуолабыт дьаһалтатыгар, буфет үлэһиттэригэр  барҕа махтал. Өссө да эдэрдии эрчиминээхтик иннигит диэки баран иһиҥ диэн алгыыбыт.  

IMG-20230403-WA0179.jpg

4.04.2023

Биһиги улууспутугар, муус устар 3-4-5 чыыһылатыгар СӨ культуратын, литературатын, искусствотын күннэрэ ыытылла тураллар. 

Культура үлэһиттэригэр, нэһилиэнньэҕэ анаан араас маастар- кылаастар, семинардар тэриллэн, хас биирдии үлэһит анал программанан көрөн, бэйэтигэр сөптөөх дьаһалларга сылдьаллар. Ол курдук библиотекарь Лена Александровна туох тэрээһиҥҥэ сылдьыбытын билсиҥ: 

Бэҕэһээ, муус устар 3 күнүгэр улуустааҕы киин бибилиотекаҕа "Чолбон" сурунаал редакцията, Чурапчы улууһун олохтоохтооругар, саха народнай суруйааччыта, Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата В.С. Яковлев - Далан олоҕор уонна айар үлэтигэр анаммыт  "Чолбон" өй күрэҕин ыыттылар. Оонньуу саҕаланыытыгар "Чолбон" сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, народнай суруйааччы Николай Лугинов тэрээһин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр, өй күрэҕин  редакция үлэһитэ Туйаара Степановна Павлова олус үчүгэйдик иилээн - саҕлаан ыытта. Дьүүллүүр Сүбэҕэ  Г.Андросов, , редакторы солбуйааччы Д.Н.Макеев үлэлээтилэр. Күрэххэ улууспут нэһилиэктэриттэн 4 киһилээх 5 хамаанда кытынна. Оонньуу 3 түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ Далан олоҕуттан, иккис, үһүс түһүмэхтэр кини айымньыларыттан ыйытыктар. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр Бастакы миэстэни Алаҕар, Бахсы, Мугудай, Төлөй  холбоһуктаах хамаандалара ылла. Иккис миэстэҕэ Чурапчы нэһилиэгиттэн Тоҕус томтор хамаанда таҕыста. Бу хамаандаҕа биһиги биир дойдулаахпыт Иван Петрович Пономарев элбэх очкону аҕалла. Үһүс бириистээх миэстэни Хадаар, Дириҥ, Хайахсыт, Чакыр холбоһуктаах "Эриликтэр" хамаандалара ылла. Кыайыылаахтарга сурунаал редакцията грамоталары, Далан "Дьылҕам миэнэ" кинигэтин, "Чолбон" сурунааллары туттардылар. 

Бу тэрээһиҥҥэ, Кытаанахтан олохтоох бэйиэт, Николай Федорович Смирников, Далан туһунан олус интэриэһинэй ахтыы оҥорон, суруйааччы суругун аҕалан көрдөрдө.   

Киэн туттар суруйааччыбыт туһунан элбэҕи, саҥаны билэн, астынан тарҕастыбыт. 

Салгыы "Айылгы" норуот айымньытын Дьиэтигэр суруйааччылардыын көрсүһүү буолла. Бу көрсүһүүгэ Далан 95 сааһынан кини олоҕун, айар үлэтин тула кэпсэтиһии, ырытыһыы буолла. Ол курдук биһиги Даламмыт бу орто дойду ытыллар олоҕун бары амтанын амсайбыт улуу киһибит туһунан, биир идэлээхтэрэ суруйааччылар кини олоҕун баарынан кэпсээн мустубут дьон бэл  тыыммакка да иһиттибит. Народнай суруйааччы Н.Лугинов, поэт, литератураны ырытааччы, народнай суруйааччы Сэмэн Тумат, эдэр поэт, публицист, "Чолбон" сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, прозаик, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, ыаллыы сытар Арыылаах нэһилиэгиттэн төрүттээх поэт Ольга Фролова - Янцен, Сардаана Корякина уонна Кытаанахтар күтүөппүт, суруйааччы Павел Федоров - Сомоҕо  Даланы бары өттүттэн бэрткэ сырдаттылар. Александра Иннокентьевна Бочкарева - Сууралдьыма хайдах Далан портретын суруйбутун, портрет суруйуу кистэлэҥнэрин кэпсээтэ. Ойуунускай аатынан литературнай музей сотруднига репрессия ыар тыына, буруйу сүгүү, онтон босхолонуу, туора көрүллүү, үҥсүү-харсыы Даланы олус кэбирэппитин уонна бу историяны өссө да үөрэтэр наадалааҕын тоһоҕолоото. 

 

Бу күн биһиги "Түһүлгэ" НАДь үлэһиттэрэ  хаартыска уонна видеомонтаж, культура тэрилтэтин официальнай сайтын хайдах үлэлэтэр тустарынан курстарга, семинарга сылдьан үөрэммиттэрин туһунан туоһу суруктары туттулар,  культура күнүн чэрчитинэн ыалдьыттыы кэлбит худуоһунньуктары сахалыы сиэринэн айах тутан көрүстүлэр.

Улууспутугар бүгүн сарсын олус туһалаах тэрээһиннэргэ нэһилиэкпит дьонун сылдьыҥ, көрүҥ диэн ыҥырабыт.  

IMG-20170420-WA0015.jpg

2.04.2023

Бүгүн, муус устар 2 күнүгэр, ыаллыы сытар Арыылаах нэһилиэгэр, аан бастаан оҕолорго республикатааҕы хайыһар күрэхтэһиитэ ыытылынна. Бу туһунан олус астынан, дуоһуйан СР үөрэҕириитин туйгуна, кынаттаах хайыһардьыт, билигин общественнай ноҕорууска быһыытынан, бэйэтэ ис сүрэҕиттэн оскуолабыт оҕолорун хайыһарга дьарыктыыр Алексей Николаевич Терютин кэпсээтэ:  

Оҕолорго республикатааҕы хайыһар күрэхтэһиитэ Саха АССР үтүөлээх тренерэ Иван Николаевич Попов уонна Арыылаах нэһилиэгин олохтооҕо, хайыһардьыт Гаврил Лукич Попов сырдык ааттарыгар тэрилиннэ. Тэрийээччилэр "Арыылаах нэһилиэгэ" МТ, Иван Николаевич ииппит - үөрэппит , такайбыт оҕолоро, бары бастыҥ спортсменнар, хайыһарга республика чиэһин Дальнай Востокка үгүстүк көмүскээбит, республика, улуус бастыҥ хаһыйардьыттара Николай Николаевич Попов, бырааттыы Аркадий, Ким Михайлович Тимофеевтар, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара Семен Семенович Морфунов, Иван Николаевич, Гаврил Лукич дьиэ-кэргэттэрэ. Тэрээһин олус үрдүк таһымнаах, Арыылаахтар сүрдээҕин бэлэмнэнэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тэрийбиттэрэ көстөр. Ас-үөл олох тиһигин быспакка спортсменнар, ыалдьыттар сылаас аһы аһаан күүспүтүгэр күүс эбилиннэ. 

Барыта 60- тан тахса оҕо кэлэн күрэхтэстилэр. Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн, Хатастан, Чурапчы улууһун Дириҥиттэн, Төлөйтөн, Мурун Тыымпыйаттан, Кытаанахтан, Арыылаахтан мустан күөн көрүстүлэр. Биһиги оскуолабыт оҕолоро бэйэлэрин дистанцияларыгар тахсыылаахтык сүүрдүлэр. Ол курдук Наина Владимирова, Слава Сивцев, Юля Ермолаева Бастакы миэстэ, убайдыы-балыстыы Күннэй, Ньургун Собакиннар иккис миэстэ буоланнар үөрүү өрөгөйүн биллилэр. Карина Колодезникова, Ванесса Борисова, Мичил Пономарев анал бирииһинэн наҕараадаланнылар. 

Күрэхтэһии таҥара дьиэтин аннынан ыытылынна. Хайыһар трассатын биһиги Игнатьев Иван Петровичпыт хаста да баран оҥорон, трасса сүүрэргэ олус үчүгэй диэн бары  күрэхтэһээччилэр ааттарыттан Иван Петровичка махтал тылларын, анал бирииһи тэрийээччилэр туттардылар. Кырдьык даҕаны бу күннэргэ олус тыалыран, тибии бөҕө буолан, хаар бөҕө түһэн сүрдээх элбэх үлэни көрүстэ Иван Петрович. Мин, күрэхтэһии кылаабынай судьуйатынан  үлэлээтим, барыта туох да мөккүөрэ суох олус холкутук, сымнаҕастык ааста диэн Арыылаахтарга тэрийээччилэргэ махтанабын. Биһиги оскуола массыынатынан айанныы сырыттыбыт, түгэнинэн туһанан оскуолабыт салалтатыгар махталбын тиэрдэбин. 

Эһиил, Иван Николаевич 90 сааһын көрсө, биһиэхэ, Кытаанахха улахан хайыһар күрэхтэһиитин тэрийиэн баҕарарын туһунан уола Дмитрий Иванович Попов эттэ. 

Ити курдук үчүгэй ситиһиилээх сонуннар кэлэ тураллар, бары спортсменнарбытыгар, тренердэргэ инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт

IMG-20220203-WA0079.jpg

1.04.2023

   Бүгүн, биир дойдулаахпыт, саха народнай суруйааччыта, Ойуунускай аатынан бириэмийэ лаурета Василий Семенович Яковлев - Далан төрөөбүтэ 95 сааһа. Кинилэр, биһиги нэһилиэкпитигэр Илин Чараҥынан, Быһыттааҕынан сайылык, кыстык оҥостон олорбуттар. 

 Далан "Кэриэн ымыйа" диэн кинигэтигэр суруйан турар.

Төрөөбүт дойду барахсан!

Ахсым, дохсун эдэр сааска киһи эйиигин ахтыбат идэлээх, балык уу дириҥин талаһарыныы, киһи үчүгэйгэ, интэриэһинэйгэ - олох оргуйар үөһүгэр тардыстар.

Онтон кырдьан сорсуйан, сылайан - элэйэн бардаххына саныыр санааҕар, түһүүр түүлгэр төрөөбүт түөлбэҥ киирэр буоллаҕа. Мин төрөөбүт - үөскээбит дойдум - Кытаанах нэһилиэгэ. Төрүт былыргы төрдүбүт Тыгын  күтүөтэ Батас Мөндүкээн эбитэ үһү. Нэһилиэкпитин кини улахан уолун Кытаанах Баллы аатынан нуучча казактара ааттаабыттар.

Дьэ ити курдук биһиги нэһилиэкпитигэр төрөөн -үөскээн, саха улуу суруйааччытыгар тиийэ үүммүт  эбит Далан.

Бүгүн Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ норуот айымньытын Дьиэтигэр Далан "Дьикти саас"  айымньытынан "Кынаттаах ыралар" диэн ааттаах наивнай искусство иккис дьарыга ыытылынна. Санаттахха бастакы дьарык биир дойдулаахпыт, художник, Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятеля Афанасий Петрович Собакин төрөөбүт,  кулун тутур 6 күнүгэр ыытыллыбыта. Онно Афанасий Петрович уруһуйун үтүктэн уруһуйдаабыппыт. Бүгүн арыыйда уустургурдан Далан "Дьикти саас"  айымньытын ааҕыыттан, ким хайдах ылынарынан үлэлээтилэр. 

Бары даҕаны астына, дуоһуйа үлэлээн, түмүккэ быыстапка оҥорон, Евдокия Тимофеевна ырытан, өссө даҕаны көрсүһүөх буолан үөрэ - көтө тарҕастылар. Түгэнинэн туһанан "Уран" нэһилиэкпит уран тарбахтаахтарбыт түмсүүлэрин салайааччытыгар Евдокия Тимофеевнаҕа тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит. Саҥа талааны арыйарга, хаһан даҕаны хойут буолбатаҕын бу дьарыкка көрүөххэ сөп. Былаан быһыытынан 3 дьарык  айылҕаҕа плэнер буолуохтаах.  

                                                х х х х х х 

Бүгүн, республикабытыгар Булчут күнэ. Бары байанайдаах булчуттарбытын бу күнүнэн эҕэрдэлиибит. Куруутун өттүк харалаах, байанайдаах буоларгытыгар баҕарабыт. 

Кулун тутар 29 күнүгэр, Чурапчыга улуустааҕы "Аҕа уонна уол" күрэҕэ ыытылынна. Манна биһиги нэһилиэктэн Иван Петрович уолунаан Ньургуннуун Собакиттар дьиэ - кэргэттэрэ кытыннылар. Салгыы кинилэр кэпсээннэрин истиэҕиҥ:

Быйыл 23 төгүлүн ыытыллыбыт муниципальнай сүүмэрдиир Аҕа күрэҕэр биһиги  иккис төгүлүн кытынныбыт. Күрэххэ уопсайа 11 хамаанда күөн көрүстэ. 5 Чурапчы ТОСтара, 6 нэһилиэк: Болтоҥо, Арыылаах, Мугудай, Хадаар, Одьулуун, Кытаанах. 

Күрэх 7 түһүмэхтээх: ойбон тэһии, уот оттуу, остуолбаҕа ыттыы, туут хайыһарынан сүүрүү, мас суорааһына, мас эрбээһинэ, мас хайытыыта. Ону таһынан хас биирдии хамаанда бэйэтин дьиэ-кэргэнин билиһиннэрэр визитка оҥордо, онно  туспа  сыана турбута. 

Биһиги уопсай түмүккэ 5 миэстэ буоллубут. Бастакы миэстэ Болтоҥоттон Кривошапкиннар дьиэ - кэргэн уонна 60 тыһ сууммалаах сертификатынан, итиэннэ республикатааҕы Аҕа күрэҕэр Чурапчы улууһун чиэһин көмүскүү бараллар. 

Иккис миэстэ Чурапчыттана Аммосовтар дьиэ - кэргэттэрэ, 40 тыһ сууммалаах сертификат, үһүс миэстэ Арыылаахтан Демьяновтар дьиэ- кэргэттэрэ 20 тыһ сууммалаах сертификатынан наҕараадаланнылар. 

Биһиги  визиткабытыгар Бастакы миэстэ ыламмыт үөрүүбүт муҥура суох. Хас биирдии кыттыбыт хамаандаҕа кыттыбыттарын туоһулуур сертификат уонна анал бириистэри туттардылар. 

Нэһилиэк дьонун- сэргэтин ааттарыттан Собакиттар дьиэ - кэргэттэрин, нэһилиэкпит аатын чиэстээхтик көмүскээбиккитигэр махтанабыт. Өссө даҕаны олоххо көхтөөх, чөл туруктаах, чэгиэн олохтоох буолуҥ диэн алгыыбыт. 

                                                    х х х х х х

Бэҕэһээ, о.э. кулун тутар 31 күнүгэр ыаллыы сытар Таатта улууһугар Харбалаах нэһилиэгэр 5 улуус коллекционердара көрүстүлэр. Бу туһунан нэһилиэкпит "Иэйии" коллекционердарын салайааччыта Екатерина Гаврильевна Андреева сонунун үллэһиннэ:

Таатта улууһун Харбалааҕар "Дьоһун дьарык" коллекционердар түмсүүлэрэ тэриллибитэ 10 сыллаах үбүлүөйдэрэ буолла. Уус-Алдантан, Амматтан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Чурапчыттан, Тааттаттан коллекционердар көрүстүбүт. Таатталар сахалыы сиэринэн алаадьынан айах тутан, сыт таһааран буруолатан көрүстүлэр. Эбиэккэ дылы арочнай залга быыстапка, атыы- тутуу, атастаһыы, конкурска бэлэмнээн аҕалбыт оҥоһуктары көрүү буолла. 

Алта көрүҥҥэ күрэхтэһии ыытылынна. Бары даҕаны эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Хоһоон айыыта, мунньунуу туһунан сырдатыы, илиинэн, оҕуруонан, айылҕа матырыйаалларыттан оҥоһуктар, иистэнии араастара киһини сөхөтөрөр үлэлэр. Дьон мунньунуутун көрөн киһи астынар, бииртэн биир араас мал- сал. Былыргы өбүгэ күндү малыттан саҕалаан араас барыта баар. 

Кытаанахтан "Иэйиилэр" үһүө буолан сырыттыбыт. Татьяна Григорьевна Потапова сиэнинээн Сахаайалыын мунньунуутун билиһиннэрбит дакылаата үһүс миэстэни ылла. Прасковья Владимировна Новгородова тиийээт тута хоһуйбут хоһоонунан иккис уонна "Дьикти дьарык мунньунуу" хоһоонунан Екатерина Гаврильевна Андреева маҥнайгы миэстэни ыламмыт үөрдүбүт - көттүбүт. 10 сыллаах үбүлүөй үрдүк таһымҥа ааста. Сайын сардааналаах кыыс Аммаҕа көрсүөх буолан тарҕастыбыт. 

Харбалаахха олорор биир дойдулаахпытын Варвара Алексеевна Парфенованы көрсөн, ирэ- хоро кэпсэтэн биир туспа үөрүү буолла. 

Бу күн коллекционердар бэйэлэрин мунньунууларыгар сонун экспонаттары атастаһан, атыылаһан, инникитин өссө айымньылаахтык үлэлииргэ былааннаан, тэрийээччилэргэ махтанан тарҕастылар.

 

 

Фото_куска_сааланыы (1).jpg

29.03.2023

Бу кыһын  нэһилиэк баһылыгын сыллааҕы үлэтин отчуотугар, нэһилиэкпит участковайа Тимофей Софронов кыттыыны ылбыта. Кини сүрүннээн бэрээдэк уонна булт саатын быраабылаларын туһунан олус өйдөнүмтүө гына быһааран кэпсээбитэ.

Сааскы кус сезона чугаһаабытынан, булчуттарга туһалаах буолуо диэн санааттан участковай кэпсээбитин таһаарабыт, болҕойон ааҕыҥ:

Бастатан сааны харайыы туһунан: сааны дьиэҕэ  вешалка иһигэр, дьыбаан анныгар мээнэ ууруллар кытаанахтык сокуонунан бобуллар. Сааны аналлаах сейфэҕэ чехоллаан, ботуруонун ороон ылан ууруллар. Дьиэҕитигэр саа бэрэбиэркэлээччи киирдэҕинэ, хаһаайын хайаан да көрдөрөр эбээһинэстээх, онтон сааны бэрэбиэркэлээччи участковай эрэ буолбакка росгвардия, полиция, охотинспектор  полномочиялаахтар.

Аны бултуу барарга бултка көҥүллээх  лицензиялаах киһигитин кытта хайаан да бииргэ барыахтааххыт. Лицензияҕа аата суруллубут киһи бултуу барар кэмҥэ суох буоллаҕына ыстарааптанаҕыт, бултуур көҥүлгүт быһыллар. Дэриэбинэ бүтэһик дьиэтиттэн 200 м тэйдин даҕаны бултуур сиринэн ааҕыллар. Онон бултуу бараргытыгар сааҕытын чехолга уган, лицензияҕытын, туох баар сааҕыт докумуонун, бэйэҕитин туоһулуур докумуоннаргытын илдьэ бараҕыт. Транспордаах барааччылар праваҕытын, транспоргыт докумуонун илдьэ сылдьаргыт эбэһээтилинэй. Булт сарсын көҥүллэнэригэр бүгүн саалаах барбаккыт, барар да буоллаххытына саата суох сылдьыахтааххыт. 

Саҥа Быраабыла сонун сүүрээннэрэ:

1. Булчут булт иниспиэктэрэ бэрэбиэркэҕэ диэн көрдөөтөҕүнэ, докумуоннарын уонна бултуур сэбин-сэбиргэлин хайаан даҕаны көрдөрүөхтээх, докумуонун барытын бэйэтин кытта илдьэ сылдьыахтаах. Сокуон кытаатыннарыы өттүгэр баран иһэрин умнумаҥ. Итэҕэһи буллахтарына – бултуур быраабыҥ быһыллыа турдаҕа. 

2. Хаһыа да буолан бөлөҕүнэн сылдьан бултуур буоллахха, хайаан даҕаны ыраахтан көстүмтүө чаҕылхай таҥас кэтиллиэхтээх. Холобур, дурдаҕа-сэһээккэҕэ олорор, куобах күрэҕэр сылдьар буоллахха. Онтон суох буоллаҕына ыстарааптанаҕын, бултуур көҥүлүн быһыллыан син.

Кыылы-сүөлү бултуурга туох бобулларый?  

 Мас көтөрүн бары көрүҥүн буулдьа саанан ытар бобуллар. Арай, кыра халыыбырдаах, холобур 5,6 калибрдаах “туоһапка” саанан ытыахха сөп. Харабыынынан ытар көҥүллэммэт.

 Бытархай кыылы -- куобаҕы, кииһи, тииҥи, кырынааһы, солоҥдону уонна нуорканы 5,7 мм халыыбыртан улахан буулдьа саанан, оттон сиэгэни уонна бэдэри 8 миллиметртэн улахан халыыбырдаах саанан ытар бобуллар.

 Ситэриилээх былаас боломуочуйалаах федеральнай уорганын кытта сөбүлэһиннэрэн, мас көтөрүттэн улары, хабдьыны уонна бочугураһы туһаҕынан бултуохха сөп.

Төрөппүттэр сокуоннай сааһын ситэ оҕолоргутун илдьэ бараргытыгар оскуола администрацияҕытыгар көҥүллэтии суругу суруйан, оҕолоргутугар сааны туттарбакка бултка илдьэ сылдьаҕыт. Атын киһи саатынан бултуур сокуонунан кытаанахтык бобуллар, тутуллар түгэҥҥитигэр саатын уларсыбыт киһи уонна ол саанан бултаабыт киһи көҥүлгүт уһун болдьоххо былдьанар. 

Ити курдук сокуон кытаанах, ол да буоллар сокуону тутуһан, сааскы куска эрэллээхтик сылдьар гына эрдэттэн ох курдук оҥостон бары ирдэбили, быраабыланы тутуһан бултуургутугар баҕарабыт!

Байанайгыт аргыстастын, өттүк хараланыҥ, илии тутуурданыҥ!

 

 

Screenshot_20230327-232554_Chrome.jpg

27.03.2023

Бүгүҥҥэттэн, о.э. кулун тутар 27 күнүттэн өрөспүүбүлүкэбит тэбэр сүрэҕэр Дьокуускайга СР муниципальнай тэриллиилэрин дьокутааттарын II съезтэрэ үлэтин саҕалаата. Бу съезкэ биһиги Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин директора Айталина Владимировна Пономарева  делегат буолан кыттыыны ыла сылдьар. Бүгүн дьокутааттар таһымнарын үрдэтэр "Депутат. Управление изменениями в современных реалиях" күнүскү үөрэх буолла. Ыҥырыылаах спикер, "Росатом" корпорация регионнары кытары үлэлэһэр департаменын регионнардааҕы бэлиитикэҕэ дириэктэрэ, коммуникация уонна медиа эйгэтин эспиэрэ, бэлиитикэ билимин хандьытаата Роман Скудняков истээччилэри дойдуга элбэх уларыйыы бара турар кэмигэр нэһилиэнньэни, электораты кытта хайдах үлэлииргэ үөрэттэ. Биһиги  салайааччыбыт Айталина бу үөрэххэ сылдьан санаатын үллэстибитин таһаарабыт.

Айталина Пономарева "Дойдубут туһугар биир сүбэнэн үлэлиэҕиҥ" 

Ахсыс сылын Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгин сэбиэтин дьокутаатынан талыллан үлэлиибин. Мин санаабар нэһилиэк дьокутаатын суолтата намтаан иһэр курдук. Төһө даҕаны нэһилиэк бүддьүөтүн тыырдарбыт, үөһэттэн кэлбит дьаһалларга уларытыыны киллэрэр кыахпыт суох. Нэһилиэк сирэ - уота, үүт таһыыта, күрүө, хотон тутуулара  курдук үбү харчыны эрэйэр кыһалҕа элбэх буоллаҕа. Биһиги дьокутааттар ону быһаарарга көмөлөһөн, дьон олоҕун чэпчэтэргэ кыһаллабыт.

Нэһилиэк бүддьүөтэ хаһан баҕарар кырыымчык буолар, онон тыырыы күчүмэҕэйдээх. Суолу оҥоруу, дьиэлэри ититии уонна тыа хаһаайыстыбатын кыһалҕалара биһиэхэ сытыытык тураллар. Чуолаан кэнники сылларга кураан ааҥнаан, оппут үчүгэйдик үүммэккэ, ороскуот улахан. 

Дьокутааттарга аналлаах үөрэххэ сылдьан, элбэх саҥаны биллим. Быйылгынан бүтэн хаалбакка, өссө да ыытылла турара буоллар диэн баҕа санаалаахпын уонна тэрийээччилэргэ олус махтанабын. Нэһилиэк дьокутааттарын маннык үөрэхтэргэ сылдьан үүнүҥ- сайдыҥ уонна биир сүбэнэн дойдубут туһугар ис сүрэхтэн кыһаллан үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырабын диэн эттэ Айталина Владимировна.  

IMG-20230325-WA0118.jpg

25.03.2023

Бүгүн, о.э. кулун тутар 25 күнүгэр Кытаанахха "Лоскуй" эбэҕэ улуустааҕы нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар спартакиада хайыһарга күрэхтэһиитэ буолла. Чурапчыттан, Хайахсыттан, Мындаҕаайыттан, Сылаҥтан, Чыаппараттан,Хатылыттан, Хадаартан, Чакыртан, Кытаанахтан, Бахсыттан, Арыылаахтан, Дириҥтэн, Төлөйтөн барыта 13 нэһилиэктэн  хайыһардьыттар кэлэн күөн көрүстүлэр. Эҕэрдэ тылы  улуустааҕы спорт салаатын салайаачччыта Дь.В.Егоров, "Кытаанах нэһилиэгэ" МТ олохтоох дьаһалтатын баһылыга Е.Н.Потапов эттилэр, баһылык  эр дьон дистанциятыгар бастаабыкка убаһа аныырын туһунан эттэ. Түмүккэ 13 м Бахсы, 12 м Төлөй, 11 м  Арыылаах, 10 м Дириҥ, 9 м Чурапчы, 8 м Мындаҕаайы, 7 м Хатылы, 6 м Чакыр, 5 м Сылаҥ, 4 м Хайахсыт.

3 м - Хадаар

2м - Чыаппара

1 м - Кытаанах хамаандалара  күрэхтэһии Кубогынан, мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. 

Бастаабыт хамаандаҕа улуустааҕы спорт салаата спортивнай инвентарь ыларга диэн 20 тыһ суумалаах сертификат туттарда, 2 миэстэҕэ улуустааҕы хайыһар федерацията 15 тыһ суумалаах сертификат, 3 миэстэҕэ Кытаанах нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата 10 тыһ суумалаах сертификат туттарда.

Биирдиилээн бастааһыҥҥа эр дьоҥҥо Иван Игнатьев бастаата  (Кытаанах) уонна Егор Николаевич  туруорбут убаһатын хаһаайынынан буолла, иккис Баишев Владик (Чыаппара), үһүс миэстэҕэ Алексей Терютин (Кытаанах) таҕыстылар. 

Дьахталларга биирдиилээн бастааһыҥҥа Мындаҕаайыттан Екатерина Павлова 1 м эрэллээхтик ылла, 2 миэстэ Хадаартан Арина Захарова, 3 миэстэҕэ Сылаҥтан Марианна Семенова пъедесталга  таҕыстылар.

Биһиги нэһилиэк кынаттаах хайыһардьыттарбытын үрдүк кыайыыгытынынан эҕэрдэлиибит, өссө даҕаны чэгиэн - чэбдик сылдьан кыайыы кынаттана туруҥ диэн алгыыбыт.

   Ити курдук сылын аайы ыытыллар хайыһарга нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы спартакиада түмүктэннэ. Хайыһардьыттар үөрүү көтөллөөх, эмиэ даҕаны кыайтарыы хомолтотун билэн, ол да буоллар төрөөбүт - үөскээбит  нэһилиэктэрин  туһугар кэлэн опыт ылан, дьону көрөн харахтара кэҥээн тарҕастылар. Күммүт даҕаны наһаа тыалырбакка, быыһыгар күннэнэн, былыттанан туран биэрдэ диибит.  

IMG-20230323-WA0014.jpg

23.03.2023

Кулун тутар 15-19 күнннэригэр "Айхаллан Чурапчы!" улуустааҕы уус- уран самодеятельноһы көрүү бэстибээлэ ыытылынна. Анал графигынан нэһилиэктэр бэстибээллэрин кэнсиэрдэрин көрдөрдүлэр. Биһиги нэһилиэкпит кулун тутар 19 күнүгэр киэһэ 19 чаастан "Кымыс иһиитин сиэрин- туомун" көмүскүүр быыстапкаттан саҕалаатыбыт. Ыытааччы Ольга Собакина, туом ыытааччы Ирина Макарова наһаа эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан ыыттылар. Манна, Зинаида Семеновна Андреева, Иван Федотович Максимов, баһылыкпыт Егор Николаевич туомҥа кыттыспыттара үрдүкү балл ыларбытыгар төһүү күүс буоллулар. Быыстапка ирдэбилинэн ынах, убаһа тириититтэн тигиллибит  аас тэллэх, 10 устуука 25 см чорооннор баар булуохтаахтара. Аас тэллэхпитин "Уран" уран тарбахтаахтарбыт түмсүүлэрэ (сал Е.Т.Миронова), тириини быһан бэлэмнээбит Сусанна Васильевна Лазарева, Марфа Петровна Парфенова, тириини тикпит иистэнньэҥ  ийэлэрбит Акулина Владимирова, Тамара Неустроева, Айталина Потапова, Анастасия Винокурова, Наталья Гоголева, Анисия Дьяконова, Ирина Макарова, Алексей Пономарев, Афанасий Анемподистов, Альбина Лугинова тигэн, бириэмэтигэр баар оҥорбуттара, чорооннорбутун Мурун Тыымпыйаҕа олорор биир дойдулаахпыт Иван Попов сакаастаан оҥортордубут.

Кэнсиэрбитин Кытаанахпыт нэһилиэгин төрүччүтүттэн саҕалаабыппыт көрөөччү да, Дьүүллүүр Сүбэ да биһирбилин ылла. Онтон программа быһыытынан нүөмэрдэрбитин көрдөрдүбүт. Хас биирдии кыттааччы олус кыһанан, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан  бэстибээл түмүгүнэн бэйэбит группабытыгар 2 миэстэ буоллубут. Бары кыттыбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар, түмсүүлэрбит, куруһуоктарбыт чилиэттэригэр, "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин аатыттан  барҕа махталбытын тиэрдэбит. бу бэстибээлгэ элбэх дьиэ- кэргэттэр, аҕам саастаах дьоммут кыттан сүргэбитин көтөхтүлэр. Түмүккэ Хомусчуттар бөлөхтөрө (салайааччы Варвара Турнина), быыстапкабыт, Л.Монгуш чабырҕаҕа, солота лауреат, "Дохсун" ВИА, Ольга Собакина пантомимата, Степан Прохоров солота дипломант үрдүк аатын ыллылар. "Чурапчы үлэ үөһүгэр" видеоролик күрэҕэ диэн туспа ирдэбил быһыытынан киирбитэ, бу видеорролик нэһилиэкпит сайдар историятын, үлэһит дьонун- сэргэтин 10 мүнүүтэ иһигэр кэпсиир ролигы библиотекарь Лена Александровна кыайа- хото тутан бэйэбит группабытыгар 5 балл ылан 1 миэстэ буолбуппут. Бу барыта түмүллэн уопсай түмүккэ 70 тыһ сууммалаах сертификатынан наҕараадаланныбыт. 

Кулун тутар 22 күнүгэр оройуоннааҕы "Айылгы" норуот айымньытын Дьиэтигэр кыайыылаахтары чиэстээһин, Галаҕа киирбит номердар кэнсиэрдэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Биһиги нэһилиэкпит хомусчуттара бу кэнсиэргэ кытыннылар. 

Бу күн күнүс "Айылгыга" Коворкинг кииҥҥэ бэстибээл туһунан кэпсэтии, ырытыһыы буолла. Кыттыыны ыллылар 2 бөлөх Дьүүллүүр Сүбэлэрэ, нэһилиэк кулууптарын директордара, уус-уран салайааччылара. Инникитин өссө хайдах кэнсиэри ыытыахха сөбүн, репертуар, толоруу маастарыстыбатын, быыстапка туһунан уоттаах-күөстээх тыллар этилиннилэр. 

Бэстибээл диэн бу кулууп эрэ үлэһиттэрин үлэтэ буолбакка нэһилиэк бүттүүн түмсүүтүн, баһылык үлэтин көрдөрөр улахан хамсааһын буолара өссө биирдэ тоһоҕолоон этилиннэ.

Түмүккэ 2-с бөлөххө Төлөй 1м 100 тыһ, Кытаанах 2м 70 тыһ, Арыылаах 3 м 60 тыһ буолан үөрүү өрөгөйүн биллибит. 

IMG-20230316-WA0026.jpg

16.03.2023

Саха литературатын төрүттээбит, уһулуччулаах суруйааччы Алексей Елисеевич Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй суруйааччы быһыытынан революция иннинэ саха дьахтарын олоҕун, кини уобараһын бастакынан уустаан - ураннаан суруйбут уратылаах маастар бүгүн төрөөбүт күнэ. Бу күн республикабыт үрдүнэн "Өксөкүлээх сардаҥат" диэн акция бара турар. Биһиги "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ бу акцияҕа кыттыһан улуу суруйааччы хаартыскатын ууран, чүмэчи уматан кыттыстыбыт. 

А.Кулаковскай "Саха дьахталларын  сэттэ мэтириэттэрэ" диэн айымньытын 1904 сыллаахха суруйбута. Бу айымньытыгар дьахтар олоҕун араас өттүттэн көрөн, кини майгытын- сигилитин, олоххо көрүүтүн, кыһалҕатын өйүн - санаатын уу харахха суруйан хаалларбыта күн бүгүҥҥэ диэри биир бастыҥ айымньы буола сылдьара да туоһулуур. Манна бэйэ- бйэлэригэр майгыннаспат, хатыламмат дьахталлар көстөллөр. Ол да буоллар кинилэри биир ситимниир - көҥүл бырааптара суох. Суруйааччы норуотун үөрэтэ- такайа сатыыра, сайдыыга ыҥырара бу поэматыгар ырылыччы көстөр. Бу ураты айымньы. Кини тыла - өһө, ис хоһооно сахабыт тыла кэрэтин., баайын толору көрдөрөр. Улуу Өксөкүлээх тыла - өһө сүппэт.

IMG-20220203-WA0079.jpg

12.03.2023

Биһиги нэһилиэкпит олохтооҕо, кынаттаах хайыһардьыт, Эбээ, Ийэ, иистэнньэҥ, оҕуруоччут, 78 - с хаарыгар үктэммит Зинаида Семеновна Андреева олорор. Кини биһиги нэһилиэкпитигэр эрэ буолбакка, улууска, республикаҕа бэйэтин саастыылаахтарыгар киэҥник биллэр спортсменка- хайыһарынан, атаҕынан сүүрэр, республикатааҕы "Чысхаан" хайыһардьыттар түмсүүлэрин чилиэнэ. Ааспыт ыйга "Чысхааннар" соҕуруу ветераннарга ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы хайыһар күрэхтэһиитигэр баран кыттан кэллилэр. Дьэ бу туһунан кэпсииригэр Зинаида Семеновнаттан көрдөстүбүт.

Олунньу 16 -27 күннэригэр Челябинскай уобалас Златоуст куоратыгар норуоттар икки ардыларынааҕы хайыһар күрэхтэһиитигэр Саха сирин ветераннара, эдэр хайыһардьыттар 25 киһи баран кыттан, миэстэлэһэн кэллибит. Барыта 41 регионтан 500-чэкэ спорт ветераннара кытыннылар, ол иһиттэн Чурапчыттан 4 киһи. Мындаҕаайыттан Екатерина Павлова, Хайахсыттан Николай Оконешников, Кытаанахтан Николай Захаров уонна мин. Ветераннар 3, 5, 7 км сүүрдүбүт, эстафетаҕа 3-түү км 4 киһи буолан сүүрэммит биһиги республикабыт "Чысхаан" хамаандата 2 миэстэ буолан мэтээлинэн наҕараадаланныбыт. Саамай кырдьаҕас спортсмеммыт 13 группаҕа Дьокуускайтан 85 саастаах Степан Михайлович Абрамов бэйэтин дистанциятыгар 3 төгүл чемпион үрдүк аатын ылан, барыбытыгар холобур буолла. 

Күрэхтэһии тэрээһинэ олус үрдүк таһымнаах, спортсменнар "Металлург" диэн улахан гостиницаҕа түһэ сырыттыбыт. Күн аайы 4 аһаталлар, биһиги хоспутугар 6 буолан түстүбүт. Айаммытыгар кыра ыарахаттары көрүстүбүт, ол курдук  күн-дьыл туруга мөлтөөн Дьокуускайтан самолеппут көппөккө, салгыы көтүөхтээх самолеппутун куоттаран, поеһынан айаннаабыппыт, ол да буоллар аан бастаан поездка олорон хата биһи үөрдүбүт. Биһиги нэһилиэк кыыһа, билигин  Намҥа педколледж преподователэ Дария Соловьева күрэхтэһэ тиийбитин көрсүбүппүт. Уопсай түмүккэ Саха сирин хамаандата 6 миэстэ буолан сыалбытын ситтибит диэн үөрдүбүт. Биэс сыл аннараа өттүгэр көрсүбүт нуучча спортсменнара биһигини көрөн билэн үөрүү бөҕөлөр. Күрэхтэһэр күннэрбит тухары погода наһаа тыаллаах, былыттаах, хаардаах сүүрэргэ соччото суох, ол да буоллар усулуобуйа барыбытыгар биир буоллаҕа дии.

Аны бу аҕыйах хонугунан Тулунанан, Чыаппаранан күрэхтэһиигэ бараары бэлэмнэнэбит, Арыылаахха, манна бэйэбитигэр эмиэ күрэхтэһии буолуохтаах. 

диэн Зинаида Семеновна сонунун үллэһиннэ. Кэпсээтэҕин аайы хараҕа уоттанан, инникигэ өссө кынаттанан, эдэрдии эрчимнээхтик чэпчэкитин ойон туран үөрэ-көтө дьиэлээтэ. 

Дьэ ити курдук нэһилиэкпитигэр араас интэриэстээх, дьарыктаах дьон олороллор, ситиһиилэрин ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбакка,  сахалыы сэмэйдик  үллэстэн, салгыы сыалларын ситиһэ туруналлар. 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ