Раиса Еремеевна Лавернова
Раиса Еремеевна Лавернова - СӨ үөрэҕириитин уонна культуратын туйгуннара, "Учууталлар учууталлара" бэлиэ хаһаайката, Өлүөхүмэ оройуонун Кыыллаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
Ырыа уонна эдэр саас куруутун сэргэстэһэ сылдьаллар. Онтон ырыаҕа сыһыаннаах үлэлээх буоллаххына ыччат араас түмсүүлэрин килбэйэр киинигэр буоларгар тиийэҕин. Дьэ ол курдук,80-с сыллар ортолоругар Дьокуускайдааҕы культурнай - сырдатар училищены бүтэрэн, эдэр специалист Чурапчы оройуонун Кытаанах нэһилиэгин кулуубугар уус-уран салайааччынан ананан тиийбитим. Араас омук тоҕуоруһан нууччалыы кэпсэтэр тыллаах оройуонтан кэлбит кыыс , Чурапчы оройуонун киинигэр биллэриилэр, плакаттар уу сахалыы суруллубуттарын астына көрбүппүн бу баардыы өйдүүбүн.
Кытаанахха.
Зонанан үлэ олус үчүгэйдик тэриллэн ыытыллар этэ.Күнү быһа субботниктаан үлэ бөҕө кэннэ, киэһэ өртүгэр волейбол оонньоноро, хайыһарынан дьарыктаныы олус үрдүк таһымҥа тахсыбыт этэ, кулуубка хайыһар бөҕө баара.
Кулууп директора Николай Васильевич Захаров үлэтигэр олус бэриниилээҕэ, спорду, чөл олоҕу нэһилиэккэ кини иилиир - саҕалыыр этэ. Салҕыы үөрэнэр баҕам баһыйан сыл аҥара үлэлээбитим эрээри,ол кылгас кэмҥэ араас тэрээһин бөҕөнү ыыппыппыт. кыайыы күнүгэр зонанан хордаан бөҕө.
Оччолорго ыччат уолаттар ВИА-лаахтар этэ. Онно Василий Коркин, бииргэ төрөөбүт бырааттыы уолаттар Григорий, Николай, Илья, Владимир оонньууллар этэ. Киэһэ аайы мустан репетиция, саҥа истибит, билбит ырыаларбытын үөрэтэн, субуота аайы биэчэрдэри, танцылары араас бырааһынньыктары ансамблынан оонньоон атаарар этибит. Ыччаттар, аҕам даҕаны саастаах дьон тыыннаах музыканы наһаа сэҥээрэллэрэ, бырааттыы Владимировтар оонньууллар үһү диэн кэтэһии бөҕө буолаллара. Василий Коркин аһаҕас, күүстээх куолаһынан ыллаатаҕына, бары ойон туран үҥкүүлүү киирэллэрэ.
Айылҕаттан талааннаах, кэрэни сэргиир уолаттары убайдара Григорий баһылаан - көһүлээн мунньуталыыра. Биирдэ туох эрэ тэрээһиҥҥэ саас Сылаҥҥа барбыппыт. Олус хараҥа, суол - иис сүрдээх этэ. Оччолорго Макаровтар күннүү - күөнэхтии сылдьар кэмнэрэ этэ. Ырыа - тойук, үҥкүү - битии эдэр дьон аргыһа буоллахтара, астынан аҕай кэлбиппит.
Ити курдук кылгас да кэмҥэ алтыһан ааспыт чурапчылары, кытаанахтарбын олус күндүтүк саныыбын.