Сусанна Гаврильевна Парфенова

1955 сыллаахха Парфеновтар дьиэ - кэргэттэригэр алтыс оҕонон төрөөбүтэ. "Ийэм барахсан, быраатым Олег төрөөбүт күнүгэр,уҥа өртүгэр  10 тимэхтээх кыһыл дьүһүннээх гармошка атыылаһан бэлэхтээбитэ. Онон ыла музыкаҕа иэйиибит уһуктубута. Аан бастаан таһынаа ыалбыт Ааналаах Бүөтүр сөбүлээн ыллыыр "Чуумпу киэһэ" ырыаларын таккыйан, ол кыра гармошкабытыгар оонньуу үөрэммиппит.(элбэхтэ истэн сөбүлээбит, мелодиятын наһаа өйдөөбүт ырыабыт буоллаҕа буолуо). Онтон, аны дьоммут икки эрээттээх обургу гармошка суруйтаран ылан үөрүү бөҕө. Ону таккылаан борустуойдук да буоллар, билэр ырыаларбытын сүрдээҕин таһаарарга үөрэммиппит. Дьокуускайга педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан, нотаны билсэбин, боростуой баяҥҥа оонньуу үөрэнэбин. 1978 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, Амма оройуонун Болугур детсадыгар ананан үлэлии барабын. Онно үлэлии сылдьан музыкальнай грамотаҕа үөрэммиппит, чиҥэтэн, нотанан көрөн оҕолорго ырыа үөрэтэрим. Баяны аныгы музыкальнай тэриллэр үөдүйүөхтэригэр диэри үлэм аргыһа, көмөлөһөөччүтэ оҥостубутум",-диэн ахтар Сусанна Гаврильевна

  Сусанна Гаврильевна Кытаанахтааҕы уһуйааҥҥа иитээччинэн 1980 сыллаахтан үлэтин саҕалаабыта. Биһиги нэһилиэкпит үүнэр көлүөнэтэ духуобунай өртүнэн баай, музыканы таба истэн ыллыыр- үҥкүүлүүр дьоҕура сайдарыгар үгүс кылаатын киллэрсибитэ. Уһуйааҥҥа ыытыллар элбэх утренниктар, отчуоттуур кэнсиэрдэр кини баянын алыптаах тыаһыгар уйдаран үрдүк нотаҕа ыытыллар этилэр.

Сусанна Гаврильевна Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Алаас" дьахталлар вокальнай ансамблларыгар 20 тахса сыл ыллаан, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа Дьокуускайга олорор. Кини РФ үөрэҕириитин туйгуна, СР "За вклад в развитие народного художественного  творчества" бэлиэ хаһаайката.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ