Алексей Николаевич Терютин
1957 сыллаахха алтынньы 9 күнүгэр Мугудайга төрөөбүтэ.6 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына эһэтэ Алексей Федорович гармошка бэлэхтээбит, ол 1971 сыллаахха этэ.Дьэ онтон ыла кини истибит эрэ ырыатын барытын гармошкатыгар оонньоон тэҥҥэ ыллаһан дьонун үөрдүбүтэ да, соһуппута да.8 кылаастан аан бастаан сценаҕа тахсан баяҥҥа оонньоон ырыаһыттар, көрөөччүлэр куттарын туппут. Аны ол кэмҥэ ВИА лар күүскэ сайданнар, солбуллубат соло гитарист буолбут. Кытаанахха 10 кылааска хайыһарга дьарыктана, үөрэнэ кэлбитэ. Оскуолаҕа ыытыллар биэчэрдэргэ, кэнсиэртэргэ баяҥҥҥа доҕуһуоллуура. онтон кини баяҥҥа оонньуурун билэннэр кулууп үлэһиттэрин көрдөһүүлэринэн нэһилиэккэ ыытыллар кэнсиэртэргэ оонньотор буолбуттар. Улахан дьону кытта гастролларга сылдьан баяҥҥа, ВИА ҕа гитараҕа оонньуур этэ. Кытаанахтааҕы культура Дьиэтигэр 1978 сылтан 3 сыл устата баяниһынан үлэлээбит. Төһө да анал музыкальнай үөрэҕэ суоҕун иһин, Алексей Николаевич ураты слуҕунан, олус истиҥник иэййиилээхтик оонньоон ырыаһыттарын үрдүккэ көтүтэрэ. Бу сылларга ВИА тэрийэн ыччаты бэйэтин тула тардан, наһаа таһаарыылаахтык, оччотооҕу ыччат иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарарыгар төһүү күүс буолбута. Ыччаттар элбэх гастролларга, нэһилиэккэ ыытыллар биэчэрдэргэ тыыннаах музыканан ВИА ҕа оонньоон атаараллара. 1983-85 сылларга "Чурапчы" совхоз Килэҥкитээҕи отделениетыгар суоппарынан үлэлии сылдьан, кулуупка биир-биэс харчыта суох баяниһынан, гитариһынан сылдьыбыта. Кэлин детсадка музыкальнай салайааччынан, баяниһынан, оскуолаҕа хайыһар тренеринэн сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Алексей Николаевич СР үөрэҕириитин туйгуна, хайыһарга спорт маастарыгар кандидат, Кытаанахтааҕы "Түһүлгэ" норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир "Сыккыс" доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтүн көхтөөх кыттааччыта.