Новости
8.12.2023
Маннык ааттаах тэрээһин Аан дойдутааҕы инбэлииттэр күннэрин чэрчитинэн улууспутугар буолан ааста. Бу күн "Айылгы" оройуоннааҕы норуот айымньытын Дьиэтигэр сарсыардаттан элбэх тэрээһиннэр былааннаахтык ыытылыннылар. Чурапчы улууһун доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтэ, нэһилиэктэртэн киирэн араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук кинилэр интэриэһиргиир боппуруостарыгар аналлаах "Төгүрүк остуол", улуустааҕы Сокольников аатынан балыыһа быраастарыгар доруобуйаларын көрдөрдүлэр, "Уран Уус" диэн ааттаах оҥоһуктар быыстапкаларыгар кытыннылар. Онтон күнүс 14 чаастан декада аһыллыытын үөрүүлээх чааһыгар улуустааҕы опека салайааччыта М.П.Антипина, улуустааҕы адаптивнай спорт салайааччыта И.К.Матвеев, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин салайааччыта М.Н Матвеева, улуустааҕы инбэлииттэр түмсүүлэригэр саҥа талыллыбыт салайааччы С.Н.Хоютанова, нэһилиэктэр баһылыктара, социальнай үлэһиттэр, түмсүү салайааччылара эҕэрдэ тыллары эттилэр, улууска, нэһилиэккэ көхтөөх, ситиһиилээх кыттааччыларга наҕараадалары туттардылар. Дьэ ол кэнниттэн улууспутугар аан бастаан тэриллибит "Үҥкүүлээ" инклюзивнай үҥкүү күрэҕэ үгүс киһи болҕомтотун тарта. Барыта 13 үҥкүү толорулунна. Нэһилиэктэр олус бэлэмнэнэн, долгуйан кэлэн кытыннылар. Жеребьевка быһыытынан аан бастаан үҥкүү күрэҕин Хоптоҕоттон Алексадр Собакин "Северный танец с бубном" киниэхэ көмөлөстө Айаал Новгородов, Хадаартан олус үчүгэй көстүүмнээх кыргыттар Татьяна Осипова, Екатерина Лукина Ингуш омук үҥкүүтэ, Болугуртан Абрам Гермогенов, Егор Дьячковскай "Кумпарсито" үҥкүүнэн элээрдэн аастылар , Мугудайтан Клара, Илья Варламовтар сонун туруоруулаах "Таптал", Болтоҥоттон Ирина Новгородова, киниэхэ көмөлөстө Александра Протодьяконова тэбис тэҥник хамсанан Узбек омук үҥкүүтүн толордулар, Чакыртан Иван Юмшанов ийэтинээн Лена Егоровналыын "Нарын вальс"толордулар, Одьулуун кыргыттара Екатерина Барашкова сайыммытын санатан "Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн" амсаттылар, киниэхэ "Оптимист" бөлөх кыргыттара күүс көмө буоллулар, Төлөй эрчимнээх кыыһа Мария Капрынова кавалерынаан Альберт Коркинныын "Стиляги" саайдылар, Чурапчыттан Джамиля Павлова "Санаа күүһэ" үҥкүүтүнэн былааһы ылла, киниэхэ көмө буоллулар "Березка" уһуйаан коллектива, Сылаҥ нэһилиэгиттэн Евдокия Протодьяконова Испанскай үҥкүүтүнэн тэлээрдэн Испанияҕа олорор курдук сананныбыт, киниэхэ Егор Макаров коллективын кыргыттарынаан күүс көмө буоллулар, Хатылы кыргыттара Анна, Мария Барашковалар "Чараҥ суугуна" үҥкүүнэн хатыҥ чараҥҥа күүлэйдэттилэр, Кытаанахтан Роман Максимов, Николай Суздалов "Өй уонна сүрэх" дириҥ ис хоһоонноох үҥкүүнү толорон көрөөччүнү долгуттулар, Чурапчыттан Екатерина Федорова, Иван Пермяковтуун "Хрустальный вальс" толорон Золушка остуоруйаны көрбүт курдук сананныбыт. Барыта 5 бөлөх, 8 пааранан үҥкүү толорулунна.
Түмүккэ пааранан үҥкүү кыайыылаахтарынан:
Үһүс Үрдэл- Ирина Новгородова, Александра Протодьяконова (Болтоҥо)
Иккис Үрдэл - Клара, Илья Варламовтар (Мугудай)
Бастакы Үрдэл - Екатерина Федорова, Иван Пермяков (Чурапчы)
Кылаан Кыайыылаах - Роман Максимов, Николай Суздалов (Кытаанах)
Бөлөҕүнэн толорууга Кыайыылаахтар:
Үһүс Үрдэл- Абрам Гермогенов, Егор Дьячковскай (Болугур)
Иккис Үрдэл - Анна Барашкова, Мария Барашкова (Хатылы)
Бастакы Үрдэл- Джамиля Павлова (Чурапчы)
Кылаан Кыайыылаах - Евдокия Протодьяконова (Сылаҥ)
Кылаан кыайыылаахтар 10000 уу харчынан наҕараадаланнылар. Бары спонсордарбытыгар, кыттааччыларга, салайааччыларга махталбытын тиэрдэбит.
Бу сонун тэрээһини толкуйдаабыт, тэрийбит Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Сыккыс" түмсүүлэргэ (салайааччы Новгородова Парасковья Владимировнаҕа), ыытааччыларга Ксения Гоголеваҕа, Николай Суздаловка, Лена Александровна Пономареваҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит.
"Уран Уус" быыстапка күрэҕэр олус интэриһинэнй оҥоһуктар киһи болҕомтотун тартылар. Биһиги нэһилиэктэрбитигэр наһаа да талааннаах, уран тарбахтаах, мындыр толкуйдаах дьон баалларыттан сөҕөн эрэ кэбистибит. Быыстапканы сыаналаатылар СР уус- уран оҥоһуктарга маастардара Надежда Прокопьевна Ахматова, Александра Викторовна Игнатьева.
Түмүккэ кыайыыылаахтар ааттаннылар:
Үһүс Үрдэл- Ирина Емельянова (Чурапчы)
Иккис Үрдэл - Афанасий Артемьев (Болугур)
Бастакы Үрдэл- Михаил Пономарев (Кытаанах)
Кылаан Кыайыылаах - Сылаҥ Улахан - Күөлүттэн Надежда Попова
уонна 10000 уу харчынан наҕараадаланна.
Бу тэрээһиҥҥэ 17 спонсор бириистэри туруордулар:
"Кытаанах нэһилиэгэ" МТ (баһылык Е.Н.Потапов)
Далан аатынан Кытаанахтааҕы оскуола - сад (директор В.М.Яковлев)
Чурапчытааҕы ОДьКХ профсоюһа (Г.П.Далбаев)
Кытаанахтааҕы ОДьКХ (маастар И.П.Винокуров)
Кытаанахтааҕы "Үйэн" дьахтар Сэбиэтэ (салайааччы К.Н.Гоголева)
Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь (директор А.В.Пономарева)
Кытаанахтааҕы пенсионердар түмсүүлэрэ (салайааччы М.П.Парфенова), "Арыллыы" студия (салайааччы Байаана Дагдай) Дьокуускай, улуустааҕы ВОИ (салайааччы С.Н.Хоютанова), Библиотекалар (Мугудай - Е.Д.Попова, Хатылы - А.П.Попова, Арыылаах - В.М.Попова, Бахсы- Л.П.Аргунова, Хадаар - Л.Н.Ноговицына, Сылаҥ - А.В. Аммосова, Дириҥ- М.П.Толстоухова, Мындаҕаайы - Т.И.Егорова, Школа-интернат О.М.Окорокова, Чыаппараттан сааһын тухары библотекарынан үлэлээбит, билигин Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор А.Д.Попова)
Субуруускай аатынан Болтоҥо оскуолатын 12 выпуһа, Урбаанньыттар С.В.Алексеева, биир дойдулаахтарбыт А.К.Данилова, А.В.Капырина, Кытаанах оскуолатыгар өр сылларга саха тылын, литературатын учууталынан үлэлээбит А.С.Иванова оҕолорун, сиэттэрин, хос сиэттэрин ааттарыттан Е.С.Иванова, Кытаанахтан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар урбаанньыттар, бааһынай хаһаайыстыбалар, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ У.Г.Захарова.
Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, күүстээх санааны, көхтөөх олоҕу баҕарабыт.
4.12.2023
Республикабыт Ил Дарханын ыйааҕынан, ахсынньы ый бастакы өрөбүлэ Саха республикатын норуоттарын культураларын күнүнэн биллэрилиннэ. Күн бэҕэһээ, бу тэрээһин Россияҕа аан бастаан тэриллэн,ТриумфПАРАД "Многообразие культур - величие Якутии" диэн ааттаах Дьокуускайга Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтигэр ыытылынна. Мраморнай саалаҕа Сахабыт сиригэр олорор землячестволар түмсүүлэрин тэрийиилэринэн "Чай и чайные традиции" чэй иһиитин сиэрин- туомун ыыттылар. Манна Бурятия, Тыва, Корея, Саха сирэ, Хотугу норуоттар кытыннылар. Бэйэлэрин чэйдэринэн кэлбит ыалдьыттары күндүлээтилэр, араас амтаннаах чэй бииһин - ууһа тардыллын иһилиннэ.
Бырааһынньык иккис чааһынан "Калейдоскоп культур" үөрүүлээх чааска А.Подголов Саха сирин омуктарын ассамблеятын председателэ эҕэрдэлээн тыл этэн, наҕараадалары туттарда. Ол курдук биһиги "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин директорынан, уус- уран салайааччытынан, методиһынан үлэлээбит, "Сир симэхтэрэ" улуустааҕы оҕо эстраднай ырыа конкурсун бырайыагын автора Геннадий Ары- Курович Монгушка "Саха республикатын культуратын туйгуна" түөскэ анньыллар бэлиэ уонна Тыва ассамблеятыгар көхтөөх кыттыытын иһин Бочуотунай грамотаны туттарда.
Бу ситиһиитинэн биир идэлээхпитин Чурапчы улууһун культуратын ветеранын, "Саха республикатын норуот айымньыта сайдыытыгар кылааттарын иһин" бэлиэ хаһаайынын Геннадий Ары- Куровиһы эҕэрдэлиибит. Чэгиэн доруобуйаны, дьиэ- кэргэнигэр дьолу соргуну баҕарабыт.
21.11.2023
х х х х
Олохтоох көҕүлээһини өйүүр программа мунньаҕа биһиги нэһилиэкпитигэр сэтинньи 17 күнүгэр ыытылынна. Барыта 4 бырайыак: ититии систематын материалын ылыыга, ыһыахтыыр сири көһөрүү, кулууп өрөмүөнэ, ис суолу өрөмүөннээһин куоластааһыҥҥа турда. Өссө биир этиинэн нэһилиэннньэҕэ благоустройство киллэриитэ буолла.
6 киһи нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыыга үлэ барарын сэргээн тыл этэн, ититии систематын материалын ылыыга куоластыаҕыҥ диэн ыҥырдылар. Онон хаалбыт 37 ыалга материал ылыытын бырайыагын сөбүлээн 100% куоластаатыбыт.
х х х х
Сэтинньи ый 25 күнүттэн республикабытыгар Олоҥхо декадата саҕаланар. Бу декаданы көрсө биһиги нэһилиэкпит олохтооҕо, республикаҕа биллэр олоҥхоһут, тойуксут, чабырҕаҕы толорооччу, Олоҥхоҕо Ил Дархан гранын кыайыылааҕа Сусанна Васильевна Лазарева олохтоох дьаһалта дьиэтигэр, нэһилиэк салайааччыларыгар Ойуунускай "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхотуттан Ахсыс ырыатын толордо. Истээччилэр нэһилиэкпит тэрилтэлэрин салайааччылара олус сэргээн, сэҥээрэн, сонурҕаан иһиттилэр. Бу дьаһалга бэлэмнэнэн сандалыга арыылаах алаадьы, үөлүллүбүт убаһа этэ, быырпах чахчы даҕаны олоҥхо киэһэтин ситэрэн биэрдилэр. Онтон Сусанна Васильевна өссө биир ыалга олоҥхону толоруохтаах уонна Чурапчы тэрилтэтигэр, ыалга олоҥхо ааҕыахтаах. Маннык тэрилтэҕэ, дьиэҕэ олоҥхо истиитэ биһиги нэһилиэккэ аан бастакытын тэрилиннэ, онон ким эмэ дьиэтигэр олорон олоҥхо истиэн баҕалаахтар "Түһүлгэ" НАДь үлэһиттэрин кытта билсиҥ.
х х х х
Бу ый 24 күнүгэр киэһэ 19 чаастан "Түһүлгэ" НАДь "Кырыа кыһын сиэдэрэй симэҕэ" диэн ааттаах Чурапчы улууһун уран тарбахтаахтарын уонна норуот маастардарын быыстапкатын көрүү буолар. Быыстапкаҕа биһиги нэһилиэкпит "Уран" түмсүүтүн, биирдиилээн иистэнньэҥнэр, уустар оҥоһуктара барыта туруоҕа, онон кэрэни сэҥээрээччилэр кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт. Маны таһынан норуот ырыатыгар, үҥкүүгэ маастар кылаас бэриллэр баҕалаахтары барыгытын күүтэбит.
11.11.2023
Бу ааһан эрэр 2023 сылга, биһиги, "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн 14 куруһуок, түмсүү 184 киһини хабан үлэлээтэ . Онтон 4 куруһуокка, түмсүүгэ 56 оҕо дьарыктанна. Сэтинньи 11 күнүгэр "Талба талааннар" куруһуоктар, түмсүүлэр күннэрин үгэс курдук нэһилиэкпитигэр отчуоттаан, кинилэр ситиһиилэрин, бастыҥнары бэлиэтээһин буолла. Ол курдук "Уран" уран тарбахтаахтар түмсүүлэрэ - салайааччы Евдокия Миронова. Улуустааҕы "Айхаллан, Чурапчы!" уус- уран фестивальга "Аас тэллэх" тигэн, улахан балл биэрдилэр. Манна сүрүн күүс буолбут ийэлэрбитигэр туспа махтал. "Тоҕус томтор тойуга" Чурапчы улууһун республикатааҕы ыһыаҕар Е.Миронова сөрүөнэн, П.Монастырева туоһунан, саҥа саҕалааччы М.Пономарев мас оҥоһуктарынан ситиһиилээхтик кытыннылар. Бары III дипломант аатын ыллылар.
"Лыҥкынастар" оҕолорго, улахан дьоҥҥо хомус куруһуога. Салайааччы Варвара Турнина. Быйылгы сылга улахан ситиһиилэринэн уус-уран фестивальга Лауреат үрдүк аатын ылан, түмүктүүр Гала концертка кытыннылар. Оҕолор норуоттар икки ардыларынааҕы кэтэхтэн фольклорнай фестивальга, "Эркээни кустуга" конкурска Бастакы дипломант, республикатааҕы "Алаас оҕолоро" конкурска кыттыыны ыллыллар.
"Сыккыс" доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтэ - салайааччы Ксения Гоголева. Бу сыллар усталарыгар араас конкурстарга, көрүүлэргэ кыттан кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Ол курдук республикаҕа, улууска "Бастыҥ лидер" аатын ылбыттара. Сэтинньи 1 күнүгэр улууска ыытыллыбыт "Талба талааннар" күннэригэр "Сыккыстар" " Чурапчы улууһун айар коллектива" ааты ыллылар.
"Кытаанах кыайардара" диэн ааттаах фольклорнай бөлөх быйыл саҥа тэриллэн үлэтин саҕалаата. Чурапчы ыһыаҕар чабырҕахсыттар конкурстарыгар кыттан "Биһирэбил" бириис ылан 5000 харчынан наҕараадаламмыттара, Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт XVI Олоҥхо ыһыаҕар чабырҕаҕы толорон II миэстэ буолан 20.000 сертификаты ылбыттара.
Онтон атын куруһуоктар, түмсүүлэр бэйэлэрин былааннарынан таһаарыылаахтык үлэлээтилэр, нэһилиэккэ ыытыллар араас дьаһалларга, кэнсиэртэргэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Бу киэһэ, "Чурапчы улууһун сценатын ветерана" ааты ылан түөскэ анньыллар бэлиэнэн наҕараадаланна Надежда Дмитриевна Барашкова, улуустааҕы культура салаатын Грамотатынан "Сыккыстан" Николай Суздалов, "Оторой-моторой" фольклорнай бөлөх улахан бөлөҕө, "Сыккыс" түмсүү" Чурапчы улууһун айар коллектива" свидетельствоны туттулар. Олохтоох дьаһалтабыт Грамотатынан куруһуоктарбыт, түмсүүлэрибит бастыҥнара "Уран" түмсүүттэн Марфа Парфенова, "Иэйии" коллекционердар түмсүүлэриттэн Прасковья Новгородова, Прасковья Собакина, "Сыккыс" түмсүүттэн Александра Максимова, Анисия Барашкова, Гаврил Парфенов, "Түһүлгэ" НАДь Грамотатынан, сертификатынан "Уран" түмсүүттэн Михаил Пономарев, Махтал суругунан 9 кылаас коллектива кыл сал Александра Борисова, "Аас тэллэх" тикпит ийэлэрбит Анастасия Винокурова, Анисия Дьяконова, Наталья Антонова, Акулина Владимирова, Тамара Неустроева, Агафья Барашкова, Айталина Потапова, түмсүүлэрбит, куруһуоктарбыт салайааччылара "Уран" Евдокия Миронова, "Иэйии" Екатерина Андреева, "Лыҥкынастар" Варвара Турнина, "Сыккыс" Ксения Гоголева Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.
Бары куруһуоктарбыт, түмсүүлэрбит салайааччыларыгар, чилиэттэригэр норуот айымньыта сайдарыгар төһүү күүс, кэрэни айааччылар, тарҕатааччылар буоларгытынан барҕа махтал буолуохтун!
Чэгиэн- чэбдик сылдьан "Түһүлгэбитигэр" кэлэ туруҥ, бары түмсүүлээх, биир сомоҕо буолуоҕуҥ!
7.11.2023
"Бары биир Сомоҕо!" диэн ааттаах дьоро киэһэҕэ "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ элбэх оҕону түмтэ. Ыаллыы сытар Арыылаах оскуолатыттан, бэйэбит оскуолабыт үрдүкү кылаастара, бу киэһэ Сомоҕолоһуу күнүгэр муһуннулар.
Дьоро киэһэбит сэтинньи ый сиэрин- туомун толорууттан саҕаланна, ый алгыһын түһэрдибит, арыылаах алаадьынан биэчэр кыттыылаахтарын айах туттубут.
Оҕолор хамаандаҕа арахсан "Норуоттар доҕордоһуулара - бары биир сомоҕо!" күрэхтэһиигэ олус көхтөөхтүк кытыннылар. Кинилэргэ орто оскуолабыт минньигэс астаах алаадьыта, фуршета тардылынна.
Биэчэр доҕордоһуу оһуохайынан түмүктэннэ. Бу биэчэри оскуолабыт оҕо тэрилтэтин тэрийээччитэ Людмила Монастырева, "Түһүлгэ"НАДь специалистара Николай Суздалов, Альбина Лугинова тэрийэн ыыттылар.
Бары бииргэ - биир сомоҕо!
2.11.2023
2016 сыллаахха улууспут баһылыгын ыйааҕынан сэтинньи бастакы бээтинсэтин куруһуоктар, түмсүүлэр күннэрин биллэрбитэ. Дьэ, онтон ыла уулуустааҕы "Айылгы" НАДь, Чурапчыбыт бары нэһилиэктэрин норуот айымньыларын Дьиэлэрин иһинэн үлэлиир куруһуоктар, түмсүүлэр тоҕуоруһа мустан сарсыардаттан үлэ күөстүү оргуйар.
Сэтинньи 1 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан "Айылгы" үөһэ, аллараа этээһинэн нэһилиэктэр куруһуоктарын, түмсүүлэрин үлэлэрин көрдөрөр быыстапкалар, докумуоннар папкалара, уран уустар оҥорбут үлэлэрэ кэккэлээтилэр. Норуот айымньыларын Дьиэлэрин үлэһиттэрэ хайдах туох үлэлээн, тугунан тыынан олороллоро дьэ манна ырылыччы көстөр. Нэһилиэккэ саамай көмөлөөх, көхтөөх дьоннорунан куруһуок, түмсүү чилиэттэрэ буолаллар. Ону сырдатан директордар, уус- уран салайааччылар комисия иннигэр үлэлэрин кэпсээтилэр. Үлэһиттэр бэйэ- бэйэлэриттэн опыт, санаа атастаһан астыныы буолла. 11 чаастан бастыҥ үлэлээх куруһуок, түмсүү үлэтин презентациялаан, сценаҕа көмүскээһин буолла. Манна араас хайысхалаах, ситиһиилээх түмсүүлэргэ "Бастыҥ айар коллектив" аата иҥэриллэр. Ол курдук Алаҕардар үҥкүү, Мугудайдар, Сыланнар ВИА, Чурапчылар сөрүө, Хадаардар уруһуй, Хатылылар драма, Дириҥнэр сиэр- туом, Болтоҥолор чабырҕах, Мындаҕаайылар үҥкүү уо.д. ситиһиилээх куруһуоктарын билиһиннэрдилэр. Биһиги кулууппут иһинэн барыта 14 куруһуок, түмсүү 184 киһини хабан үлэлиир. Олортон биир бастыҥнара "Сыккыс" доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтэ. Бу туһунан салайааччы Ксения Гоголева кэпсээн көмүскээтэ.
Күн иккис аҥарыгар фольклорга, үҥкүүгэ, уус-уран оҥоһуктарга маастар кылаастар ыытылыннылар. Киэһэ 19 чаастан "Талба талааннар" диэн ааттаах улахан кэнсиэр тэрилиннэ. Бары норуот айымньыларын Дьиэлэрин куруһуоктарын чилиэннэрэ олус көхтөөхтүк кытыннылар.
Сыл аайы маннык тэрээһини ыытар культурабыт салайааччыларыгар барҕа махтал буоллун!
27.10.2023
Ааспыт үйэ элбэх көлүөнэ ыччатын биир сомоҕо түмпүт албан ааттаах Комсомол быйыл тэриллибитэ 105 сылыгар аналлаах "Өлбөөдүйбэт өйдөбүл" комсомольскай тэрээһин "Түһүлгэ" НАДь урукку көлүөнэ комсомол ыччаттарын түмтэ.
Биэчэр үөрүүлээх аһыллыытыгар аалай кыһыл былааҕы тутан эдэр ыччаттар, оҕолор гимнастическай хамсаныылары оҥорон, барыбытын оҕо, эдэр сааспытыгар төнүннэрдилэр. Оччотооҕу кэмнэрдээҕи сценаттан түспэт "Тачанка" үҥкүүтэ, монтаж уоттаах - төлөннөөх комсомольскай сыллары санаттылар.
1921 сыллаахха Чурапчы оройуонун бастакы комсомолецтарыттан 9 эдэр дьон Кытаанахтар этилэр. Дьэ ол иһин, биһиги нэһилиэк дьоно - сэргэтэ, 9 бастакы комсомолецтарбытын чиэстээн, сылын аайы кинилэри ахтабыт- саныыбыт, киэн туттан үүнэр көлүөнэбитигэр кэпсиибит, билиһиннэрэбит.
Аҕа дойду сэриитин иннинэ нэһилиэкпитигэр 9 колхоз баара, быйыл бу колхозпут чилиэннэрин сыдьааннара "Эн Комсомол - мин дьолум" диэн ааттаах комсомол историятыгар аналлаах Өркөн өй күрэҕэр кытыннылар. Ол курдук Танда- Бахсы нэһилиэгиттэн"Каганович", "Кыһыл Танда", Кытаанахтан "Ярославскай", "Эдэр ыччат", "Кыһыл сэрииһит", "Бойобуой" колхозтар оҕолоро, сиэттэрэ колхозтар ааттарын тутан парадтаан киирэн оонньууну оройуттан туттулар. Төһө да уоппут эмискэ баран хааллар, хата онтон санаарҕаабакка, оччотооҕу кэмнэрдээҕини санатан хараҥарыар диэри күрэхтэһии буолла. Быыһыгар "Хабырыыс Хобороос", "Белка орешки", "Оройуоннаһыы", "Рыболовы" курдук маассабай оонньуу бөҕө буолла. Бу дьаһалбытыгар нэһилиэкпит саамай аҕа саастаах олохтооҕо Мотрена Семеновна Леонтьева кэлэн хайдах комсомолга киирбитин кэпсээн эмиэ да күллүбүт, эмиэ да сонньуйдубут. Түмүккэ оҕолорго наһаа истиҥник баҕа санаатын тиэртэ.
Дьүүллүүр Сүбэҕэ нэһилиэкпитигэр "Үйэн" Дьахтар Сэбиэтин салайааччыта Ксения Гоголева, оскуолаттан Галина Аммосова күүстээхтик үлэлээтилэр. Бу биэчэри иилээн - саҕалаан ыыттылар библиотекарьбыт Лена Пономарева, специалист Николай Суздалов.
Түмүккэ бочуоттаах 3м -Ярославскайдар, 2м- Кагановичтар, үрдүк үөрүүлээх 1 миэстэни -Кыһыл Тандалар ылан кинигэнэн наҕараадаланнылар.
Бары көхтөөхтүк кыттыбыт, колхозтарын аатын ааттаппыт комсомолецтарга, тэрийбит дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Комсомоллуу куруук инники!
Комсомоллуу куруук көхтөөх буоларгытыгар баҕарабыт!
23.10.2023
Быйыл 2023 сыллаахха Кытаанахпыт нэһилиэгэ сурукка киирбитэ 100 сылынан "Килэҥкибит сайда тур!" диэн ааттаах фестиваль тэрилтэлэринэн, түмсүүлэринэн ыытылла турар. Алтынньы 21 күнүгэр фестивалы салҕаата, нэһилиэкпит пенсионердарын түмсүүтэ. Нэһилиэкпит пенсия саастаах дьоно сүрдээх эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан кэнсиэргэ бэлэмнэннилэр.
Киэһэ 19 чаастан "Түһүлгэ" Дьиэтигэр нэһилиэкпит ийэлэрин эҕэрдэлээн, бастыҥ, көхтөөх ийэлэргэ Л. А.Пономареваҕа, К.Н. Гоголеваҕа, Т.Е.Пономареваҕа, А.В.Пономареваҕа, А.А.Барашковаҕа улуустааҕы Дьахтар Сүбэтин Бочуотунай грамоталара, Махтал суруктара туттарылыннылар. Нэһилиэкпит ийэлэригэр олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Е.И.Скрябина эҕэрдэ тылын анаата.
Онтон салгыы фестиваль кэнсиэрэ саҕаланна. Пенсионердар Алтынньы - Хотой Айыы ыйын кэпсиир сиэртэн- туомтан саҕалаатылар. Ирдэбил быһыытынан нэһилиэкпит Өрөгөй ырыатын толордулар. "Эҕэрдэ үҥкүүтэ", "Арай биирдэ.." сценка, нуучча хоровод үҥкүүтэ, олохтоох автор Николай Төлөөйүскэй улуу тренер Дмитрий Коркины ииппит, үөрэппит Пелагея Тарасовна, Михаил Ксенофонтович Лазаревтарга анаабыт хоһооно, Изабелла Окоемова, Ольга Скрябина дуэттара ытыс тыаһынан арыалланна. Бу киэһэ пенсионердар түмсүүлэрэр лотерея оонньотто.
Кэнсиэр саҕаланыытыгар фойеҕа "Үлэ" сылынан "Үлэһит династиялар" диэн быыстапка турда. Манна Иван Петрович, Наталья Николаена кыыстара Светлана Ивановна Игнатьевтар учууталлар династиялара, Татьяна Егоровна Пономарева саҕалаабыт Иван Терентьевич, Егор Терентьевич учууталлар династиялара, Геннадий Ары- Курович Монгуш саҕалаабыт Любовь Николаевна, уоллара Доржукай Геннадиевич культура үлэһиттэрин династиялара буклеттар турдулар.
20.10.2023
2023-2024сс үлэ сезонугар, Чурапчы улууһун культуратын үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕа, алтынньы 19 күнүгэр ыытылынна. Урукку сылларга холоотоххо, быйылгы мунньах атын форматынан барда. Ол курдук күн бастакы аҥарыгар республикабыт культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиринэн анаммыт А.И.Ноев онлайн эҕэрдэтин ыытта, улууспут культураҕа салаатын салайааччыта П.Е.Гуляев эҕэрдэ тыл этэн наҕараадалары туттарда. Ол курдук Чурапчы нэһилиэгэ тэриллибитэ 375 сыллаах бэлиэтин "Радость" оҕо сайдар киинин үлэһитэ А. Аржаков, "Айылгы" оройуоннааҕы норуот айымньытын Дьиэтин режиссера В.Николаев, Чурапчы сэлиэнньэтин баһылыгын Махтал суругун "Радость" оҕо сайдар киинин үлэһитэ О.Баишева туттулар. Маны таһынан "Народнай" ааты көмүскээбит биир идэлээхтэрбит Чыаппаратааҕы Эр дьон хора, "Көлүкэчээн" оҕо үҥкүү ансамбла, Решетников аатынан Чурапчытааҕы народнай театр сертификаттары туттулар. Чурапчыбыт улууһун норуот айымньыларын Дьиэлэригэр саҥа ананан кэлбит специалистары чиэстээһин ыытылынна, эдэр специалистарга Эҕэрдэ суруктар, бэлэхтэр туттарылыннылар. Онтон салгыы аныгы сибээс көмөтүнэн, Забайкалье уонна Бурятия республикаларын норуот айымньыларын Дьиэлэрин үлэһиттэрин үлэлэрин уопутуттан бырайыактарын кэпсээтилэр. Модератор улуустааҕы культура салаатын салайааччыта Петр Егорович Гуляев сүрдээх сатабыллаахтык тэрийэн ыытта.
Күн иккис аҥарыгар "Олоҥхо" дьиэтин салайаааччыта Д.Д.Попов, "Айыллаан, "Айылгы", Арыылаахтааҕы "Туску", Хайахсыттааҕы, Мугудайдааҕы норуот айымньыларын Дьиэлэрин директордара, үлэлэрин уопутуттан кэпсээтилэр, специалистар мантан хаалбыт кэмҥэ туох былааннар баалларын информация биэрдилэр, үлэһиттэр мунаарар боппуруостарыгар аһаҕас кэпсэтии ыытылынна. Модератор улуустааҕы культура салаатын салайааччытын солбуйааччы А.М.Смирникова.
11.10.2023
Убаастабыллаах сайтпыт сурутааччылара, үлэбит сезона саҕаланна, онон биһиги сонуннарбытын ааҕыҥ, үлэбитин билсиҥ. Бүгүҥҥү "Кэпсээ туох сонун?" рубрикабытыгар культура сонуннара:
Улуустааҕы кииннэммит библиотекаҕа, алтынньы 6 күнүгэр бырааттыы игирэ уолаттар Дмитрий, Иннокентий Скрябиннар үс сыллааҕы үлэ түмүгүн сырдатар, үс кинигэни сүрэхтиир бэлиэ күннэрэ тэрилиннэ. Күнүс 2 чаастан Чурапчыбыт биллэр оһуохайдьыта Семен Морфунов аал уоту аһатан, алҕаан кинигэ сүрэхтэниитин аста. Бибилиотека "Алгыс" литературнай- музыкальнай салонугар элбэх киһи мустан, уолаттар дьоро күннэрин, үөрүүлэрин үллэһиннилэр. Улууспут, нэһилиэкпит салалталара, Новгородов аатынан Дархан кыһатын, Далан аатынан оскуолабыт коллективтара, үгүс ыҥырыылаах ыалдьыттара эҕэрдэ, алгыс тылларын анаатылар, үйэтитиигэ үлэлиир эдэр ыччат баарыттан сүргэлэрэ көтөҕүллэрин этэн туран өссө да айымньылаах, дьулуурдаах үлэни баҕардылар. Биһиги нэһилиэкпит историятын үөрэтэн, сүҥкэн үлэни көрсүбүт уолаттарбыт "Сут- кураан, Уот Сэрии, Көһөрүү", "Алаас буойун уолаттара. Кытаанах, Танда-Бахсы 1941-1945сс", "Боотуруускай улууһа I Хатылы нэһилиэгэ" кинигэлэрэ, хас биирдии нэһилиэк олохтооҕун кыбына сылдьан ааҕар, үөрэтэр кинигэлэринэн буоларыгар саарбахтаабаппыт. Түмүккэ, Дмитрий оҥорбут үлэтин хараҕа уоттанан, сэргэхсийэн туран, истээччилэри бэйэтигэр тардар гына олус интэриэһинэйдик кэпсээн, барыбытын астыннарда. Дьэ, кырдьык улахан эппиэтинэстээх үлэттэн толлубаккка, уолаттар хос эһэлэрин Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана Никита Гаврильевич Скрябин үлэтин салҕаан, үйэтиппиттэрэ олус долгутуулаах буолла. Олох салҕанара диэн бу буоллаҕа.
Дмитрийгэ, Иннокентийга чэгиэн доруобуйаны, эдэр дьон ыарахантан чаҕыйбакка ылсыбыт үлэлэргит үйэлээх буоллуннар диэн алҕыыбыт.
х х х х х
Алтынньы 6 күнүгэр "Чурапчы улууһун ВИА-лара" диэн ааттаах кинигэ сүрэхтэниитэ улуустааҕы "Айылгы" норуот айымньытын Дьиэтигэр буолан ааста. Бу кинигэ улуус кулууптарын иһинэн тэриллэн үлэлээбит вокальнай - инструментальнай ансамблларга дьарыктаммыт, билигин оонньуу сылдьар дьоммут ахтыыларыттан, хаартыскаларыттан таҥыллан таҕыста. Бу кинигэни хомуйан, таҥан оҥордо ССРС култьуратын туйгуна, РСФСР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ культуратын уонна искусствотын бочуоттаах үлэһитэ, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун уонна Хайахсыт нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Мария Андреевна Герасимова - Сэҥээрэ.
Биһиги нэһилиэкпитигэр араас сыллардааҕы ВИА-ларга оонньообут дьоммут, барыта 20 киһи ахтыыта, 164 стр киирэн бу кинигэҕэ үйэтитилиннилэр. Ол курдук Н.В.Захаров, А.В.Скрыбыкина (Захарова), А.Н.Терютин, Н.П.Скрябин, П.И.Собакин, В.В.Тролуков, В.Г.Коркин, Р.Е.Лавернова (Мокрощупова), Т.Г.Потапова, И.А. Владимирова (Григорий Григорьевич Владимиров кэргэнэ), И.П.Игнатьев, А.А.Окоемов, Г.А-К.Монгуш, Ф.Ф.Гоголев, И.М.Анемподистов, Дь.И.Анемподистов, А.Т.Федоров, А.Ф.Гоголев, В.В.Горохова, В.С.Лазарев.
Кинигэ халыҥ переплеттаах, 343 стр, 200 экземплярынан "Көмүөл" издательскай Дьиэтигэр бэчээттэннэ. Бары ахтыы, хаартыска биэрбит дьоммутугар, бииргэ үлэлэспиккитигэр махтанабыт.
х х х х х
Аан дойду үрдүнэн, алтынньы 11 күнэ - Кыргыттар күннэрэ. Бу күн 2012 сыллаахтан бэлиэтэнэр буолбута. "Түһүлгэ" НАДь коллектива оскуолабыт алын сүһүөх кылаас кыргыттарыгар бырааһынньыктааҕы дьаһалы ыыттыбыт. Кырачааннарбыт киэргэнэн кэлэн араас оонньууларга кытыннылар: Өркөн өй, "Мини мисс Элегантность, Уран тарбах, Бэргэн ытааччы, "Кулинария", "Модный приговор" көрдөөх конкурстарга кытыннылар. Түмүккэ саамай элбэх сибэккини хомуйбут Сахая Потапова, Лиза Винокурова кыайыылааҕынан тахсан уруһуйдуур альбому бэлэх туттулар. Түмүккэ фотозона, фуршет үлэлээтэ.
Күн иккис аҥарыгар орто, улахан кылаас кыргыттарын "Клик-клак" диэн ааттаах дьыалабыай сэһэргэһиигэ библиотекарьбыт Лена Александровна ыҥырда. Олус интэриэһинэй сэһэргэһиигэ быраап - эбээһинэс, күннээҕи режими тутуһуу, "Тас көстүү- ис турук культурата", "Сатабыллаах туһа" диэн ааттаах сэһэргэһиигэ ыалдьыттары көрүстүлэр. Ол курдук Е.Г.Андреева үөрэнээччи быраабын, Л.Н.Монгуш күннээҕи режим, Л.К.Барашкова, Е.И.Скрябина, Л.И.Монастырева кыыс оҕо гигиенатын о.э. сирэйи, тыҥыраҕы, баттаҕы көрүү-харайыы, С. И.Дьяконова иис тустарынан олус интэриэһинэйдик оонньуу форматынан ыыттылар, кэпсээтилэр. Түмүккэ элбэхтик сэһэргэһиигэ кыттыспыт, санааларын аһаҕастык эппит кыргыттарга "Маникюр" сертификата оонньонно, бу сертификаты 11 кылаас үөрэнээччитэ Сайыына Лазарева ылан үөрүүтэ үрдээтэ. Кыргыттарбыт "Түһүлгэ" НАДь бэлэмнээбит фуршетынан бу күнү түмүктээн, үөрэ- көтө тарҕастылар.