Новости
12.10.2022
Бэҕэһээ, алтынньы 12 күнүгэр нэһилиэкпитигэр улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын начальнигын солбуйааччы Старостин Прокопий Иннокентьевич уонна специалист Макарова Мария Нюргустановна кэлэн улуус, нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын, кэлээри турар кыстык туһунан кэпсэтиһэн бардылар.
Прокопий Иннокентьевич билиһиннэрбитинэн быйылгы былаан улуус үрдүнэн от 30906 т, 190т сиилэс, 800 сенаж бэлэмнэниэхтээх эбит, прогноз 95%, мобильнай биригээдэлэр 1015 т от. Миэстэтигэр туолла 20800т ол 79% тэҥнэстэ. Бу аҕыйах хонуктааҕыта от хампаанньата бүппүт. Улууска ордук үчүгэйдик Мырыла 106%, Хатылы 210%, Болтоҥо 101%, Мугудай 230% оттообуттар. Орто баайыылаахтар Кытаанах 76%, Арыылаах 70%, намыһах көрдөрүүлээхтэр Төлөй 64%, Одьулуун 64%, Сылаҥ 65%, Хопто5о 64%. Мобильнай биригээдэлэр Хатылы,Мырыла, Амма уҥуор, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ- Хаҥалас сирдэригэр оттообуттар. 10963 т бэлэмнээбиттэр. От 1 тонната 1000 солк буолар, 35 хаһааыстыбаҕа 5мөл998тыһ солк түҥэтиллибит, иккис отбор эмиэ төлөнүө. Бэс ыйыгар ардах түспэккэ зондированиҕа сакаас түһэрбиттэр да сиирэ халты ытыалаан сөҥүү түспэтэ, онон от, бурдук үүммэтэ. Мырылаҕа 25 т, Мындаҕаайыга 100 т күөх ыһыы 1600 гектарга ыһыллан 1900т сиилэс, 800 сенаж бэлэмнэниллэн 100% туолла. Мында5аайыга Д.Д.Павлов 31 гектартан 180т хортуоска хостоото. Эбии аһылыкка Якутопторг АО кытта сөбүлэҥ түһэрсэн 8 улууска, о.и. Чурапчыга 1331 т 45% чэпэтиилээх эбии аһылык кэлэрэ күүтүллэр.
Комбикорма -500т, эбиэс 400т уо.д.а. эбии аһылыктар кэлиэхтэрэ.
Мария Нюргустановна:
Быйылгы кыстыкка тохсунньу 1 күнүгэр 2023 сылга 18755 сүөһү, 86тыһ сылгы улуус үрдүнэн баар буолуохтаах. , о.и. Кытаанахха 864 сүөһү о.и. 320 ыанар ынах, 943 сылгы инвентарынан баар буолуохтаах. Ынах, сылгы ахсаана сыллата кыччыыр. ол курдук улууска кулун деловой тахсыыта 41% тэҥнэстэ.
Сир үлэтигэр бэйэ сиэмэтин оҥорон таһаарыы бырайыагар Мындаҕаайыга 4 учуонай үлэлээтэ. 2023-2026 сылларга кылгас пилотнай проект көмүскүүргэ 300 мөл суумалаах проект оҥордулар. Проегы Правительство сэҥээрдэ. Бу бырайыакка аһыҥканы эмтээһин, дулҕа, талах быһыыта, күрүө тутуута, араас комбайннар, техникалар атыылаһыылара киирдилэр.
Үүтү ыаһыҥҥа быйыл 10 хаһаайыстыба 20 солк, чааһынайдар 1000 тахса хаһаайыстыба туттардылар.
Быйыл күһүн эти туттарыыга СХПК-ны кытта кэпсэтэн,бойняҕа услугаҕа сүөһү өлөртөрүөххүтүн сөп. Оччоҕо эккит бэчээттэнэр, рынокка, дьоҥҥо атыылыырга табыгастаах буолар. Эт сыанатын СХПК правленията быһаарар, билигин мунньахтыы иликтэр.
Кытаанахха 90 сүөһү, о.и. 20 ыанньык ынах, 100 сылгы быйыл көҕүрүүр диэн прогноз баар.
Быйылгы кыстыкка субсидиялаах 400т эбиэс, 500т комбикорма, аан бастаан быйыл 431 т гранулированнай от түҥэтиллиэхтээх. Бу гранулированнай оту 1 кг окко 3 кг ууну куттахха үллэр, күп-күөх дьүһүннээх, араас элбэх туһалаах битэмииннэрдээх, олус үчүгэй хаачыстыбалаах буолар эбит. Эһиэхэ 23 т эбиэс, 22 т комбикорма, 24 т гранулированнай от кэлэрэ былааннанар. Комбикорма 1 куула -965,60 харчы, субсидията 45% ,о.э. 465 субсидия, эһиги 531 солк төлүүгүт. Специалисткыт ким төһө сүөһү, сылгы иитэрин хас биирдии ыалынан ааҕыаҕа, онон түҥэтиллиэҕэ.
Быйыл кытаанахтар үүт ыаһыныгар мөлтөх көрдөрүүлээххит былырыын 178 т ыабыт буоллаххытына, бу сайын 128 т 9 ыйынан ыатыгыт. Ол 50 т итэҕэс.
Отторо тиийбэт ыаллар хас окко наадыйаргытын специалискытыгар биллэрэҕит, быйыл от 1 т 8000 солк буолар.
Боппуруостарга эппиэт.
-Быйыл ыанар ынахха 35 т ылбыттар тохсунньу 1 күнүгэр 2023 сылга отчуоттуугут. Отчуокка ГСМ о.э. сэлээркэ (бензин киирбэт), от, комбикорма атыыласпыт чектэргит, ветуслуга киирэллэр. Техника, запчаас атыыласпыккыт аахсыллыбат, отчуоттаммат. Маны таһынан хас ыанар ынаххыт ахсаанынан баар буолуохтаах.
- Хатылы, Одьулуун сүөһүлэрэ вакцинация бардылар уонна бу күһүн бэстилиэнэй сүөһү, бу нэһилиэктэргэ хотоҥҥо киирэн турдахтарына эрэ карантин сабыллар. Эти атыылааһын булгуччу бобуллар, бу нэһилиэктэргэ.
Дьон санаатын эттэ.
Ветеринар хайаан да кэлиэн наада, 35 тыһ отчуоттуурга бензини, техниканы атыылаһыыны киллэриэххэ, бу туһунан Правительство отчуотугар этиэхпит дэстилэр.
Ити курдук сүрдээх киһиэхэ тиийимтиэтик улуус тыаҕа хаһаайыстыбатын үлэтин билиһннэрдилэр, араас боппуруостарга эппиэттээтилэр.
11.10.2022
Алтынньы 11 күнэ - Аан дойдутааҕы кыргыттар күннэрэ. Бу кэрэ бырааһынньыкка аналлаах дьаһалга, оскуолабыт алын сүһүөх кыргыттарыгар "Девочки такие девочки" иитэр- аралдьытар чаас буолла. Кыргыттар бу күн туохха анаммытын, бырааптарын, эбээһинэстэрин, дьиэлэригэр, төрөппүттэригэр көмөлөһөллөрүн, оскуола, үөрэх туһунан санаа үллэстэн кэпсэтиигэ кытыннылар.
Бииргэ үөрэнэр, дьүөгэлэһэр кыргыттарын тустарынан үчүгэйдик билэллэрин, кинилэр ким туохха дьоҕурдааҕынан, талааннааҕынан "Саамай-саамай" диэн мэтээлинэн бэлиэтэннилэр. Кэлбит кыргыттар бары үөрэ - көтө мэтээл ылан "Медалистар" конкурстарыгар хамаандаҕа арахсан кытыннылар. Ас да киэргэттилэр, кукла да таҥыннардылар, тик-ток да үҥкүүтүн толордулар.
Онтон орто бөлөх кылаас кыргыттара "Саха кыыһа- Саха сирин төһө билэҕин?" интеллектуальнай оонньууга кытыннылар. Түмүккэ Саина Борисова капитаннаах "Краш" хамаанда кыайыылааҕынан тахсан "Добун суругунан" наҕараадаланна. Кыргыттар төрөөбүт республикаларын историятын, улууспут, нэһилиэкпит дьонун, ыччатын туһунан саҥаны биллилэр, эмиэ даҕаны уустук ыйытыыларга хоруйдаабакка кыһыйан ыллылар.Оонньуу арыйыытынан 5 кылаас үөрэнээччитэ Алтаана буолла. Кини иҥнэн- толлон турбакка бэйэтин билиитин үллэһиннэ, хамаанданан ыйытык бэрсиигэ үөйбэтэх өттүттэн боппуруос биэрэн соһуталаата.
5.10.2022
Алтынньы 1 күнэ - Аҕам саастаахтарга ананар. Бу күҥҥэ аналлаах декадаҕа биһиги нэһилиэкпитигэр олорор аҕам саастаах дьоммутугар араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук олохтоох балыыһа үлэһиттэрэ дьиэлэринэн сылдьан кырдьаҕастар доруобуйаларын көрдүлэр, оскуола үөрэнээччилэрэ тимуровскай үлэҕэ сырыттылар. Бэҕэһээ, алтынньы 5 күнүгэр, 75 үөһэ саастаах дьоммутугар тэрилтэлэр коллективтара эҕэрдэлээн, продуктанан бэлэх оҥордулар, иккис кылаас үөрэнээччилэрэ ырыанан, оскуолабыт Айтал Монастырев салайааччылаах Оҕо Парламенын чилиэттэрэ, олохтоох дьаһалта эҕэрдэлээтилэр. Онтон биэчэр иккис чааһыгар 55 үөһэ саастаахтарга волейболга, лотоҕа, хабылыкка, уҥуох бырыаыытыгар күрэхтэһии сүрдээх тыҥааһыннаахтык ыытылынна. Түмүккэ волейболга Иван Игнатьев хамаандата бастакы, Алексей Терютин хамаандата иккис миэстэлэри ылан үөрүүлэрэ үксээтэ. Уҥуох быраҕыытыгар Наталия Игнатьева эрэллээхтик муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста. Хабылыкка Анна Терютина иннигэр кими да түһэрбэтэ.
Бүгүн, декаданы түмүктүүр күҥҥэ, пенсионердарга, олохтоох дьаһалта умнуллубат күнү бэлэхтээтэ. Ол курдук Чурапчы интернат - оскуолатыгар турар, биир дойдулаахпыт улуу тренер Д.П.Коркин аатынан спортивнай, Өндөрүүскэ Саабын аатынан Чурапчытааҕы уонна Хатылытааҕы Көһөрүллүү түмэллэригэр экскурсия, "Алаас" банкетнай саалатыгар эбиэт тэрийэн дьоммут санаалара көтөҕүллэн, үөрэн- көтөн кэллилэр.
17.09.2022
Хоту күүс өттүнэн көһөрүллүү 80 сылыгар анаан, "Эргиллиэм эйиэхэ Чурапчы чараҥа" хоһоон ис хоһоонунан, улуустааҕы уруһуй күрэҕэ, бүгүн балаҕан ыйын 17 күнүгэр Кытаанахха ыытылынна. Дириҥнээҕи Посельская аатынан оҕо искусствотын, Чурапчытааҕы оҕо искусствотын, Арыылаах, Төлөй, Одьулуун, Кытаанах орто оскуолаларыттан уонна биирдиилээн дьонтон, барыта 36 үлэ киирэн, Дьүүллүүр Сүбэ сыаналаата.
Бу улуустааҕы уруһуй күрэҕин Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ, улуустааҕы А.П.Мунхалов аатынан хартыына галереята, Кытаанахтааҕы тыа сирин модельнай библиотеката, Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын "Эдэр худуоһунньук" оҕо образцовай куруһуога тэрийдилэр. Кылгастык "Эргиллиэм эйиэхэ Чурапчым чараҥа" хоһоон туһунан билиһиннэрэбит. Бу хоһоон ааптара Кытаанах нэһилиэгин олохтооҕо, РФ үөрэҕириитин, СР физическэй культураҕа уонна спортка туйгуннара Николай Федорович Смирников - Николай Төлөөйүскэй. Кини 1989 сыллааха суруйбут хоһоонугар мелодист Федор Гоголев ырыа айбыта. Онон бу ырыа хас күһүн аайы, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, хоту көһөрүллүүгэ барбыт дьоммутун кэриэстиир миитиннэ уостан түспэккэ ылланар буолла. Бу хоһоон айыллыбыта быйыл 33 сылын туолла. Улуустааҕы культура салаата (сал Д.Д.Попов) хоһоон ааптарыгар махтанан Бочуотунай Грамотанан, түөскэ анньылар үрүҥ көмүс бэлиэнэн наҕараадалаата.
Бүгүҥҥү уруһуй күрэҕин кыайыылаахтара:
13-14 саастаах бөлөх:
Үһүс миэстэ - Нарыйаана Федорова(Чурапчы)
Иккис миэстэ - Айыына Алексеева (Төлөй)
Бастакы миэстэ - Виталина Дьячковская (Кытаанах)
15-18 саастаах бөлөх
Үһүс миэстэ - Карина Тимофеева (Кытаанах)
Иккис миэстэ - Юлия Васильева (Кытаанах)
Бастакы миэстэ - Света Пинигина (Кытаанах)
35 үөһэ саастаах бөлөххө
Үһүс миэстэ - Татьяна Сокольникова (Чурапчы)
Иккис миэстэ - Галина Максимова (Төлөй)
Бастакы миэстэ - Евдокия Миронова (Кытаанах)
Николай Төлөөйүскэй анал бирииһин тутта Сайаана Борисова (Кытаанах)
А.П.Мунхалов аатынан хартыына галереятын анал бирииһин тутта Туйгуна Григорьева (Одьулуун)
Бары кыттааччыларга сертификат уонна кэрэни кэрэхсии, тарҕата, өйүү- өйдүү, айа - тута сылдьаргытыгар баҕарабыт.
Дириҥ махталбытын тиэрдэбит спонсордарбытыгар Н. Төлөөйүскэйгэ, А.П.Мунхалов аатынан хартыына галереятыгар (сал С.Д.Дьячковская), Кытаанахтааҕы олохтоох дьаһалтаҕа (баһылык Е.Н.Потапов), Далан аатынан Кытаанахтааҕы орто оскуолаҕа (директор В.М.Яковлев)
15.09.2022
Хоту көһөрүллүү 80 сылыгар аналлаах Кытаанах нэһилиэгэр ыытыллар “Кэриэстэбил” декадатын
Программата
Балаҕан ыйын 12 күнэ
“Кэриэстиибит, Сүгүрүйэбит, Киэн туттабыт!” оскуола үөрэнээччилэригэр кылаас чаастара
Балаҕан ыйын 15 күнэ
15ч00 м “Өлүү быалаах, сор суоллаах дьылҕалар” хоту көһөрүллүү кыттыылаахтарын оҕолоро кэпсииллэр. Анал таһаарыыны http://kytanax-tyhylge.ru/news “Түһүлгэ” НАДь сайтыгар көрүҥ
Балаҕан ыйын 16 күнэ
15ч00м “История чахчыта көлүөнэттэн - көлүөнэҕэ” үөрэнээччилэргэ НПК
Балаҕан ыйын 17 күнэ
14 чаастан – “Чурапчы алдьархайа” кэриэстэбил миитинэ. Хоту көһөрүллүүгэ аналлаах сквер
14ч 30м – Далан аатынан оскуола, спортсаалатыгар
- “Эргиллиэм эйиэхэ Чурапчым чараҥа” – улуустааҕы уруһуй күрэҕин быыстапкатын галереята
- “Иэдээн эҥэрдээх көһөрүллүү” театрализованнай дьүһүйүү
- “Сут кураан, уот- сэрии, көһөрүү...” саҥа тахсыбыт кинигэ биһирэмэ
20ч00м – “Эргиллиэм эйиэхэ Чурапчым чараҥа” улуустааҕы уруһуй күрэҕин түмүгэ http://kytanax-tyhylge.ru/news “Түһүлгэ” НАДь сайтыгар билсиҥ
Балаҕан ыйын 19 күнэ
10ч 00м- “Оспот баас”- хоту көһөрүллүүгэ аналлаах музыкальнай радиотаһаарыы
12ч00м - “Тыйыс дьылҕа ” сэһэн- киинэ. Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын үөрэнээччилэрин, Кытаанахтааҕы тыа сирин модельнай библиотекатын бырайыактара. http://kytanax-tyhylge.ru/news “Түһүлгэ” НАДь сайтыгар көрүҥ
20ч00м- “Ким да умнуллубат, тух да умнуллубат!” Сквергэ ким баҕалааҕы дьоммутун кэриэстээн Чүмэчи ууруутугар ыҥырабыт
Ө
6.09.2022
Кытаанах нэһилиэгин олохтооҕо,
РФ үөрэҕириитин, СР физическэй культураҕа уонна спортка туйгуннара
хоһоонньут НиколайФедорович Смирников – Николай Төлөөйүскэй
“Эргиллиэм эйиэхэ Чурапчы чараҥа”
ырыа буолбут хоһоонугар
улуустааҕы уруһуй күрэҕин
БАЛАҺЫАННЬАТА
Тэрийээччилэр:
Кытаанахтааҕы “Түһүлгэ” норуот айымньытын Дьиэтэ, улуустааҕы Мунхалов аатынан хартыына галерея, Кытаанахтааҕы тыа сирин модельнай библиотеката, Кытаанахтааҕы В.С.Яковлев – Далан аатынан орто оскуола “Эдэр худуоһунньук” уруһуй образцовай куруһуога
Ыытыллар кэмэ:
Балаҕан 15 күнүгэр диэри
Сыала – соруга:
- Хоту күүс өртүнэн көһөрүллүү 80 сылын көрсө, “Эргиллиэм эйиэхэ Чурапчым чараҥа” хоһоону, уруһуй нөҥүө үүнэр көлүөнэҕэ, бар дьоҥҥо тиэрдии
- Саҥа талааннары арыйыы
Ирдэниллэр:
- “Эргиллиэм эйиэхэ Чурапчым чараҥа” ырыа буолбут айымньыны ис хоһоонунан уруһуйдуугут.
- Уруһуй формата – А3, талбыт материал, паспарту ирдэнэр, толору ааккытын, хантан кыттаргытын, сааскытын суруйаҕыт
- Үлэлэргитин “Айылгы” норуот айымньытын Дьиэтин Мунхалов аатынан хартыына галереятыгар балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри тиэрдэҕит.
Кыттааччылар саастара:
13 саас- 18саас – оскуола оҕолоро
18 саас – 35 саас – ыччат
35 саастан үөһэ саастаахтар
- Хас биирдии кыттааччыттан усунуос : оскуола үөрэнээччилэрэ 50 солк, улахаттарга 100 солк. Усунуоскутун уонна төлөөбүт чеккитин 89627359918 Любовь Николаевна М мобильнай банк уонна ватсапка ыытаҕыт.
Наҕараадалааһын:
Кыайыылаахтарга бөлөх аайы 3 миэстэ тахсар, хоһоон ааптара Николай Төлөөйүскэй, Мунхалов аатынан хартыына галереятын анал бириистэрэ.
Түмүк балаҕан ыйын 17 күнүгэр киэһэ 20ч00м kytanax-tyhylge.ru сайтка тахсыаҕа
Сыһыарыы№1
уруһуй күрэҕин
балаһыанньата
Эргиллиэм эйиэхэ Чурапчы чараҥа
Николай Төлөөйүскэй тыллара
Федор Гоголев мелодията
Сут –кураан, уот – сэрии сатыылаан түстүлэр
Бар дьоммун тус хоту көһүүгэ үүрдүлэр
Сайыһа хаалбыта чурапчым чараҥа
Күөрэгэй ыллаабыт алааһым кырдала
Хос ырыата
Чурапчым күөх намчы хатыҥнаах чараҥа
Эргиллиэм эйиэхэ кэтэһээр хайаан да
Күөх лабаа анныгар сиккиэрин суугунуур
Үйэлэр тухары олоҕу уруйдуу
Хатыҥнаах чараҥтан Чурапчы буоруттан
Төрөөбүт дойдуттан өр тэйбит аһыыттан
Ыар уһун айантан өксүөннээх тымныыттан
Хас киһим, хас ыалым өлүү сор суолланна
Чурапчым күөх намчы хатыҥнаах чараҥа
Эйиэхэ эргиллэр кыаллыбат буолла дуу
Аччыктаан хоргуйан мин хааллым бу манна
Быдан өр дьылларга бырастыы быраһаай
Уот сэрии, сут – кураан олоҕу кыайбыттар
Ол ону туоһулаан күөх лабаа тыллыаҕа
Олоххо тапталы дьулууру санатан
Сааскы күн кырдалга күөрэгэй ыллыаҕа
2.09.2022
Чурапчы сэлиэнньэтин "Айыллаан" культурнай киинэ быйылгы сылга "Киносинтез" диэн ааттаах бастакы тыа сирин ыччатын киинэфестивалын тэрийэн ыытта. Бу киинэфестиваль олунньу ыйтан саҕаланан, атырдьах ыйыгар түмүктэннэ. Биһиги "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин уус-уран салайааччыта Агафья Барашкова салайааччылаах "Классный класс" 8 кылаас үөрэнээччилэрин хамаандата бу киинэфестивальга хара саҕаланыаҕыттан кытыннылар. ол курдук олунньуга "Айыллааҥҥа" киирэн бырайыагы билсэн, республикаҕа биллэр - көстөр ыччат артыыстары кытта көрсөн, санаа атастаһан кэлбиттэрэ. Ыччат кутун туппут Өттүк Леха Зинатынаан кэлэн бэйэлэрин опыттарыттан кэпсээн, оҕолор ыйытыктарыгар хоруйдаан, киинэ устуутугар, оҥоһуутугар сүбэ- ама биэрбиттэрэ. "Айыллаан" коллектива хас биирдии хамаандаҕа куратордары анаабыттара. Биһиги оҕолорбут куратордарынан "Айыллаан" уус-уран салайааччыта Иннокентий Поисеев анаммыта. Бастакы сорудахтара социальнай ролик устуута буолбута. Иккиһинэн уус-уран эбэтэр документальнай киинэ. "Классный класс" студия уонна "Түһүлгэ" кыттыһаммыт сорудахтары толорон ыыппыппыт, итини таһынан киинэҕэ, роликка тизердар, сценарийдар, афиша
Түмүккэ атырдьах ыйын 27 күнүгэр "Айыллаҥҥа" түмсэн киинэ артыыстарын кытта көрүстүлэр Валентина Романова - Чыскыырай, Өттүк Леха, Моисей Кобяков, Игорь Говоров санаа атастаһан, практическай көмө ылан оҕолор харахтара кэҥээн, өйдөрө- санаалара эбилиннэ. Онтон дьэ кэтэһиилээх, кыайыылаахтары биллэрэр долгутуулаах чаас, Барахсанов аатынан сынньалаҥ пааркатыгар ыытылынна. Биһиги "Классный класс" хамаандабыт киинэфестиваль Эрэлэ диэн ааты ыллылар уонна 50 тыһыынча сууммалаах сертификатынан наҕараадаланнылар. Бастакы миэстэни Хоптоҕолор 150 тыһ сертификат, Чакырдар 3 номинацияҕа 150 тыһ сертификат, хатылылар, гимназиялар анал номинацияларынан наҕараадаланнылар.
"Классный класс"хамаандабыт оҕолорун, 8 кылаас үөрэнээччилэрин, салайааччы Агафья Барашкованы үрдүк ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит, саҥа үөрэх дьылыгар үгүс ситиһиилэри, саҥа саҕахтары баҕарабыт
2.09.2022
Бу дьыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр Жатайга республикаҕа аан бастаан ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы "Грани таланта" диэн ааттаах конкурс фестиваль буолан ааста. Тэрийээччилэринэн "Мир на ладони" диэн культура уонна үөрэхтээһин сайдыытын өйүүр фонда, үгүс өрүттээх ООО "Пилигрим", салайааччы, конкурс - фестиваль директора Чиркова Наталья Борисовна Екатеринбург куораттан кэлэн тэрийдэ. Конкурс - фестивальга барыта 250 тан тахса кыттааччы күрэхтэстэ. Республикабыт араас улуустарыттан Уус- Алдантан, Усуйаанаттан, Бүлүүттэн, Горнайтан, Абыйтан, Намтан, Хаҥаластан, Дьокуускайтан. Биһиги улууспутуттан Мугудайдар, Хатылылар үҥкүүһүт эбэлэрэ уонна биһиги, Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир оҕолор "Оторой - моторой" чабырҕахсыттар бөлөхтөрө.
Конкурс хас да номинациянан, сааһынан арахсан ыытылынна. Вокал, үҥкүү, художественнай тыл, иис. Биһиги оҕолорбут художественнай тыл номинацияҕа бөлөҕүнэн "Саха сахатынан кэрэ" уонна Витя Гоголев "Сүрэҕэ суох сүүс сүбэтэ" чабырҕаҕынан кытыннылар.
Түмүккэ бөлөхпүт оҕолоро, Витя Гоголев Бастакы лауреат аатын ылан анал кубогынан, дипломунан, хас биирдиилэрэ мэтээлинэн наҕараадаланнылар уонна аны кыһын 2023 сыл тохсунньу 7-10 күннэригэр Москва куоракка "Московское созвездие" XII норуоттар икки ардыларынааҕы конкурс - фестивальга кыттарга ыҥырыы туттулар. Онон оҕолорбут, салайааччы үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Махталбытын тиэрдэбит "Оторой- моторой" бөлөх төрөппүттэригэр, сылаас, сымнаҕас айаннаах суоппарбытыгар Егор Барашковка, бу конкурска кыттарбытыгар суолу тэлбит Лариса Макароваҕа. Оҕолорбутун саҥа үөрэх дьыла аһыллыбытынан эҕэрдэлиибит уонна саҥа күүһүнэн таһаарыылаах, айымньылаах үөрэҕи баҕарабыт!
18.07.2022
Бу дьыл от 2 - 7 күннэригэр Хара муора кытылыгар Сочига "У самого Черного моря"диэн ааттаах XIX аһаҕас норуоттар икки ардыларынааҕы конкурс- фестиваль буолан ааста. Биһиги Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Алаас" дьахталлар вокальнай ансамбллара баран кытынныбыт.
Ол курдук үөрүүлээх аһыллыыта Адлер куоракка буолла, манна Россия араас регионнарыттан, куораттарыттан кэлбит конкурс кыттааччылара бэйэлэрин тустарынан кылгастык билиһиннэрэн, эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрдүлэр. Биһиги, Саха сириттэн кэлбит бөлөхтөр бары холбоһон, бэйэбит төрүт оонньуубутун оһуохайы толордубут. Чурапчы улууһуттан Сылан нэһилиэгиттэн Егор Макаров салайааччылаах бөлөх, Дьокуускайтан Байаана Дагдай салайааччылаах "Арыллыы" бөлөх уонна биһиги "Алаас" бөлөхпүт барыта 60-тан тахса киһи оһуохайдаан дохсун ытыс тыаһын хомуйдубут. Оһуохайы биир дойдулаахпыт, улууспут биир бастыҥ этээччитэ Валентина Дьячковская таһаарда.
Дьэ долгутуулаах от ыйын 2 күнүгэр Сочи куоракка "Изумруд" пансионат кэнсиэртиир саалатыгар конкурспут саҕаланна.
Араас жанрга ырыа, үҥкүү хас да көрүҥэ (народнай, бальнай, эстраднай, акробатика уо.д.а.), фольклор, сиэр-туом толоруу, мода, изо, прикладной оҥоһуктар уо.д.а. Биһиги алаастар "Атаарыы" диэн норуот ырыатын толордубут уонна ыаллыы сытар Сылаҥ нэһилиэгин ыһыах аһыллыытын сиэрин- туомун көрдөрбүттэригэр оһуохайга кыттыстыбыт. Маны таһынан "Арыллыылар" 21 номердаах кэлэн үҥкүү, ырыа, сиэр- туом, тойук номинацияларга кытыннылар.
Түмүккэ сиэр- туом көрдөрүү номинациятыгар сыланнар Гран- при, Арыллыылар эмиэ Гран- при, биһиги вокал номинацияҕа 1 лауреат буолан үөрүүбүт муҥура суох. Аны күһүн Санкт - Петербурга, Москваҕа, ороһуоспа күннэригэр Москваҕа ыҥырыы туттубут. Барыбытыгар мэтээллэри туттардылар, дипломунан, анал кубогынан наҕараадаланныбыт.
Салайааччыларбыт Лариса Макарова, Егор Макаров наһаа үчүгэйдик тэрийэн, Сочи, Адлер кэрэ миэстэлэрин көрдөрөн харахпыт кэҥээн, өйбүт- санаабыт сырдаан сэргэхсийдибит.
27.06.2022
Бэс ыйын 24 күнүгэр улууска Маҕаайы алааһыгар, улууспут пенсионердарын, ветераннарын спартакиадата буолан ааста. Барыта 11 нэһилиэктэн 12 хамаанда өбүгэ оонньууларыгар: эстафетаҕа, салгын саатынан ытыыга, кыыс эккирэтиитигэр, чабырҕахха, оһуохайга, саха таҥаһын көрүүгэ күрэхтэстилэр. Спартакиада алгыһынан аһылынна, онтон улуус нэһилиэктэрин ветераннарын талба талааннаахтарын эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла. Биһиги нэһилиэктэн эдьиийдии- балыстыы Христина Никололаевна, Софья Николаевна ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр. Дьэ уонна күрэхтэһии саҕаланна. Түөрт түһүмэххэ арахсан сүүрүүгэ (эстафетаҕа) күрэхтэһии түмүгүнэн биһиги нэһилиэк Чурапчы 1, Чурапчы 2 хамаандаларын кэннилэриттэн 3 бириистээх миэстэҕэ тигистибит. Хамаанда састааба: Николай Захаров, Афанасий Захаров, Алексей Терютин, Иван Игнатьев, Пантелеймон Сидоров, Парасковья Собакина, Парасковья Новгородова, Виктория Горохова, Елизавета Коркина, Зинаида Андреева.
Салгын саатынан ытыыга , биһиги хамаандабыт эрэллээхтик бастаата - Валентина Анемподистова, Петр, Иван Максимовтар, кыыс эккирэтиитигэр Иван Игнатьев төрдүһүнэн кэллэ, саха таҥаһыгар Мария Дмиитриевна, Николай Васильевич Захаровтар дьиэ-кэргэттэрэ кытыннылар, бу көрүҥҥэ Чурапчыттан Лазаревтар дьиэ-кэргэттэрэ кылаан бирииһи ыллылар. Оһуохайга кылаан бирииһи Болтоҥоттон биир дойдулаахпыт Валентина Дьячковская ылла, чабырҕахха Любовь Монгуш кылаан бирииһинэн наҕараадаланна.
Уопсай түмүк диэн тахсыбата. Онон, биһиги нэһилиэкпит ветераннара, пенсионердара үүнэр көлүөнэ ыччаппытыгар үчүгэй холобуру көрдөрдүбүт диэн үөрдүбүт, астынныбыт. Бу спартакиадаҕа нэһилиэкпит дьаһалтата быырпаҕынан, үтэһэлээх этинэн спартакиада кыттыылаахтарын күндүлээтэ.