Олег Гаврильевич Парфенов
1958 сыллаахха ахсынньы 26 күнүгэр Кытаанахха төрөөбүтэ. Кыра сааһыттан 10 тимэхтээх гармошкаҕа оонньуурга эдьиийинээн Сусанналыын үөрэнэллэр. Ол кэнниттэн, улахан гармошкатынан, 7-8 кылааска үөрэнэ сылдьан, сайын окко үлэлээбит харчытынан Килэҥки маҕаһыыныттан баян атыылаһан салгыы бэйэтэ оонньуу үөрэнэр.Ол кэмҥэ гитараҕа оонньуурга салгыы бэйэтэ дьарыгырар. Студенныыр кэмигэр ВИА-ҕа дьарыктанар. "Үгүс биэчэрэдэргэ тарбахпыт бааһырыар диэри оонньуурбут" ,- диэн ахтара Олег Гаврильевич.
Олег Гаврильевич 1986 сыллаахха Кытаанахтааҕы СДК-ҕа агитационнай - культурнай биригээдэҕэ методиһынан үлэлии киирбитэ.
Үлэлии сылдьан оройуоннааҕы агитбиригээдэ састаабыгар киирсэн Кэбээйигэ оттуу киирбит звеноларга кэнсиэринэн, агитациянан барса сылдьыбыта. 1987 сыллаахха оройуоҥҥа нэһилиэктэринэн агитбиригээдэлэри көрүү конкурсугар Кытаанахтааҕы "Эрэл 87" агитбиригээдэ 1 миэстэни ылбыта.
Ол сылларга Олег Гаврильевич кулуупка ыытыллар кэнсиэртэргэ, биэчэрдэргэ баяҥҥа оонньуура.