Василий Васильевич Тролуков
Тролуков Василий Васильевич - ударнай инструмеҥҥа оонньооччу.
Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпитинэ бастаан Мохначевскай Володялаах фанеранан электрогитара оҥостон оонньууллар этэ. Звукоснимателин хайдах оҥороллоро эбитэ буолла? Онтон дьэ онуһу бүтэрэн баран кулуупка сыыйа ВИА ҕа ударнайга оонньоон киирэн барбытым. Онно Терютин Алексей, Парфенов Олег, Анемподистов Кеша буолан мустан киэһэ аайы оонньуур, дьарыктанар этибит. Кулуупка ыытыллар араас кэнсиэрдэргэ, танцыларга оонньуур этибит. Наһаа элбэхтэ гастролга сылдьарбыт, Таатта, Мэҥэ- Хаҥалас, Чурапчы нэһилиэктэригэр ыччаттар буолан кэнсиэрдээн кэлээччибит. Онно хайаан да ВИА-ны илдьэ барааччылар.
Оонньуур инструменнарбытын, усилителлэри, динамиктары кулууп директора Николай Васильевич Захаров сүүрэн- көтөн, булан - талан аҕалара.Ол курдук ханна да суох германскай гитаралар, усилитель, арыый кэлин ударнай установка баар буолбута. Хантан булан аҕалара буолла? Элбэх сыра, кэпсэтии түмүгэ буолуо.
Алекей Терютин, Олег Парфенов, кэлин Федор Гоголев салайбыттара. Саха мелодистарын, "Чороон" репертуарыттан ыллыыллар этэ, Федор бэйэтин ырыаларын эмиэ ыллыыра.
Син армияны, үөрэҕи көҕүрэттэххэ 5-6 сыл сылдьыбыппын быһылаах. Ону үчүгэйдик саныыбын. Түгэнинэн туһанан бииргэ сылдьыбыт, дьарыктаммыт, оонньообут доҕотторбор, урукку- билиҥҥи кулууп үлэһиттэригэр доруобуйаны баҕарабын.
Билигин, Мэҥэ- Хаҥалас Хорообутугар олохсуйан олоробун, 4 оҕолоохпун. Оҕолорбуттан ким да музыка эйгэтигэр сыстыбата ээ