Новости

IMG-20220217-WA0044.jpg

21.02.2022

Бу сылга бастакы ситиһиилэр кэллилэр

Чурапчы улууһун "Айылгы" норуот айымньытын Дьиэтин тэрийиитинэн, быйыл үһүс төгүлүн төрүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн "Мин сахабын" фестиваль ыытылынна.Быйылгы тэрээһин саха автономията тэриллибитэ 100, саха лингвист- учуонайа Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 130, Чурапчы улууһугар Ийэ сир  сылларыгар ананан ыытылынна.

Биһиги "Түһүлгэ" НАДь иһинэн үлэлиир түмсүүлэр, куруһуоктар, уһуйааммыт, оскуолабыт оҕолоро бу фестивальга үһүс төгүлүн кытыннылар.Саастарынан, бөлөхтөрүнэн анал балаһыанньалаах ыытыллар фестивальга ырыаҕа, үҥкүүгэ, уус-уран ааҕыыга, уруһуйга кытынныбыт. Ону таһынан улуустааҕы дьахтар Сүбэтэ "Мин сахалыы сандалым" диэн сахалыы ас күрэҕин ыытта. Бу күрэх түмүгэ тхса илик.

Сылын аайы бу фестиваль  түмүгүнэн кэккэ ситиһиилэрдээхпит, быйыл даҕаны саҥа үүммүт сылга бастакы ситиһиилэр кэллилэр, үөрэ - көтө ааттыыбыт:

Ырыаҕа- 50 үөһэ саастаахтарга "Алаас" дьахталлар вокальнай ансамбллара"Өбүгэм симэҕэ" ырыаны толорон 1 лауреат (сал Л.Монгуш)

Үҥкүүгэ -"Тэтим" оскуола оҕолорун үҥкүүтүн бөлөҕө "Эҕэрдэ үҥкүүтэ" 3 миэстэ(сал А.Барашкова)

Уруһуйга - 11 кылаас үөрэнээччитэ Диана Чохова 1 миэстэ, 8 кылаас үөрэнээччитэ Лида Коркина 3 миэстэ (сал Е.Миронова)уонна ыччаттарга история учуутала Ньургун Ефремов 3миэстэ

Уус-уран ааҕыыга - "Бэйэ дьоно" түмсүүттэн Николай Суздалов 1 миэстэ, Ирина Гаврильева 3 миэстэ (сал Л.Пономарева)

 

Маны таһынан өссө биир соһуччу үөрүүлээх сонун

Ааспыт сылга норуот айымньыларын Дьиэлэрин икки ардыларыгар "Хомуһун" диэн драмколлективтары көрүү фестиваллара ыытыллыбыта. Конкурска барыта араас хабааннаах, араас хайысхалаах 9 үлэ киирбитэ. Ол курдук Одьулуун, Сылан, Хоптоҕо, Кытаанах, Төлөй, Алаҕар, Чурапчы, Болтоҥо. Түмүккэ: "Бастыҥ дьахтар оруола" О.Ноева, "Бастыҥ эр киһи оруола" А.Беляев, "Бастыҥ авторскай үлэ" В.Николаев (бары чурапчылар) "Бастыҥ уус-уран толкуй" "От" испиктээх (Сылан), "Бастыҥ монтаж" "Куоратчыт" испиктээх (Кытаанах), "Бастыҥ музыканан киэргэтии" "Олох дьэбэрэтэ" (Төлөй) Гран - при "Дьол хараҕын уута" (Чурапчы)

Бу испиктээхпитигэр кыттыбыт "Сыккыс" түмсүүгэ (сал К.Гоголева), нэһилиэкпит ыччаттарыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Инникитин даҕаны түмсүүлээх буолуоҕуҥ!

IMG-20220203-WA0079.jpg

18.02.2022

   2023 сылга үс тумус туттар дьоммут Д.П.Коркин, Далан, А.П.Собакин 95 сылларын туолар үбүлүөйдээх сыллара. Бу даатаҕа анаан нэһилиэкпитигэр үбүлүөйүнэй комиссия тэриллэн, ол комиссия бэҕэһээ о.э. олунньу 17 күнүгэр киэһэ 17ч улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччынан ананан үлэтин саҕалаабыт, Соловьев нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит, Мария Филипповна Кронникованы кытта көрсөн бастакы мунньаҕы ыытта. Комиссия председателэ, баһылык Е.Н.Потапов бу даатанан туох үлэлэр былааннаммыттарын сиһилии билиһиннэрдэ:

-         Нэһилиэккэ саҥа котельнайы тутуу, эбэтэр билигин үлэлии турар котельнайы күүһүрдүү

-         Чааһынай дьиэлэри ититиигэ холботуу

-         Нэһилиэк иһинээҕи суол капитальнай өрөмүөнэ

-         “Түһүлгэ” норуот айымньытын Дьиэтин өрөмүөнэ

-         Ыһыахтыыр сирбит күрүөтүн саҥардыы

-         Быһыттаахха Далан өтөҕүн, Тандаҕа Туһалыыр баай икки этээстээх ампаарын чөлүгэр түһэрии

-         “Килэҥки” күөлүн дириҥэтии

-         Намаҕа арт – галерея оҥоруута

-         Нэһилиэк историятын кэпсиир үһүс кинигэ тахсыыта

-         Үс дьоммутугар документальнай киинэ устуута

-         Спортивнай- культурнай тэрээһиннэр

Мария Филипповна истэн, ырытыһан баран улуустааҕы комиссияҕа бу дьаһаллары билиһиннэриэх буолла, кэлэр ый саҥатыгар иһитиннэриэх буолан эрэннэрдэ. “Түһүлгэ” өрөмүөнүн Р.Г.Васильевтыын кэпсэтиэх, бу ый иһинэн иһитиннэриэх буолла.

х    х    х

В.С.Яковлев – Далан аатынан Кытаанахтааҕы орто оскуола директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччы Галина Михайловна Аммосова, оскуола олоҕун туһунан билиһиннэрдэ:

Быйылгы үөрэх сылыгар саҥа оскуолаҕа киирэн үөрүүбүт сүдү. Оскуолаҕа киирии түбүгэр оҕолуун улахан дьоннуун үөрэ-көтө үлэлээн, билигин сырдык, ыраас, сылаас оскуолаҕа үөрэнэ сылдьабыт. Ол курдук ситиһиибит да кырата суох. Быйыл улуустааҕы предметнэй олимпиадаҕа 21 бириистээх миэстэни ылары ситистибит. Маннык элбэх миэстэни ыла илик этибит. “Инникигэ хардыы” научнай-практическай конференцияҕа улууска 6 оҕо кыттыбытыттан Турантаева Мира 9 кыл-2миэстэ, Барашкова Надя 11 кыл-лауреат, республикатааҕы нпк-ҕа 2 миэстэ буоллулар. Салайааччы Е.Т.Миронова.

Билигин сүрүн сорукпут - 9,11 кылаастарга экзаменнары ситиһиилээхтик туттаран аттестат ылыы буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ бары талыы экзаменнарын чопчулаан бүттүлэр. 11 кыл үөрэнээччилэрэ экзамеҥҥа киириигэ көҥүл ылар итоговай сочинениеларын, 9 кылаастар итоговай собеседованиеларын ситиһиилээхтик ааһан ЕГЭ, ОГЭ туттарарга бэлэмнэнэллэр.

 

 

 

IMG-20220217-WA0021.jpg

17.02.2022

Кэлэн иһэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн нэһилиэкпит күүстээх аҥардарын эҕэрдэлиибит!

Олунньу 23 күнүгэр киэһэ 19ч00м Тир дьиэтигэр түөлбэнэн уонна биирдиилээн бастааһыҥҥа салгын саатынан ытыыга күрэхтэһиигэ ыҥырабыт. 

Күрэхтэһии балаһыанньата:

Түөлбэттэн 18 үөһэ саастаах 3 эр дьон кытталлар. Кэрэ аҥардар кыттыбаттар.

Хамаанданан, биирдиилээн хас биирдии кыттааччы 3 пробнай ытыы, ол кэнниттэн 5 туран эрэ, 5 олорон эрэ ытар. Мишень 9м.  Түмүккэ хамаанданан, биирдиилээн I, II, III миэстэлэр тахсаллар.

Кыттыы иһин усунуос 100 солк.

Кыттааччы бэйэтин саатынан ытара көҥүллэнэр, суохтарга Тир саата уларсыллар.

Кыайыылаахтар мэтээлинэн,грамотанан,  бириистэринэн наҕарадаланаллар. 

Кылаабынай судьуйа СР спортка уонна физическэй культураҕа туйгуна, ДЮСШ 2021 сылга "Ытыыга бастыҥ тренер" аатын ылбыт Николай Федорович Смирников. 

Ким бэлэмнэниэн баҕалаах Тирга хас күн аайы эбиэттэн киэһэ кэлэргитигэр.

Билиҥҥи балаһыанньанан бары ирдэбиллэри тутуһабыт!

Бары күүстээх аҥардарбыт - бу түгэни мүччү түтумаҥ!

20220217_105133.jpg

17.02.2022

Бу күннэргэ Сунтаар улууһугар тахсыбыт алдьархайы бары истэн соһуйдубут, курутуйдубут. 

Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо!

Билигин ордук гаражтар, баанньыктар күүскэ оттуллар,уот хамсыыр кэмигэр, кырачааннарбыт карантиҥҥа, дистанционнай үөрэххэ дьиэлэригэр олорор бириэмэлэригэр  баһаартан сэрэхтээх буолуу ордук күүһүрэр. Баһаарынай тэрилтэ үлэһиттэрэ, уоттан сэрэтэр Автономный пожарный извещатель диэни  чааһынай дьиэлэргэ туруорарга сүбэлииллэр. Бу сыаната удамыр, нэһилиэгинэн элбэх киһи сакаастаатаҕына аҕалан биэриэхтэрин сөп, онон толкуйданыаҕыҥ!

Баһаартан сэрэхтээх буолуоҕуҥ!

 

IMG_3050.jpg

3.02.2022

Саха бастакы романиһа, саха Островскайа Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах литературнай викторинабыт түмүгэ таҕыста, кыайыылаахтар билиннилэр. Бу викторинабыт географията киэҥ буолла Хаҥаластан, Булуҥтан кытта кытыннылар. Онон 

1 миэстэ - А.В.Трифонова -Хаҥалас, Улахан Аан

2 миэстэ - Алина Дьяконова- Чурапчы,Кытаанах

3 миэстэ - Е.Г.Андреева - Чурапчы, Кытаанах

итиэннэ Муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста уонна "Сайдам" маҕаһыын сетификатынан наҕараадаланар 

Владислав Владимиров. Эҕэрдэээ!!!!

Бары кыттыбыт дьоммутугар дириҥ махталбытын тиэрдэбит, инникитин ситиһиилэри баҕарабыт. кыайыылаахтар дипломнаргытын сарсын ыларгытыгар көрдөһөбүт. (Тир).

Уонна эппиэттэри таһаарабыт.

 

 

Бастакы түһүмэх: “Эрилик Эристиин олоҕун суола”

1.     Эрилик Эристиин төрөөбүт сыла төрөөбүт улууһа?(1892, Боотуруусскай)

2.     Эрилик Эристиини ааҕарга,суруйарга үөрэппит кимнээҕий?(Г.Д.Старостин,Ф.М.Егоров)

3.     Эрилик Эристиин до5ордоспут нуучча суруйааччытын аата?(до5ордоспото5о)

4.     Эрилик Эристиин оло5ор умнуллубат событиенан буолбут уон улуус партията суох дьадаҥыларын конференцията хас сыллаахха буолбутай?(07/04/1921)

5.     Эрилик Эристиин ийэтин,быраатын,аймахтарын сойуолааһыннарыттан тыыннаах хаалбыт кыыһа хайдах быһыылаахтык тыыннаах хаалбытай? (сүөһү толук биэрэнннэр тыыннаах хаалларбыттара)

Иккис түһүмэх “Айымньылар ааттарын ис хоһооннорунан таай”

1.     – Алдьархай буолла!..Бөтүҥ Хооһойун өлөрдүлэр!..-Хабыыча,атын хорус гыннараат,ыстанан түстэ. Айымньы аата? («Кэриэс туолуута»)

2.     –Кыһыллар түбэстэхтэринэ даҕаны миигиттэн туохпун ылаары өлөрүөхтэрэй? Айабын дуо?..-диэн Бүөтүр да оччо ыпсыылаах тылы булан таһаарбата уонна таһырдьа тахсан барда. (“Күчүмэҕэй күннэр”)

3.     –Чэ үчүгэй, ити аата тээтэбэр эрэннэҕим, оччоҕо арай, Дьэкиим, бу киэһэ тээтэни илдьэн биэрэн баран, таарыйа ол оҕону аҕаллаҕыҥ дии, -диэтэ Балбаара. (“Соһуччу үөрүү”)

4.     –Дэриэтинньик, эйигиттэн итинтэн ордук тылы ким эрэйиэй,биллэр таҥара уола талбыккын саҥардаҕын дии,-диэн баран Мотуоһа саллааттар үтүрүйэн иһэр сирдэрин диэки хааман,атаҕа сири билбэт курдук, саллаҥнаан истэ. (“Кыраттан орпут”)

5.     –Биһигини  аһыммытыҥ туһугар эйигин таҥара дьоллоотун, - диэн баран Мелания ийэбит хаһан да илии тутуспатах киһитигэр илиитин биэрэн баһыыбалаата (“Маарыкчаан ыччаттара”)

Үһүс түһүмэх: “Айымньы бэчээккэ”

1.     “Соһуччу үөрүү” хас сыллаахха тахсыбытай? (1928с)

2.     “Уйбаан Дууһа” туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ. Бу хас сыллаахха этэй? (1934 с)

3.     “Уус уран литература” альманах бастакы нүөмэригэр “Хачыгыр”айымньыта бэчээттэммитэ. Бу хас сыллаахха этэй?(1938 с)

4.     «Кэриэс туолуута»сэһэн Москваҕа “Советская Россия”издательствоҕа Виктор Легентов тылбааһынан нууччалыы бэчээттэммитэ.Бу сыла? (1964)

5.     Бастакы “Маарыкчаан ыччаттара” роман хас сыллаахха тахсыбытай?(1942с)

 

 

 

 

 

Төрдүс түһүмэх: “Эрилик сыыппаралара”

1.     Эрилик Эристиин хас олоҥхону суруйан хаалларбытай (4)

2.     Эрилик Эристиин айар үлэнэн хас сыл дьарыктаммытай (19)

3.     Хас айымньылара нууччалыы тылбаастаммытарай (3)

4.     С. С. Яковлев — Эрилик Эристиин аата Чурапчы улууһун Чакыр орто оскуолатыгар иҥэриллибитэй (2007)

5.     Эрилик Эристиин айар үлэтин хас сыллаахтан саҕалаабытай?(1923)

 

 

 

 

 

IMG-20220203-WA0079.jpg

3.02.2022

   Урукку сылларга “Түһүлгэ” диэн ыйга 2 тахсар 2 страницалаах, 4 балаһалаах хаһыаттаах этибит, онно нэһилиэкпит сонуннарын, ыытыллыбыт дьаһалларын билиһиннэрэн хаартыскалаан, иллэҥ кэмҥэ араас викториналары, сканвордары таайарга оонньуулары ыытарбыт.

Бу үүммүт сылтан сайтпытыгар нэһилиэкпит сонуннарын, дьаһалларын, былааннарын билиһиннэрэр сыаллаах “Кэпсээ, туох сонун?” диэн ааттаах  рубриканы  ыйга 2 таһаарар буолуохпут. Бүгүн, нэһилиэкпит баһылыга Е.Н.Потапов сонунун үллэстэр.  Онон, билсиҥ, сэҥээриҥ.

 

Быйыл автономия 100 сылыгар, Көһөрүллүү 80  уонна  3 биллиилээх дьоммут эһиил төрөөбүттэрэ 95 саастарын туолалларынан  юбилейнай тэрээһиннэр былааннарын оҥостон, улуус дьаһалтатын кытта Сүбэ мунньахха билиһиннэриэхпит.

 

Ыйга биирдэ нэһилиэнньэни кытта онлайн мунньаҕы, сүбэлэһиини тэрийиэхпит.

 

“Килэҥки” күөлүн дириҥэтэргэ, айылҕа харыстабылын  министерствотын нөҥүө федеральнай программаҕа киирэргэ сметнай – проектнай докумуон үлэлэрин оҥоруу  саҕаланна

 

Нэһилиэк ис суолларын оҥорууга, бу сылга дорожнай фонда үбүлээһининэн оҥоһуллар  программа   эбии түһүмэҕэр  кулун тутар  ыйга докумуоннары туттарыыга бэлэмнэнэбит

 

 

Саҥа котельнай тутуутугар эбэтэр билиҥҥи котельнайы кэҥэтэргэ Ил Дархаҥҥа уонна Правительствоҕа сурук суруйбуппут, ол сурукпут ГУП ЖКХ тиийэн турар. ГУП ЖКХ министерствота билигин үлэлиир котельнай кыаҕын улаатыннарыы  эбэтэр иккис саҥа котельнай тутуллуутун боппуруостарын  үөрэтэ, информациялары хомуйа сылдьар. Быйыл ититиигэ эбии 7 ыал холбонорун биллэрдэ.

 

 

Уопсай дьиэ коммунальнай  хааччыйыытын боппуруостара сытыытык тураллар. Септигин, насоснай станциятын  докумуоннара саҥа дьыл иннигэр оҥоһуллубуттара. Билигин сыанабылга барда. Сыаналара билиннэҕинэ аукциоҥҥа таһааран, хааччыйар тэрилтэҕэ биэрэбит

 

Сайыҥҥы өртүгэр тыа баһаарыттан уонна ууттан сэрэхтээх буоларга үлэлэр билиҥҥэттэн былааннанан оҥоһуллар. Нэһилиэк иһинэн ЧС комиссията тэриллэр.

 

Билигин кутталлаах объегынан “Күөл оннун” быһыта буолар. Бу быһыппыт республика балансатыгар киирэр үлэлэрэ салҕыы оҥоһулла республика тэрилтэлэрин кытта сөбүлэһиигэ  сылдьар.

 

Дулҕаны, талаҕы астаран сири таһаарыыга үлэни ыытабыт. Танда үрэҕэр 133 га сири астарыыга улуус салалтатыгар сурук түһэрбиппит, тыа хаһаайыстыбатын  управлениетын кытта үлэ ыытыллар.

 

 Испииһэк быһыытынан 38 устуука  рулон сенаж Мындаҕаайыттан кэлэр.  Улуус чэпчэтиилээх бурдугар сайаапка хомуллан нэһилиэккэ бу күннэргэ кэлиэҕэ. Нама быһытыгар 30 куб  улахан көһөҥө таастар кэлэллэр. 24 куб пгс (кумах гравий булкадыһыга)кэлиэхтэрэ. Кулун тутарга  мелиорация Чурапчытааҕы филиала быһыт хаарын үлэтин  саҕалыа

 

Нэһилиэнньэ сирин арендатын уһатыыга, хас биирдии сирдээх киһи докумуоннарын оҥортороллоро наадатынан сибээстээн бу күннэргэ саҥа сирдэри ылыыга элбэх представление оҥоһулунна. Онон землеустроитель Степан Прохоровы кытта үлэлэһиҥ.

 

Нэһилиэкпитигэр  6 киһи ыалдьан 1 киһи үтүөрдэ, бары ирдэнэбиллэри тутуһан, этэҥҥэ чэгиэн сылдьаргытыгар.

 

Кулууппут тиргэ көстө, кулун тутар 1 күнүгэр диэри дьаһаллар барыта онлайн ыытыллаллар, 5 киһиэхэ диэри куруһуоктар үлэлэрэ ыытыллыаҕа.

 

Ыт боппуруоһа сытыытык турар, биһиги нэһилиэккэ 43 ыт баар. Хаһаайыттар ыккытын баайын, прививкалатын.

ЭРИЛ АФ.jpg

30.01.2022

 

 

     Дьэ эрэ доҕоттоор, саха бастакы романиһа, саха Островскайынан биллэр, киэн туттар суруйааччыбыт Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сылынан “Маарыкчаан ыччаттара” литературнай викторинабытын саҕалыыбыт.

 

Балаһыанньата:

 

Ким баҕалаах барыта кыттар, сааһа хааччахтаммат

 

 

 

Эппиэттэргитин 89627377003 Лена Александровна ватсабыгар ыытаҕыт

 

 

 

Ыытыллар кэмэ: Бу сыл тохсунньу 31 күнүттэн олунньу 2 күнүгэр дылы. Түмүк олунньу 3 күнүгэр киэһэ 20ч биһиги сайтпытыгар тахсыаҕа.

 

 

 

Наҕараадалар: Кылаан бириис "Сайдам" маҕаһыынтан сертификат, диплом

 

 

I, II, III миэстэлэр дипломунан наҕараадаланаллар

 

Бастакы түһүмэх: “Эрилик Эристиин олоҕун суола”

1.     Эрилик Эристиин төрөөбүт сыла төрөөбүт улууһа?

2.     Эрилик Эристиини ааҕарга ,суруйарга үөрэппит кимнээҕий?

3.     Эрилик Эристиин доҕордоспут нуучча суруйааччытын аата?

4.     Эрилик Эристиин олоҕор умнуллубат событиенан буолбут уон улуус партията суох дьадаҥыларын конференцията хас сыллаахха буолбутай?

5.     Эрилик Эристиин ийэтин, быраатын, аймахтарын сойуолааһыннарыттан тыыннаах хаалбыт кыыһа хайдах быһыылаахтык тыыннаах хаалбытай?

Иккис түһүмэх “Айымньылар ааттарын ис хоһооннорунан таай”

1.     – Алдьархай буолла!..Бөтүҥ Хооһойун өлөрдүлэр!..-Хабыыча,атын хорус гыннараат, ыстанан түстэ. 

2.     –Кыһыллар түбэстэхтэринэ даҕаны миигиттэн туохпун ылаары өлөрүөхтэрэй? Айабын дуо?..-диэн Бүөтүр да оччо ыпсыылаах тылы булан таһаарбата уонна таһырдьа тахсан барда.

3.     –Чэ үчүгэй, ити аата тээтэбэр эрэннэҕим, оччоҕо арай, Дьэкиим, бу киэһэ тээтэни илдьэн биэрэн баран, таарыйа ол оҕону аҕаллаҕыҥ дии, -диэтэ Балбаара.

4.     –Дэриэтинньик, эйигиттэн итинтэн ордук тылы ким эрэйиэй,биллэр таҥара уола талбыккын саҥардаҕын дии,-диэн баран Мотуоһа саллааттар үтүрүйэн иһэр сирдэрин диэки хааман,атаҕа сири билбэт курдук, саллаҥнаан истэ.

5.     –Биһигини  аһыммытыҥ туһугар эйигин таҥара дьоллоотун, - диэн баран Мелания ийэбит хаһан да илии тутуспатах киһитигэр илиитин биэрэн баһыыбалаата

Үһүс түһүмэх: “Айымньы бэчээккэ”

1.     “Соһуччу үөрүү” хас сыллаахха тахсыбытай?

2.      “Уйбаан Дууһа” туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ. Бу хас сыллаахха этэй?

3.     “Уус уран литература” альманах бастакы нүөмэригэр “Хачыгыр”айымньыта бэчээттэммитэ. Бу хас сыллаахха этэй?

4.     «Кэриэс туолуута» сэһэн Москваҕа “Советская Россия” издательствоҕа Виктор Легентов тылбааһынан нууччалыы бэчээттэммитэ. Бу сыла?

5.     Бастакы “Маарыкчаан ыччаттара” роман хас сыллаахха тахсыбытай?

 

 

 

 

 

Төрдүс түһүмэх: “Эрилик сыыппаралара”

1.     Эрилик Эристиин хас олоҥхону суруйан хаалларбытай?

2.     Эрилик Эристиин айар үлэнэн хас сыл дьарыктаммытай?

3.     Хас уонна ханнык айымньылара нууччалыы тылбаастаммытарай?

4.     С. С. Яковлев — Эрилик Эристиин аата Чурапчы улууһун Чакыр орто оскуолатыгар хас сыллаахха иҥэриллибитэй

5.     Эрилик Эристиин айар үлэтин саалаабыт сыла?

 

 

 

 

 

 

 

 

29.01.2022

 2022 сыл республикабытыгар Сахабыт сирэ автономияны ылыммыта 100 сыла. Быйылгы үлэлэрбит, дьаһалларбыт бу улахан даатаҕа ананаллар. Ил Дархан А.С.Николаев бу үүммүт сылы Ийэ сылынан биллэрбитэ, улууспут баһылыга С.А.Саргыдаев Чурапчы улууһугар Ийэ сир, нэһилиэкпитигэр  баһылык Е.Н.Потапов Утум сылларын биллэрдилэр. Онтон Россияҕа В.В.Путин  Российскай Федерация норуоттарын  материальнайа суох культурнай нэһилиэстибэлэрин сылынан биллэрдэ. Бу биллэриллибит сыллар бэйэ бэйэлэрин ситэрсэн, толорон биэрэллэр, онон бары нэһилиэкпит уран тарбахтаахтарын, саха фольклорун тылынан уус - уран айымньыларын илдьэ сылдьар дьоммутун, ааспыт көлүөнэ дьоммутун сырдатар, кэпсиир, киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр сыал - сорук турар. 

Онтон, биһиги чурапчылар, биир киэн туттар суруйааччыбыт, саха бастакы романиһа, саха Островскайа Эрилик Эристиин быйыл төрөөбүтэ 130 сылынан республикаҕа, улууска киэн хабааннаах дьаһаллар онлайн ыытылла тураллар. Бу  сүдү киһибит тус олоҕор, айымньыларыгар  анаан "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтэ, Кытаанахтааҕы тыа сирин модельнай библиотеката "Маарыкчаан ыччаттара" диэн литературнай викторина биллэрэбит. Бу викторина балаһыанньата, ыйытыктара биһиги сайтпытыгар тахсыаҕа, онон бары нэһилиэкпит олохтоохторун, биир дойдулаахтарбытын бэйэҕитин тургутан көрүүгэ, викторинаҕа кыттаргытыгар ыҥырабыт. 

 

 

IMG-20220128-WA0091.jpg

28.01.2022

   Биллиилээх судаарыстыбаннай деятель, суруйааччы, икки көрөрүттэн мэлийэн баран, кинигэтин дьоҥҥо этэн биэрэн суруйтарбыт, онон Николай Островскай хорсун быһыытын хатылаабыт саха бастакы чулуу романиһа Семен Степанович Яковлев -  Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сылынан, Сахабыт республиката Автономияны ылыммыта 100 сылынан, "Маарыкчаан ыччаттара" диэн онлайн литературнай викторина, тохсунньу 24 күнүгэр нэһилиэкпит ыччаттарыгар анаан ыытылынна. 

Кытаанах ыччаттара викторинаҕа  көхтөөхтүк  кытыннылар. Түмүккэ Николай Андреев - Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет Горнай институтун 4 курсун студена эрэллээхтик бастаата. Коляны эҕэрдэлиибит, ыччаттарбытыгар  төрөөбүт дойдугут историятын үөрэтэн, чинчийэн элбэҕи билин диэн баҕа санаабытын этэбит  

png-transparent-sos-emergency-android-distress-signal-personal-safety-app-sos-miscellaneous-text-trademark.png

19.01.2022

Бу дьыл тохсунньу 18 күнүттэн хамсык ыарыы тарҕамматын туһугар олунньу 1 күнүгэр диэри хааччахтааһын саҕаланна. Ол эбэтэр улууспут үрдүнэн культурнай- маассабай дьаһаллар, норуот айымньыларын Дьиэлэригэр буолара тохтотулунна. Бу барыта дьон этэҥҥэ буоларын туһугар ылыллыбыт дьаһаллар, онон сөпкө өйдөөн бэйэ-бэйэни харыстаһан уопсастыбаннай миэстэлэргэ мааскалаах, дистанцияны тутуһан сылдьары умнумуоҕуҥ. 

Культурнай дьаһалларбыт Онлайн  ыытыллаллар, онон инстаграм, сайт нөҥүө биһигинниин бииргэ буолаарыҥ,  онтон этэҥҥэ буоллаҕына олунньу 1 күнүттэн үлэбит оффлайн саҕаланыа диэн эрэнэбит.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ