Нэһилиэккэ- культура сайдыыта
Кытаанахха культурнай хамсааһын отутус сыллартан саҕаламмыта. Оччолорго "Кыым" уонна "Автономная Якутия" (АЯ) хаһыаттар биирдии экземплярдара сурутуллар буолбута. Ол хаһыаттары "Ааҕар балаҕаҥҥа" мустан олорон ааҕыы, бэсиэдэлэһии, бэйэ санаатын атастаһыы ыытыллара. Килэҥкигэ алаас иһигэр сэрии иининээҕи сылларга биир балаҕан (ородобуой) баара, бу балаҕаҥҥа Совет хонтуората үлэлиирэ, кини эмиэ ааҕар балаҕан диэн ааттанара. Ааҕар балаҕаннар кэнникибиблиотекалар, посталар төрүттэринэн буолбуттара.
Нэһилиэкпитигэр бастакы кулууп Дьиэтэ тутуллан, докумуон туоһулуурунан 1967 сыллаахха сэтинньи 27 күнүгэр тутуһуу актата оҥоһуллубут. Кулууп 200 олорор миэстэлээх, 1987 сыллаахха үҥкүүлүүр (дискозал) тутуллан, барыта 673 кв.м. кулууп этэ. Дьэ ити сыллартан ыла биһиги нэһилиэкпит кулууп Дьиэлэнэн араа элбэх , улахан таһымнаах культурнай - маассабай күн бүгүнүгэр диэри ыытылла тураллар.
2013 сыл күһүнүгэр саҥа ккулууппут сваята түһэриллибитэ. Оччолорго нэһилиэк баһылыгынан РФ үөрэҕириитин туйгуна, СР физическэй культураҕа уонна спортка туйгуна, СР муниципальнай сулууспа туйгуна, "Азия оҕолоро" стипендия лауреата, "Үтүө дьыала" хамсааһын бэлиэ хаһаайына, Кытаанах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Иван Петрович Игнатьев үлэлиирэ. Кини көҕүлээһининэн, быһаччы кэпсэтиитинэн "Үтүө дьыала" программатынан кулууп Дьиэтэ тутуллубута. Бырайыак быһыытынан сметата 34 мөлүйүөн солк. Нэһилиэнньэ эр дьонун субуотунньугунан сваятын уонна акылаатын мастара кэрдиллэн, тиэйиллэн, дьахталлар сыыс маһын ыраастааһыныгар, ис өттүн кырааскалааһыныгар бары күргүөмүнэн үлэлээбиппит.
Ахсынньы 16 күнүгэр 2016 cыллаахха үлэҕэ киирэр үөрүүлээх күнүгэр СР культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министирэ Виктор Иванович Тихонов кыттыыны ылан, эҕэрдэлээн 130 миэстэлээх олорор ыскамыайкалары бэлэхтээбитэ. 2016 сылтан нэһилиэк баһылыгынан Егор Николаевич Потапов талыллан, саҥа кулууппутун ситэрэн, үлэҕэ киллэрттэрбитэ. Онон икки баһлыктарбытыгар "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин коллектива махталбыт улахан.
Кулууппут 576,5 кв.м, икки этээстээх, 130 миэстэлээх, 3000кв.м. сирдээх, тыас-уус, уот-күөс өртүнэн толору хааччыллан, саҥа технологиянан LED экран ылынан, 4,5 штакка 5 үлэһит, 2 библиотека үлэһиттэрэ буолан үлэлиибит. Кулууппутугар Чурапчытааҕы кииннэммит библиотека Кытаанахтааҕы тыа сирин модельнай библиотеката үлэлиир.