Новости

IMG-20240615-WA0019.jpg

17.06.2024

   Нэһилиэкпит ыһыаҕа быйыл бэс ыйын 14 күнүгэр ыытылынна. Күммүт сарсыардаттан чаҕылыччы тыган, ыһыахпыт этэҥҥэ ааһыаҕын билгэлээн, барыбыт санаата көтөҕүллэн, дьон- норуот хото муһунна.    Ыһыах аһыллыытын сиэрэ- туома оҥоһуллан, алгыс түһэн, кымыс үрдүн охторуу, оһуохай тэрилиннэ. Быйылгы ыһыахпытыгар биир сонун көстүүнэн кымыс үрдүн охторууга хас биирдии ыһыах киһитэ чороонноох кэлэн, Эр дьон сцена уҥа өттүгэр, дьахталлар сцена хаҥас өттүгэр туран чрооонноох кымыһы иһэн, өбүгэлэрбит туомнарын толоруубут буолла. Биһиги нэһилиэкпитигэр ыһыахха кымыс үрдүн охторуу 2012 сыллаахтан ыытыллар. Аан бастаан тэрийбит, ыыппыт киһинэн буолар Варвара Алексеевна Парфенова - Алгыс Хотун. Кини ыйыытынан, сүбэтинэн номнуо 12 төгүлүн ыһыахпытыгар кымыс иһиитин сиэри - туомун ыытабыт. Быйылгаттан бу  киллэрбит көстүүбүтүн өссө салгыахпыт диэн эрэл баар. 

Быйыл дойдубут үрдүнэн Дьиэ кэргэн сыла. Бу сыл чэрчитинэн оһуохайбытыгар Кууһумаччык сиэттэрэ, Ньукулай Абыраамап сыдьааннара Һахаараптар  аймах Сусанна Васильевна Лазарева, Афанасий Васильевич Захаров уолунаан Афанасийдыын уонна балтылара Альбина Лугинова буолан дьиэ кэргэн оһуохайын тартылар. 

Ыһыах үөрүүлээх чааһыгар ытык мааны ыалдьыттарбытынан буоллулар:

Улууспут баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев, биология билимин дуоктара, Саха сирин наукаларын академияттын президенэ, профессор Леонид Николаевич Владимиров, быйылгыттан шефтээх тэрилтэбит "КУМИ" салайааччыта Рустам Романович Данилов. Күндү ыалдьыттарбыт эҕэрдэ тыл этэн, наҕараадалары, бэлэхтэри  туттардылар. Ол курдук Екатерина Прокопьевна Скрябина "Чурапчы улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ" Иван Николаевич Оконешников "Үтүө суобастаах үлэтин иһин" түөскэ анньыллар бэлиэлэринэн, Николай Григорьевич  Владимиров тыа хаһаайыстыбатыгар таһаарыылаах үлэтин иһин улуус баһылыгын Махтал суругунан наҕараадаланнылар. 

Нэһилиэкпит социальнай- экономическай сайдыытыгар кылааттарын иһин түөскэ анньыллар бэлиэнэн, Бочуотунай Грамотанан наҕараадаланна, биһиги нэһилиэкпит олоҕор общественнай үлэҕэ олус көхтөөхтүк кыттар, землеустроителинэн үлэлээн, быйыл бүтэн барар уолбут  Степан Михайлович Прохоровка түөскэ анньыллар бэлиэни, Бочуотунай Грамотаны туттардылар.  Элбэх көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин ИП Капырина Акулина Васильевнаҕа, Андреева Люция Константиновнаҕа, Чурапчы улууһун "Айылгы" норуот айымньытын Дьиэтин үлэһитигэр Монгуш Доржукай Геннадиевичка Бочуотунай Грамоталары туттардылар.

Быйыл бары нэһилиэкпит дьоно, ыалдьыттар бииргэ түһүлгэлээн аһаатыбыт. Ыһыах дьонун олохтоох дьаһалтабыт  биэ этинэн, хаанынан, кымыһынан күндүлээтэ.   

Аһылык кэнниттэн ыһыах көрө- нара саҕаланна. "Уһун суһуох" кыргыттарга күрэххэ Неустроева Алина, Чурапчыттан Давыдова Катя 3 миэстэни үллэһиннилэр, Арыылаахтан Барашкова Соня 2 миэстэ уонна бу күрэххэ оруобуна 10 тутум  суһуохтаах Борисова Кыыдаана 1 миэстэҕэ таҕыста. Кыргыттар бөлөхтөрүнэн сүүрүүлэригэр начальнай кылаастарга Чурапчыттан Камила Монгуш 1 миэстэ,Кытаанахтан  Алина Неустроева 2 миэстэ, 3 миэстэ ,орто бөлөх кыргыттарга Кытаанахтан Күннэй Собакина 1 м, Намтан Альмира Максимова 2 м, Кытаанахтан Сайаана Борисова, улахан бөлөххө бэйэбит кыргыттарбыт  Айсена Скрябина 1м, Сайыына Лазарева 2м, Айта Яковлева 3м, 18-35 дылы саастаах кэрэ аҥардарбыт халадаайдаах сүүрүүлэригэр  Мырылаттан Сардана Федорова 1м, Чурапчыттан Наталья Собакина 2 м, 35 үөһэ саастаах дьахталларга ыалдьыппыт 1 м, Агафья Барашкова 2м, Александра Борисова 3 м буолан спонсордарбыт туруорбут уу харчыларынан наҕараадаланнылар.  "Сахам мандар таҥаһа"  дьиэ кэргэнинэн саха таҥаһын көрүүгэ Кытаанахтан  Анисия, Александр Дьяконовтар дьиэ кэргэттэрэ 1 м, Чурапчыттан Олеся, Юрий Пономаревтар дьиэ кэргэттэрэ 2 м уонна 3 м Кытаанахтан Любовь, Камила Монгуштар дьиэ кэргэттэрэ. "Түһүлгэ" НАДь туруорбут "Ситим" маҕаһыын сертификаттарын туттулар. 

Кыра уолаттарга хапсаҕайга уһуйаан саастаахтарга Собакин Арчылаан 1м, Барашков Айтал 2м, кыра уолаттарга Чурапчыттан Собакин Дамир 1м, Ноев Байсар 2м, улахан уолаттарга Смирников Эрсан 1м, Смирников Вася 2м, Дьяконов Саян 3м буоллулар. 

"Кытаанах Баллы оонньууларын" муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста Конон Федоров, кини  биир дойдулаахпыт СӨ үтүөлээх юриһа Д.Д.Коркин туруорбут 380-наах Штиль дружбатын, Дмитрий Дмитриевич балта Анна Прокопьевна Захарова туттарда, иккис мэистэни ылла Эрчим Андреев уонна быйыл 100 сааһын туолбут, сылгы иитиитигэр улахан кылааттарын киллэрбит Павел Харлампьевич Решетников  оҕолоро, сиэттэрэ туруорбут "Тэтим" спортивнай маҕаһыынтан 15 тыһ сууммалаах сертификатын туттарда, Павел Харлампьевич сиэнэ Дмитрий Кириллин, 3 миэстэҕэ таҕыста быйыл 10 кылааһы бүтэрбит Слава Сивцев уонна Д.Д.Коркин туруорбут 180-наах Шттиль дружбатынан на5араадаланна. 

Ыһыахпыт спонсордарын анаан ааттаан таһаарыахпыт.

Ыһыах киэһэтин саха эстрадатын маанылаах куоластара Айса, Кирилл Матвеев "Икки сулус" кэнсиэрдэринэн түмүктэннэ. 

                                                        х   х   х

Улуустааҕы ыһыахха бэс ыйын 15 күнүгэр  дьиэ кэргэнинэн оһуохайга Һахаараптар аймах кыттан Биһирэбил ааты ылан  5000 сууммалаах сертификат, быыстапка күрэҕэр биһиги нэһилиэктэн 2 дьиэ кэрггэн кытынна. Пономаревтар аймах 3 үрдэл буолан 10.000 сертификат, Барашковтар сыдьааннара "Туос" номинацияҕа 3000 сууммалаах сертификат, чабырҕахха Монгуштар дьиэ кэргэттэрэ  1 үрдэлгэ тахсан 20000, Лазаревтар дьиэ кэргэттэрэ 2 үрдэл буолан 15000 сертификатынан наҕараадаланнылар. 

                                                        х     х     х

Бэс ыйын 13 күнүгэр Сылаҥҥа улуустааҕы "Олоҥхо" ыһыаҕар кыттан Хомус күрэҕэр Ангела Харитонова 3 үрдэл аатын ылан 5000 суумалаах сертификат, чабырҕахха "Кытаанах кыайардара" бөлөх 2 үрдэл буолан 7000 сертификат, Любовь Монгуш соҕотоҕун толорон 2 үрдэл буолан 7000 сертификатынан, Сусанна Лазарева олоҥхо толорон 1 үрдэлгэ тахсан 10.000 сертификатынан наҕараадаланнылар. Аны иннибитигэр Аммаҕа ыытыллар  республикатааҕы "Олоҥхо" ыһыаҕа, Чурапчы улууһуттан 164 киһи кытта барар, барыларыгар ситиһиилэри баҕарабыт. 

IMG-20240531-WA0116.jpg

1.06.2024

Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин тэлгэһэтигэр аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах "Оҕо саас үөрүүтэ" бырааһынньык тэрилиннэ. 

Бу күн халлаанныын үөрэн, оҕолорбутун сылааһынан угуттаан, ичигэс күн үүннэ. Бырааһынньыктыы киэргэммит тэлгэһэҕэ нэһилиэкпит оҕолоро мустан көрү көҕүлүттэн тутан, оонньоон- көрүлээн биэрдилэр.

Кэлбит оҕолорго Студия Аквагрим үлэлээн, оҕолор талбыт мультиктарын геройдарын сирэйдэригэр уруһуйдаттылар, араас аттракционнарга оонньоон минньигэс бириистэри туттулар.

Бырааһынньык үөрүүлээх аһыллыытыгар Мэник - тэник кыргыттары кытта флешмоб үҥкүүлээтилэр, көрдөөх эстафетаҕа кытыннылар, баннерга сайыны уруһуйдаатылар, уһуйаан оҕолоро ырыа ыллаан, хоһоон ааҕан чоргуйдулар,  оҕолорго аналлаах мультик көрдүлэр.

Киэһэтин улахан кылаастарга "Есть контакт" дискотеканан түмүктэннэ. 

Бырааһынньыкпытын Дьяконовтар дьиэ - кэргэттэрэ көрдөһүүбүтүн ылынан минньигэс астары, мороженайы атыылаан ситэрэн биэрдилэр. 

Нэһилиэкпит кырачааннарын, төрөппүттэрин Оҕо саас бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит!

Дьоллоох олоҕу, элбэх үөрүүнү, ситиһиини баҕарабыт!

cd0a68da-219b-4383-9bc6-996ec36a23d8.JPG

18.05.2024

Улууспутугар бу нэдиэлэҕэ Дьиэ кэргэн күнүгэр анаммыт араас хабааннаах дьаһаллар ыытылыннылар. Онтон ыам ыйын 17 күнүгэр Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн киинигэр бу күнү бэлиэтиир үөрүүлээх дьаһал буолла. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Мария Кронникова эҕэрдэ тылын эттэ, үйэ аҥара бииргэ олорбут Людмила, Герасим Платоновтарга, Людмила, Михаил Степановтарга, Екатерина, Николай Макаровтарга "Золотые семьи Якутии" кинигэҕэ киирбиттэрин бэлиэтээн, кинилэргэ кинигэни бэлэх уунна. 

"Ыал саргыта" бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт "Рецепты семейного счастья" конкурс түмүгүн билиһиннэрдэ. 3-с миэстэҕэ Байаана Чичигинарова быраатынаан Костялыын, 2-с миэстэҕэ Протодьяконовтар уонна 1-кы миэстэҕэ Софроновтар дьиэ кэргэн тахсан, бириистэри туттулар. 

Бу күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, иккис төгүлүн ыытыллар улуустааҕы "Уйа"  дьиэ кэргэн күрэҕэ тэрилиннэ. Былырыын бу күрэх Одьулуун нэһилиэгэр ыытыллыбыта, бырайыак ааптарынан Анастасия Афанасьева буолар. 

Күрэххэ Кытаанахтан Альбина, Иван Оконешниковтар, Мугудайтан Евдокия, Александр Колтовскойдар, Хадаартан  Марфа, Рустам Артемьевтар, Чурапчыттан Ольга, Михаил Тарасовтар дьиэ кэргэттэрэ күөн көрүстүлэр.

Кинилэр түөрт түһүмэҕинэн тургутууну аастылар. Ол курдук бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, оҕолор "Уйа" оҥоһугу көмүскээтилэр, аҕалар кус үргээтилэр, ийэлэр күөрчэх ытыйдылар.

Түмүккэ 3-с миэстэни Чурапчыттан Тарасовтар уонна Мугудайтан Колтовскойдар дьиэ кэргэттэрэ үллэһиннилэр, 2-с миэстэҕэ  Кытаанахтан Альбина, Иван Оконешниковтар уонна 1-кы миэстэҕэ Хадаартан Марфа, Рустам Артемьевтар буоллулар. 

Биһиги нэһилиэкпит аатын ааттаппыт Альбина, Иван Оконешниковтарга "Кытаанах нэһилиэгэ" МТ олохтоох дьаһалтата (баһылыгы солбуйааччы Е.И.Скрябина), "Түһүлгэ" НАДь (директор А.В.Пономарева), нэһилиэкпит "Үрүҥ Үйэн" дьахтар Сэбиэтэ (сал  К.Н.Гоголева) эҕэрдэ суруктарын, бэлэхтэрин туттардылар. 

Бу күрэххэ кыттарга көмөлөспүт сүбэ - ама буолбут дьоммутугар Анастасия  Винокуроваҕа, Парасковья Моанстыреваҕа, Лена Пономареваҕа, Аина Колодезниковаҕа, Мотрена Дьячковскаяҕа, Чурапчыттан Саргылана Пономареваҕа, Анастасия Лонгиноваҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит. 

Бары дьиэ кэргэттэргэ бөҕө тирэхтээх, биир сомоҕо буолан эйэлээх, дьоллоох олоҕу баҕарабыт!

IMG-20240207-WA0052.jpg

15.05.2024

Ыам ыйын 15 күнэ - Аан дойдутааҕы дьиэ - кэргэн күнэ. Бу күн чэрчитинэн нэһилиэкпитигэр "Мин дьиэ -кэргэним - мин кириэппэһим" диэн ааттаах дьаһал ыытылынна. Бу киэһэ "Ыллыыр - туойар дьиэ - кэргэн", "Үҥкүүлээн битийиэх", "Норуот үгэһин сөргүтэн" диэн ааттаах номинацияларынан талааннаах дьиэ - кэргэттэри көрүү күрэҕэ буолла. Маны таһынан уран тарбахтаах дьиэ - кэргэттэр эҥинэ бэйэлээх оҥоһуктары аҕалан быыстапкалаатылар. 

Түмүккэ "Ыллыыр-туойар дьиэ - кэргэн" номинацияҕа кыайыылаахтарынан буоллулар: 

Алик, Гоша Афанасьевтар төрөпүттэринээн Альбина Эдуардовналыын, Иван Савельевичтыын дьиэ - кэргэттэрэ, Эрхаан, Харысхан, Арылхан ийэлэринээн Розалия Андреевналыын Пономаревтар дьиэ-кэргэттэрэ, Эвелина, Элла, Ева, төрөппүттэрэ Саргылана Михайловна, Петр Алексеевич Бабиченко дьиэ - кэргэттэрэ

"Үҥкүүлээн битийиэх" номинация кыайыылаахтарынан Виталий ийэтинээн Ольга Ивановна Яковлевтар дьиэ - кэргэттэрэ

"Норуот үгэһин сөргүтэн" фольклор салаатыгар Эрсаан, Эльвира ийэлэринээн Ксения Николаевналыын "Кэччэгэй балыксыт" диэн ааттаах өс хоһооннорунан сценкалара, Дьулус, Күннэй, Ньургун ийэлэринээн Ольга Сергеевналыын Собакиттар дьиэ- кэргэттэрэ норуот ырыатыгар поппурилара, Амелия, Айсен ийэлэрэ Лена Степановна Терютиннар хомуска оонньоон көрөөччү ытыс тыаһын хомуйдулар. 

Быыстапкаҕа барыта 11 дьиэ - кэргэн кытынна, бары кыттааччыларга Туоһу суруктар туттарылыннылар, онтон кыайыылаахтарынан буоллулар:

Лиза, Алтаана эбэлэринэнн Елизавета Аммосовналыын Винокуровтар дьиэ - кэргэттэрэ, Алисса, Ванесса ийэлэринээн Екатерина Афанасьевна Борисовалар дьиэ - кэргэттэрэ, Күннэй төрөппүттэринээн Татьяна Ивановна, Василий Семенович Лазаревтар дьиэ - кэргэттэрэ,Алина, Айысхаан төрөппүттэрэ Тамара Николаевна, Егор Егорович Неустроевтар дьиэ - кэргэттэрэ, Сахая, Сардана Потаповалар дьиэ - кэргэттэрэ, наина ийэтинээн Айталина Владимировна Поноаревалар дьиэ - кэргэттэрэ.

Быыстапкаҕа спортивнай турниктар, оҕуруонан киэргэллэр, киһи хараҕа халтарыйар оҥоһуктар  сааланы биир гына тардыллан көрөөччү сэҥээриитин ыллылар. Оҕолорбут, дьиэ - кэргэттэрбит наһаа да уран тарбахтаах, фантазиялаах эбиттэр диэн сөхтүбүт.

Сахая Потапова хас биирдии кэрэ аҥар ымсыырар клатч суумкаларын оҥорон сөхтөрдө. 3 кылаас үөрэнээччитэ Сахаяттан  суумка оҥорорго ким үөрэппитин  ыйытыластыбыт:

Бэйэм ютубтан көрөн үөрэммитим. Ийэбэр материалын сакаастаабытым. 6-7 суумканы оҥордум. Өссө сакааска эмиэ үлэлээтим диэн кэпсээтэ Сахая. 

Онтон Гоша Афанасьев тиис суунар щеткаттан олус кыраһыабай ытарҕа, подвеска, өссө мамонт муоһуттан брелоктары кыһан оҥорбут. Салайааччыта Чурапчы улууһун норуотун маастара Парасковья Монастырева. Алтаана Винокурова 6 кылаас үөрэнээччитэ диэтэххэ кыыс оҕо сахалыы бастыҥатын, өттүк симэҕин оҕуруонан оҥорбутун сөҕө көрдүбүт. 6 кылаас үөрэнээччитэ Наина Дьяконова минньигэс тортары, кекстары астаан аҕалбыта былдьаһыгынан атыыга барда. 

Ити курдук "Мин дьиэ - кэргэним - мин кириэппэһим" тэрээһин олус сэргэхтик ааста. Дьүүллүүр Сүбэҕэ "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Уран" уран тарбахтаахтарбыт түмсүүлэрин чилиэттэрэ уонна "Алаас" дьахталлар вокальнай ансамблларын ырыаһыттара үлэлээтилэр.  Бу киэһэ "Иэйии" коллекционердар түмсүүлэрин салайааччыта Екатерина Андреева "Оҕо саас оонньуурдара" диэн ааттаах коллекциятын быыстапката,  былыргы куукулалар, тимир сервизтэр, араас оонньуурдар оҕолор интэриэстэрин  тарта. 

Нэһилиэкпит бары дьиэ - кэргэттэрин Аан дойдутааҕы Дьиэ- кэргэн күнүнэн итиитик - истиҥник эҕэрдэлиибит. Бигэ туругу, чэгиэн олоҕу баҕарабыт! 

 

IMG-20240331-WA0086.jpg

1.04.2024

Көр-күлүү күнүн көрсө, үтүө үгэс буолан кулун утар 31 күнүгэр Мэҥэ- Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр  Д.Ф.Ходулов аатынанкултуура киинигэр СӨ үтүөлээх үлэһитэ Аркадий Новиков төрүттээбит Майатааҕы "Көөчөөн көрө" народнай тыйаатыр тэрийиитинэн 16-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл кыайыылаахтарын түмүк кэнсиэрэ буолла.  

Дьону күллэрии ускуустуба саамай ыарахан жанрын быһыытынан биллэр уонна тулалыыр эйгэбитин дириҥник көрөргө, өйдүүргэ үөрэтэр. "Көөчөөн көрө" устуоруйатын кылгастык билиһиннэрдэххэ, Аркадий Новиков 1989 с Дьаҥхаады нэһилиэгэр кулууп директорынан үлэлии сылдьан бастакы көр- күлүү конкуруһун тэрийбит. Манна Майаттан Виктор Федоров, Анатолий Петров, Антонина Гаврильева, Сергей Михайлов, Анна Охлопкова, Эдьигээнтэн тиийэ кэлэн көрү-күлүүнү биһириир дьон кыттыбыттар. Мантан сиэттэрэн Аркадий Новиков көҕүлээһининэн, бэйэтэ режиссер быһыытынан үлэлээн, муус устар 1 күнүгэр "Көөчөөн көрө" мини- тыйаатыр тэриллэн сыллата конкурстары ыытар буолбуттара.  

Быйыл, 16-с төгүлүн ыытыллар "Сааскы сирэйдэр" көр- күлүү бэстибээлигэр онлайн 149 киһи 40 тахса бөлөх кыттыбытыттан бэстибээлгэ ыҥырыллан  121 киһи 21 бөлөх финалга кииристилэр. Түмүккэ кыайыылаахтарынан буоллулар:

Кылаан Аат- Амма Абаҕатыттан "Ай тал" бөлөх салайааччы Евгения Попова уонна А.М.Новиков оҕолорун анал бирииһэ 30 тыһ сууммалаах туоһу сурук туттарылынна. 

1 үрдэл уонна "Сытыы бөрүө" анал ааты ылла Мэҥэ- Хаҥалас Майатыттан Елизавета Гаврильева

2 үрдэл Чурапчы Кытаанаҕыттан "Кытаанах кыайардара" чабырҕахсыттар бөлөхтөрө. "Итэҕэс - быһаҕас итинэн бүппэт" чабырҕах ааптара уонна салайааччы Любовь Монгуш. Кинилэр DNS маҕаһыынтан 15 тыһ сууммалаах сертификат туттулар.

3 үрдэл уонна "Көрөөччү биһирэбилэ анал ааты ыллылар Үөһэ-Бүлүү Хоротуттан "Хоросо" бөлөх .

1 үктэл- Ньурба Антоновката, 2 үктэл -Хатастар, 3 үктэл Бүлүү Балаҕаччыта буоллулар. 

Бэстибээл Дьүүллүүр Сүбэтигэр үлэлээтилэр: Россия тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылана Адамова, СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Чиркова, Д.Ф.Ходулов аатынан Култуура киинин исписэлииһэ Елена Варламова, урбаанньыт А.М.Новиков уола Ян Новиков, кыыһа Туйаара Васильева, Аркадий Новиков үөрэнээччитэ, Төхтүр кулуубун исписэлииһэ Аян Стручков, СӨ култууратын туйгуна, култуура уонна духуобунай сайдыы салаатын исписэлииһэ Спиридон Григорьев, А.М.Новиков доҕоро "Маггис" , "Сахамуви.ру" онлайн киинэ-устуудьуйа салайааччыта Ньургун Иванов, СӨ култууратын туйгуна, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Любовь Шишигина. 

Биһиги улуустан бу бэстибээлгэ Хатылыттан "Харса суох Хатылылар" уонна биһиги "Кытаанах кыайардара" бөлөхтөр кытынныбыт. Хатылылар сценканан, биһиги чабырҕаҕынан. 

Салгыы бэстибээл кыттыылаахтара муус устар 1 күнүгэр Нам улууһун Хамаҕаттатыгар, муус устар 2 күнүгэр Намҥа, муус устар 3 күнүгэр Дьокуускайга "Сэргэлээх уоттара" култуура киинигэр кэнсиэрдии айаҥҥа туруннулар. 

Сүрдээх ыраахтан Ньурбаттан, Үөһэ-Бүлүүттэн, Бүлүүттэн  кытта кэлбиттэрин сөҕө көрдүбүт. Элбэх сахалыы киинэҕэ уһуллубут геройдары кытта билсэн, биир интэриэстээх дьону кытта кэпсэтэн, сүбэ-ама ылан астына- дуоһуйа кыттан, кыайыы өрөгөйүн билэн кэллибит. Биһигини сылаас- сымнаҕас массыынатынан илдьэ сылдьыбыт Леонид Пономаревка махталбытын тиэрдэбит. 

Күлэ-үөрэ сылдьыҥ, оччоҕо уһун олохтонуоххут, этэҥҥэ сылдьыаххыт!

IMG-20240314-WA0105.jpg

13.03.2024

Бэҕэһээ, о.э. кулун тутар 12 күнүгэр Чурапчыга, "Утум" дьиэтигэр Чурапчы нэһилиэгин "Айыллаан" сынньалаҥ киинин үлэһиттэрин тэрийиитинэн "Вяжем тепло и уют" диэн ааттаах улуустааҕы бастакы олимпиада буолла. 

Бу олимпиада сыала- соруга диэн улууспутугар баайар дьоҕурдаах, талааннаах, уран  тарбахтаах  дьоннор үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, биир интэриэстээх дьону түмэн опыт атастаһыы. Олимпиадаҕа барыта 15 кыттааччы Хоптоҕо, Хадаар, Чурапчы,Мугудай Арыылаах, Сылан, Кытаанах, Одьулуун нэһилиэктэриттэн кэрэ аҥардар түмсэн күөн- көрүстүлэр. 

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар, бу бырайыак ааптара Анна Петрова, олимпиада түһүмэхтэрин билиһиннэрдэ, Дьүүллүүр Сүбэҕэ  Таатта улууһуттан Лидия Егоровна Тимирдяева, СР культуратын туйгуна "Ай" народнай студия салайааччыта Сусанна Дмитриевна Дьячковская, СР уус-уран оҥоһуктарга маастара Надежда Прокопьева Ахматова үлэлээтилэр. 

Бастакы сорудаҕынан дьиэтээҕи үлэ: хас биирдии кыттааччы 2 үлэтин аҕалан быыстапкаҕа туруорда, иккис түһүмэххэ суругунан  боппуруоска эппиэттэтилэр, үһүс түһүмэххэ схема оҥорон баайан көрдөрдүлэр, төрдүс түһүмэх оҕолору үөрэттилэр. 

Биһиги нэһилиэктэн "Кытаанах нэһилиэгин маастара", крючогунан баайыыны баһылаабыт Евдокия Николаевна Ноева кытынна. Быыстапкаҕа ирис саптарынан  крючогунан баайбыт зонтигын уонна улахан скатерть туруорда. Боппуруостарга иккигэ эппиэттээбэтим диэн чиэһинэйдик билиннэ, схема оҥоруутугар бэрт хаачыстыбалаахтык баайда, бэйэтин сиэнин Саида Соловьеваны үөрэтэн, Саида 5+ сыананы ылла. 

Түмүккэ "Искусница вязание" анал аат Наталья  Дьячковскаяҕа (Одьулуун) ананна, "Ажурная фея" ааты Хоптоҕоттон Анисия Федорова ылла, "Утум" дьиэтин иһинэн үлэлиир баайыы түмсүүтүн салайааччытын Варвара Гаврильевна Бурнашева анал бирииһин "Лучший наставник" ааты  биһиги Евдокия Николаевнабыт ылла, "Ай" студия анал бирииһин Одьулуунтан Дария Михайлова тутта. 

3 миэстэҕэ Нюргуяна Сыромятникова Арыылаах, 2 миэстэ Вера Баишева Хадаар уонна Олимпиада кыайыылааҕынан буолла Арыылаахтан Татьяна Барашкова. 

Дьэ ити курдук бастакы хараҥаччылар - олимпиадниктар опыт, санаа атастаһан, маастар- кылаас көрдөрөн инникитин өссө көрсүөхпүт диэн тарҕастылар. 

Олимпиада кыттыылаахтарын ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр "Айыллаан" с.к. үлэһиттэрэ. 

Биһиги нэһилиэкпитин аатын ааттатан кэлбит Евдокия Николаевнаҕа махтанан "Түһүлгэ" НАДь аатыттан "Ситим" маҕаһыынтан сертификат, Махтал сурук туттардыбыт, айаммытыгар көмөлөспүт олохтоох дьаһалтабытыгар Е.Скрябинаҕа, Л.Пономаревка махталбытын тиэрдэбит.  

ЛОГО (1) (1).jpg

8.03.2024

Сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан бары сурутааччы кэрэ аҥардарбытын эҕэрдэлиибит!

Кулун тутар ый саҕаланна, ону кытта үлэбит, ситиһиилэрбит эмиэ саҕаланнылар. Кылгастык бу үүммүт ый маҥнайгы нэдиэлэтин үлэлэрин туһунан билиһиннэрэбит.

Ааспыт  ый бүтэһик күнүгэр, олунньу 29 күнүгэр биһиги киэн туттар учууталбыт, элбэх көлүөнэ ыччаты итиигэ - үөрэтиигэ  олоҕун анаабыт, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СР физическэй культураҕа уонна спортка туйгуннара Николай Федорович Смирников 75 сааһынан улууспут "Боотур Уус" стадионун   ытыы киинигэр салгын саатынан ытыыга күрэхтэһии буолан ааста. Бу күрэхтэһии үөрүүлээх чааһын биһиги нэһилиэкпит тэрийэн, кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан айах тутан  күндүлээтибит.

                                       х    х     х     х     х     х

Кулун тутар 1 күнүгэр республика үрдүнэн ыытылла турар "Биллэр ырыа  биллибэт ааптардара" диэн республикатааҕы норуот айымньытын Дьиэтин бырайыагар биһиги нэһилиэктэн Любовь Монгуш Анна Исаковалыын "Сибэккилэр" ырыаны толорон кытынна. Бу киэһэ "Сибэккилэр" ырыа автора Семен Попову көрсөн дьэ билистилэр. маны таһынан "Оо, арылхай харахтаах, уп уһун суһуохтаах" диэн оччотооҕу ыччат уоһуттан түспэт "Чурапчым кыысчаана" диэн  ырыаны Валерий Корякин толорон дохсун ытыс тыаһын хомуйда, бу кини бииргэ төрөөбүт убайа Иван Корякин суруйбутун биллибит. "Алаас кыыһа" ырыаны өрөспүүбүлүкэбит  үтүөлээх артыыһа Варвара Аманатова ыллыырын бары билэбит, ол гынан баран бу ырыаны Дириҥ нэһилиэгиттэн биллэр поэт Айыл суруйбутун сорохтор саҥа иһиттилэр. "Айан ырыата" суоппардар гимнэринэн буолар диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо. Онтон бу ырыаны Михаил Дьяконов суруйбутун Иван Егоров толордо. Дьэ ити курдук биллэр ырыалар биллибэт аптардарын кытта истиҥ билсиһии  киэһэтэ буолла. 

Бу күн А.А.Сивцев аатынан Сылаҥнааҕы сынньалаҥ киинигэр "Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ" аһымал кэнсиэргэ Чурапчы улууһун нэһилиэктэрин талба талааннаахтара кытыннылар., биһиги нэһилиэктэн Степан Прохоров кыттыыны ылла. 

                                         х     х     х     х     х

Кулун тутар 2 күнүгэр оройуоннааҕы "Айылгы" норуот айымньытын Дьиэтигэр "Уруйдан, Пионерия!" диэн тэрээһини тэрийэн ыыттыбыт. Бу Саха сиригэр пионерия тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыт дьаһалы Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Иэйии" коллекционердар түмсүүлэрин салайааччыта Екатерина Гаврильевна Андреева көҕүлээһининэн ыытылынна. Тааттаттан, Амматтан, Мэҥэ- Хаҥаластан, Дьокуускайтан,Чурапчыттан, Уус- Алдантан барыта 70 тахса киһи кэлэн Пионерия туһунан коллекцияларын быыстапкатын туруордулар, араас конкурстарга кытыннылар. Ол курдук "Пионерия мин олохпор" музей в чемодане, "Былыргы пионерскй мал", "Пионерскай наҕараадам", "Оскуола өйдөбүнньүк маллара"  конкурстарга 31 киһи кытынна. Кэлбит ыалдьыттарга "Иэйии" коллекционердар үлэлэрин кэпсиир буклеттар, пионербаһаатайдарга юбилейнай вымпеллар, конкурс кыайыылаахтарыгар сувенирдар, дипломнар туттарылыннылар. Коллекционердар коллекцияларын атастаһыылара, атыылаһыылара тэрилиннэ. Бу тэрээһиммитигэр күүс - көмө буолбут "Айылгы" НАДь салалтатыгар, кафетерий үлэһиттэригэр, оскуолабыт үлэһитигэр В.Н.Трофимовка, "Кытаанах нэһилиэгэ" МТ баһылыгын солбуйааччы Е.И.Скрябинаҕа, "Иэйии" коллеционердар салайааччыларыгар Е.Г. Андрееваҕа тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит. 

                                            х   х  х   х   х   х

Кулун тутар 5 күнүгэр улууспут киинигэр "Чараас сытыы тыллаах чабырҕахпыт чаҥыйдын" биллиилээх чабырҕахсыт М.А.Герасимова-Сэҥээрэ аатынан чабырҕаҕы толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күөн - күрэстэрэ "Айылгы" НАДь буолла. Барыта 166 кыттааччы 10 тахса бөлөх, биирдиилээн толорооччулар кэлэн күөн көрүстүлэр. Амма, Мэҥэ- Хаҥалас, Таатта,Чурапчы улуустарыттан бу сэдэх көрүҥү тарҕатааччылар кэлэн илин - кэлин түһүстүлэр. Дьүүллүүр Сүбэҕэ бэрэссэдээтэлинэнМария Андреевна бэйэтинэн олордо, кинэхэ көмөлөстүлэр Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын уһуйааччылара Александра Николаевна Васильева, Мария Гаврильевна Боппоенова, чурапчытааҕы Пермяков аатынан үөрэх түмэлин сүрүн үлэһитэ Екатерина Иннокентьевна Егорова үлэлээтилэр. 

Биһиги "Түһүлгэ" НАДь иһинэн үлэлиир "Оторой- моторой" оҕолорго чабырҕах бөлөҕүн 2 састааба кыттан "Биһирэбил" ааты ыллылар.  кылаас үөрэнээччитэ Ванесса Борисова оҕолорго 3 үрдэл, улахан дьоҥҥо биирдиилээн толорууга Сусанна Васильевна Лазарева 3 үрдэл, Любовь Николаевна Монгуш 1 үрдэл аатын ыллылар. Онтон "Кытаанах кыайардара" улахан дьоҥҥо чабырҕахсыттар бөлөхтөрө 3 үрдэл  буоллулар. Оҕолорго Кылаан бирииһи Аня Макарова Чурапчытааҕы гимназия 11 кылааһын үөрэнээччитэ ылан DNS маҕаһыын 20.000 сууммалаах картатын тутта, онтон улахан дьоҥҥо Мэҥэ- Хаҥалас Тиэлиги "Билбит- көрбүт" чабырҕахсыттарын бөлөҕө эмиэ бу маҕаһыын 35.000 сууммалаах картатын тутан үөрдүлэр.   

Бу күн библиотекарьбыт Лена Александровна көҕүлээһининэн "Сааскы иэйиилэр" көрсүһүү буолла.  Бу көрсүһүүгэ сибэкки , оҕуруот аһын сиэмэлэрэ атыыга таҕысталыра. ону таһынан таҥаһынан кукла оҥоруутугар маастар - кылаас ыытылынна. 

                                            х    х    х    х    х

Кулун тутар 6 күнүгэр "Түһүлгэ" НАДь, нэһилиэкпит спортинструктора Иван Оконешников көҕүлээһининэн Аан дойду дьахталларын күнүгэр аналлаах, дьахталларга биирдиилээн бастааһыҥҥа теннис күрэхтэһиитэ ыытылына.  Кыайыылааҕынан Лена Пономарева, 2м Мария Пономарева, 3 м Александра Борисова буоллулар. Маны сэргэ паранан бильярд күрэхтэһиитэ ыытылынна. барыта 7 пара кытынна. Түмүккэ кыайыылааҕынан Мария Пономарева, Валера Яковлев хамаандалара 1 м, Александра Пономарева, Иван Оконешников хамаандалара 2 м, уонна 3 миэстэни  Альбина Лугинова, Владимир Боякинов, Екатерина Скрябина, Дмитрий Кириллин хамаандалара   үллэһиннилэр. Дьахталларга теннискэ, бильярдка многоборье күрэхтэһиитигэр 1м Александра Борисова, 2м Лена Пономарева, 3м Мария Пономарева тахсаннар олохтоох дьаһалта туруорбут сыаналаах бириистэринэн, дипломнарынан наҕараадаланнылар.

                                     х   х   х   х   х   х

Кулун тутар 7 күнүгэр "Түһүлгэ" НАДь иһинэн үлэлиир куруһуоктар бөлөхтөрө ыаллыы сытар Арыылаах нэһилиэгэр сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан "Сандал сааһынан..." диэн ааттаах эҕэрдэ кэнсиэр көрдөрөн кэллибит. "Саһарҕа" квартет, "Тэтим" ВИА, үҥкүүһүттэр, "Бэйэ дьоно" сценка бөлөхтөрө көрдөөх сценкалаах, ыллам ырыалаах дьоро киэһэни бэлэхтээн, көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһын хомуйан кэллибит. 

                                       х   х    х    х    х    х

Дьэ уонна сааскы  маҥнайгы бырааһынньыкпытыгар аналлаах декадабытын түмүктээтэ "Таптыыбын дойдубун, доҕотторбун, бар дьоммун" диэн олус истиҥ ааттаах кэнсиэри бэлэхтээтилэр Алла, Петр Максимовтар дьиэ-кэргэттэрэ. Кинилэр Нам улууһун кииниттэн биһиэхэ ырыа- тойук кэһиилээх, төрөппүттэрин, оҕолорун, доҕотторун илдьэ кэлэн олус истиҥ киэһэни бэлэхтээтилэр.

Бүгүҥҥү киэһэҕэ нэһилиэкпит олохтоох дьаһалтатын уонна депутаттарын ааттарыттан эҕэрдэ тылы кэрэ аҥардарга анаан эттэ нэһилиэкпит депутата Василий Потапов, ылбаҕай ырыатынан эҕэрдэлээтэ Степан Прохоров. 

Россияҕа Дьиэ- кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаан, аан дойду дьахталларын күнүнэн бииргэ төрөөбүт кыргыттарга анаан "Аҕас - балыс" хаартыска күрэҕэ ыытылынна. Түмүккэ 3 миэстэ Эвелина, Элла, Ева Бабиченколар, 2 м Айыына Аммосова эдьиийинээн Аэлиталыын, 1 м Айлаан, Харыйаана Пономаревалар уонна Муҥутуур Кыайыылаах Наина Дьяконова эдьиийдэринээн Алиналыын,  Натальялыын уонна "Түһүлгэ" НАДь "CHILL" хоһугар бырааһынньык ыытар сертификат туттулар., бары миэстэлэрспит кыргыттар дипломнарынан, бириистэринэн наҕраадаланнылар. 

Бары нэһилиэкпит кэрэ аҥардарын өссө төгүл сааскы кэрэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит, бары үчүгэйи, ситиһиилэри баҕарабыт. 

          

IMG-20220203-WA0079.jpg

1.03.2024

Дорооболоруҥ  убаастабыллаах сайтпыт сурутааччылара, биһиги  үлэбитин, тэрээһиннэрбитин интэриэһиргээн көрөр-ааҕар бар дьоммут. Бүгүн "Кэпсээ, туох сонун?" рубрикабытыгар  "Түһүлгэ" НАДь  ааспыт нэдиэлэтээҕи үлэтин сонун гынан кэпсиибит. Ол курдук

Олунньу 21 күнүгэр "Айылгы" оройуоннааҕы норуот айымньытын Дьиэтигэр  "Айхаллан, Чурапчы!" бэстибээл кыайыылаахтарын чиэстиир дьоро киэһэ ыытылынна. Манна икки бөлөҕүнэн кыайыылахтарга наҕараадаларын туттардылар. Бастакы бөлөххө улахан нэһилиэктэргэ 3 м ылла Тоскин аатынан Одьулууннааҕы "Сайдыс" НАДь 60.000, 2 м И.И.Кандинскай аатынан "Айыллаан" сынньалаҥ киинэ 70.000, 1 м Лыткина аатынан Чыаппаратааҕы "Ырыа" НАДь 100.000, иккис бөлөххө кыра нэһилиэктэргэ 3м ылла Чакыр Фольклор Дьиэтэ 60.000, 2м Болтоҥо НАДь 70.000,1м Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" НАДь 100.000 суммалаах сертификаттары тутан үөрүүбүтүн дохсун ытыс тыаһынан арыаллаатыбыт. Маны таһынан лауреаттар, дипломаннар ааттара билиннэ: быыстапкаҕа биһиги "Уран" уран тарбахтаах түмсүүлэрбит, Е.Т.Миронова, М.С.Анемподистова лауреаттар, Е.М.Нестерева, И.П.Макарова дипломаннар, кэнсиэр нүөмэрдэригэр С.В.Лазарева, ВИА "Тэтим" абааһы кыыһын ырыатынан, Степан Прохоров Сорук - Боллур ырыатынан, "Кытаанах кыайардара" чабырҕахсыттар бөлөхтөрө лауреаттар, Давид Андреев оһуохайынан, икки хорбут,   Екатерина Скрябина Удаҕан ырыатынан дипломаннар буоллулар. кыайыылаахтар кэнсиэрдэригэр Абааһы кыыьын ырыатынан "Тэтим" ВИА, Сорук Боллур ырыата, чабырҕахсыттар бөлөхтөрө кыттн нэһилиэкпит аатын ааттаттыбыт. 

                                   х      х      х       х       х       х

Олунньу 23 - Аҕа дойдуну көмүскээччилэр  күннэригэр хоту сытар нэһилиэктэр оскуолаларын алын сүһүөх кылаас уолаттарыгар  "Мин Россия патриотабын" военизированнай күрэхтэһии тэрийдибит. Манна Арыылаахтан, Улахан - Күөлтэн, Сылаҥтан, Түөйэттэн, Кытаанахтан 8 уолаттар илин - кэлин түсүһэн күрэхтэстилэр. Былырыын маннык күрэхтэһиини бэйэбит оскуолабыт уолаттарыгар ыыппыппыт, онтон быйыл кустовойунан тэрийдибит. Барыта 6 түһүмэхтээх күрэхтэһиигэ кыайыылааҕынан таҕыста Далан аатынан кытаанах орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ Титомир Лыткин буолла. Дьүүллүүр Сүбэ председателинэн иккис сылын үлэлээтэ Василий Потапов. Уолаттарга барыларыгар анал ааттар, дьонноро, оскуолалара туруорбут бириистэрэ туттарылынна. Уолаттар мэник- тэник дьон бэйэ- бэйлэрин кытта билсиһэн, "Түһүлгэ" НАДь бырааһынньыктааҕы тордун сиэн үөрэн- дуоһуйан тарҕастылар. бары кыттыбыт уолаттарбытыгар, кинилэр төрөппүттэригэр, оскуолаларыгар махталбытын тиэрдэбит.

                                     х      х      х     х     х     х

Олунньу 26 күнүгэр Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр "Тыыннаах тыл" кэпсээни уус -ураннык ааҕыыга републиканскай күрэхтэһии ыытылынна. Манна Дьүүллүүр Сүбэҕэ Ойуунускай аатынан Саха академическэй  театрын артыыһа Стручков И.Ю, Чөркөөхтөөҕү Толтяков аатынан народнай театр режиссера Яковлева М.П, "Саха" НКИХ сериал сулууспатын салайааччыта Пермякова М.Д, СӨ "Сайдыы" саха тылын литэрэтиирэтин, төрүт култуура учууталларын ссоциациятын председателэ Барашкова Ж.Ф, Мординов аатынн Тааттатааҕы лицей саха тылын, литературатын учуутала Андросова О.П. курдук ааттаах суоллаах дьон  үлэлээтилэр, видеолары  кэтэхтэн уонна миэстэтигэр көрдүлэр. Манна Кытаанахтан Л.Н.Монгуш салайааччылаах  кыттыбыт 10 кылаас үөрэнээччитэ Виталий Гоголев "Үрэх баһын үһүйээнэ" диэн Далан кэпсээнин нойосуус ааҕан бэйэтин бөлөҕөр 3 үрдэл  аатын ылла. Бу үрдүк ситиһиитинэн Витяны  эҕэрдэлиибит. Инникитин таһаарыылаах, айымньылах үөрэҕи, үлэни баҕарабыт. 

                                        х     х     х     х     х     х

Олунньу 27 күнүгэр Чурапчыга "Айылгыга" - "Өбүгэ ситимэ" диэн ааттаах улууспут нэһилиэктэрин уран утарбатаахтарын үлэлэрин көрүү быыстапкатыгар кытынныбыт. Быыстапкаҕа биһиги нэһилиэктэн "Уран" түмсүүбүт саҥа оҥорбут сөрүөлэрэ, Е.Т.Миронова, Е.А.Борисова, П.В.Монастырева, И.П.Макарова үлэлэрэ турдулар. 

                                      

IMG-20240219-WA0068.jpg

20.02.2024

"Айхаллан, Чурапчы!" улуустааҕы уус- уран самодеятельноһы көрүү фестивала быйыл  И.Г.Тимофеев- Теплоухов "Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур" олоҥхотугар олоҕуран ыытылынна. Фестиваль олунньу 15 күнүттэн тэтимнээхтик саҕаланан, олунньу 18күнүгэр түмүктэннэ. Биһиги  нэһилиэкпит дьоно - сэргэтэ олус түмсүүлээхтик бэлэмнэнэн оҕолуун - улаханныын көстүүмнэри тигиигэ, атрибуттары  бары көмөлөөн оҥордубут, хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо бу фестивальга кылааттарын киллэристилэр. Ким эрэ сиэн оҕолору көрөн эдэр дьиэ- кэргэттэр репетицияҕа кэлэллэрин харгыстаабатылар, ким эрэ таҥас тиктэ, ас астаата, маҕаһыынтан материаллары, араас бытархай маллары ылан үлэбитин чэпчэтистилэр ол түмүгэр бэйэбит бөлөхпүтүэр 4,50 баллаах Бастакы миэстэни ыллыбыт. "Уран" уран тарбахтаахтарбыт ирдэниллэр Сөрүөнү олус хаачыстыбалаахтык оҥорон быыстапкаҕа үрдүк ситиһиилэннибит. Сөрүө оҥоруутугар сиэлинэн, кутуругунан көмөлөспүт дьоммутугар барҕа махтал! Дьоммутугар - сэргэбитигэр барҕа махтал буолуохтун! Бары түмсүүлээх,биир санаалаах буолан үрдүк ситиһиилэннибит! 

IMG-20231215-WA0065.jpg

19.12.2023

Бу ааһан эрэр сылбыт бүтэһик ыйын 12 күнүгэр Афанасий Петрович Илларионов аатын сүгэр Хайахсыт орто оскуолатыгар оҕолорго аналлаах "Кут - сүр" фольклорнай фестиваль быйыл 16 төгүлүн ыытылынна. Улууспут 14 оскуолаларыттан  157 оҕо кэлэн фольклор араас жанрыгар күрэхтэстэ. Ол курдук норуот ырыата, үгэ, чабырҕах, олоҥхо, тойук, оһуохай. Дьүүллүүр Сүбэ бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтэ бу фестиваль автора, улууска эрэ буолбаккка республикаҕа киэҥник биллэр чабырҕахсыт, чабырҕаҕы айааччы, уһуйааччы Мария Андреевна Герасимова - Сэҥээрэ, ону таһынан улуустааҕы Олоҥхо дьиэтин специалиһа О.Монастырева, Хайахсыт орто оскуолатын учууталлара үлэлээтилэр. Фестиваль кыттыылаахтарын Хайахсыт оскуолатын директора, фестиваль автора, оскуола уолаттарын бөлөҕө  эҕэрдэлээтилэр. Хайахсыкка  сахалыы ойуулаах -мандардаах киэргэллээх, сылаас, ыраас  саҥа таас оскуола үлэҕэ киирэн, оҕолор, учууталлар олус киэн туттан - хаптан сылдьаллара киһи сүргэтин көтөҕөр.  Бу фестивальга саамай элбэх оҕо Дархан кыһатыттан кэлбиттэр, салайааччылара биһиги биир  дойдулаахпыт Валентина Ивановна Дьячковская. Барыта 82 оҕо кэлэн, 2-3 кылаастар күрэхтэстилэр. 

Биһиги Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Оторой - моторой" фольклорнай бөлөх кыра бөлөҕө  чабырҕах жанрыгар кытынна. Кинилэр Мария Герасимова - Сэҥээрэ суруйуутугар "Сахам оонньуулара" чабырҕаҕы олус тахсыылаахтык толорон, бу көрүҥҥэ Бастыҥнар буоллулар. Оҕолорбутун бастакы улахан ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит. Ыраах айаҥҥа сылаатык, сымнаҕастык илдьэ сылдьыбыт суоппарбытыгар Иван Савельевич Оконешниковка дириҥ махталыбтын тиэрдэбит. 

 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ