"Норуот күүһэ - Сомоҕолоһууга!"

Сэтинньи 2 күнүгэр - Сомоҕолоһуу күнэ. Бу күҥҥэ анаан үгэскэ кубулуйбут оскуола үрдүкү кылааһын оҕолоругар тэрээһин ыытылынна. Биһиги оскуолабыт уонна ыаллыы сытар Арыылаах оскуолатын үөрэнээччилэрэ иккис сылларын көрүстүлэр. Дьоро киэһэни "ТҮһүлгэ" НАДь уонна Кытаанахтааҕы тыа сирин модельнай библиотеката тэрийдибит. 

Биэчэр бастакы чааһыгар " Сэтинньи - Байанай ыйа" сиэр-туом, алгыс түһэриитэ буолла, оҕолору арыылаах алаадьынан айах тутуу, сомоҕолоһуу оһуохайа тэрилиннэ. Иккис чааһыгар бибилиотекарь Лена Александровна Сомоҕолоһуу квест оонньуу ыытан, сэргэхсийдилэр. Оҕолорбут бэйэ - бэйэлэрин кытта билсиһэн, сомоҕолоһон, оонньоон тарҕастылар.  


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ