Федор Федорович Гоголев
1962 сыллаахха алта оҕолоох Гоголевтар дьиэ-кэргэттэригэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ музыканы сэҥээрэр, олус үчүгэйдик ыллыыр буоланнар кыра эрдэҕиттэн музыкаҕа сыстаҕас этэ. Кытаанах нэһилиэгин кулуубун директора, ССРС культуратын туйгуна Николай Васильевич Захаров, 1990-с сылларга Федор Гоголевы баяниһынан үлэлэтэ ыҥырбыта. Дьэ кини кэлиэҕиттэн нэһилиэкпит культурнай олоҕо сэргэхсийэн, үлэ күөстүү оргуйбута.
Федор Федорович кэлээт да кулуупка "Алаас" ырыа-үҥкүү фольклорнай ансамблын тэрийэн ыччаты, саастаах да дьону бэйэтин тула муспута. Дьон сэргэ Федор Федорович ыытар үлэтин сэргээн, киэһэ аайы репетицияҕа кэлэн сэргэхсийэн,кэпсэтэн, күлэн-оонньоон ааһар буолбуттара. Элбэхтик ыаллыы сытар нэһилиэктэргэ, улуустарга гастроллаан, бырааһынньыктарга кэнсиэртээн, фестивалларга кыттан миэстэлэһэр этилэр. Оччотооҕу дьон кутун - сүрүн туппут электроннай баянынан олус иэйиилээхтиик саха норуотун ырыаларын, нуучча, саха композитордарын айымньыларын үөрэтэрэ. Кэлин дойдутугар Чыаппараҕа төннөн "Иэйии" вокальнай квартеты, эр дьон хорун тэрийбитэ.