"Байанайым аргыстастын"
Биһиги сахалар биир саамай сүгүрүйэр ыйбыт - Байанай ыйа. Бу ыйга сүрүннээн Байанайга уонна идэһэни туттуу сиэригэр - туомугар болҕомтобутун уурабыт.
Байанай диэн кимий?
Өбүгэлэрбит Байанайы булду кытта ыкса сибээстииллэр. Байанай хара тыа иччитэ. Кини олус үөрүнньэҥ, кыраттан да кыыһырар, кыраттан да үөрэр диэн өйдөбүл баар. Махталлаах булчукка Байанай хара тыа баайыттан үөрэ - көтө бэрсэр диэн өйдөбүл олохсуйбут.
Оскуолабыт уолаттарыгар "Байанайым аргыстастын" диэн ааттаах хаартыска күрэҕин ыыттыбыт. Уолаттар көхтөөхтүк бултуу, сир астыы, балыктыы сылдьар хаартыскаларынан кытыннылар.
Күрэххэ Бастакы миэстэни "Аал уотум" диэн аатынан 7 кылаас үөрэнээччитэ Арсений Сидоров хаартыската кыайыан кыайда.
Иккис миэстэҕэ 2 кылаас үөрэнээччитэ Алик Афанасьев "Туум барахсан" хаартыската, онтон үһүс бочуоттаах миэстэни 2 кылаас үөрэнээчччитэ Сахамир Лыткин "Муҥхаһыттар" хаартыската ылла.
Бары кыттыбыт уолаттарбытыгар барҕа махтал, кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит!