Воля Петровна Стручкова

Стручкова Воля Петровна - 1957 сыллаахха олунньу 27 күнүгэр Кытаанахха Петр Иваович, Анна Михайловна Игнатьевтар дьиэ-кэргэттэригэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ.Ийэлээх аҕата сүрдээх ырыаһыт, кэрэ эйгэтин сэҥээрэр буоланнар, кыытарыгар гармошка бэлэхтээбиттэр. дьэ ол биир эрээттээх гармошкатыгар оонньоон Воля уһун күнү билбэккэ хаалара. Төрөппүттэрэ "Чуумпу киэһэ" дин ырыаны наһаа сөбүлээн толороллоругар, онно доҕуһуоллаан музыкаҕа сыстаҕаһа биллибитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар 7 кылаастан  кулуупка кэнсиэртэргэ баяҥҥа доҕуһуоллуур буолбута. Оччолорго Платон Петрович Седалищев кулуупка баяниһынан, хараҕынан мөлтөхтүк көрөр Егор Егорович Дьяконов диэн талааннаах музыканы үлэлэтэ аҕалбыта. Ол киһи Воля хайҕаан, үөрэтэн, кыра кыыс санаата кэлэн өссө кынаттаммыта. Улахан дьону кытта элбэх гастролларга сылдьан баянистаабыта. Игнатьевтар фермаҕа үлэлиир буоланнар, "Нама" диэн дэриэбинэттэн 3 км сиргэ фермаҕа олороллоро, онтон хас киэһэ репетицияҕа баяҥҥа оонньуу кэлэрэ, хас бырааһынньыктар биэчэрэдэр, кэнсиэрдэр кини кыттыылаах ааһаллара.Кэлин Хайахсыкка, Балыктаахха, Төҥүлүгэ кулууптарга, детсадтарга музыкальнай салайааччынан, баяниһынан үлэлээбитэ.

Воля Петровна СР культуруратын туйгуна. 5 оҕолоох, 7сиэн эйэҕэс эбэтэ. Оҕолоро, сиэттэрэ ийэлэрин, эбэлэрин батаннар ырыаны өрө тутан ыллыыллар. 

Воля Петровна билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа куоракка олорор. 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ