Новости
22.04.2023
Бүгүн, муус устар 22 күнүгэр, "Сааһы көрсө мичилийэн" диэн ааттаах Кытаанах нэһилиэгин "Үйэн" дьахтар Сүбэтин тэрээһинэ ыытылынна. Бу күҥҥэ 2018-2023 сылларга талыллан үлэлээбит дьахтар Сүбэтин отчуоттуур мунньаҕа, маастар - кылаастар, түөлбэнэн күрэхтэһии былаан быһыытынан тэрилиннэ.
Биэс сыл устата "Үйэн" дьахтар Сүбэтин председателинэн Лена Александровна Пономарева, чилиэттэринэн Аржакова Ольга Романовна, Дьяконова Анисия Николаевна, Коркина Марина Ивановна, Барашкова Агафья Афанасьевна, Новгородова Елена Васильевна, Гаврильева Ирина Николаевна, Пономарева Татьяна Егоровна, Монастырева Прасковья Владимировна бары биир өйүнэн - санаанан, түмсүүлээхтик, таһаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлээтилэр.
Сүбэ үлэтэ биэс хайысханан салалынна:
- Элбэх оҕолоох, соҕотох ийэлэри, аҕалары, кыаммат ыаллары кытары үлэ
-Үүнэр ыччакка болҕомттону күүһүрдэн араас хайысхалаах дьаһаллары ыытыы
-"Уол оҕо- норуот кэскилэ" бырайыагы олоххо киллэрии
-"Олохтоох көҕүлээһини өйүүр" программаларга кыттыы
-Нэһилиэккэ, улууска ыытыллар дьаһалларга кыттыы
"Үйэннэр" бу сылларга нэһилиэк, улуус, республика ыытар тэрээһиннэригэр, араас хайысхалаах акцияларга үбүнэн, аһынан- таҥаһынан кыттыһан нэһилиэк дьахталларын бэйэлэрин тула мустулар.
Кинилэр элбэх бырайыагы олоххо киллэрдилэр. Ол курдук "Оскуола томторо" уолаттарга биирдиилээн бастааһыҥҥа , "Үйэн оонньуулара" эдэр ийэлэргэ, кыргыттарга аналлаах өбүгэ оонньууларын, дьахталларга биирдиилээн бастыыр иһин көлүөнэлэринэн спортивнай күрэхтэһиилэри, акциялары үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыттылар. Куйаар ситиминэн "Тыа дьахтара" тыа сирин дьахтарын олоҕун көрдөрөр, "Олох суолун устун бииргэ..." дьиэ-кэргэн сыһыана, олоҕу көрүү түгэннэриттэн эдэр ыччакка аналлаах биэриилэри ю-туб, инстаграм ханаалларыгар таһаарбыттара. Биир улахан бырайыактарынан "Кэрэ аҥар чөл олох иһин" дьахтар форумун ыыппыттара буолар. Форум түмүгүнэн резолюция ылыллан, бу резолюциянан үлэлэһэн кэллилэр. Биһиги "Үйэннэрбит" 2019 сыллаахха улууска бастыҥ үлэлэринэн Бастакы миэстэ ылбыттара, председатель Лена Александровна "Бастыҥ председатель" буолбута.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ улуустан биһиги нэһилиэкпит куратора Римма Викторовна Петрова салайааччылаах биригээдэ кэлэн үлэлэһэн бардылар. Римма Викторовна нэһилиэкпит дьахтарын Сүбэтин чилиэттэригэр Махтал суруктары туттарда. Тэрээһиҥҥэ саха таҥаһын чинчийэн үөрэтэр, норуот маастара Надежда Прокопьевна Ахматова, косметик - эстетик Лидия Афанасьевна Ермолаева, алгысчыт Аайа Николаевна Макарова, сибэкки үүннэрээччи Ньургуйаана Ивановна Старостина, массажист Анастасия Ивановна Попова маастар-кылаастары ыыттылар, биирдиилээн дьону кытта көрүстүлэр, массаж, сирэй оҥоруута, алгыстааһын, арчылааһын, сибэкки үүннэрии, саха төрүт таҥаһын тигии кистэлэҥнэрин кэпсээн, сүбэ- ама биэрдилэр. Бэйэбит кыыспыт Екатерина Иннокентьевна Скрябина корейскай бүлүүдэни астаан маастар кылаас көрдөрдө. Аҕыйах мүнүүтэ иһигэр "Курица по - корейски", "Хот-пот" икки олус сонун бүлүүдэлэри астаан барыбытын күндүлээтэ, бу корейскай кухня ингридиеннара Чурапчыга "Барыска" баарын биллибит, сорох - сорохтор маннык бородуукта баарын саҥа көрдүбүт, сонурҕаатыбыт.
Түөлбэ дьахталлара ыһыылаах - хаһыылаах көрдөөх эстафетаҕа кытыннылар. Хомуур мас тардыһыыта, лабиринт, ат сүүрдүүтэ, быаны ойуу, канат тардыһыыта көрүҥнэргэ күүстэрин холоннулар. Түмүккэ "Кэрэхтээх чараҥа" салайааччы Акулина Владимирова хамаандата IV миэстэ, "Саһарҕа" түөлбэ кыргыттара, салайааччы Татьяна Потапова III миэстэ, "Алаас" түөлбэ салайааччы Анисия Дьяконова II миэстэ, "Кэскил" түөлбэ хамаандата салайааччы Ксения Гоголева I миэстэни эрэллээхтик ыллылар. Күрэхтэһиини судьуйа Петр Бабиченко туох да мөккүөр тахсыбат гына сууттан бэрткэ ыытта.
"Үйэн" дьахтар Сүбэтин биэс сыллаах үлэтэ "сөптөөҕүнэн" биир киһи курдук куоластанна, саҥа талыллар састаапка ситиһиилэри айымньылаах үлэни баҕардыбыт.
Бу курдук нэһилиэкпит дьахталлара бары түмсэн кэлбит сааһы мичилийэ көрүстүбүт
19.04.2023
Бу күннэргэ Кытаанахха, Чурапчы улууһун сценатын бэтэрээнэ, биир дойдулаахпыт монологу толорооччу Матрена Павловна Местникова аатынан "Оҕолоор, кыайыынан эргиллээриҥ!" өрөспүүбүлүкэтээҕи биирдиилээн бастыыр иһин монологу толорооччулар кэтэхтэн күөн күрэхтэрэ ыытылынна.
Матрена Павловна диэн кимий?
Кини төрүт Кытаанах нэһилиэгин олохтооҕо, эдэр эрдэҕиттэн монологу толоруу курдук уустук жанрга холонон, уус-уран самодеятельноһы көрүү фестивалларыгар, нэһилиэккэ ыытыллар араас кэнсиэртэргэ "Күкүр Уус" драматтан Түптүр Хара, көһөрүллүү иэдээнигэр түбэспит дьахтар туһунан "Сылабаар", аныгы Эбэ туһунан уо.д.а.монологтары, аата-ахса биллибэт сценкалары, пьесалары оонньоон көрөөччү биһирэбилин ылыан ылбыта.
Бу сонун бырайыак Матрена Павловна сырдык аатыгар кыргыттара уонна Кытаанахтааҕы тыа сирин модельнай библиотекатын салайааччыта, СР культуратын туйгуна Лена Александровна Пономарева тэрээһиннэринэн иккис төгүлүн ыытылынна. Бастакы күөн күрэскэ 6 монологу толорооччу кыттыбыт буоллаҕына, быйыл 12 толороооччу 13 монологунан кытынна. Күөн күрэспит географията быйыл киэҥ, ол курдук Тааттаттан, Дьокуускайтан, Чурапчы нэһилиэктэриттэн, Хаҥаластан кыттан, тэрийээччилэр үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Күөн күрэспит сыалынан - соругунан Матрена Павловна Местникова аатын үйэтитии, сахалыы уус- уран ааҕыыны көҕүлээһин, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии.
Балаһыанньа быһыытынан монологу толорооччулар саха суруйааччыларын айымньыларыттан быһа тардан, 15 мүнүүтэттэн итэҕэһэ суох толоруулара ирдэниллибитэ. Толоруу маастарыстыбата, бириэмэтин тутуһуута, көрөөччүгэ тиэрдиитэ, таҥаһа- саба сыаналанна. Дьүүллүүр Сүбэҕэ үлэлээтилэр:
Бэрэссэдээтэл- СӨ үөрэҕириитин туйгуна, "Учууталлар учууталлара", Кытаанахтааҕы Далан аатынан орто оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала Ольга Романовна Аржакова, чилиэннэринэн Матрена Павловна кыргыттара: Анастасия Егоровна Леонтьева - Амма улууһун кииннэммит бухгалтериятын учуоттуур бөлөх салайааччыта, Светлана Егоровна Данилова - Томпо оройуонун Оҕо сайдар эбии үөрэхтээһинин киинин салайааччытын солбуйааччы, Оксана Егоровна Васильева - Чурапчы кииннэммит бухгалтериятын сүрүннүүр специалиһа, Ирина Николаевна Гаврильева - Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын библиотекара, маны таһынан Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Сыккыс" доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтүн салайааччыта Прасковья Владимировна Новгородова
Спонсордарынан буоллулар Матрена Павловна оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара, бииргэ төрөөбүттэрэ, Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь (директор Пономарева А.В.), "Сыккыс" түмсүү, Кытаанахтааҕы ветераннар, пенсионердар түмсүүлэрэ (председатель Парфенова М.П.)
"Оҕолоор, кыайыынан эргиллээриҥ!" өрөспүүбүлүкэтээҕи монологу толоруу кыайыылаахтара:
"Ытык саастаах ааҕааччы" - анал аат Татьяна Прохорова (Дьокуускай) Спонсор- Кытаанахтааҕы ветераннар, пенсионердар түмсүүлэрэ (сал Парфенова Марфа Петровна) 1000 солк
"Кэскиллээх толорооччу" - анал аат Екатерина Рахлеева (Таатта, Уолба) спонсор "Сыккыс" түмсүү (сал Новгородова Прасковья Владимировна) 2000 солк
"Күөн күрэх Биһирэбилэ" - анал аат Сардана Томская (Хаҥалас, Нөмүгү) спонсор Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАдь (директор Пономарева Айталина Владимировна) 2000 солк
III үрдэл- Анна Ноговицына (Чурапчы, Мугудай) Спонсор Матрена Павловна сиэннэрэ -6000 солк
II үрдэл - Ксения Гоголева (Чурапчы, Кытаанах) спонсор Матрена Павловна сиэннэрэ- 8000 солк
I үрдэл- Александра Максимова (Чурапчы, Болтоҥо) спонсор - Матрена Павловна бииргэ төрөөбүттэрэ - 10000 солк
Кылаан кыайыылаах - Надежда Колодезникова (Чурапчы) спонсор Матрена Павловна кыргыттара - 20000 солк
Бу күөн күрэспитигэр кыттыбыт толорооччуларбытыгар туоһу суруктар, кыайыылаахтарга грамоталар туттарыллаллар. Тэрийээччилэр ааттарыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит толорооччулары бэлэмнээбит, кытыннарбыт салайааччыларга: Спартак Петрович Федоров аатынан Нөмүгүтээҕи народнай театр салайааччытыгар Алена Алексеевна Филипповаҕа, Дьокуускай куорат Сайсаардааҕы сынньалаҥ киинин салайааччытыгар Маргарита Николаевна Афанасьеваҕа, Таатта улууһун Уолбатааҕы библиотека иһинэн үлэлиир "Дьэҥкир алып" айар түмсүүгэ, СӨ культуратын туйгунугар, Чурапчытааҕы кииннэммит библиотека сүрүннүүр библиотекара Матрена Николаевна Захароваҕа, норуот айымньытын Дьиэлэрин специалистаргар.
Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин коллективын аатыттан Матрена Павловна төрөппүт кыргыттарыгар, сиэннэригэр, аймахтарыгар бииргэ төрөөбүттэригэр күөн күрэһи тэрийэн, ийэҕит, эдьиийгит, эбэҕит Матрена Павловна сырдык аатын үйэтитэр үтүө санааҕытыгар истиҥник махтанабыт, спонсордарбытыгар нэһилиэкпит ветераннарын, пенсионердарын уонна "Сыккыс" түмсүүлэргэ
Куруук күөх халлааны
Чэгиэн доруобуйаны
Сэргэх туругу баҕарабыт!
16.04.2023
Бүгүн, муус устар 16 күнүгэр Кытаанахха "Алаас эбэҕэ" аан бастаан Куйуур Күүлэйэ 2023 күрэхтэһии ыытылынна. Тэрийээччи "Кытаанах нэһилиэгэ" муниципальнай тэриллии олохтоох дьаһалтата (баһылык Егорт Николаевич Потапов). Бу күрэхтэһии биһиги Кытаанахпыт сурукка киирбитэ 100, тумус туттар дьоммут ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин, саха народнай суруйааччыта, Ойуунускай аатынан бириэмийэ лаурета Далан, Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ А.П.Собакин төрөөбүттэрэ 95 сылларыгар ананан ыытылынна.
Сарсыарда 11 чаастан "Алаас Эбэҕэ" мандатнай комиссия үлэтин саҕалаата, онтон күрэхтэһии парадын нэһилиэкпит спортинструктора Василий Потапов хамаандалаан киллэрдэ. Парад кыттыылаахтарын нэһилиэк баһылыга Егор Николаевич эҕэрдэлээн, күрэхтэһиигэ кытта кэлбиттэригэр махтанна.
Сахалыы сиэринэн уҥа өтүүгэр уолаттары, хаҥас өттүгэр кыргыттары арыалланан, аал уоту оттон, арыылаах саламаатынан, алаадьынан айах тутта Максимов Иван Федотович.
Улуус баһылыгын солбуйааччытынан ананан үлэтин саҕалаабыт Алексей Гаврильеич Лобанов эҕэрдэлээтэ уонна түгэнинэн туһанан биир дойдулаахтарыгар Арыылаах хамаандатын чилиэттэригэр Махтал суруктары туттарда. Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата куйуур күрэхтэһиитин балаһыанньатын билиһиннэрдэ.
Бүгүн, барыта 7 хамаанда куйуурга, ойбон алларыытыгар, эстафетаҕа, салгын саатынан ытыыга, канат тардыһыыыгар күрэхтэстилэр. Ол курдук Чурапчы, Төлөй, Болтоҥо 1, Болтоҥо 2, Арыылаах, Кытаанах уонна Кытаанах, Арыылаах холбоһуктаах "Сомоҕо" хамаандата илин - кэлин түһүстүлэр.
Куйуурдааһын күрэҕэр балтараа чаас устата ким төһө балыгы ыларыгар күрэхтэстилэр, түмүккэ
Кытаанах -20 кг 500гр - 1 миэстэ
Төлөй - 14 кг 900гр -2 миэстэ
Чурапчы - 13 кг 350 гр 3 миэстэ
Болтоҥо 2 - 12 кг 900гр - 4 миэстэ
"Сомоҕо" 12кг 450 гр - 5 миэстэ
Арыылаах 11кг 900гр - 6 миэстэ
Болтоҥо 1 - 7 кг 450гр - һ миэстэ
Эбиэти олохтоох дьаһалта кыргыттара тэрийэн сылаас миин, нэһилиэкпит далбар хотуттара астаабыт бурдук астарынан, хамаанда спортсменнарын күндүлээтилэр.
Эбиэттэн киэһэ дьон - сэргэ, күрэхтэһээччилэр да көхтөрүн үрдэтэр ыһыылаах - хаһыылаах күрэхтэһии саҕаланна. Ойбон тэһиитигэр
Арыылаах 18мүн 29 сөк,81 -1 миэстэ
Кытаанах 22 мүн 43 сөк6- 2 миэстэ
Болтоҥо2 23 мүн 07 сөк 50- 3 миэстэ
Төлөй 23мүн 16 сөк 72 - 4 миэстэ
Чурапчы 23 мүн 43 сөк 84 - 5 миэстэ
Болтоҥо1 32 мүн 27 сөк 83 - 6 миэстэ
Сомоҕо 32 мүн 42 сөк 13 - 7 миэстэ
Салгыы тоҥуу хаарынан, куйуур тутан сүүрүү буолла. Түмүккэ
Чурапчы 55, 63 - 1 миэстэ
Болтоҥо2 58,22 - 2 миэстэ
Кытаанах 01,01, 37 - 3 миэстэ
Арыылаах 01,04, 31 - 4 миэстэ
Төлөй 01,04,47 - 5 миэстэ
Болтоҥо1 01,06,35 - 6 миэстэ
Сомоҕо 01,07,22 - 7 миэстэ
Дьэ онтон саамай эрийсиилээх, элбэх ыалдьааччылаах канат тардыһыыта буолла. Сыра - хара быстар, эт - тирии баранар көрүҥэр эрэллээхтик бастаата
Кытаанах -1 миэстэ
Болтоҥо2 - 2 миэстэ
Сомоҕо - 3 миэстэ
Чурапчы - 4 миэстэ
Төлөй - 5 миэстэ
Арыылаах - 6 миэстэ
Болтоҥо 1 - 7 миэстэ
Салгын саатынан ытыыга хамаандаттан биирдии киһи ытта. Кытаанах хамаандатыттан Ньургун Новгородов ытан наадалаах 28 очкону аҕалан Кытаанахтар 1 миэстэ буоллулар.
Түмүк тахсыар диэри биирдиилээн бастыыр иһин ойбон тэһиитигэр күрэхтэһии саастарынан ыытылынна.
Оҕолорго - Ньургун Новгородов бастаата
Орто саастаахтарга Арыылаахтан Марк Демьянов иннин кимиэхэ да биэрбэтэ, аҕа саастаахтарга Арыылаахтан Туласынов эрэллээхтик бастакы миэстэ буолла.
Түмүккэ хамаанданан күрэхтэһиигэ
1 миэстэ -Кытаанах. 20 тыһ суумалаах сертификат
2 миэстэ - Болтоҥо 2 , 14 тыһ суумалаах сертификат
3 миэстэ - Чурапчы 10 тыһ суммалаах сертификат
4 миэстэ - Арыылаах - 3000 сертификат
5 миэстэ - Төлөй - 3000 сертификат
6 миэстэ- Сомоҕо - 3000 сертификат
7 миэстэ- Болтоҥо1 3000 сертификат
Хамаанда аҕа саастаах дьонноругар анал бириистэр уонна күрэхтэһии саамай эдэр кыттааччытыгар 14 саастаах Арыылаахтан Алеша Демьяновка анал бириис туттарылынна.
Алексей Николаевич Пономарев бэйэтин анал бирииһин афганскай казаны туттарда Ньургун Новгородовка, Лонгинов Петр Данилович аатынан оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут 14 тыһыынча суумалаах гайкаверт бирииһи сиэнэ Альбина Лугинова, Терентий Иванович Пономаревка туттарда.
Бу күрэхтэһииигэ нэһилиэкпит ытык мааны дьоннорун Аҕа дойду сэриитин ветерана Нестерев Илья Михайлович, тыыл, үлэ ветераннара Новгородов Семен Егорович, Новгородов Владимир Семенович, хоту көһөрүллүү кыттыылаахтара, тыыл, үлэ ветераннара Барашков Дмитрий Дмитриевич, Лонгинов Петр Данилович, СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Захаров Прокопий Прокопьевич ааттарынан бириистэри оҕолоро, сиэттэрэ туруордулар, үлэ ветерана Андреев Данил Давыдович аатынан бирииһи аймахтара, бииргэ төрөөбүттэрэ, маны таһынан Кытаанах, Арыылаах олохтоох дьаһалталара 10 тыһыынча сууммалаах бириистэри уонна Алексей Николаевич Пономарев, Суолдьут маҕаһыын, Барашков Василий Дмитриевич "Тирэх" кооператив оҥорон таһаарбыт сироптарынан спонсордаатылар. Күрэхтэһиибитин кэлэн устубут, сарсыардаттан үлэлээбит "Саха" НВК Чурапчытааҕы филиалын үлэһиттэригэр, күрэхтэһии судьуйатыгар Петр Бабиченкоҕа анал бириистэр туттарылыннылар. Төлөй нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын Махтал Суругун, Төлөй хамаандата баһылыкпытыгар Егор Николаевичка туттардылар. Нэһилиэк олохтоох дьаһалтата бары спонсордаабыт биир дойдулаахтарбытыгар Махтал суруктары туттарда. Күрэхтэһии уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн, Уруй- айхал, эҕэрдэ тылларынан түмүктэннэ.
Бары хамаандаларга, тэрээһиммитигэр кэлэн көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар тэрийээччилэр аатарыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Хас сырыы аайы маннык улахан тэрээһиннэргэ Айтал Монастырев салайааччылаах оскуолабыт үөрэнээччилэригэр Айастаан Потаповка, Дима Пестряковка, Ньургун Собакиҥҥа, Айсен Терютиҥҥа күүс - көмө буолалларыгар истиҥник махтанабыт. Быйыл хаарбыт олус халыҥ буолан миэстэтигэр тута хаары анньан күрэхтэһии үрдүк таһымҥа ааһарыгар таркторынан күүс- көмө буолбут Петр Иванович Собакиҥа махтанабыт.
Кытаанах аатын ааттаппыт балыксыт уолаттарбытыгар Ньургун Новгородовка, Дьулус Барашковка, Василий Потаповка, Гаврил Захаровка, Иннокентий Новгородовка, Николай Новгородовка, "Сомоҕо" хамаандаҕа кыттыспыт дьоммутугар Терентий Иванович Пономаревка, Алексей Окоемовка чэгиэн доруобуйаны, көхтөөх үлэни баҕарабыт
15.04.2023
Муус устар 14 күнүгэр "Сааһы көрсүһүү" диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи коллекционердар түмэл күннэрэ Мэҥэ- Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр ыытылынна. Тэрээһин Клавдия Ивановна дьиэтээҕи музейыттан саҕаланна. Ааспыт бириэмэни ситимниир туттуллубут мал арааһын сөҕө көрдүбүт. Мунньунуу дириҥ ис хоһооннооҕо киһини астыннарар. Манна Таатта, Уус- Алдан, Чурапчы, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан барыта 51 коллекционер кытта кэлбит. Кинилэр хомуйбут мааркаларыттан, аккырыыккаларыттан, значоктарыттан манньыаттарыттан, банкноттарыттан саҕалаан, сэбиэскэй кэминээҕи предметтэргэ, антиквариаттаргауонна эриэккэс көрүҥ коллекцияларга тиийэ күннээҕи малтан - салтан саҕалаан, сэдэх коллекцияларга тиийэ маллара киһини сөхтөрөр уонна хайҕатар.
Бу күнү тэрийээччи 2017-2019 сылларга Дьабыыл нэһилиэгин "Сыл бастыҥа", 2023 сылга доруобуйаларынан хааччахтаахтарга Далбар Хотун анал аатын хаһаайката, Дьабыыл коллекционердарын салайааччыта Клавдия Ивановна Ефимова буолар.
Кэлбит ыалдьыттарга Дьабыыл нэһилиэгин тыа сирин түөлбэтин баһылыгын аатыттан Махтал суруктар, түөскэ кэтэр значоктар туттарылыннылар. Сааһы көрсө кэрэ көстүүлээх "Сиидэс ырбаахылар" диэн муода хаамыытын көрдүбүт. Ону тэҥэ эрдэ биллэриллибитин курдук маннык күрэхтэргэ бастыҥ коллекционердары ааттаатыбыт.
Былыргы бастыҥ мал
III м- Моквитина Матрена Семеновна Уус- Алдан. Сүрэхтээх илин кэбиһэр. 17 үйэ
II м - Сивцева Александра Тихоновна Кэбээйи. Николай Пиэрибэй манньыата. 1840 сыл
I м - Соломонова Валентина Ивановна Мэҥэ - Хаҥалас. Ыраахтааҕы сылабаара. 1812с
Космонавтика күнүгэр аналлаах открыткалар
III м - Ючюгяева Августина Дмитриевна Таатта.
II м - Олесова Галина Егоровна Уус-Алдан
Iм - Петров Владислав Дмитриевич Мэҥэ - Хаҥалас.
Пиэрибэй Маайдааҕы саамай былыргы открытка
III м - Сивцева Любовь Семеновна - Уус Алдан
II м Борисова Мария Михайловна
I м - Алексеева Капитолина Михайловна Дьокуускай
Бу дьоро күнүнэн Клавдия Михайловна наҕараадалары тутта:
Мэҥэ- Хаҥалас улууһун доруобуйаларынан хааччахтаах дьон общественнай хамсааһыннарын сайыннарыытын иһин улуус баһылыга Дмитрий Тихонов Грамотатынан, Саха Республикатын культуратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин Юрий Куприянов аатыттан Махтал суругунан наҕараадаланна.
Биһиги Чурапчы улууһуттан төрдүө буолан кыттыыны ылан кэллибит.
ити курдук үөрэ - көтө сонунун үллэһиннэ Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Иэйии" коллекционердар түмсүүлэрин салайааччыта Екатерина Гаврильевна Андреева
12.04.2023
Унньуктаах уһун III чиэппэр бүтэн, оскуолабыт оҕолор сааскы каникулга тарҕаһан, ким туох интэриэстээҕинэн, туохха санаата сытарынан - күүлэйдээн, төрөппүттэрин кытта уол оҕо өртө сааскы куйуурга сылдьан, араас конкурстарга кыттан, курстарга үөрэнэн каникулларын туһалаахтык атаардахтара.
Бүгүҥҥү "Кэпсээ, туох сонун?" рубрикабытыгар оҕолор каникулларын хайдах атаарбыттарын ыйыталастыбыт:
8кылаас үөрэнээччилэрэ Карина Колодезникова, Наина Владимирова үөрэ - көтө кэпсээтилэр.
Кулун тутар 24 күнүгэр Дьокуускайга, А.Д. Макарова аатынан республикатааҕы культура уонна искусство колледжа тэрийбит республикатааҕы "Алаас оҕолоро" конкурска кыттан кэллибит. Манна араас жанрга, республикбыт улуустарыттан элбэх оҕо кэлэн кытынна. Биһиги хомус күрэҕэр кыттан холоннубут, салайааччыбыт Варвара Николаевна Турнина.
Кулун тутар 26 күнүгэр "Классный класс" диэн республиканскай творческай олимпиадаҕа кытынныбыт. Ол курдук "Дьикти саас" диэн ааттаах, бииргэ үөрэнэр кыыспыт Кыыдаана Борисова мода коллекциятынан кыттан I истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ыллыбыт, онтон "Сүүллүкүүн таптала" диэн бүтүн кылааһынан үҥкүүбүт III истиэпэннээх лауреат уонна "Монгольский эпос" диэн үҥкүүбүтүнэн I истиэпэннээх дипломант буоллубут.
Бу икки күнү быһа биһиги кылаас коллектива бары бииргэ сынньалаҥы, күрэҕи дьүөрэлээн, элбэх интэриэһинэйи көрөн, билэн, оҕолору кытта билсэн, куорат устун күүлэйдээн каникулбутун туһалаахтык, көдьүүстээхтик атаардыбыт. Биһигинниин бииргэ сылдьыбыт кылааспыт салайааччытыгар Александра Григорьевнаҕа, хомуспут бөлөҕүн салайааччытыгар Варвара Николаевнаҕа, төрөппүттэрбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
х х х х х х
Онтон 6 кылаас үөрэнээччитэ Гоша Афанасьев сааскы каникулун хайдах атаарбытын билсиҥ:
Мин каникулум кэмигэр куоракка АГАТУ "Юный исследователь" диэн ветеринарнай курска үөрэнэн кэллим. Барыта 6 оҕо буолан Тыа хаһаайыстыбатын академиятын базатыгар 4 күн үөрэннибит. Кураторбыт Мотрена Васильевна Матаннанова, биһиги бу курспутугар кыыллар тутулларын, айылҕа климатын үөрэттибит, бырайыак суруйарга, хайдах көмүскүүргэ үөрэннибит уонна саамай интэриэһиргээбитим практическай лабораторнай үлэ. Манна биһиги томат сиэмэтин ламинарнай бокстан ылан олордубуппут.
- Гоша, туох санааттан манна баран үөрэнниҥ, үөрэххит режимэ, хаһыс кылаастан үөрэтэллэр эбитий?
Мин дьиэ кыылларын интэриһиргиибин, ааспыт сайын аан бастаан индюк диэн көтөрдөрү ыламмыт улаатыннардыбыт, сайын биир индюкпут ыалдьан хаалбытыгар, туга ыалдьыбытын билбэккэ сатаан быһаарбатахпыт, нэһилиэкпитигэр ветеринар суоҕа кыыллар ыарыйдахтарына наһаа куһаҕан эбит. Ол иһин хайаан да үөрэниэхпин, билиэхпин наада диэн санааттан бу курска сырыттым.
Курска 6 кылаастан 8 кылааска диэри оҕолору үөрэтэллэр эбит. Бу үөрэҕи ийэм куйаар ситим нөҥүө булан миэхэ эппитэ, ону тутатына үөрэнэ барарга сөбүлэммитим. Үөрэхпитигэр сарсыарда 10 чаастан киэһэ 16 чааска диэри үөрэнэбит, онно миэстэтигэр буфет үлэлиир. Онон наһаа интэриэһинэй курска сылдьан, элбэҕи билэн, өссө үөрэнэр баҕалаах IV чиэппэрбин саҕалаатым.
Дьэ ити курдук оскуолабыт үөрэнээччилэрэ каникулларын туһалаахтык, олус интэриэһинэйдик атаараллар эбит. Ким интэриэһиргээбит маннык курстарга, конкурстарга сылдьан оҕолоргутун сайыннарыҥ
8.04.2023
Бэҕэһээ, муус устар 7 күнүгэр Ойуунускай аатынан литературнай музейга Далан төрөөбүтэ 95 сылынан олус истиҥ көрсүһүү буолан ааста. Бу көрсүһүүгэ РФ сенатора, Далаҥҥа үөрэммит Егор Афанасьевич Борисов, олимпийскай чемпион Павел Пинигин, 7 норуодунай суруйааччылар кэлбиттэрэ, көрсүһүү олус улахан суолталааҕын туоһулуур. Норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева, норуодунай суруйааччылар Василий Егоров - Тумарча, Ойуунускай аатынан музей директора Николай Лугинов, поэт, прозаик, критик Павел Харитонов- Ойуку, Елена Слепцова - Куорсуннаах, Сэмэн Тумат, Павел Федоров - Сомоҕо, суруйааччы, переводчик, киинэсценариһа Алексей Амбросьев - Сиэн Мунду, эдэр литератор, биир дойдулаахпыт Мааны Маарыйа - Мария Винокурова, ону таһынан учуонайдар, архыып, библиотека үлэһиттэрэ, салайааччылара, Далан аймахтара, үөрэнээччилэрэ, нэһилиэкпит баһылыга Егор Потапов, оскуолабыт директора Вячеслав Яковлев кыттыыны ыллылар.
Тэрээһин саҕаланыытыгар сахалыы сиэринэн кэлбит ыалдьыттары Кытаанах нэһилиэгин дьоно - сэргэтэ астаан аҕалбыт алаадьыларынан айах тутуу буолла. Музей иккис этээһигэр Далаҥҥа анаммыт быыстапканы директор Николай Лугинов аста. Быыстапкаҕа Далан туттубут маллара, кини олоҕун кэпсиир хаартыскалар ситэрэн биэрдилэр. Манна кини үлэлээбит остуола, бу остуолга төһөлөөх элбэх айымньы айыллыбыта буолуой, бэчээттиир массыыната остуол маанылаах экспонатынан буолла, кэргэнэ Яна Викторовна аҕата учууталлар учууталлара, Чурапчы улууһун үөрэҕириитин историятыгар аата кыһыл көмүс буукубуларынан суруллубут Виктор Семенович Алехины кэпиир стендэ оннун булан, улахан историяны кэрэһэлээн турар. Быыстапка аһыллыытын кэннэ, аллараа этээскэ Далан уонна кини туһунан кэпсиир кинигэлэринэн киэргэтиллибит саалаҕа, ыалдьыттарга анаан нэһилиэкпит дьоно - сэргэтэ астаан үөллээн ыыппыт маанылах остуолларыгар ыалдьыттары тута ыҥыртаан, тэрээһин ыытааччыта, музей сотруднига Линда Николаевна иилээн саҕалаан ыытта. Кэлбит ыалдьыттар Далан туһунан ахтыы оҥордулар. Ол курдук Егор Борисов , учуутала кинини хайдах курдук иккис тыыннаан, орто дойду олоҕор төнүннэрбититтэн саҕалаан, айымньылара толкуйдатар суолталаахтарын ааһан, кини бөдөҥ общетвеннай деятель буоларын тоһоҕолоон этэн, учууталын туһунан улахан дакылааты оҥордо. Далан икки кылааска кылаас салайааччытынан үлэлээбит, ол үөрэнээччилэрэ кэлэн, тыл этэн, ырыа ыллаан, кырдьык даҕаны киһи эрэ хоһуйуох курдук дьоһун дьоно эбит.
Онтон Далан олоҕун, айымньыларын киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт учуонайдарбыт Саввинов А.С., Поликарпова Е.М, Сивцев П.М этиилэрин кэлбит дьон сэҥээрэ иһиттилэр. Андрей Саввич "Тулаайах оҕону" ырытыыта, Сивцев Далан олоҕор, айымньыларыгар үс саха суруйааччыларын сойуолаһыы сабыдыалын таарыйда. Поликарпова Даланныын уһуннук бииргэ үлэлээбит эбит. Кини учуонай, литературнай критик буолуутугар быһаччы сыһыаннаах, үс Чурапчы чулуу учуонайдарыгар Е.И.Коркинаҕа, Б.Н.Поповка уонна Далаҥҥа махталлааҕын, кинини интеллектуальнай өттүнэн өрө тахсыытыгар тирэх буолбуттарын эттэ. Москваттан суруналыыс, переводчик, критик Аита Шапошникова видеосибээһинэн Даланы кытта бииргэ үлэлээбит кэмнэрин сырдатта. Кэлбит ыалдьыттары "Алаас" дьахталлар ырыаларын бөлөҕө ырыанан эҕэрдэлээтэ. Баһылыкпыт Егор Потапов суруйааччылардыын, учуонайдардыын бииргэ үлэлииргэ ыҥырда. Бу иннинэ Далан дневнигэ, сиппэтэх үлэлэрэ о.д.а. матырыйааллар архыыпка хараллан сыталларын, архыып үлэһитэ билиһиннэрбитин, ол куоппуйаларын биэрэлэригэр көрдөстө баһылык. Бу көрсүһүүгэ Далан төрөппүт кыыһыгар, Лолита Васильевнаҕа, Кытаанах нэһилиэгин туһунан кинигэлэри ааптар Екатерина Прокопьевна бэлэхтээтэ, оскуола директора Вячеслав Яковлев эҕэрдэ тыл эттэ, кинини ситэрэн оскуолабыт үөрэнээччилэрэ дакылааттарын кэпсээтилэр. Ол курдук Айта Яковлева "Далан айымньыларын аймахтарын уобарастарыгар" салайааччы Ольга Аржакова, "Национальное Достояние" үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайката 10 кылаас үөрэнээччитэ Күннэй Филатова "Разработка анимационного буктрейлера по легенде Далана "Белые стерхи Севера" салайааччы Евдокия Миронова, үлэтин сүрдээҕин болҕойон иһиттилэр, Карина Колодезникова 8 кылаас үөрэнээччиитэ "Үс саха өлбөт - сүппэт үктэллэрэ" салайааччы Ольга Аржакова дакылаатын сэҥээрдилэр дохсун ытыс тыаһынан уруйдаатылар.
Ити курдук Даламмыт төрөөбүтэ 95 сааһын көрсө үгүс тэрээһиннэр, дьаһаллар ыытыллаллар.
х х х х х х х
Бэҕэһээ, муус устар 7 күнүгэр Дьокуускайга, элбэх функциялаах Оҕо дыбарыаһыгар "Ырыалаах кытылга" диэн ааттаах ырыаны айааччы, толорооччу, эдэр педагог, бэйэбит оҕобут Сардана Окоемова айар кэнсиэрэ буолла.
Сардана бу кэнсиэригэр бэлэмнэммитэ ыраатта. "Саха" НКИХ биэриитигэр, радиоҕа, "Кыым" хаһыакка кини айар үлэтин, олоҕун туһунан бары истэн, көрөн билэбит.
Бу киэһэ көрөөччү саалатын тобус толору, Сардана айар үлэтин кэрэхсээн кэлбит көрөөччүлэри көрөн тэрийээччилэр, кыттааччылар бары олус үөрдбүт, долгуйдубут. Кэнсиэргэ "Айыы кыһата" национальнай гимназияттан, "Юные якутяне" республикатааҕы ресурснай киин оҕо вокальнай студиятын иитиллээччилэрэ, аймахтара Вероника Степанова, Инна Донская-Дайаана, Марианна Собакина, Альберт Осипов - Таман, биир дойдулаахтара "Алаас" дьахталлар ырыа бөлөхтөрө кытыннылар, кэнсиэри иилээн саҕалаан ыытта убайа Сылаҥнааҕы Сивцев аатынан сынньалаҥ киин директора Алексей Собакин уонна "Чохоон" оҕо каналын редактора Лилия Барбасытова. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги Сарданабыт "Саха" НКИХ "Чохоон" каналыгар үлэлиир, кини айбыт ырыалара бу каналга ылланаллар. таарыччы эттэххэ, кэнсиэргэ олус сонун оҕолорго аналлаах ырыа бөҕө ылланна, бу ырыалар ааптардара Сардана, ол курдук төрөөбүт дойду, ыйдар, ийэ, аҕа тустарынан , ханнык баҕарар оҕо үөрэ- көтө толорор ырыалара күн сирин көрбүттэр. Кэнсиэргэ барыта 23 ырыа ылланна, 100 чэкэ киһи кытынна.
Сардана кэнсиэрэ быйылгы "Педагог уонна наставник" сылыгар тэриллибитэ оруннаах буолла. Ил Түмэн депутата Мария Христофорова, Сардананы вокалга үөрэппит - такайбыт учууталларыгар Христина Николаевна Поповаҕа, Любовь Николаена Монгушка, Сардана билигин үлэлии сылдьар республикатааҕы ресурснай киинин старшай методиһыгар, наставник Мария Афанасьевна Федороваҕа, офтольмологическай клиника быраастарыгар Аксинья Михайловна Евсееваҕа, Алена Григорьевна Аржаковаҕа, кэнсиэр ыытааччыларыгар Лилия Барбасытоваҕа, Алексей Собакиҥҥа Махтал суруктары туттарда, Сарданаҕа, СР үөрэҕин министирин Ирина Любимова илии баттааһыннаах "Надежда Якутии" бэлиэни, "Чараҥ" диэн ааттаах Чурапчы улууһун мелодистарын үрүҥ көмүс бэлиэтин, Чурапчы улууһун культуратын салаатын, Кытаанах нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын Бочуотунай грамоталарын, Далан аатынан орто оскуола, "Түһүлгэ" НАДь, "Алаас" дьахталлар ырыаларын бөлөҕө эҕэрдэ суруктарын, сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.
Сарданаҕа, айар үлэҥ таһаарыылаах буоллун, саҥа ырыалар кытылга кэлэн анньылла турдуннар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!
4.04.2023
Быйыл нэһилиэкпит Кытаанах диэн сурукка киирэн ааттанар буолбута 100, тумус туттар дьоммут ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин, саха народнай суруйааччыта Далан, художник, Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ А.П.Собакин төрөөбүттэрэ 95 сылларын көрсө нэһилиэкпитигэр араас тэрээһиннэр былааннаахтык ыытылла тураллар. Бүгүн, муус устар 4 күнүгэр "Сааскы оонньуулар" диэн ааттаах 3 нэһилиэк ветераннарын, пенсионердарын спортивнай күрэхтэһиитэ 7 көрүҥҥэ буолан ааста.
Сарсыарда "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтигэр Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгин спортсменнара, ыаллыы сытар Арыылаах ветераннара уонна биһиги нэһилиэкпит спортсменнара муһуннулар, кинилэр сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан, сылаас чэйинэн айах тутуу кэнниттэн, күрэхтэһии үөрүүлээх парада саҕаланна. Эҕэрдэ тылы "Кытаанах нэһилиэгэ" МТ баһылыгын солбуйааччы Е.И.Скрябина, нэһилиэкпит ветераннарын Сэбиэтин председателэ М.П.Парфенова, Игидэй нэһилиэгин баһылыга Е.А.Марков, Арыылаах нэһилиэгин ветераннарын Сэбиэтин председателэ В.Попова эттилэр. Бары мустубут спорт ветераннарыгар, спортсменнарыгар анаан нэһилиэктэр музыкальнай эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Ол курдук Кытаанахтан Алексей Окоемов солота, Игидэйтэн баһылык Егор Марков кулууп директора Родион Эргичилин дуэттара, Арыылаахтан Валентина Попова солота дохсун ытыс тыаһынан арыалланнылар.
Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Дмитрий Николаевич Макаров күрэхтэһии балаһыанньатын билиһиннэрдэ, дьэ ол кэнниттэн 7 көрүҥүнэн күрэхтэһии ыытылынна.
Волейболга, баскетбол мээчигини быраҕыыга биһиги нэһилиэкпит спортсменнара инники күөҥҥэ таҕыстылар, салгын саатынан ытыыга Арыылаах 3, Кытаанах 2, Игидэй 1, теннискэ Кытаанах 3, Арыылаах 2, Игидэй 1, дуобакка Арыылаах 3, Кытаанах 2, Игидэй 1, саахымакка Арыылаах 3, Кытаанах 2, Игидэй 1, хайыһарга Кытаанах 1, Игидэй 2 миэстэ буоллулар. Онон уопсай түмүккэ 3 м Арыылаах, 2 м Кытаанах уонна кыайыы Кубогын илдьэ бардылар Игидэй нэһилиэгин спортсменнара.
Бүгүҥҥү күн кыайыылаахтарын наҕарадалааһыҥҥа Степан Прохоров ырыатынан ветеран спортсменнары эҕэрдэлээтэ, Марфа Петровна бары спотсменнарга махтанан анал сувениры итиэннэ хамаандалар бэйэлэрэ олохтообут бириистэрин туттарда.
Бу күрэхтэһиигэ кыттыбыт, нэһилиэкпит чиэһин көмүскээбит бары ветеран спортсменнарбытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит, күрэхтэһии тэрийээччилэригэр Марфа Петровнаҕа, Иван Петровичка, Алексей Николаевичка, оскуолабыт физруктарыгар Дмитрий Николаевичка, Петр Алексеевичка, оскуолабыт дьаһалтатыгар, буфет үлэһиттэригэр барҕа махтал. Өссө да эдэрдии эрчиминээхтик иннигит диэки баран иһиҥ диэн алгыыбыт.
4.04.2023
Биһиги улууспутугар, муус устар 3-4-5 чыыһылатыгар СӨ культуратын, литературатын, искусствотын күннэрэ ыытылла тураллар.
Культура үлэһиттэригэр, нэһилиэнньэҕэ анаан араас маастар- кылаастар, семинардар тэриллэн, хас биирдии үлэһит анал программанан көрөн, бэйэтигэр сөптөөх дьаһалларга сылдьаллар. Ол курдук библиотекарь Лена Александровна туох тэрээһиҥҥэ сылдьыбытын билсиҥ:
Бэҕэһээ, муус устар 3 күнүгэр улуустааҕы киин бибилиотекаҕа "Чолбон" сурунаал редакцията, Чурапчы улууһун олохтоохтооругар, саха народнай суруйааччыта, Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата В.С. Яковлев - Далан олоҕор уонна айар үлэтигэр анаммыт "Чолбон" өй күрэҕин ыыттылар. Оонньуу саҕаланыытыгар "Чолбон" сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, народнай суруйааччы Николай Лугинов тэрээһин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр, өй күрэҕин редакция үлэһитэ Туйаара Степановна Павлова олус үчүгэйдик иилээн - саҕлаан ыытта. Дьүүллүүр Сүбэҕэ Г.Андросов, , редакторы солбуйааччы Д.Н.Макеев үлэлээтилэр. Күрэххэ улууспут нэһилиэктэриттэн 4 киһилээх 5 хамаанда кытынна. Оонньуу 3 түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ Далан олоҕуттан, иккис, үһүс түһүмэхтэр кини айымньыларыттан ыйытыктар. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр Бастакы миэстэни Алаҕар, Бахсы, Мугудай, Төлөй холбоһуктаах хамаандалара ылла. Иккис миэстэҕэ Чурапчы нэһилиэгиттэн Тоҕус томтор хамаанда таҕыста. Бу хамаандаҕа биһиги биир дойдулаахпыт Иван Петрович Пономарев элбэх очкону аҕалла. Үһүс бириистээх миэстэни Хадаар, Дириҥ, Хайахсыт, Чакыр холбоһуктаах "Эриликтэр" хамаандалара ылла. Кыайыылаахтарга сурунаал редакцията грамоталары, Далан "Дьылҕам миэнэ" кинигэтин, "Чолбон" сурунааллары туттардылар.
Бу тэрээһиҥҥэ, Кытаанахтан олохтоох бэйиэт, Николай Федорович Смирников, Далан туһунан олус интэриэһинэй ахтыы оҥорон, суруйааччы суругун аҕалан көрдөрдө.
Киэн туттар суруйааччыбыт туһунан элбэҕи, саҥаны билэн, астынан тарҕастыбыт.
Салгыы "Айылгы" норуот айымньытын Дьиэтигэр суруйааччылардыын көрсүһүү буолла. Бу көрсүһүүгэ Далан 95 сааһынан кини олоҕун, айар үлэтин тула кэпсэтиһии, ырытыһыы буолла. Ол курдук биһиги Даламмыт бу орто дойду ытыллар олоҕун бары амтанын амсайбыт улуу киһибит туһунан, биир идэлээхтэрэ суруйааччылар кини олоҕун баарынан кэпсээн мустубут дьон бэл тыыммакка да иһиттибит. Народнай суруйааччы Н.Лугинов, поэт, литератураны ырытааччы, народнай суруйааччы Сэмэн Тумат, эдэр поэт, публицист, "Чолбон" сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, прозаик, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, ыаллыы сытар Арыылаах нэһилиэгиттэн төрүттээх поэт Ольга Фролова - Янцен, Сардаана Корякина уонна Кытаанахтар күтүөппүт, суруйааччы Павел Федоров - Сомоҕо Даланы бары өттүттэн бэрткэ сырдаттылар. Александра Иннокентьевна Бочкарева - Сууралдьыма хайдах Далан портретын суруйбутун, портрет суруйуу кистэлэҥнэрин кэпсээтэ. Ойуунускай аатынан литературнай музей сотруднига репрессия ыар тыына, буруйу сүгүү, онтон босхолонуу, туора көрүллүү, үҥсүү-харсыы Даланы олус кэбирэппитин уонна бу историяны өссө да үөрэтэр наадалааҕын тоһоҕолоото.
Бу күн биһиги "Түһүлгэ" НАДь үлэһиттэрэ хаартыска уонна видеомонтаж, культура тэрилтэтин официальнай сайтын хайдах үлэлэтэр тустарынан курстарга, семинарга сылдьан үөрэммиттэрин туһунан туоһу суруктары туттулар, культура күнүн чэрчитинэн ыалдьыттыы кэлбит худуоһунньуктары сахалыы сиэринэн айах тутан көрүстүлэр.
Улууспутугар бүгүн сарсын олус туһалаах тэрээһиннэргэ нэһилиэкпит дьонун сылдьыҥ, көрүҥ диэн ыҥырабыт.
2.04.2023
Бүгүн, муус устар 2 күнүгэр, ыаллыы сытар Арыылаах нэһилиэгэр, аан бастаан оҕолорго республикатааҕы хайыһар күрэхтэһиитэ ыытылынна. Бу туһунан олус астынан, дуоһуйан СР үөрэҕириитин туйгуна, кынаттаах хайыһардьыт, билигин общественнай ноҕорууска быһыытынан, бэйэтэ ис сүрэҕиттэн оскуолабыт оҕолорун хайыһарга дьарыктыыр Алексей Николаевич Терютин кэпсээтэ:
Оҕолорго республикатааҕы хайыһар күрэхтэһиитэ Саха АССР үтүөлээх тренерэ Иван Николаевич Попов уонна Арыылаах нэһилиэгин олохтооҕо, хайыһардьыт Гаврил Лукич Попов сырдык ааттарыгар тэрилиннэ. Тэрийээччилэр "Арыылаах нэһилиэгэ" МТ, Иван Николаевич ииппит - үөрэппит , такайбыт оҕолоро, бары бастыҥ спортсменнар, хайыһарга республика чиэһин Дальнай Востокка үгүстүк көмүскээбит, республика, улуус бастыҥ хаһыйардьыттара Николай Николаевич Попов, бырааттыы Аркадий, Ким Михайлович Тимофеевтар, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара Семен Семенович Морфунов, Иван Николаевич, Гаврил Лукич дьиэ-кэргэттэрэ. Тэрээһин олус үрдүк таһымнаах, Арыылаахтар сүрдээҕин бэлэмнэнэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тэрийбиттэрэ көстөр. Ас-үөл олох тиһигин быспакка спортсменнар, ыалдьыттар сылаас аһы аһаан күүспүтүгэр күүс эбилиннэ.
Барыта 60- тан тахса оҕо кэлэн күрэхтэстилэр. Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн, Хатастан, Чурапчы улууһун Дириҥиттэн, Төлөйтөн, Мурун Тыымпыйаттан, Кытаанахтан, Арыылаахтан мустан күөн көрүстүлэр. Биһиги оскуолабыт оҕолоро бэйэлэрин дистанцияларыгар тахсыылаахтык сүүрдүлэр. Ол курдук Наина Владимирова, Слава Сивцев, Юля Ермолаева Бастакы миэстэ, убайдыы-балыстыы Күннэй, Ньургун Собакиннар иккис миэстэ буоланнар үөрүү өрөгөйүн биллилэр. Карина Колодезникова, Ванесса Борисова, Мичил Пономарев анал бирииһинэн наҕараадаланнылар.
Күрэхтэһии таҥара дьиэтин аннынан ыытылынна. Хайыһар трассатын биһиги Игнатьев Иван Петровичпыт хаста да баран оҥорон, трасса сүүрэргэ олус үчүгэй диэн бары күрэхтэһээччилэр ааттарыттан Иван Петровичка махтал тылларын, анал бирииһи тэрийээччилэр туттардылар. Кырдьык даҕаны бу күннэргэ олус тыалыран, тибии бөҕө буолан, хаар бөҕө түһэн сүрдээх элбэх үлэни көрүстэ Иван Петрович. Мин, күрэхтэһии кылаабынай судьуйатынан үлэлээтим, барыта туох да мөккүөрэ суох олус холкутук, сымнаҕастык ааста диэн Арыылаахтарга тэрийээччилэргэ махтанабын. Биһиги оскуола массыынатынан айанныы сырыттыбыт, түгэнинэн туһанан оскуолабыт салалтатыгар махталбын тиэрдэбин.
Эһиил, Иван Николаевич 90 сааһын көрсө, биһиэхэ, Кытаанахха улахан хайыһар күрэхтэһиитин тэрийиэн баҕарарын туһунан уола Дмитрий Иванович Попов эттэ.
Ити курдук үчүгэй ситиһиилээх сонуннар кэлэ тураллар, бары спортсменнарбытыгар, тренердэргэ инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт
1.04.2023
Бүгүн, биир дойдулаахпыт, саха народнай суруйааччыта, Ойуунускай аатынан бириэмийэ лаурета Василий Семенович Яковлев - Далан төрөөбүтэ 95 сааһа. Кинилэр, биһиги нэһилиэкпитигэр Илин Чараҥынан, Быһыттааҕынан сайылык, кыстык оҥостон олорбуттар.
Далан "Кэриэн ымыйа" диэн кинигэтигэр суруйан турар.
Төрөөбүт дойду барахсан!
Ахсым, дохсун эдэр сааска киһи эйиигин ахтыбат идэлээх, балык уу дириҥин талаһарыныы, киһи үчүгэйгэ, интэриэһинэйгэ - олох оргуйар үөһүгэр тардыстар.
Онтон кырдьан сорсуйан, сылайан - элэйэн бардаххына саныыр санааҕар, түһүүр түүлгэр төрөөбүт түөлбэҥ киирэр буоллаҕа. Мин төрөөбүт - үөскээбит дойдум - Кытаанах нэһилиэгэ. Төрүт былыргы төрдүбүт Тыгын күтүөтэ Батас Мөндүкээн эбитэ үһү. Нэһилиэкпитин кини улахан уолун Кытаанах Баллы аатынан нуучча казактара ааттаабыттар.
Дьэ ити курдук биһиги нэһилиэкпитигэр төрөөн -үөскээн, саха улуу суруйааччытыгар тиийэ үүммүт эбит Далан.
Бүгүн Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ норуот айымньытын Дьиэтигэр Далан "Дьикти саас" айымньытынан "Кынаттаах ыралар" диэн ааттаах наивнай искусство иккис дьарыга ыытылынна. Санаттахха бастакы дьарык биир дойдулаахпыт, художник, Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятеля Афанасий Петрович Собакин төрөөбүт, кулун тутур 6 күнүгэр ыытыллыбыта. Онно Афанасий Петрович уруһуйун үтүктэн уруһуйдаабыппыт. Бүгүн арыыйда уустургурдан Далан "Дьикти саас" айымньытын ааҕыыттан, ким хайдах ылынарынан үлэлээтилэр.
Бары даҕаны астына, дуоһуйа үлэлээн, түмүккэ быыстапка оҥорон, Евдокия Тимофеевна ырытан, өссө даҕаны көрсүһүөх буолан үөрэ - көтө тарҕастылар. Түгэнинэн туһанан "Уран" нэһилиэкпит уран тарбахтаахтарбыт түмсүүлэрин салайааччытыгар Евдокия Тимофеевнаҕа тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит. Саҥа талааны арыйарга, хаһан даҕаны хойут буолбатаҕын бу дьарыкка көрүөххэ сөп. Былаан быһыытынан 3 дьарык айылҕаҕа плэнер буолуохтаах.
х х х х х х
Бүгүн, республикабытыгар Булчут күнэ. Бары байанайдаах булчуттарбытын бу күнүнэн эҕэрдэлиибит. Куруутун өттүк харалаах, байанайдаах буоларгытыгар баҕарабыт.
Кулун тутар 29 күнүгэр, Чурапчыга улуустааҕы "Аҕа уонна уол" күрэҕэ ыытылынна. Манна биһиги нэһилиэктэн Иван Петрович уолунаан Ньургуннуун Собакиттар дьиэ - кэргэттэрэ кытыннылар. Салгыы кинилэр кэпсээннэрин истиэҕиҥ:
Быйыл 23 төгүлүн ыытыллыбыт муниципальнай сүүмэрдиир Аҕа күрэҕэр биһиги иккис төгүлүн кытынныбыт. Күрэххэ уопсайа 11 хамаанда күөн көрүстэ. 5 Чурапчы ТОСтара, 6 нэһилиэк: Болтоҥо, Арыылаах, Мугудай, Хадаар, Одьулуун, Кытаанах.
Күрэх 7 түһүмэхтээх: ойбон тэһии, уот оттуу, остуолбаҕа ыттыы, туут хайыһарынан сүүрүү, мас суорааһына, мас эрбээһинэ, мас хайытыыта. Ону таһынан хас биирдии хамаанда бэйэтин дьиэ-кэргэнин билиһиннэрэр визитка оҥордо, онно туспа сыана турбута.
Биһиги уопсай түмүккэ 5 миэстэ буоллубут. Бастакы миэстэ Болтоҥоттон Кривошапкиннар дьиэ - кэргэн уонна 60 тыһ сууммалаах сертификатынан, итиэннэ республикатааҕы Аҕа күрэҕэр Чурапчы улууһун чиэһин көмүскүү бараллар.
Иккис миэстэ Чурапчыттана Аммосовтар дьиэ - кэргэттэрэ, 40 тыһ сууммалаах сертификат, үһүс миэстэ Арыылаахтан Демьяновтар дьиэ- кэргэттэрэ 20 тыһ сууммалаах сертификатынан наҕараадаланнылар.
Биһиги визиткабытыгар Бастакы миэстэ ыламмыт үөрүүбүт муҥура суох. Хас биирдии кыттыбыт хамаандаҕа кыттыбыттарын туоһулуур сертификат уонна анал бириистэри туттардылар.
Нэһилиэк дьонун- сэргэтин ааттарыттан Собакиттар дьиэ - кэргэттэрин, нэһилиэкпит аатын чиэстээхтик көмүскээбиккитигэр махтанабыт. Өссө даҕаны олоххо көхтөөх, чөл туруктаах, чэгиэн олохтоох буолуҥ диэн алгыыбыт.
х х х х х х
Бэҕэһээ, о.э. кулун тутар 31 күнүгэр ыаллыы сытар Таатта улууһугар Харбалаах нэһилиэгэр 5 улуус коллекционердара көрүстүлэр. Бу туһунан нэһилиэкпит "Иэйии" коллекционердарын салайааччыта Екатерина Гаврильевна Андреева сонунун үллэһиннэ:
Таатта улууһун Харбалааҕар "Дьоһун дьарык" коллекционердар түмсүүлэрэ тэриллибитэ 10 сыллаах үбүлүөйдэрэ буолла. Уус-Алдантан, Амматтан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Чурапчыттан, Тааттаттан коллекционердар көрүстүбүт. Таатталар сахалыы сиэринэн алаадьынан айах тутан, сыт таһааран буруолатан көрүстүлэр. Эбиэккэ дылы арочнай залга быыстапка, атыы- тутуу, атастаһыы, конкурска бэлэмнээн аҕалбыт оҥоһуктары көрүү буолла.
Алта көрүҥҥэ күрэхтэһии ыытылынна. Бары даҕаны эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Хоһоон айыыта, мунньунуу туһунан сырдатыы, илиинэн, оҕуруонан, айылҕа матырыйаалларыттан оҥоһуктар, иистэнии араастара киһини сөхөтөрөр үлэлэр. Дьон мунньунуутун көрөн киһи астынар, бииртэн биир араас мал- сал. Былыргы өбүгэ күндү малыттан саҕалаан араас барыта баар.
Кытаанахтан "Иэйиилэр" үһүө буолан сырыттыбыт. Татьяна Григорьевна Потапова сиэнинээн Сахаайалыын мунньунуутун билиһиннэрбит дакылаата үһүс миэстэни ылла. Прасковья Владимировна Новгородова тиийээт тута хоһуйбут хоһоонунан иккис уонна "Дьикти дьарык мунньунуу" хоһоонунан Екатерина Гаврильевна Андреева маҥнайгы миэстэни ыламмыт үөрдүбүт - көттүбүт. 10 сыллаах үбүлүөй үрдүк таһымҥа ааста. Сайын сардааналаах кыыс Аммаҕа көрсүөх буолан тарҕастыбыт.
Харбалаахха олорор биир дойдулаахпытын Варвара Алексеевна Парфенованы көрсөн, ирэ- хоро кэпсэтэн биир туспа үөрүү буолла.
Бу күн коллекционердар бэйэлэрин мунньунууларыгар сонун экспонаттары атастаһан, атыылаһан, инникитин өссө айымньылаахтык үлэлииргэ былааннаан, тэрийээччилэргэ махтанан тарҕастылар.