Новости

Screenshot_20230309-100700_WhatsApp.jpg

9.03.2023

      Маннык ааттаах кэнсиэри, Аан дойду дьахталларын күнүнэн, ырыа айааччы, толороооччу, кыра эрдэҕиттэн ырыаны ымыы оҥостубут кэрэчээн кыыспыт Сардана Окоемова айар киэһэтин бар дьонугар бэлэхтээтэ.

Кэнсиэр саҕаланыытыгар "Кытаанах нэһилиэгэ" МТ олохтоох дьаһалтатын, депутат эр дьоннорун  аатыттан тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн нэһилиэкпит депутат уолаттара кэрэ аҥардарга бэлэхтээтилэр.

Сааланы толору мустубут көрөөччүлэр, Сардана бииртэн биир иэйиилээх ырыаларын дуоһуйа иһиттилэр. 

Сардана бастакы ырыатын өссө 10 кылааска үөрэнэ сылдьан айбыт эбит. "Тапталлаах Килэҥкибэр"  ырыаны биһиги, Кытаанахтар кыралыын- улаханныын олус сөбүлээн ыллыыбыт. "Быраастарым аанньалларым", "Ийэбэр", "Аҕабар", "Эн киһигини дьоллооххун", "Сахам сирэ" диэн дириҥ ис хоһоонноох ырыалара көрөөччү кутун туттулар. 

Сардана төрөөбүт- үөскээбит Кытаанаҕар бэҕэһээ 4 кэнсиэрин анаата. Кини билигин  "Юные якутяне"  Дьокуускайдааҕы ресурснай кииҥҥэ вокал педагогунан үлэлиир. Өссө Саха НВК "Чохоон" биэриитигэр мультиктарга ырыа айан, дьарыктыыр оҕолорун ыллатар эбит. Кыра эрдэҕиттэн араас таһымнаах ырыа конкурстарыгар лауреат аатын үгүстүк ылбыта. 

"Эн киһигин дьоллооххун" кэнсиэригэр кыра эрдэхтэриттэн бииргэ дьарыктанан, кэнсиэртээн сылдьыбыт табаарыһа Тимур Смирников, айбыт аҕата Алексей Окоемов, Уус-Алдантан  убайа Иван Готовцев, "Алаас" дьахталлар ырыа бөлөхтөрө, "Оторой- моторой" фольклор куруһуогун кыра бөлөҕө күүс көмө буоллулар. 

Бу киэһэ Сарданаҕа ырыаҕа үөрэппит, дьарыктаабыт учуутала Христина Николаевна Попова, кылааһын салайааччылара Екатерина Андреева, Туяра Борисова,Любовь Дьячковская, "Сыккыс" түмсүүлэр, аймахтара Кытаанахтан, Уус-Алдантан тиийэ кэлэн эҕэрдэлэрин эттилэр. 

Киирии билиэтинэн Сардана төрөппүттэрэ олохтообут олохтоох бородууксуйа наборун Зоя Захарова, Виктория Сидорова, Людмила Монастырева тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ.

Бу күн күнүс ыаллыы сытар Арыылаах нэһилиэгэр эмиэ кэнсиэртээтэ. Арыылахтар сүрдээх истиҥник көрсөн, ырыалары дуоһуйа иһиттилэр. Арыылаахтааҕы "Туску" НАДь директора Лена Борисова, Сарданаҕа Эҕэрдэ суругу, уйгулаах Чороону бэлэхтээн барҕа махталларын тиэртилэр.  

Бу саас муус устар 7 күнүгэр Дьокуускайдааҕы  оҕо дыбарыаһыгар "Ырыалаах кытылга" диэн ааттаах Сардана бастакы айар киэһэтин ыытаары күүстээхтик бэлэмнэнэ сылдьар. Бу элбэх үбү, тэрээһини эрэйэр дьаһалга биһиги биир дойдулаахтара көмөлөһөн, кэнсиэртэн киирбит үбү Сарданаҕа, Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь директора Айталина Пономарева дохсун ытыс тыаһынан туттарда.  

Онон, күндү биир дойдулаахтарбыт "Ырыалаах кытылга" кэнсиэргэ барыгытын күүтэбит. Эдэр киһи санаабыт санаата этэҥҥэ туоларыгар тиийэн дохсун ытыспыт тыаһын бэлэхтээн күүс- көмө, тирэх буолуоҕун!

IMG-20230306-WA0022.jpg

6.03.2023

   Кулун тутар 4 күнүгэр Кытаанахха аан дойду дьахталларын күнүн көрсө, биир дойдулаахпыт, ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Дмитрий Петрович Коркин 95 сааһыгар аналлаах, Арыылаах, Түөйэ, Улахан- Күөл, Кытаанах кэрэ аҥардара түмсэн волейболга күрэхтэстилэр. 

  Күрэхтэһии 14 чаастан Далан аатынан оскуолабыт спортивнай саалатыгар ыытылынна. Э5эрдэ тылы Кытаанах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Екатерина Скрябина, нэһилиэкпит "Үйэн" дьахталларын Сүбэтин председателэ Лена Пономарева, кэлбит спортсменнары ылбаҕай ырыатынан Степан Прохоров эҕэрдэлээтилэр.

Күрэхтэһии наһаа тыҥааһыннаахтык, ыһыылаах-хаһыылаах саҕаланна. Түмүккэ "Бастыҥ оонньооччу" бирииһи Түөйэ хамаандатыттан Любовь Дьячковская  тутта. Бирииһи олохтоотулар 60-с-70-с сылларга Чурапчы оройуонун волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Христина Николаевна Попова оҕолоро, сиэттэрэ.

"Бастыҥ быһааччы" бирииһи Арыылаах хамаандатыттан Виктория Дагданча ылла. Бирииһи туруордулар 60-с-70-с сылларга Чурапчы оройуонун волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Софья Николаевна Сорокоумова оҕолоро, сиэттэрэ.

"Бастыҥ хапытаан" бириис Арыылаах хамаандатын капитаныгар Екатерина Поповаҕа ананна. Бу бирииһи 80-с сылларга "Чурапчы" совхоз волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын капитана Татьяна Афанасьевна Пономарева оҕолоро, сиэттэрэ туруордулар. 

"Хамаандатыгар саамай элбэх очкону аҕалбыт" диэн анал бирииһи Кытаанах орто оскуолатын кыргыттарга хамаандатын капитана Уйгу Новгородова ылыан ылла. Бирииһи туруорда Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь (директор Айталина Пономарева)

Күрэхтэһии кыайыылаахтара "Кытаанах нэһилиэгэ" МТ олохтоох дьаһалтата туруорбут  мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланнылар. 

3 миэстэ- Түөйэ хамаандата (капитан Любовь Дьячковская)

2 миэстэ- Кытаанах оскуолатын үөрэнээччилэрин хамаандата (капитан Уйгу Новгородова, тренер Петр Бабиченко)

1 миэстэни эрэллээхтик Арыылаах хамаандата (капитан Екатерина Попова)

2 миэстэни былдьаһан олус кыһыылаахтык хотторбут Кытаанах нэһилиэгин дьахталларын хамаандата 4 миэстэ (капитан Туяра Потапова)уонна сүрдээх түмсүүлээхтик кэлэн, көхтөөхтүк күрэхтэспит Улахан- Күөл дьахталларын хамаандата (капитан Светлана Платонова)5 миэстэ буолла.

Түмүккэ Кытаанах нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын, эр дьоннорун ааттарыттан  кэлэн иһэр сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан бары кэрэ аҥардарга сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. 

Бары кыттыбыт спортсменнарбытыгар тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Итии-истиҥ махталбытын Далан аатынан оскуола  директорыгар Вячеслав Яковлевка, минньигэс астаах буфет үлэһиттэригэр Елизавета Пономареваҕа, Акулина Скрябинаҕа, Николай Максимовка, күрэхтэһии кылаабынай судьуйатынан үлэлээбит Дмитрий Макаровка , судьуйалаабыт оскуолабыт үөрэнээччилэригэр Айтал Монастыревка, Ньургун Новгородовка, Арыылаахтан Сергей Борисовка тиэрдэбит.

Чэгиэн-чэбдик , дьиэ-кэргэҥҥит дьоллоох- соргулаах буоллун!

WhatsApp Image 2023-03-03 at 09.09.06.jpeg

3.03.2023

   Бүгүн,  биир дойдулаахпыт, Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ, художник Афанасий Петрович Собакин төрөөбүт күнэ. Баара буоллар 95 сааһын туолуох эбит. 

Биһиги, кытаанахтар, бу күнү бэлиэтээн, кэлэн иһэр аан дойду дьахталларын күнүнэн, нэһилиэкпитигэр аан бастаан "Наивное искусство" диэн тэрээһин ыыттыбыт. Бу тэрээһиммитигэр "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Уран" уран тарбахтаахтарбыт түмсүүтүн салайааччыта, СР уус-уран оҥоһуктарга маастара, СР үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара Евдокия Тимофеевна Миронова маастар-кылаас биэрдэ. 

Бу киэһэҥҥи тэрээһин Афанасий Петрович туһунан документальнай киинэттэн саҕаланна. Киинэни, библиотекарь Лена Александровна хомуйан оҥордо. Манна худуоһунньук кэргэнэ Нина Скорикова, төрөппүт кыыһа Ольга, чугас дьонун ахтыылара киирбитэ олус сонун, интэриэһинэй буолла. 

Маастар кылааска Евдокия Тимофеевна уруһуй техникатыгар, өҥү-дьүһүнү дьүөрэлииргэ, киистэнэн туттарга үөрэттэ. Кэлбит кэрэ аҥардар олус кыһаллан, болҕомтолоохтук үлэлээтилэр. Түмүккэ үлэлэрин быыстапкалаан, Евдокия Тимофеевна ырытан, бары дуоһуйан тарҕастыбыт. 

Аны  Далан төрөөбүт күнүгэр муус устарга кини айымньытынан үлэлииргэ былааннанныбыт. 

Тэрээһиммитигэр кыттыыны ылбыт нэһилиэкпит кэрэ аҥардарыгар барҕа махтал буолуохтун!

Кэлэн иһэр аан дойду дьахталларын күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэ!

IMG-20220203-WA0079.jpg

1.03.2023

"Кэпсээ, туох сонун?" рубрикабытыгар культура сонуннара. 

Бэҕэһээ, о.э. олунньу 28 күнүгэр Чурапчыга "Утум" дьиэтигэр Чурапчы нэһилиэгэ 375 сылыгар аналлаах 50 үөһэ саастаах аҕам дьоҥҥо "Аман өс" улуустааҕы араатардар күрэхтэрэ ыытылынна.

     Тэрийээччилэринэн Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата, Арчы дьиэтэ, А.А.Саввин аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр музей, САТ "Саҥа олох" хаһыат редакцията, улуустааҕы култуура салаата, киин библиотека, "Ийэ тыл" общественнай түмсүү. 

Барыта 11 араатар, икки түһүмэҕинэн кытынна. Бэйэ санаатын этии хайысхаларынан:

1 "Төрөөбүт дойдум, Ийэ сирим-эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбин"

2 "Үлэ киһитэ үйэлэргэ кэпсэнэр" биир дойдулаахтарын олоҕун сырдатыы

Араатардар үксүлэрэ 2 хайысханы талан төрөппүттэрин, аймахтарын, коллегаларын үлэлэрин тустарынан олус долгуйан, истиҥник кэпсээтилэр. 

Дьүүллүүр Сүбэҕэ нэһилиэк социальнай боппуруостарын специалиһа Матвеева М.П., киин библиотека ааҕааччыны  кытта үлэлиир отделын сэбиэдиссэйэ Кузьмина М.Н, А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейын директора Толстоухов Ю.С. "Үөрүү" оҕону эбии үөрэхтээһин киинин үлэһитэ Пермякова Л.А. уонна "Арчы дьиэтин" киинин салайааччыта Петрова А.Н. үлэлээтилэр.

Дьүүллүүр Сүбэ анал бирииһин Чурапчыттан Ермолаева Е.Н аҕатын Ермолаев Алексей Петрович туһунан ахтыытынан, Попова Н.Н. "Федот Федотович Захаров Боотурускай улуус уустарын үйэтиппит үлэтэ" диэн дакылаатынан, Мугудайтан Гоголева С.С. "Туруу үлэһит ССРС Государственнай бириэмиэйэтин лауреата сылгыһыт Толстоухов М.С." дакылаатынан ыллылар. 

Үһүс миэстэни Болтоҥоттон Лебедева М.Д. "Олорбут олоҕо- Болтоҥо туһугар" диэн Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Николай Яковлевич Местников дакылаата ылла.

Иккис миэстэни Чурапчыттан Сергеева Н.Е. "Маһы, тимири ыллатар удьуор уус дьон" дакылаата ылла

Бастакы миэстэни - Хатылыттан У.Н.Атласова ытыктанар туруу үлэһит, салайааччы Илья Павлович Листиков туһунан ахтыытынан ылла.

Кылаан кыайыылааҕынан таҕыста Кытаанахтан Л.Н.Монгуш. Кини төрөөбүт Кытаанаҕын туһунан түҥ былыргыттан саҕалаан, Улуу Кудаҥсаны сиһилии сырдатан, дьон-сэргэ болҕомтотун ылыан ылла.

 

Республикатааҕы "Мин сахабын" фестивалы "Айылгы" оройуоннааҕы  норуот айымньытын Дьиэтэ тэрийэн ыытта. Манна сахалыы ырыа, үҥкүү, хоһоон, уруһуй көрүҥнэригэр күрэх ыытылынна. Биһиги  нэһилиэктэн бу күрэххэ 8 кылаас коллектива "Сүүллүкүүн таптала" диэн үҥкүүнэн кыттан 3 лауреат буоллулар (кыл сал А.Г.Борисова), 

Агафья Барашкова, Любовь Монгуш дуэттара 3 лауреат, уруһуйга 4 кылаас үөрэнээччитэ Сандал Сидоров 3 лауреат буоллулар.

 

 

IMG-20230228-WA0163.jpg

28.02.2023

   Бүгүн, олунньу 28 күнүгэр улуустааҕы "Айылгы" норуот айымньытын Дьиэтигэр республикатааҕы "Чараас сытыы тыллаах чабырҕахпыт чаҥыйдын" чабырҕахсыт Мария Андреевна Герасимова - Сэҥээрэ аатынан чабырҕаҕы толорооччулар аһаҕас региональнай күөн күрэстэрэ ыытылынна. 

 Тааттаттан, Мэҥэ- Хаҥаластан, Дьокуускайтан, Чурапчы нэһилиэктэриттэн чабырҕаҕы толорор оҕолор, улахан дьоннор биирдиилээн, бөлөҕүнэн кытыннылар. 

Дьүүллүүр Сүбэҕэ ааптар Мария Андреевна Герасимова - Сэҥээрэ, Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство преподавателэ Михаил Винокуров, С. Алексеева, Чурапчытаа5ы "Үөрүү" оҕо сайдар киинин эбии үөрэхтээһин педагога М. Слепцова.

Күнүс 11 чаастан оҕолор түһүмэхтэригэр 8 бөлөҕүнэн, 5 биирдиилээн толороооччулар кытыннылар. Түмүккэ бөлөҕүнэн толорууга: биһирэбил бирииһинэн Чурапчы улууһун "Күөрэгэй" П.М.Васильев аатынан Соловьев орто оскуолата, Арыылаах орто оскуолата, Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь иһинэн үлэлиир "Оторой-моторой" фольклорнай бөлөх кыра бөлөҕө (Чурапчылар), Харбалаахтааҕы оҕо искусствотын оскуолата (Таатта)

Үһүс үрдэл - "Саһарҕа" Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолата

Иккис үрдэл - "Чуорааннар" аҕас-балыс Павловалар (Чурапчылар)

Бастакы үрдэл - "Чугдаар" В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата

Биирдиилээн толорооччуларга оҕолорго

Биһирэбил бирииһинэн -Саина Лазарева  В.С.Яковлев- Далан аатынан Кытаанах орто оскуолата

Үһүс үрдэл - Наташа Никифорова Харбалаахтааҕы оҕо искусствотын оскуолата(Таатта)

Иккис үрдэл - Евграфова Айыына

Бастакы үрдэл - Аня Макарова Чакыр орто оскуолата

Улахан дьон түһүмэхтэрэ күнүс 14чаастан саҕаланна. Барыта 5 бөлөх, 6 биирдиилээн толорооччулар кытыннылар. 

Бөлөхтөргө биһирэбил бирииһинэн "Аар Аартык" Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтун 1 курсун устудьуоннара 

"Утум" фольклорнай бөлөх Болтоҥо нэһилиэгэ

Үһүс үрдэл - "Оргуй-чоргуй" А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын устудьуоннара

Иккис үрдэл - "Кылыһах" бөлөх (Таатта Тыараһа)

Бастакы үрдэл - Ульяна Ефремова, Валентина Кривошапкина (Мэҥэ- Хаҥалас, Майа)

Биирдиилээн толорооччуларга 

 Үһүс үрдэл - Александра Адамова (Дьокуускайдааҕы култуура, искусство колледжа)

Иккис үрдэл- Диана Петухова (Арктикатааҕы култура института)

Бастакы үрдэл - Александра Максимова (Чурапчы Болтоҥо)

Кылаан бириис- Любовь Монгуш (Чурапчы, Кытаанах)

 

Бу күөн-күрэскэ барыта 100 тахса чабырҕаҕы толорооччулар кыттан, бэйэ-бэйэлэриттэн опыт атастаһан, үөрэн- көтөн тарҕастылар. 

Screenshot_20230224-222949_WhatsApp.jpg

25.02.2023

Олунньу 24 күнүгэр "Мин Россия патриотабын!" диэн ааттаах алын сүһүөх оскуола уолаттарыгар военизированнай күрэхтэһии буолан ааста. 

Бу күрэхтэһии төрөөбүт дойдуну таптыырга, араҥаччылыырга ,уол оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн көмүскээччи диэн өйү-санааны саҕар сыалтан ыытылынна. 

Барыта 7 уол, 6 түһүмэҕинэн кытынна. Ол курдук бэйэни билиһиннэрии, ордук уустаан-ураннаан Сандал Сидоров бэйэтин туһунан кэпсээтэ,  "Кыраҕы харах" дартс быраҕыыга 6 баллы ылан Айаал Монастырев тэҥнээҕин булбата, "Разведчик дулҕалаах сиринэн сүүрэр" бу түһүмэххэ уолаттар рюкзактарыгар курууска, миискэ, ньуоска, харандаас, тэтэрээт соттордоругар суулаан угуохтаахтар уонна дулҕаны ойуохтаахтар, бу ойоллоругар туох да тыаһаабат буолуохтаах диэн балаһыанньаҕа сүрдээҕин сөп түбэһиннэрдилэр, "Куруук бэлэм буол!" диэн түһүмэххэ уолаттар сүүрэн кэлэн утуйар мөһөөччүктэригэр киирэн "Отбой" оҥордулар, онтон "Подъем" хамаандаҕа мөһөөччүктэриттэн тахса охсон  аттыларыгар турар олоппостортон таҥастарын таҥыннылар,   "Тобуллаҕас өй" түһүмэххэ уолаттарбыт дьэ кырдьык билиилээхтэрин көрдөрөн бэриллибит ыйытыктарга сөптөөх хоруйу биэрдилэр. Күрэхтэһиини түмүктүүр түһүмэххэ уолаттарбыт ким туох талааннааҕын көрдөрдүлэр. Ол курдук Сандал Сидоров, Эрхаан Пономарев ыллаатылар, Титомир Лыткин, Харысхан Пономарев, Виталий Яковлев үҥкүүлээн тэйдилэр, Айаал Монастырев араас судаарыстыбалар былаахтарын олус билэрин бары сөҕө иһиттибит уонна кумааҕынан араас быһахтары оҥорбутун киэн туттан кэпсээтэ, Дьулус Собакин пластилинынан оҥорбут мультиктарын көрдүбүт, наһаа талааннаах оҕолордоохпутунан астынныбыт. 

Дьүүллүүр Сүбэ бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтэ нэһилиэкпит спортинструктора Василий Потапов, киниэхэ көмөлөстүлэр физкультура учуутала,СР үөрэҕириитин туйгуна, СР атах оонньууларыгар спордун маастара Дмитрий Макаров уонна оскуолабыт Оҕо Парламенын салайааччыта Айтал Монастырев. 

Түмүккэ Муҥутуур Кыайыылааҕынан 1 кылаас үөрэнээччитэ Айаал Монастырев таҕыста уонна "Түһүлгэ" НАДь (директор А.В.Пономарева) туруорбут 2000 сууммалаах DNS маҕаһыынтан сертификат тутта. Кыттыбыт уолаттарбытыгар анал номинациялар туттарылыннылар. Бары кыайыылаах лентатын кэттилэр. 

Бу күрэхтэһиигэ спонсордарынан "Кытаанах нэһилиэгэ" МТ олохтоох дьаһалтата (баһылык Е.Н.Потапов), Далан аатынан орто оскуола (директор В.М.Яковлев), А.Н.Нелунова аатынан балыыһа (кыл быраас В.П.Романова), нэһилиэкпит пенсионердарын Сэбиэтэ (сал М.П.Парфенова), "Ньургуйаана" уһуйаан (сал Н.А.Захарова) уонна байыаннай хамсааһын ветерана Григорий Больницкай.

Бу тэрээһиҥҥэ көрөөччүлэри, уолаттарбытын хомоҕой хоһоонунан 3 кылаас кыргыттара, ылбаҕай ырыанан "Алаас" дьахталлар бөлөхтөрө эҕэрдэлээтилэр.

 

IMG-20230223-WA0140.jpg

23.02.2023

Олунньу 23 күнэ - Аҕа дойдуну көмүскээччи күнэ. Бу киэһэ "Түһүлгэ"НАДь түөлбэлэр икки ардыларыгар коммерческэй интеллектуальнай оонньуу ыытылынна. Оонньууну олохтоох библиотекарь Лена Александровна Пономарева тэрийэн, иилээн- саҕалаан ыыта. 

Ирдэбил быһыытынан түөлбэттэн, общественнай түмсүүттэн 3 эр киһи, 5 дьахтар бары толору хамаандалаах кэлэннэр байыаннай дьыаланы төһө билэллэригэр өй былдьастылар.

Тэрээһин саҕаланыытыгар кэрэ аҥардар бэйэлэрин хамаандаларын күүстээх аҥардарын бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн ырыа ыллаан, бэлэхтэрин туттардылар. Оонньууга хас биирдии кыттааччы взнос быраҕан, кыайыылаах хамаанда ол взноһу бырытын ылар диэн ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн, кыайыылааҕынан "Сыккыс" хамаанда уолаттара таҕыстылар. Бу оонньууга кылаабынай спонсордарынан Чурапчыга олорор биир дойдулаахтарбыт Александр Иннокентьевич Коркин, Прокопий Прокопьевич Захаров буоллулар. Бары хамаандалар кинилэргэ махтанан дохсун ытыстарын тыаһын анаатылар. 

5 түһүмэхтээх оонньууга сүрдээх көхтөөхтүк, быыһыгар мөккүһүүлээхтик, кыһыйан- абаран туран хамаандалар илин-кэлин түһүстүлэр. 

Бары кыттыбыт түөлбэлэргэ "Саһарҕа" (сал Т.Г.Потапова), "Кэрэхтээх чараҥа" (сал А.Н.Владимирова), "Алаас" (сал А.Н.Дьяконова) "Сыккыс" түмсүүгэ тэрийээччилэр ааттарыттан истиҥ махталбытын тиэрдэбит. 

Оторой моторой улахан бөлөх.jpg

22.02.2023

Бэҕэһээ, о.э. олунньу 22 күнүгэр "Түһүлгэ" НАДь Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин чэрчитинэн "Бары биир сомоҕо!" үтүө санааланыы акция-кэнсиэрэ ыытылынна, мантан киирбит үп нэһилиэкпититтэн анал байыаннай хамсааһыҥҥа кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыггар кинилэр дьиэ - кэргэттэригэр көмөлөһөр сыаллаах тэрилиннэ.

 Бу тэрээһиммит "Герои и подвиги" диэн ааттаах хаартыска, кинигэ быыстапкаларыттан саҕаланна. Библиотекарь Лена Александровна акция кыттыылаахтарыгар Аҕа дойдуну көмүскээбит геройдар, кинилэр оҥорбут хорсун быһыыларын олус сэргэхтик кэпсээн, дьон болҕомтотун тарта. 

  Кэнсиэр, оскуолабытыгар саҥа дьыл аайы ыытыллар "Танцевальный рай" бырайыак кыттааччыларын, "Түһүлгэ" НАДь иһинэн үлэлиир куруһуоктар иитиллээччилэрин күүһүнэн ыытылынна. Хас биирдии кылаас олус сонун үҥкүүлэринэн, чаҕылхай таҥастарынан- саптарынан көрөөччүлэри сөхтөрдө, хас биирдии көрөөччү, акция кыттааччыта дохсун ытыс тыаһын үҥкүүһүттэргэ, ырыаһыттарга анаата. Ол курдук 1 кыл "Антошка", 2 кыл "Твист", 3 кыл "Снежная королева", 4 кыл "Пингвины" летка-енка стилинэн, 5 кыл нуучча "Варварушка" үҥкүүнэн, 6 кыл Төрөөбүт дойду, Ийэ тыл туһунан хоһоон, 7 кыл "Кыргыз омук үҥкүүтэ", 8 кыл Монгольскай уонна "Сүүллүкүүн таптала", 9 кыл "Хантан хааннаах , кимтэн кииннээх Кытаанахтарбытый?" чабырҕах, 10 кыл Хотугу үҥкүү, 11 кыл "Мин сахабын" үҥкүүлэринэн кытыннылар. Маны таһынан Сандал Сидоров,Аида Иванова, Саина Лазарева, Витя Гоголев гитаранан дуэттара, "Оторой- моторой" кыра бөлөхтөрө, Арсений Сидоров үгэ ааҕан аан бастаан кытыннылар. 

  Кылаас салайааччылара, төрөппүттэр олус кыһанан, долгуйан, санааларын ууран бу бырайыакка кытталлара барыбытын үөртэ. Оҕолор сылын аайы сонунтан- сонун үҥкүүлэринэн нэһилиэк дьонун соһуталлар. 

  Бу күн "Биһиги Аҕа дойдубутун араҥаччылыыбыт" уолаттарга плакат конкурсун кыайыылаахтарыгар "Түһүлгэ"НАДь директора грамоталары, бириистэри туттарда. 1м- Харысхан Пономарев 3 кыл (кыл сал А.Н.Дьяконова), 2 м- Дьулус Собакин 2 кыл (кыл сал Н.Н.Игнатьева), 3 м Титомир Лыткин 2 кыл (кыл сал Н.Н.Игнатьева), Сандал Сидоров 4 кыл (кыл сал И.П.Макарова). 

   Бу киэһэ кэнсиэртэн уопсайа 16750 солк киирбитин, оскуолабыт директоры иитэр чааска солбуйааччы М. В.Миронова, нэһилиэкпит баһылыгын солбуйааччы Е.И.Скрябинаҕа туттарда. 

Бары акцияҕа кыттыбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар дириҥник махтанабыт!

Бары биир сомоҕо буолан, иллээх-эйэлээх олоҕу тутуоҕуҥ!

20230213_110814.jpg

13.02.2023

Төрөөбүт төрүт тыл

Сөрүүн сүөгэй курдук

Сүрэҕи быары сөрүүргэтэр,

Убаҕас отон уутун курдук

Улахан куйааска утаҕы аһарар,

Сырдьыгыныы көөнньүбүт

Сылгы кымыһын курдук

Тостор куйааска тоҕулу ханнарар.

Олунньу 13 күнэ - Төрөөбүт тыл уонна сурук - бичик күнэ. Бу күҥҥэ анаан,  Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь иһинэн үлэлиир алын сүһүөх оскуола оҕолорун "Тииҥ мэйии" сахалыы остуол оонньууларын түмсүүлэрэ көрүстүлэр. 

"Түһүлгэ" НАДь үлэһиттэрэ оҕолорго саха алпабыытын төрүттээччи, лингвист- учуонай Семен Андреевич Новгородов туһунан кэпсээн билиһиннэрдилэр. Дьэ уонна оҕолору икки хамаандаҕа арааран күрэхтэһии тэрийдилэр. 

Ол курдук тымтык хомуйуу, түү мээчигинэн сыал быраҕыы, "кутуйах хаамыыта", сахалыы хартыыналарынан лото, маамыкта быраҕыы, таабырын таайыыта. Оҕолор сүрдээҕин көхтөөхтүк, хатыһыылаахтык оонньоотулар. Дьаһалбыт уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. 

IMG-20220203-WA0079.jpg

11.02.2023

Бэҕэһээ, о.э. олунньу 10 күнүгэр, улуустааҕы үөрэх салаатын конференцсаалатыгар, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, Кытаанах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, олоҕун барытын оҕо иитиитигэр анаабыт, "Ньургуйаана" уһуйаан сэбиэдиссэйинэн өр сылларга үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит Софья Николаевна Сорокоумоваҕа анаммыт "Үтүмэн үлэ, үтүө майгы, чөл олох- ырыата" кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. 

Кинигэ ааптардарынан "Ньургуйаана" уһуйааммыт сэбиэдиссэйэ Нюргуяна Алексеевна Захарова методист Анастасия Дмитриевна Винокурова,  консультант Екатерина Прокопьевна Скрябина. 

Күнүс 14 чаастан үгүс сылларга үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ үлэлээбит, Софья Николаевнаны кытта бииргэ алтыспыт коллегалара, дьүөгэлэрэ, уһуйааммытыгар билигин үлэлии сылдьар эдэр коллектив муһуннулар.  

Дьоро күнү, Кытаанах Баллы удьуордарын ааттарыттан,"Ньургуйаана" уһуйаан коллектива, кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, саламаатынан айах тутан көрүстэ. 

Үөрүүлээх чааһы  кинигэ библиографическэй ырытыытынан Чурапчытааҕы кииннэммит библиотечнай система библиографа Валентина Петровна Лонгинова аста. 

Чурапчы улууһун үөрэҕириитин салаатын салайааччытын солбуйааччы Афанасий Петрович Максимов, биир идэлээхтэр сойуустарын комитетын бэрэссэдээтэлэ Егор Иннокентьевич Давыдов эҕэрдэ тыллары этэн, бэлэхтэрин туттардылар.

"Кытаанах нэһилиэгэ" МТ баһылыгын солбуйааччы Екатерина Иннокентьевна Скрябина эҕэрдэлээн, Чурапчы улууһун баһылыгын С.А.Саргыдаев илии баттааһыннаах "Знак Отличия" түөскэ анньыллар бэлиэни, сибэкки дьөрбөтүн туттарда.  

Бу күн, Софья Николаевнаҕа анаан, элбэх эҕэрдэлэр этилиннилэр, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Христина Николаевна Попова көрдөөх буолбут түгэннэри ахтан кэлбит дьону сэргэхситтэ. 

Түмүккэ, Софья Николаевна олус долгуйан махтал тылларын кинигэ таһаарбыт эдэр коллективка анаата. Өссө таһаарыылаах үлэни баҕарда. 

Кинигэ сүрэхтэниитин "Ньургуйаана" уһуйаан иитээччитэ Ольга Сергеевна Собакина тэтимнээхтик, сэргэхтик ыытта,коллектив минньигэс астаах фуршет тэрийдэ,  истиҥ ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр. 

 Чурапчы улууһун үөрэҕириитин салаата "Чурапчы улууһун учууталлара" диэн бастыҥ үлэлээх учууталлар тустарынан кинигэ сериятын  таһаарар эбит.

Бу серияҕа оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитиигэ -үөрэтиигэ үлэлиир дьонтон, бастакынан Мария Ивановна Чичигинарова уонна иккис кинигэ Софья Николаевна Сорокоумова тустарынан тахсыбыттар эбит, онтон улуус уһуйаанын  сэбидиссэйдэриттэн бу серияҕа аан бастакынан биһиги Софья Николаевнабытыгар ананар кинигэ тахсыбыт. 

 "Үтүмэн үлэ, үтүө майгы, чөл олох -ырыата" кинигэ - электроннай  кинигэ буоларынан, бэчээттэнэн тахсыыта 12 экземпляр, онон кинигэ электроннай варианын ссылканан ким барыта көрөр кыахтаах.  

 

 

 

 

Республикабытыгар, Ийэ тыл Сурук-бичик күнэ олунньу 13 күнүгэр ыытыллар. Бу күн, саха лингвист учуонайа, Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр Чуораайытта алааһыгар төрөөн- үөскээн улааппыт Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыытыллар. 

Ийэ тыл сурук-бичик күнүн көрсө "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтигэр "Дьиктилээх хонуу" түөлбэлэр икки ардыларыгар саха тылын билиигэ, үөрэтиигэ аналлаах күрэх ыытылынна. Күрэххэ "Саһарҕа" түөлбэттэн Пантелеймон Николаевич Сидоров, Иван Павлович Винокуров  кыыһынаан 11 кылаас үөрэнээччитэ Сайааналыын, "Алаас" түөлбэттэн Валентина Степановна Анемподистова, Василий Семенович Лазарев, 10 кылаас үөрэнээччитэ Айсена Скрябина, "Кэрэхтээх чараҥа" түөлбэттэн Екатерина Гаврильевна Андреева, Владимир Николаевич Монастырев, 9 кылаас үөрэнээччитэ Айна Яковлева, "Кэскил" түөлбэттэн Диана Дмитриевна Местникова, Дмитрий Васильевич Тролуков, 10 кылаас үөрэнээччитэ Ньургун Новгородов кытыннылар. 

Бу киэһэ, кэлбит дьоҥҥо анаан библиотека үлэһиттэрэ Лена Александровна, Диана Дмитриевна лингвист учуонай Семен Новгородов туһунан кинигэ быыстапкатын, видео матырыйааллары проектарынан көрдөрдүлэр. 

"Дьиктилээх хонуу" бастакы түһүмэҕин кыайыылааҕынан "Саһарҕа" түөлбэттэн Пантелеймон Сидоров буолла, бастакы түһүмэх иккис эргиирин кыайыылааҕынан "Алаас" түөлбэттэн Валентина Анемподистова, бастакы түһүмэх үһүс эргииригэр кыайыылааҕынан "Алаас" түөлбэттэн Айсена Скрябина таҕыста  уонна суперфиналга оонньоото, бу түһүмэххэ олус ыарахан ыйытык бэрилиннэ, ол курдук харах сыстыганнаах ыарыыта былыр туох дэнэрий диэн ыйытыкка Одуруун диэн хоруй буолуохтаах эбит. Бу киэһэ олус үчүгэй оонньууну көрдөрбүт бары кыттааччыларбытыгар, түөлбэ салайааччыларыгар, тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит. Инникитин өссө көхтөөх, түмсүүлээх буоларгытыгар ыҥырабыт. 

"Дьиктилээх хонуу" оонньууну Николай Суздалов сэргэхтик ыытта, оҕолорго норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир ырыа куруһуогун иитиллээччилэрэ, 4 кылаас үөрэнээччилэрэ Аида Иванова, Сандал Сидоров ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр. 

Төрөөбүт төрүт тыл 

Сөрүүн сүөгэй курдук

Сүрэҕи быары сөрүүргэтэр

Убаҕас отон уутун курдук

Улахан куйааска утаҕы аһарар

Сырдьыгыныы көөнньүбүт

Сылгы кымыһын курдук

Тостор куйааска тоҕулу ханнарар

Төрөөбүт төрүт тылбыт күнүн көрсө сахалыы тыллаах бар дьоммутугар итии- истиҥ эҕэрдэ буоллун!


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ