Платон Петрович Седалищев
1938 сыллаахха бэс ыйын 18 күнүгэр Болтоҥо нэһилиэгэр Петр Иванович, Анна Ивановна Седалищевтар дьиэ - кэргэттэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Икки убайдааҕа Петр, Егор, балта Дуся диэн. Аҕата сэрии бастакы сылларыгар фроҥҥа ҥырыллан, 1943 сыллаахха сэрии хонуутугар охтубут. Ийэтэ 4 оҕотунаан Кэбээйигэ көһөрүүгэ барбыттар, көһөрүүттэн кэлэн баран Кытаанаха Иван Васильевич Дьячковскайга кэргэн тахсыбыт.
Платон 6 сааһыттан бултаан-балыктаан дьонун аһатар эбит. 1967-69 сылларга Дьокуускайдааҕы культпросвет училищены бүтэрэр. Чурапчы улууһун, Хайахсыт, Кытаанах нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Мотрена Семеновна Леонтьева ахтыытыттан:
Платон дьиҥнээх культура үлэһитэ этэ- үлэ чааһа, өрөбүл, бырааһынньык диэн аахсыбакка үлэлиирэ, бастыҥ хору, бастыҥ духовой оркестры тэрийбитэ. Б оркестр кыайыы парадыгар, элэх фестивалларага, бырааһынньыктарга олус өрө көтөҕүллүүлээхтик оонньоон, дьон патриотическай өйүн- санаатын көтөҕөрө.Туох да муыкальнай үөрэҕэ суох дьону духовой иструменнарга үөрэтэрэ.Бэйэтэ баяҥҥа олус үчүгэйдик оонньуура, музыкальнай үөрэхтээх буолан нуучча, саха композитордарын, мелодистарын айымньыларын, ырыаларын хорга үөрэтэрэ. биирдиилэнн ырыаһыттарга характердарынан, куоластарын тембрынан учуоттаан ырыалары үөрэтэрэ.Сайынын отчуттарга, фермаларга, кыһынын кыһыл муннуктарга кэнсиэрдии баянын сүкпүтүнэн сылдьара. Платон Петрович, биһиги Кытаанах нэһилиэгин культурнай фронун бастыҥ байыаһа буолан, нэһилиэнньэ кутун - сүрүн туппута, кинини кытта бииргэ алтыспыт дьон Платон Петровиһы сүрдээх сымнаҕас майгылаах, куруук "бэт да бэт" диэн тыллаах, үөрэ - көтө сылдьар сэмэй киһинэн билинэллэр.
Платон Петрович бастакы кэргэнэ ыалдьан өлбүтүн кэннэ, олоҕун салҕаан Өймөкөөҥҥө үлэлии сылдьан, кэргэннэнэн, үчүгэйдик олорбута биллэр. Бэйэтин оҕолорун кытта, кэргэнин икки уолун тэҥҥэ тутан дьоллоохтук олорбуттар. Хомойуох иһин Өймөкөөҥҥө агитбригада састаабыгар киирсэн айаннаан иһэн автобустара хайаттан сууллан 1990 сыл олунньу 13 күнүгэр суорума суолламмыта.
Платон Петрович икки оҕолоох, кыыһа Айталина Платоновна аҕатын "туйаҕын хатаран" Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училище үҥкүү салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ, кэлин СГУ математика факультетын бүтэрэн, билигин Кытаанахтааҕы Далан аатынан оскуолаҕа математика учууталынан үлэлиир, кэргэннээх, үс оҕолоох. Уола Саша эдэр сааһыгар олохтон туораабыта, икки оҕолоох.
Платон Петрович олоҕун салҕыыр, аатын ааттатар 5 сиэннээх, 2 хос сиэннээх.