Новости
18.10.2021
Ко дню Девочек, учащиеся начальных классов Кытанахской средней школы им В.С.Яковлева - Далана, участвовали на конкурсе "Маленькая мамина большая помощница". Организатор конкурса МБУ ДНТ "Түһүлгэ"
Девочки с большим азартом испекли и готовили вкусненьких блюд. По итогам конкурса члены компетентного жюри присуждали номинации:
"Маленькая хозяюшка" - Ева Бабиченко
"Хозяюшка искуссница" -Амелия Терютина
"Классные блинчики" -Сахая Потапова
"Веселые сердечки"- Уйгулаана Суздалова
Победителем стала обладатель номинации "Маленькая шеф повар" Эльвира Борисова
Поздравляем победителей.Будьте всегда позитивными, веселыми, бодрыми.
18.10.2021
Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах "Иһирэх тылынан кэпсиэҕиҥ ийэни" улуустааҕы литературнай-музыкальнай дьүһүйүүгэ биһиги нэһилиэктэн Анна Гаврильевна Пономарева, Анисья Филипповна Барашкова оҕолоро ийэлэрин тустарынан кэпсээнинэн кыттан, дьүүллүүр Сүбэ быһаарыытынан
Анисья Филипповна Барашкова - Лауреат
Анна Гаврильевна Пономарева - Бастакы миэстэ ылары ситистилэр.
Куонкуруска кыттыбыт дьоммутун эҕэрдэлиибит. Сарсыҥҥыгыт саргылардаах, дьиэ - кэргэҥҥит толору дьоллоох буоллун!
14.10.2021
Күн Ийэ-кэрэни кэрэхсиир
Уһуну толкуйдуур, олоххо тардыһар буолан,
Сир үрдүгэр үтүө санаа үксүүр
Эйэлээх халлаан күнэ күлэр
Ыччат дьон кэскилэ кэҥиир
Дьон аймах олоҕо тупсар.
Күндү нэһилиэкпит күн күбэй Ийэлэрин кэлэн иһэр Ийэ күнүнэн эҕэрдэлиибит. Бу кэрэ-бэлиэ күнү, өрөспүүбүлүкэбит бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев, тыйыс айылҕалаах Сахабыт сирин Ийэлэригэр сүгүрүйэн, ытыктаан, алтынньы үһүс өрөбүлүн Ийэ күнүнэн биллэрбитэ.
Биһиги Ийэлэрбит, Кытаанах нэһилиэгин киэн туттуулара. Кинилэр нэһилиэк туох баар общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттан, олоҕу хамсатар сүдү күүстэр.
Күндү Ийэлэр, чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ, үөрүүнэн күн аайы саҥа сарсыарданы көрсүҥ, киирэр күнү сарсыҥҥыга эрэллээх атаарыҥ!
10.10.2021
Ытыктабыллаах тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр -үөллүүр салаа үлэһиттэрэ! Тыа хаһаайыстыбатыгар быһаччы үлэлии-хамсыы сылдьар нэһилиэкпит туруу үлэһит дьоно!
Эһигини, идэлээх күҥҥүтүнэн- дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр бу кэрэ-бэлиэ даатанан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу тыа сиригэр олорор, сүөһү иитиитигэр, сиртэн үүнээйини ылыыга, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга ыарахаттартан толлубакка сыралаһан үлэлиир дьону түмэр, сомоҕолуур бэлиэ бырааһынньык.
Эһиги, сылаас илиигитинэн тутан-хабан астаан таһаарбыт экологическай өттүнэн ыраас, түүннэри - күннэри аахсыбакка сыһыы - толоон устун сылдьар сыспай сиэллээх дьөһөгөй оҕотун, үрүҥ илгэни үрүлүтэр ураа муостаах ынах- сүөһүбүтүн көрөн-истэн байытан, тимир көлө уруулун кыһыннары - сайыннары эрэллээхтик тутан үлэлииргитигэр дириҥник махтанабын! Быйылгы кураан сайыҥҥа күөх быйаҥы үлүмнэһэ оттоон, кыстыгы этэҥҥэ туоруурга эрэл баар.
Баҕарабыт дьиэҕитигэр-уоккутугар табыллыыны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн туругу, дьолу-соргуну!
Ытыктабылы кытта "Кытаанах нэһилиэгэ" МТ олохтоох дьаһалтатын баһылыга Егор Потапов
Ааспыты күлэ-үөрэ ахтыаҕыҥ. (Фермаҕа буолбут көрдөөх түгэннэртэн...)
Иһит хомуйуута.
Оччотооҕу Сэбиэскэй оҕолор "Оскуола - Производство-Үрдүк үөрэх" диэн девиһинэн оскуоланы бүтэрдибит да совхозка үлэлии тахсарбыт. Биһиги 1983 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит 14 выпусктар Илин Намаҕа кыргыттар дайааркалыы, уолаттар ким тыраахтарга, ким субан сүөһү көрүүтүгэр үлэлии таҕыстыбыт.
Онно ферма үлэһиттэрин итии аһынан хааччыйан поварынан Борисова Христина Ивановна үлэлиир. Биирдэ кини ыалдьан кэлбэтэ, онуоха аһаан баран иһити кыргыттар хомуйаҕыт диэтилэр, ону биһиги бары аһыыбыт батта, тоҕо биһиги эрэ хомуйуохтаахпытый диэн мөккүстүбүт, оччолорго армияттан уолаттар кэлэн фермаҕа үлэлииллэрэ уонна ким саҥарбыт ол хомуйар диэн быһаарсыы буолла. Дьэ саҥата суох олорон аһаатыбыт. Ким да саҥарбат. Кырдьаҕастарбыт Борисов Григорий Трофимович, Кириллин Михаил Николаевич мүчүк гынан күлэллэр.
Ол олордохпутуна арай массыына бөҕө кэллэ. Газиктар. подсобка аана аһылынна да зоотехникпыт Екатерина Прокопьевна, совхозпут директора Иннокентий Николаевич Аммосов уо.д.а. тойон, хотун бөҕө киирдилэр. Екатерина Прокопьевна үөрбүт аҕай Дорооболоруҥ диэбитинэн остолобуойга көтө түстэ, ким да саҥарбат. Аны тойотторбут киирдилэр, дорооболостулар, ким да саҥарбат. Прокопьевна наһаа ыксаата кыбыһынна аҕай быһылаах, хайа бу оҕолор тоҕо дорооболоспоккут, саҥарбаккыт диэн ыйытар, ким да саҥарбат. Бары соһуйдулар аҕай. Онтон кырдьаҕастарбыт кэпсээн биэрдилэр, ким саҥарбыт иһит хомуйар диэн, дьэ ону истэн баран Иннокентий Николаевич үөрдэ аҕай уонна биирдии -биирдии кэлэн биһигиттэн ыйытар хас ынахтааххыный, туох ыарахаттары көрсөҕүн, күҥҥэ хас киилэни ыыгын дии- дии ыйыт да ыйыт. Биһи нэһиилэ тулуйан олоробут, онтон ыксаан бэтэринээрдэр хосторугар таҕыстыбыт, онно сибигинэһэн кэпсэтэ олордохпутуна уолаттарбыт уоран кэлэн иһиллээн тутуллан хааллыбыт, инньэ гынан иһиппитин хомуйдахпыт дии.
Уолум ханна барда?
Арай биирдэ Илин Намаҕа учуотчутунан Афанасий Захаров үлэлии кэллэ. Мин ынахтарбын ыан үүппүн туттара киирдим. Арай учуотчутум тугу эрэ көрдүүр: "били уолум ханна барда, манна сытар этэ ээ" диэн ону-маны көрүөлүүр. мин наһаа дьиктиргээтим, ханнык уол кэлэн сытар буоллаҕай диэн. Онтон киһим:"Ээ бу сытар эбит",- диэн сиртэн үүт сиидэлиир маарыллатын булан ылан үөрүү бөҕө буолла.
Пожарнай муннук.
Биирдэ подсобнайбытыгар Пожарнай уголок оҥорбуттар. Ону көрө турдубут. Онуоха Новгородова Лиза этэр: "Ланка биэдэрэ, Люба биэдэрэ, Маша күрдьэх, миигин суруйбатахтар, көрөн баран турар эбиппин" диир.
Вода массыына
Арай уу таһар массыына икки күн алдьанан уу баспата, ынахтарбытын олох бэстилиэнэй таммах уу хаалыар диэри биэдэрэнэн таһан уулатан баран, киэһэ массыына кэлэрин кэтэһэ олордубут. Соторо-сотору таһырдьа тахсан кэлбитэ буолаарай диэн ойбону көрөбүт. Ноев Балантыын (Илин Наммаҕа олорор) тахсар уочарата буолла, киһибит көрөн баран киирэн этэр, ок икки цистерналаах массыына ойбоҥҥо киирдэ. Мин эс хайдах оннук буолуой, икки цистерналаах массыына баар үһү да диибин. Ону кырдьык тахсан көр ээ диир. Мин тахсан көрбүтүм, Балантыын ийэтэ Кэтириис эмээхсин икки өртүгэр биэдэрэлээх ойбоҥҥо уу баһа киирэн эрэр эбит.
Чэ ити курдук. Күндү доҕоттоор совхозка үлэлээбит көрүдьүөстээх кэмнэргитин миэхэ суруйан ыытын, дьоммутун сэргэхситэн, эдэр сааспытын санаан күлэн-үөрэн ылыахпыт. (89627359918)
Өссө төгүл бырааһынньыгынан!
9.10.2021
Кытаанах нэһилиэгэр культурнай хамсааһын отутус сыллартан саҕаламмыта. "Кыым" уонна "Автономная Якутия" (АЯ) хаһыаттар биирдии экземплярдара сурутуллар буолбута. Ол хаһыаттары "Ааҕар балаҕаҥҥа" мустан олорон ааҕыы, бэсиэдэлэһии, бэйэ санаатын атастаһыы ыытыллара. Килэҥкигэ алаас иһигэр сэрии иннинээҕи сылларга биир балаҕан (ородобуой) баара, бу балаҕаҥҥа Совет хонтуората үлэлиирэ, онон кини эмиэ Ааҕар балаҕан диэн ааттанара. Ааҕар балаҕаннар кэнники библиотекалар, почталар төрүттэринэн буолбуттара. Хаһыаты суруттарыы сылтан сыл эбиллэн испитэ. Онон почтаны бэрийэр, хаһыакка суруйар тарҕатар үлэһит баар буолбута. Кытаанахха Трофимов диэн киһи үлэлээбитэ. Сэрии иннинээҕи почтальоннартан Танда-Бахсыга почтаны таһааччынан үлэлээбит Мотрена Романовна Местникова биллэр. 1937-1938 сылларга Чурапчыттан, тимир күрдьэҕинэн икки өртүгэр ханааба хаһыллан массыына суола оҥоһуллубута. Бу үлэни колхозтар сорудах быһыытынан үллэстэн толорбуттара, онон телеграф остуолбалара туруоруллан Кытаанахха радио, телефон кэлбитэ. Радио, телефон үлэтин эмиэ Трофимов сүрүннүүрэ. (Кытаанах нэһилиэгэ кинигэттэн ылылынна. М.С.Леонтьева, Е.П.Скрябина хомуйан оҥоруулара. )
Биһиги нэһилиэкпитигэр Килэҥкитээҕи почта отделениетыгар начальнигынан өр сылларга Захарова Анна Дмитриевна, Данилова Анастасия Ивановна үлэлээбиттэрэ. Почтальоннарынан Коркин Петр Петрович, Местникова Мотрена Павловна, Новгородова Прасковья Владимировна, Барашкова Надежда Дмитриевна, Захарова Анна Прокопьевна, Арыылаахха Каженкин Василий Николаевич, телефонисткаларынан Окоемова Екатерина Семеновна Семенова Зоя Ксенофонтовна, Местникова Мотрена Павловна этилэр.
Кэнники сылларга почта начальнигынан Захарова Анна Прокопьевна, билигин олус таһаарыылаахтык, өр сыллар усталарыгар Барашкова Надежда Дмитриевна үлэлиир.
Аан дойдутааҕы почта күнэ ХНТ иһинэн 1969 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Бу күн 1874 сыллаахтан силис тардар. Ити сыл алтынньы 9 күнүгэр аан дойду почталарын бөлөҕө (Всемирный почтовый союз) тэриллибит. Билигин бу союзка 192дойду киирэр. Норуоттар икки ардыларынааҕы почта 6800 араас омук тылынан саҥарар.Бу күнтэн ыла аан дойду үрдүнэн сурук нэдиэлэтэ саҕаланар. (Кытаанахтааҕы тыа сирэ модельнай библиотека информацията)
Убаастабыллаах Надежда Дмитриевна!
Аан дойдутааҕы почта күнүнэн эҕэрдэлиибит. Кырата суох түбүктээх үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабыт! Нэһилиэнньэни кытта үлэлиир почта өҥөлөрө - биһиги бу күннээҕи олохпут ирдэбилэ, маны барытын ис сүрэхтэн кыһаллан оҥороргор махтанабыт! Чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
7.10.2021
"Добун маҥан халлаан дьураатыгар тура төрөөбүт Дуулаҕа Баатыр" диэн Николай Михалович Тарасов Олоҥхотун толоруоҕа, 2018 cыл СР Ил Дарханын Гранын хаһаайката, Өрөспүүбүлүкэбит Олоҥхотун ассоциациятын чилиэнэ, олоҥхоһут, тойуксут, чабырҕахсыт Чурапчы улууһун сценатын ветерана, Кытаанах нэһилиэгин олохтооҕо Сусанна Васильевна Лазарева.
Көрүҥ! Сэргээҥ! Алтынньы 10 күнүгэр күнүс 12 чаастан susanna lazareva инстаграм сирэйигэр холонооруҥ!
7.10.2021
Главный конкурс для девочек нашей необъятной республики
Кулинарная битва "Маленькая мамина большая помощница" (для девочек с 1 по 4 класс)
Пошаговое положение конкурса
1 шаг-Тебе нужна блюдо, которое ты любишь готовить
2 шаг-Покупаем ингредиентов и начинаем готовить блюдо
3 шаг-Берем камеру и снимаем на видео (камеру держать горизонтально)
4 шаг-Сумма взноса одной номинации 50рб отправить по номеру 89627386097 Агафья Афанасьевна Б.
5 шаг-Видео не должно превышать 3 м, отправляем на электронную почту kytanaxklub@mail.ru
Видео принимаем до 15 октября (включительно) 2021г до 17ч
Конкурс проводиться по номинациям
Салаты
Горячие блюда
Выпечка
Десерт
Ты можешь участвовать по всем номинациям или выбрать одну
Ты маленькая мамина большая помощница?
Ты любишь готовить блюдо и угощаешь родных и близких?
Значит этот конкурс для ТЕБЯ!
Участвуй! Твори!
Всем участникам выдадим сертификаты. Победителей ждут электронные дипломы. Супер победителю - главный приз МБУ Дома народного творчества "Туьулгэ" МО "Кытанахский наслег" Чурапчинского улуса РС(Я)
6.10.2021
Учуутал, иитээччи күнүгэр аналлаах "Айар-суруйар дьоҕурдаах уһуйааччы" конкурс Кытаанахтааҕы тыа сирэ модельнай библиотека тэрийиитинэн ыытылынна. Конкурска хоһоон, публицистика, уо. д.а. суруйуулар (методичка, эссе, перевод, ахтыылар) салааларыгар Кытаанахтааҕы В.С.Яковлев - Далан аатынан орто оскуола учууталлара уонна "Ньургуйаана" уһуйаан иитээччилэрэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Дьүүллүүр Сүбэ председателинэ Павел Петрович Федоров-Сомоҕо- прозаик, публицист, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Россия журналистарын чилиэнэ, СӨ культуратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ
Мотрена Николаевна Захарова - Чурапчытааҕы кииннэммит библиотечнай ситим ааҕааччыны кытта отдел ведущай библиотекара, СӨ культуратын туйгуна
Варвара Ивановна Душкина - киин библиотека комплектование отделын библиограф-каталогизатора, СӨ культуратын туйгуна
Хоһоон
1м- Андреева Е.Г
2м-Игнатьева Н.Н.
3м-Аржакова О.Р.
Публицистика
1м-Миронва Е.Т.
2м-Пономарева Т.Е.
3м-Макарова И.П.
Уо.д.а. суруйуулар (методичка, эссе, перевод, ахтыылар)
1м-Винокурова А.Д,Бабиченко П.А.
2м-Турнина В.Н.
3м-Андреева Е.Г.
Бары конкурска кыттыбыт дьоммутугар махтанабыт, таһаарыылаах, айымньылаах үлэни баҕарабыт.
Убаастабыллаах Дьүүллүүр Сүбэҕэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит
5.10.2021
1. Оскуола бастакы учуутала - Софронов Василий Иванович
2. Оскуолабытыгар В.С.Яковлев - Далан аата 1997 сыллаахха иҥэриллибитэ
3. Нэһилиэкпитигэр бастакы дьааһыла-сад 1935-1936 сылларга 20 миэстэлээх дьааһыла аһылла сылдьыбыт
4. Билигин үлэлиир детсад 1981 сыллаахха олунньу 14 күнүгэр үлэҕэ киирбитэ.
5 А.П.Оконешникова ахтыыта
6. Собакина Мотя, Горохова Венера
7. Лазарева Маша, Аммосова Вера, Дарамаева Аля, Решетникова Кима, Яковлева Сардана, Дьяконова Алина, Красильникова Саша
8.Оскуола суоппардара - М.Н.Пономарев, В.С.Лазарев, И.Н.Оконешников, А.С.Собакин, Макаров, П.П.Собакин, А.А.Терютин
9."Океан" лаа5ырга 2010 сыллаахха 41-с выпусктар. Кылаас салайааччыта Татьяна Егоровна Пономарева
10.Детсад сэбиэдиссэйдэрэ - 1935-1936 Игнатьева Мария Ивановна, 1942-1947- Пономарева Ирина Петровна, 1959-1960- Ленина Вера Васильевна, 1960-1961- Дьячковскай Василий Никифорович, 1961-1974- Скрябин Никита Гаврильевич, 1974-1975- Дьячковская Галина Николаевна, 1975-1979-Лазарева Азалия Васильевна, 1979-2004- Сорокоумова Софья Николаевна, 2004-2016- Федорова Мария Андреевна, 2009-2011- Миронова Мария Васильевна, 2016- Захарова Нюргуяна Алексеевна
Ыйытыктарбыт кыайыылаахтарынан
1м - Лугинова Людмила Николаевна
2м - Потапова Татьяна Григорьевна
Курэхпит кыттыылаахтарыгар махтанабыт. Оскуолабыт, уһуйааммыт историяларын үөрэтин, билин, киэн туттун!
5.10.2021
Учуутал - үөрэҕи биэрээччи
Учуутал - билиини иҥэрээччи
Учуутал- сырдыкка сирдээччи
Учуутал - олугу уурааччы
Нэһилиэкпит педагогическэй үлэ бэтэрээннэрин, оскуолабыт, уһуйааммыт коллективын идэлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибит! Үөрэппит, такайбыт оҕоолоргут ситиһиилэринэн, үөрүүлэринэн, өйөбүллэринэн этэҥҥэ буолуҥ, чэгиэн сылдьыҥ!
Чиҥ билиилээх, киэҥ сайдыылаах үөрэнээччилэри, тус олоххутугар дьолу баҕарабыт.
Бүгүн, алтынньы 5 күнүгэр, киэһэ 19ч30м "Уһун перемена" бырааһынньыктааҕы быһа биэриини kytanaxklab инстаграмна көрөргүтүгэр ыҥырабыт