Алексей Николаевич Терютин

Алексей Николаевич Терютин - СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Чурапчы улууһун сценатын ветерана.

1978-1982 сылларга Кытаанах кулуубугар ВИА тэрийэн салайааччынан үлэлээбитим. Сүрүн састаап Анемподистов Кеша - бас - гитара, Скрябин Коля - ритм гитара, Тролуков Вася - ударнай, Парфенов Олег, Захаров Вася, солист Собакин Петя, Павлов Гриша ударнайга оонньуура уонна ыллыыра. Ыаллыы сытар Сылаҥ нэһилиэгиттэн Павлов Павлик биир сыл кэлэн оонньоспута. Биир бириэмэҕэ Владимиров Гриша оонньообута. Инструменнарбытын кулууп директора Николай Васильевич Захаров булар - талар этэ, ударнай установканы мин Мугудайтан инструмент атастаһан аҕалбытым. Олус элбэхтэ гастролларга сылдьар этибит, бэйэбитигэр Кытаанахха буолар бырааһынньыктарга саҥа дьылга, дьахтар күнүгэр, ыһыахха, ону таһынан хас субуота аайы биэчэрдэргэ оонньуур этибит. Быыһыгар оскуола уолаттарын үөрэтэр этим. 

 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ