Уважаемые посетители! У посещаемого Вами сайта с 2024-12-16 заканчивается лицензия на ПО «ЕСГМС» (№2312 в Реестре российского ПО, по приказу Минкомсвязи России от 14.12.2016 №653). Программное обеспечение сайта перестанет обновляться. Посещение сайтов после 2024-12-16 может быть небезопасным!
Новости
2.09.2022
Бу дьыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр Жатайга республикаҕа аан бастаан ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы "Грани таланта" диэн ааттаах конкурс фестиваль буолан ааста. Тэрийээччилэринэн "Мир на ладони" диэн культура уонна үөрэхтээһин сайдыытын өйүүр фонда, үгүс өрүттээх ООО "Пилигрим", салайааччы, конкурс - фестиваль директора Чиркова Наталья Борисовна Екатеринбург куораттан кэлэн тэрийдэ. Конкурс - фестивальга барыта 250 тан тахса кыттааччы күрэхтэстэ. Республикабыт араас улуустарыттан Уус- Алдантан, Усуйаанаттан, Бүлүүттэн, Горнайтан, Абыйтан, Намтан, Хаҥаластан, Дьокуускайтан. Биһиги улууспутуттан Мугудайдар, Хатылылар үҥкүүһүт эбэлэрэ уонна биһиги, Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир оҕолор "Оторой - моторой" чабырҕахсыттар бөлөхтөрө.
Конкурс хас да номинациянан, сааһынан арахсан ыытылынна. Вокал, үҥкүү, художественнай тыл, иис. Биһиги оҕолорбут художественнай тыл номинацияҕа бөлөҕүнэн "Саха сахатынан кэрэ" уонна Витя Гоголев "Сүрэҕэ суох сүүс сүбэтэ" чабырҕаҕынан кытыннылар.
Түмүккэ бөлөхпүт оҕолоро, Витя Гоголев Бастакы лауреат аатын ылан анал кубогынан, дипломунан, хас биирдиилэрэ мэтээлинэн наҕараадаланнылар уонна аны кыһын 2023 сыл тохсунньу 7-10 күннэригэр Москва куоракка "Московское созвездие" XII норуоттар икки ардыларынааҕы конкурс - фестивальга кыттарга ыҥырыы туттулар. Онон оҕолорбут, салайааччы үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Махталбытын тиэрдэбит "Оторой- моторой" бөлөх төрөппүттэригэр, сылаас, сымнаҕас айаннаах суоппарбытыгар Егор Барашковка, бу конкурска кыттарбытыгар суолу тэлбит Лариса Макароваҕа. Оҕолорбутун саҥа үөрэх дьыла аһыллыбытынан эҕэрдэлиибит уонна саҥа күүһүнэн таһаарыылаах, айымньылаах үөрэҕи баҕарабыт!
18.07.2022
Бу дьыл от 2 - 7 күннэригэр Хара муора кытылыгар Сочига "У самого Черного моря"диэн ааттаах XIX аһаҕас норуоттар икки ардыларынааҕы конкурс- фестиваль буолан ааста. Биһиги Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Алаас" дьахталлар вокальнай ансамбллара баран кытынныбыт.
Ол курдук үөрүүлээх аһыллыыта Адлер куоракка буолла, манна Россия араас регионнарыттан, куораттарыттан кэлбит конкурс кыттааччылара бэйэлэрин тустарынан кылгастык билиһиннэрэн, эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрдүлэр. Биһиги, Саха сириттэн кэлбит бөлөхтөр бары холбоһон, бэйэбит төрүт оонньуубутун оһуохайы толордубут. Чурапчы улууһуттан Сылан нэһилиэгиттэн Егор Макаров салайааччылаах бөлөх, Дьокуускайтан Байаана Дагдай салайааччылаах "Арыллыы" бөлөх уонна биһиги "Алаас" бөлөхпүт барыта 60-тан тахса киһи оһуохайдаан дохсун ытыс тыаһын хомуйдубут. Оһуохайы биир дойдулаахпыт, улууспут биир бастыҥ этээччитэ Валентина Дьячковская таһаарда.
Дьэ долгутуулаах от ыйын 2 күнүгэр Сочи куоракка "Изумруд" пансионат кэнсиэртиир саалатыгар конкурспут саҕаланна.
Араас жанрга ырыа, үҥкүү хас да көрүҥэ (народнай, бальнай, эстраднай, акробатика уо.д.а.), фольклор, сиэр-туом толоруу, мода, изо, прикладной оҥоһуктар уо.д.а. Биһиги алаастар "Атаарыы" диэн норуот ырыатын толордубут уонна ыаллыы сытар Сылаҥ нэһилиэгин ыһыах аһыллыытын сиэрин- туомун көрдөрбүттэригэр оһуохайга кыттыстыбыт. Маны таһынан "Арыллыылар" 21 номердаах кэлэн үҥкүү, ырыа, сиэр- туом, тойук номинацияларга кытыннылар.
Түмүккэ сиэр- туом көрдөрүү номинациятыгар сыланнар Гран- при, Арыллыылар эмиэ Гран- при, биһиги вокал номинацияҕа 1 лауреат буолан үөрүүбүт муҥура суох. Аны күһүн Санкт - Петербурга, Москваҕа, ороһуоспа күннэригэр Москваҕа ыҥырыы туттубут. Барыбытыгар мэтээллэри туттардылар, дипломунан, анал кубогынан наҕараадаланныбыт.
Салайааччыларбыт Лариса Макарова, Егор Макаров наһаа үчүгэйдик тэрийэн, Сочи, Адлер кэрэ миэстэлэрин көрдөрөн харахпыт кэҥээн, өйбүт- санаабыт сырдаан сэргэхсийдибит.
27.06.2022
Бэс ыйын 24 күнүгэр улууска Маҕаайы алааһыгар, улууспут пенсионердарын, ветераннарын спартакиадата буолан ааста. Барыта 11 нэһилиэктэн 12 хамаанда өбүгэ оонньууларыгар: эстафетаҕа, салгын саатынан ытыыга, кыыс эккирэтиитигэр, чабырҕахха, оһуохайга, саха таҥаһын көрүүгэ күрэхтэстилэр. Спартакиада алгыһынан аһылынна, онтон улуус нэһилиэктэрин ветераннарын талба талааннаахтарын эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла. Биһиги нэһилиэктэн эдьиийдии- балыстыы Христина Никололаевна, Софья Николаевна ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр. Дьэ уонна күрэхтэһии саҕаланна. Түөрт түһүмэххэ арахсан сүүрүүгэ (эстафетаҕа) күрэхтэһии түмүгүнэн биһиги нэһилиэк Чурапчы 1, Чурапчы 2 хамаандаларын кэннилэриттэн 3 бириистээх миэстэҕэ тигистибит. Хамаанда састааба: Николай Захаров, Афанасий Захаров, Алексей Терютин, Иван Игнатьев, Пантелеймон Сидоров, Парасковья Собакина, Парасковья Новгородова, Виктория Горохова, Елизавета Коркина, Зинаида Андреева.
Салгын саатынан ытыыга , биһиги хамаандабыт эрэллээхтик бастаата - Валентина Анемподистова, Петр, Иван Максимовтар, кыыс эккирэтиитигэр Иван Игнатьев төрдүһүнэн кэллэ, саха таҥаһыгар Мария Дмиитриевна, Николай Васильевич Захаровтар дьиэ-кэргэттэрэ кытыннылар, бу көрүҥҥэ Чурапчыттан Лазаревтар дьиэ-кэргэттэрэ кылаан бирииһи ыллылар. Оһуохайга кылаан бирииһи Болтоҥоттон биир дойдулаахпыт Валентина Дьячковская ылла, чабырҕахха Любовь Монгуш кылаан бирииһинэн наҕараадаланна.
Уопсай түмүк диэн тахсыбата. Онон, биһиги нэһилиэкпит ветераннара, пенсионердара үүнэр көлүөнэ ыччаппытыгар үчүгэй холобуру көрдөрдүбүт диэн үөрдүбүт, астынныбыт. Бу спартакиадаҕа нэһилиэкпит дьаһалтата быырпаҕынан, үтэһэлээх этинэн спартакиада кыттыылаахтарын күндүлээтэ.
27.06.2022
Бүгүн, о.э. бэс ыйын ыйын 27 күнүгэр, улууспут киинигэр Чурапчыга, улуус дьаһалтатын актовай саалатыгар, Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт ХV Олонхо ыһыаҕын кыайыылаахтарын, баһылык Степан Анатольевич Саргыдаев эҕэрдэлээтэ.
Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Даниловна Кронникова ыһыах туһунан билиһиннэрдэ:
Барыта 9 көрүҥҥэ - Олонхо, тойук, оһуохай, хомус, чабырҕах, дэгэрэҥ ырыаҕа, кырыымпаҕа оонньуурга, уран- уустар күрэхтэригэр, ох саанан ытыыга биһиги улуспутуттан 98 киһи кыттан 4 кылаан бириис-
Хомуска - Марианна Слепцова (Чурапчы) , ат симэҕэр - Мария, Петр Поповтар (Мындаҕаайы) , уус күрэҕэр - Василий Попов - Бааха Уус (Чурапчы), Олонхо анал бириис Анастасия Алексеева (Чакыр)
4 Бастакы Үрдэл -Олонхоҕо Анатолий Христофоров (Мырыла),оҕолорго "Үс чуораан" Мичийэ, Чэмэлиинэ, Туйгууна Павловалар, сиэлинэн, кылынан оҥорууга Ольга Седалищева (Одьулуун), дьиэ-кэргэн сахалыы таҥаһыгар Альбина Дьячковская (Чурапчы)
2Иккис Үрдэл - биирдиилээн чабырҕах толоруутугар Любовь Монгуш (Кытаанах), Болтоҥоттон чабырҕахсыттар бөлөхтөрө
Ох саанан ытыы - Далла мэндэйии - Эльвира Ефимова Бастакы миэстэ,
Павел Попов - Иккис миэстэ.
Онон улууспутугар Үөһээ Бүлүүттэн барыта 1 мөлүйүөн 500 тахса сууммалаах сертификат аҕалыллыбыт.
Биһиги "Түһүлгэ" норуот айымньтын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Оторой- моторой" чабырҕахсыттар бөлөхтөрө (8 кылаас үөрэнээччилэрэ) улууспут чиэһин бу көрүҥҥэ ситиһиилээхтик көмүскээтилэр. Ол курдук "Саха сахатынан кэрэ" диэн салайааччылара Л.Монгуш суруйбут чабырҕаҕын толорон "Уһун тыыннаах, сытыы тыллаах" диэн анал ааты ылан 5000 суммалаах сертификатынан наҕраадаланнылар. Виталий Гоголев - "Сүрэҕэлдьэс сүүс сүбэтэ" Мария Матахова чабырҕаҕын, олус чаҕылхайдык толорон 3000 сертификатынан наҕараадаланна.
Эппиэттээх түһүлгэҕэ барарга кылаас салайааччыта Туяра Васильевна Борисова оҕолоругар алгыс тылын анаан атаарда.Төрөппүттэр олус кыһаллан, долгуйан, бэлэмнэнэн барыахпытыттан, кэлиэхпитигэр диэри ватсап ситиминэн биһигини кытта бииргэ буоллулар, төрөппүт Айталина Владимировна Пономарева барсан, сүрдээх эппиэтинэстээхтик көрөн- истэн оҕолорбутун илдьэ сырытта. Ыраах айаҥҥа сымнаҕас айаннаах, эрэллээх суоппарбытыгар Василий Васильевич Андреевка, наһаа үчүгэйдик илдьэн аҕалбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Бачча элбэх киһини тэрийэн, дьаһайан илдьибит салайааччыларбытыгар улууспут культураҕа салаатын фольклор отделын салайааччыларыгар Мария Андреевна, Валерий Петрович Герасимовтарга, "Ай" норуодунай студия салайаччытыгар Сусанна Дмитриевна Дьячковскаяҕа, культура салаатын үлэһиттэригэр Спартак Анатольевич Дьяконовка , Андрей Михайлович Дьячковскайга барҕа махтал буолуохтун.
Олонхо ыһыаҕар улууспутун үрдүктүк ааттаппыт ситиһиилээх дьоммутугар эҕэрдэ суруктары, сибэкки дьөрбөтүн туттаран, истиҥ барҕа махтал тыллары анаатылар.
5.06.2022
Бу дьыл бэс ыйын 4 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтигэр VI республикатааҕы коллекционердар съезтэрэ буолла. Тэрийээччилэринэн "Саха сирин коллекционердара" региональнай общественнай тэрилтэ уонна Россия коллекционердарын холбоһуга тирэхтээх Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтэ.
Съезкэ республикабт араас улуустарыттан былыргы уонна аутентичнай маллары сэҥээрэр, мунньар киин куораппыт олохтоохторо, ыалдьыттара муһуннулар. Саха АССР 100 сылыгар анаммыт быыстапка - дьаарбаҥкаҕа сэдэх коллекциялары көрөр эрэ буолбакка, былыргы экспонаттары атастаһыахха, атыылаһыахха эмиэ сөп. Араас салааларынан коллекциялар туруорулуннулар. Ол курдук нумизматика (харчы бэлиэлэрэ), бонистика (харчы сыаната), фалеристика (орденнары, мэтээллэри үөрэтэр), филокартия (открыткалар), советика (ССРС туһунан кинигэлэр), экзонумия (государственнай статуһа суох харчы бэлиэлэрэ), филотаймия(карманнай календарь), минералогия (минераллары үөрэтии).
Биһиги улууспутуттан бу съезкэ 10 коллекционер делегатынан барбыттара, онтон 2 киһи биһиги нэһилиэк коллекционердара "Иэйии" түмсүүттэн Екатерина Гаврильевна Андреева, Людмила Ивановна Монастырева. Икки сыл кэнниттэн араас интэриэһинэй мунньунуулаах дьоннор түмсэн дуоһуйа кэпсэтэн, экспонаттары атастаһан, атыылаһан, быыстапкалары көрөн астынан, дуоһуйан, уопут атастаһан тарҕастылар.
31.05.2022
САССР, Пионерия 100 сылларынан "Горн, барабан тыаһынан..." диэн ааттаах республика коллекционердарын икки ардыларыгар фалеристиктарга (значок мунньааччылар) кэтэхтэн конкурстарын Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Иэйии" коллекционердар түмсүүлэрэ тэрийэн ыытта. Бу конкурска Чурапчыттан, Мэҥэ- Хаҥаластан, Уус-Адантан, Дьокуускайтан кытыннылар. Конкурс сыалынан республикабыт мунньар дьоҕурдаах дьонун киэҥ эйгэҕэ көрдөрүү, ааспыт оҕо саас чаҕылхай күннэрин үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрии.
Конкурска САССР, Пионерия значоктарын хаартыскаҕа түһэрэн, кэпсээн көмүскээһин диэн ирдэбилинэн ыытылынна.
Дьүүллүүр Сүбэ көрөн, сыаналаан, түмүк таһаарда. Ол курдук
1 миэстэ - Анна Федорова (Уус-Алдан)
2 миэстэ - Татьяна Потапова (Чурапчы, Кытаанах)
3 миэстэ- Иван Попов (Чурапчы)
Бары кыттыбыт коллекционердарга дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Олоххо көхтөөх позициялаах, дьоҥҥо- сэргэҕэ ааспыт кэм кэрэтин көрдөрө, билиһиннэрэ, көҕүлүү тураргытыгар, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт!
26.05.2022
То5ус ыйдаах аам- даам тымныылаах кырыа кыһыммыт кэнниттэн, самаан сайын эргийэрэ- бу сахалар биир саамай күүтэр кэрэ кэмнэрэ.
Самаан сайын айылҕабыт күөҕүнэн симэнэр кэмигэр Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ, тыа сирин модельнай библиотеката, "Сыккыс" доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтэ тэрийиилэринэн "Сайыны таптыыбын" ырыа- хоһоон күрэҕин кэтэхтэн ыытта. Бу күрэххэ улуустааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүлэриттэн биирдиилээн, бөлөҕүнэн кытыннылар. Бастакы саҕалааһын буолан кыттааччы да сэмэй, ол да буоллар кыһаллан, анаан видеоҕа уһуллан, көхтөөхтүк кыттыбыт дьоммутугар истиҥник махтанабыт.
Ол курдук ырыа күрэҕин кыайыылаахтарын билиһиннэрэбит:
"Кыайыыга дьулуур" квартет (Сылан)
"Кэхтибэт кэрэ" анал аат Дария Иванова (Чурапчы)
"Нарын куолас" анал аат Галина Егорова (Чакыр)
"Айар талаан" Григорьяна Потапова (Чурапчы)
II лауреат Анисья Иванова (Хоптоҕо)
I лауреат Елена Сивцева (Чакыр)
Гран-при Гаврил Павлов (Хатылы)
Хоһоон күрэҕин түмүгэ:
"Кыайыыга дьулуур" Павел Христофоров (Сылан)
"Бастыҥ дебют" Алексей Попов (Сылан)
II лауреат Евдокия Протодьяконова (Сылан)
I лауреат Любовь Трофимова (Улахан Күөл)
Гран-при Марфа Чичигинарова (Хатылы)
айар талааннаах дьоммут, кэрэни кэрэхсии ыллыы- туойа, айа- тута сылдьаргытыгар, чэгиэн доруобуйаны, көхтөөх олоҕу, дьиэ-кэргэттэргитигэр дьолу- соргуну баҕарабыт!
21.05.2022
Бэҕэһээ, ол эбэтэр ыам 20 күнүгэр "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Уран" түмсүү көхтөөх кыттааччыта, уран тарбахтаах Ноева Евдокия Николаевна тус быыстапкатын, нэһилиэгин бар дьонун дьүүлүгэр таһаарда. Бу быыстапкаҕа 5 көлүөнэ кэрэ аҥардарын үлэлэрэ турдулар. Ол курдук Евдокия эбэтэ иистэнньэҥ Мария Михайловна Макарова, ийэтэ Чурапчы улууһун уонна Кытаанах нэһилиэгин маастара, герой ийэ Прасковья Алексеевна Пономарева, кыыһа Дуня, сиэнэ Саида уонна ааптар Евдокия Николаевна үлэлэрэ быыстапканы көрбүт эрэ киһинни сөхтөрөр, ол курдук сүрүннээн күрүчүөгүнэн баайыы, вышивка уонна аныгы киһи сиэринэн алмазнай мозаикалар. Евдокия бэйэтин брендэ диэтэхпитинэ наһаа сыыспаппыт буолуо, күрүчүөгүнэн баайбыт зонтиктара быыстапка "фишкаларынан" буоллулар.
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар Евдокия Николаевнаҕа, нэһилиэкпит баһылыга Егор Николаевич Потапов "Кытаанах нэһилиэгин маастара" ааты иҥэрбитэ дохсун ытыс тыаһынан арыалланна. Чурапчы улууһун баһылыга С.А.Саргыдаев Бочуотунай Грамотата, улуустааҕы дьиэ-кэргэн отделын салайааччыта Т. П. Бушкова, Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь директора Монгуш Л.Н., "Уран" түмсүү салайааччыта Е.Т. Миронова, Далан аатынан орто оскуолабыт завуһа Г.М.Аммосова, эдьиийдэрэ М.Н.Федорова, П.Н.Дьячковская, бииргэ үөрэммиттэрэ, дьүөгэлэрэ, оҕолоро, аймахтара эҕэрдэ тыллары эттилэр, бэлэхтэрин туттардылар. Бу күҥҥэ саҥа ырыаһыт оҕолорбут Аида Иванова, Сандал Сидоров, маҥнайгы кылаас кыргыттара ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр. "Алаас" дьахталлар вокальнай ансамбллара Евдокия Николаевна баайбыт сэлээппэлэрин кэтэн тахсан ыллаабыттара сонуннук көһүннэ.
Быыстапканы ыытааччы Лена Александровна кэпсэтии жанрынан сатабыллаахтык салайан ыыппыта сонуннук, сэргэхтик көһүннэ. Быыһыгар Евдокия Николаевна күрүчүөгүнэн баайыыга маастар- кылаас ыытта, көхтөөх оонньуу кыайыылаахтарынан Н.Н.Пономарев уонна бииргэ үөрэммитэ Розалия Макарова быыстапка ааптарыттан салфеткалары бэлэх туттулар.
Евдокия Николаевна наскылары көтүрэн быраатыгар Юраҕа сибиитэрэ баайбытын, аан бастаан общепит Москвич суоппарынан үлэлээбитин, вербена сибэккини ордук сөбүлээн олордорун, зонтигы 5-7 күнүнэн баайарын туһунан бу күн биллибит. Быыстапка инсталляциятын "Ураннар" олус сонуннук туруорбуттара интэриэһи тарта. ол курдук күрүчүөгүнэн баайыллыбыт былааттар, зонтиктар үөһэ ыйаммыттара, көтө сылдьар холууптары санаттылар.
Евдокия Николаевна дууһатын иэйиитин оһуорунан туойан, өбүгэлэрин утумнаан, бэйэтин талаанын салҕыыр оҕолордоох, сиэннэрдээх, өссө да айа- тута, кэрэни кэккэлэтэн кэрэхсэтэн турдун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
18.05.2022
Маннык ааттаах олус сонун, интэриэһинэй быыстапка, сайыны көрсө кэрэ бэлэх буолан , ыам ыйын 20 күнүгэр күнүс 16 чаастан тэриллэрин биллэрэбит.
Быыстапкаҕа оҕуруонан паннолар, вышивкалар, күрүчүөгүнэн араас кэрэ оҥоһуктар, күндү нэһилиэкпит олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар анаан туруоруллуохтара. Онтон, бу утуму салҕыыр уран тарбахтаах кэрэ аҥар бары бэркэ билэр киһибит, нэһилиэкпит олохтооҕо Евдокия Николаевна Ноева.
Убаастабыллаах бар дьоммутун, киһини үөрдэр, долгутар кэрэ эйгэтин быыстапкатын кэлэн көрүҥ, сэҥээриҥ. Ырыа күнүнэн саҥа ыллыыр оҕолорбут, "Алаас" дьахталлар вокальнай ансамбллара ылбаҕай ырыалара, быыстапка ааптарыттан Евдокия Николаевнаттан күрүчүөгүнэн баайыыга маастар- кылаас эһигини күүтэллэр.
3.05.2022
Үлэ, Эйэ, Сомоҕолоһуу күнүн көрсө Куоркун аатынан спортсаалабытыгар волейболга көлүөнэлэр икки ардыларыгар күрэхтэһии олус көхтөөхтүк буолан ааста.
Пандемия кэнниттэн дьон- сэргэ түмсүүгэ наадыйара, бэйэ-бэйэни кытта көрсөн сэһэргэһиэн. сэргэхсийиэн баҕарара, бу күннэргэ ыытылла турар дьаһаллартан көстөр.
Барыта 7 хамаанда кытынна. Ол курдук оскуола үөрэнээччилэрэ, ыччаттар, орто саастаахтар уонна ветераннар. Сүрдээх тыҥааһыннаах көрсүһүү кэнниттэн Бастакы миэстэни оскуола кыргыттарын (капитан Лиана Потапова), уолаттарын хамаандалара (капитан Миша Аржаков) таҕыстылар, иккис миэстэҕэ 39 үөһэ саастаах дьахталлар хамаандалара (капитан Надежда Барашкова), эр дьоҥҥо Василий Потапов капитаннаах ыччат хамаандата уонна үһүс миэстэҕэ ыччат кыргыттар (капитан Туяра Потапова) эр дьоҥҥо Иван Игнатьев капитаннаах ветераннар хамаандалара. 40 үөһэ саастаах эр дьон хамаандата (капитан Дмитрий Макаров) көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтиибит.
Нэһилиэкпит олохтоохторо, спортсменнар "Бастыҥ ыалдьааччы" буолан, күүскэ бэлэмнэнэн плакаттаах, свистоктаах, шардаах кэлэн хамаандаларга ыалдьан күрэхтэһиини күүркэтэн, өрө көтөҕөн биэрдилэр. Түмүккэ "Түһүлгэ" НАДь туруорбут "Бастыҥ ыалдьааччы" бирииһин Надежда Барашкова, Николай Максимов, Людмила Монастырева туттулар.
Күрэхтэһиигэ счетнай комиссияҕа, судьуйаларынан оскуолабыт үөрэнээччилэрэ үлэлээтилэр. Ол курдук Саина Барашкова, Наина Владимирова, Сайаана Борисова, судьуйалар Ньургун Новгородов, Айастаан Потапов. Учууталлара, тренердэрэ Петр Бабиченко сүбэлээн- амалаан, ыйан- кэрдэн оҕолорбут күрэхтэһиини бэрткэ ыыттылар.
Аны сарсын, о.э. ыам ыйын 4 күнүгэр киэһэ 19чаастан оскуолабыт улахан бөлөҕүн уолаттарыгар аналлаах "Оскуола томторо" өбүгэлэр оонньууларын, нэһилиэкпит "Үйэн" дьахталларын Сэбиэтэ (председатель Лена Пономарева) тэрийэн ыытыахтара. Бу иккис сылын ыытыллар күрэхтэһиигэ кэлэн уолаттарбытын өйөөн, "ыалдьан" сэргэхсийэргитигэр ыҥырабыт.